Кулун тутар 24 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар 16 уонна 19 чаастартан “Сибэкки буоламмын сүрэххэр тыллыаҕым” диэн нарын куоластаах ырыаһыт Санита Ай аан маҥнайгы айар киэһэтэ тэриллээри турар. Саха эстрадатын эмиэ биир биллэр-көстөр ырыаһыта Эрхан тапталлаах кэргэнэ, үс уол оҕо тапталлаах ийэтэ, талааннаах артыыс айар кэнсиэригэр сүүрүүтүн-көтүүтүн быыһыгар ааҕааччыларбытыгар кэргэн, ийэ, хаһаайка, артыыс быһыытынан күннээҕи олоҕун хайдах аттарарын билиһиннэрдэ.
Күммүтүн хааһыттан саҕалыыбыт
– Оҕобут кыра буолан, эрэсииминэн утуйар, турар. Онон биһиги ыал сарсыарда 7 аҥаартан күммүт саҕаланар. Сарсыардааҥҥы аһылыкка хааһы буһарабын. Рис, эбиэс, мааннай хааһыны бары даҕаны олус сөбүлүүбүт. Өрөбүллэрбэр хайаан даҕаны блины эбэтэр алаадьы астыыбын. Доруобай аһылыгы, бэйэ бородууксуйатын олус сыаналыыбын. Маҕаһыынтан бэлэм аһы ылартан туттунабын. Бэйэм эрийбит эппиттэн кэтилиэттэри, тиэптэллэри бэлэмниибин. Оҕолорум, аныгы кэм дьоно буоланнар, чипсыны, сушины, пиццаны сиэхтэрин, гаастаах утаҕы иһиэхтэрин баҕарар бөҕө буоллахтара. Төһө да үчүгэйэ суоҕун биллэрбин, биирдэ эмит кэмигэр атыылаһабын.
Аска сиримсэҕэ суохтарынан абырыыллар
Бэйэм сөптөөх аһылыгы (ПП – правильное питание) тутуһар буоламмын, күннээҕи аһылыкпын эрдэ астаан бэлэмниибин уонна күнү быһа илдьэ сылдьабын. Оҕолорбут күннээҕи аһылыктарыгар оҕуруот, үрүҥ, бурдук астар, эттээх бүлүүдэлэр баар буолалларын хааччыйабыт. Эр дьонум бары араас аһы сөбүлүүллэр. Холобур, кэргэним соустаах спагеттины, ис миинин, улахан уолум плову, орто уолум бурдук аһы, кыра уолум гречканы сөбүлүүллэр. Ол эрээри күннээҕи аһылыкка сиримсэҕэ суохтара улаханнык абырыыр. Эбиэккэ арыт кафеларга, эрэстэрээннэргэ сылдьааччыбыт.
Дьарыга суох сылдьыбытым суох
– Сарсыарда сэрээккэлииргэ, сүүрэргэ бириэмэ ончу тиийбэт. Ойон тураат, оскуоланан, үлэнэн тарҕаһыы түбүгэр түһэбит. Ол эрээри спорка бириэмэни күн устата хайаан даҕаны аттарабын. Дьон ортотугар сылдьар киһи буоларбынан уонна доруобуйаҕа да туһалааҕынан, спордунан дьарыктанары олох биир сүрүн сүүрээнин быһыытынан ылынабын. Дьарыга суох сылдьыбытым диэн суох. Сүүрэбин, фитнес-кулуупка, бассейҥҥа сылдьабын. Билигин Елизавета Апросимова – Эвенкийка диэн аатынан биллэр кроссфит тренерин тус көрүүтүнэн нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктанабын. Кини киһи доруобуйатын, кыаҕын көрөн аныыр бырагырааматын биһириибин, тренер быһыытынан убаастыыбын, итэҕэйэбин. Спорт киһини бэрээдэктиир. Сүүрэ-хаама сылдьар киһи бэйэтиттэн куһаҕаны тэйитэр. Дьиэ, үлэ да түбүгүттэн аралдьыйарга олус туһалаах.
Ырааһы сөбүлүүбүн
– Дьиэ ырааһыгар болҕомтобун уурабын, ырааһы сөбүлүүбүн. Дьиэни, иһити-хомуоһу сууйууга-сотууга хиимийэлээх суурадаһыннартан туттунабын, экология өттүнэн ыраас бородууксуйаны талабын. Билигин “Гринвэй” фирма тэрээпкэлэрин наһаа сөбүлээн туттабын уонна атын да хаһаайкаларга сүбэлиибин. Дьиэм муостатын нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ сууйабын. Сылга иккитэ сорунан туран дьиэбин үрдүлэри-аннылары сууйабын. Куукунам муостата үрүҥ буолан, күҥҥэ хаста даҕаны сотуллар. Түүн да кэллэхпинэ, хайаан да сотон тэйэрбин дьонум бэркэ билэллэр. Сарсыарда турууга муоста ырааһа ордук.
Бэйэ холобурунан үөрэтэр ордук
– Артыыс үлэтин бириэмэтэ хааччаҕа суоҕа биллэр. Түүнүн да үлэлиэхпитин сөп. Ол да иһин артыыстар оҕолоро кыраларыттан бэйэлэрэ бэйэлэрин көрүнэ үөрэнэллэр. Оҕолорбор дьиэтээҕи сорудахтарын, дьиэ иһинээҕи үлэни, холобур, иһити сууйууну, муостаны харбааһыны, таҥаһы сууйууну бастаан бэйэм көрдөрөн биэрэбин. Түбүгүрэр кэмнэригэр ончу мэһэйдэспэппин, илиилэрин-атахтарын баайбаппын. “Куһаҕаннык, сыыһа оҥорбуккун” диэн санааларын түһэрэргэ соруммаппын. Киһи хаттаан оҥорорун курдук үлэлээбэттэр. Бэрт кыра эрэ көннөрүү наада буолааччы. Дьиэ иһигэр соҕотох кэрэ аҥаар буоларбынан, оҕолорбун бары үлэҕэ сыһыардахпына табыллар. Билигин улахан уолум аармыйаҕа сылдьар. “Барытын үлэлии үөрэммитим үчүгэй эбит” диэн билинэр, махтанар.
Кэргэним – сүрүн өйөбүлүм
– Улахан испэктээк иннинэ үлэбит сарсыарда 8 чаастан саҕаланар. Алтынньыттан Саҥа дьылга диэри оннук кыраабыгынан сырыттыбыт. Эбиэккэ диэри биир, эбиэттэн киэһэ иккис испэктээги эрэпэтииссийэлиибит. Кэргэмминиин өрүү бииргэ сылдьабыт. “Дьиэҕэ, үлэҕэр биир сирэйтэн салҕыбаккын дуо?” диэн ыйытааччылар. Кэргэним аттыбар баарыгар үөрэнэн хаалбыппын. Кини баар буоллаҕына, күнүм суолталанар. Сороҕор атын-атын сирдэргэ гостуруолларга барааччыбыт. Оччоҕуна наһаа чуҥкуйабын, суохтуубун, ахтабын. Кэргэним -- наһаа ыраас санаалаах, оҕомсох, дьоҥҥо наар көмөлөһөр, миигин өйүүр-өйдүүр, үөрүүбүн-көтүүбүн, хомолтобун үллэстэр киһим. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа киһи оруола улахан. Дьиэҕэ бас-көс оруолу аҕа киһи ылыахтаах диэн өйдөбүллээхпин. Онон бүтэһик быһаарыныыны кэргэним эрэ ылынар.
Саҥа көрүҥү олус биһирээтим
– Тыйаатырбытыгар мюзикллар, музыкальнай испэктээктэр турар буолуохтарыттан биллэрдик сэргэхсийдибит, сайынныбыт. Биир бэйэм ырыалаах, үҥкүүлээх туруоруулары олус сөбүлээтим. Бастаан “Хотой уонна хомус” туруорууга сүрэхтэммитим. “Сүрэх тэбэрин тухары” испэктээккэ Пестряковтар улахан кыыстарын Лираны оонньообутум. “Киристэпиэргэ” Христофор Максимов кэргэнин оруолун толорбутум. Тыйаатыр артыыстара, бары кэриэтэ театральнай үөрэҕэ суох да буолларбыт, ис сүрэхпититтэн кыһаллан үлэлиибит, саҥа хайысхалары, сонун сүүрээннэри арыйабыт. Инникитин омсолоох дьоруой оруолун боруобалыахпын баҕарабын. Ол “артыыс барытын сатыахтаах” диэн санааттан тахсар.
Минньигэс туорпунан күндүлүүбүн
– Иллэҥ кэммэр туорду астыырбын сөбүлүүрбүн чугас дьонум, сүгүрүйээччилэрим үчүгэйдик билэллэр. Саҥаттан саҥаны билэрбиттэн, боруобалыырбыттан, араастаан киэргэтэрбиттэн уонна бэйэм оҥоһуктарбынан дьону күндүлүүрбүттэн наһаа астынабын. Ити үлэ улахан сыраны ылбат. Оттон сүбэ социальнай ситимнэргэ толору. Инникитин мусстаах туортарга идэтийиэхпин баҕарабын.
Дьиэ кэргэмминиин күндү кэмим
– Киэһэтин бииргэ түмсүү биһиэхэ үлэ эрэ күнүгэр кыаллар. Бары бииргэ буоларбытын наһаа кэтэһэбит, эрдэттэн былааннанабыт. Кыра уолум кинигэни арыйталыырын сөбүлүүр. Остуоруйалары сэҥээрэр. Чаҕыл остуол оонньууларын сэҥээрэр. Онон ким туох интэриэстээҕинэн бары бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт, оонньоһобут. Дьиэҕэ бары бииргэ биир киинэни көрүү ыксалаһарга да, ырытыһарга да үчүгэй. Тутуспутунан киинэ тыйаатырыгар, циркэҕэ, сынньалаҥ кииннэригэр, айылҕаҕа сылдьабыт. Ханна да буоллун – дьиэ кэргэнинэн сылдьар көрдөөх, сэргэх.
Дьоро киэһэбэр долгуйа күүтэбин
– Бастакы айар киэһэм буолан, бэйэбэр да, истээччибэр да сонун уонна долгутуулаах. Сахалыы сайаҕас ырыаларга хореографическай туруоруулар бэлэмнэнэ сылдьаллар. Режиссерум Амгалена Нуотара хайаан даҕаны уратыны, сонуну толкуйдуура биллэр. Кини биһиги уруу-кэнсиэрбитин олус бэркэ тэрийбитэ. Туһунан көрүүлээх, ис-иһиттэн хостоно турар баайдаах киһи. Онон барыта сатаныа, табыллыа диэн толору эрэнэбин. Мин ыллыыр ырыаларбын, дьиэ кэргэммитинэн айар үлэбитин сэҥээрээччилэри, ырыаны таптааччылары дьоро киэһэбэр долгуйа күүтэбин. Ырыа алыптаах күүһүнэн сибэкки буоламмын сүрэххитигэр тыллыаҕым.
Оксана ЖИРКОВА.