Киир

Киир

Дьокуускай куоракка араастаан айаннаан аҕай кэллэҕим буолуо эрээри, киниэхэ тиийээри муммутум, булкуллубутум, кулгааҕым-хараҕым бүөлэммитэ суоҕа. Сорудахпын соһуччу ылан, кылгас кэм иһигэр кэпсэтэ охсуохтаахпынан, сол күн эбиэттэн киэһэ көрсүһэри туруорсубут буруйдаахпын. “Тоҕо суолбун-ииспин бутуйдуҥ?” диэн ыйыттым. Онуоха: “Бэлэмим суох буолан... Ону бэйэм анаан оҥорбоппун, араҥаччылааччыларым тартахтара. Оннук буолааччы”, – диэн оргууй хардарда. 17-с кыбартаал сэмэй эрээри, ис-иһиттэн сырдык кыбартыыратыгар кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт.

Валентина Попова аҕыйах сылтан бэттэх илбииһит быһыытынан үлэлиир. Дьон кини сымнаҕас эрээри киһиэхэ дьайар күүстээх илиитин сөбүлүүр. Илбийтэрэн, хараҕа сырдаабыт киһи этиитинэн бу кэлэн олоробун.

– Дьиҥэ, биллэ-көстө сатыырбын, буолаары буолан, хаһыакка, тэлэбиидэнньэҕэ тахсарбын ончу сөбүлээбэппин. “Иннигин бүөлэнэн бүт! Бэйэҕин арый, биллэр. Кэмиҥ кэллэ”, – диэн мөҕүллэн, сөбүлэстим. Кэмим чахчы кэллэ.

– Айылҕалааххын хайдах билбиккиний?

– Оҕо сылдьан дьиибэ түүллэри көрөрүм. Хонор-хоммот дьиэлээҕим, сирдээҕим, арааһы истэрим да, көрөрүм да. Дьонтон ыйытан көрөбүн – ким да ону билбэт. Дьон бэриэтчитин эмиэ көрөрүм. Ийэм: “Ити кыыска туох эрэ баар быһыылаах. Куруук туохтан эрэ дьаарханар, тугу эрэ истэр”, – диэн көрөрүн аҕам саба саҥаран кэбиһэрэ. Үрдүкү кылааска эксээмэммэр түбэһиэхтээх билиэтим нүөмэрин, ылар сыанабын санаан утуйарым. Сарсыныгар онтум туолан үөрдэрэ. Бииргэ төрөөбүттэрбэр эмиэ туох эрэ баар быһыылаах да, ылсыбатылар, сайыннарбатылар. Этим наһаа суостаах. Дьиҥэр, испэр тоҥо сылдьабын. Биирдэ Сунтаартан эмчит Пантелеймон Михайлов кэлэ сылдьыбытыгар “баардаахпын дуо?” диэн ыйыппыппар: “Сотору бу аартыгыҥ сабыллыаҕа, уоскуйуоҥ. Онтон 50 сааһыҥ чугаһыгар эмиэ арыллыаҕа. Онно эмтээн бараар”, – диэбитэ. Ленскэй Орто Наахаратыгар олордохпутуна кэлэ сылдьыбыта. Сарсыарда туран баран, хараҕын куоттарар, сүгүн-саҕын кэпсэппэт, оннук тахсан барбыта. Онтон кэлин көрсүбүппэр: “Бэйэмсэх эбиккин. Айылҕа хадаҕалаабытын искэр кистии сылдьаҕын”, – диэбитигэр кэпсэтэ сатаабытым да, атахха биллэрбитэ. Ардахха сытыйдахпына, наһаа чэпчиирим. Тыаҕа сылдьарбын, атах сыгынньах хаамарбын, сииккэ сытарбын сөбүлүүрүм. Бу санаатахха, ыраастанар, уохпун уҕарытар эбиппин. Оҕо буолан, айылҕаҕа мунар да түгэммэр туох эрэ сирдиирин курдук, дьонноох сиргэ тахсан кэлэрим. Онон “баардаахпын” араас өттүттэн билбиттээхпин.

– Илбийиигэ бастакы холонууҥ хайдах этэй?

– Илбийиэн баҕарар илии дьарыгын бэйэтэ булунар эбит. Куруук кими эмэ илбийиэх санаам кэлэрэ. Чугастыы кэргэммин тутан-хабан көрөрүм. 90-с сылларга, отуппун эрэ ааспыт кэммэр, балыыһаҕа сыппыттаахпын. Арай быһахха дэҥнэммит киһини киллэрбиттэрэ. Курданарыттан аллараа өттө тугу да билбэт: ньиэрбэтин таарыйтарбыт. Быһах суола тигиллибитэ кыһыллыҥы өҥнөөҕө уонна көхсүгэр бөлтөгөрдөөҕө. Ол бөлтөгөрүн “манан уу сүүрэрин иһин хам тикпиттэрэ” диэн быһаарбыттара. Мин көннөрү чэпчэтээйэмий эрэ диэн илбийэргэ тылламмытым. Киһим сарсыҥҥы күнүттэн сэргэхсийэн барбыта. Өйдөөн көрбүппүт, били бөлтөгөрө хаптайан, бааһа-үүтэ оһон, эт өҥнөнөн барбыта. Биирдэ ыһыах саҕана түһээтэхпинэ, ханнык эрэ кэнсиэргэ баарбын. Сахалыы таҥастаах дьон быыстарыгар уһун баттахтаах, бастыҥалаах эмээхсин таһынааҕы олбоххо олортулар. Онно көрбүтүм – биһиги дьонтон үөһэ олорор эбиппит, аллараа диэки ыһыах буола турар. Ол кэмтэн киһи ыарыытын билэр буолбутум. Киһи ыарыыта миигин эмиэ ыарытар. Оптуобуска киирдэхпинэ, олбоххо олорбоппун. Аттыбар олорор киһи ыарыыта сонно көрбүтүнэн киирэр.

Дойдубар ууга түспүт оҕо өлүгэ көстөн биэрбэтэҕэ. Арай түүлбэр ол оҕо тиийэн кэлбитэ. Таҥаһын кытта өйдүүбүн. “Тоойуом, эйигин дьонуҥ көрдүүллэр” диэбитим. Чуп-чугас турабыт. Онуоха оҕом “мин бардым, эн эмиэ бар” диэт, эргиллэн, бара турбута. Ити кэмҥэ атахпар уу биллибитэ, онон кинини батыспатаҕым. Онно көрбүт маспын-оппун уруһуйдаан биэрбитим. Ол ойуунан сирдэтэн оҕо өлүгүн булбуттара.

– Хас ааһан иһэр киһи ыарыытын ылынан, бэйэҥ илистэн, ыалдьан барбаккын дуо?

– Дьэ, туһугар эрэйдээх... “Тоҕо барыта миигинэн ааһарый?”, “Тоҕо көннөрү киһи курдук сылдьарым кыаллыбатый?” диэн төбөбүн үгүстүк сынньыбытым. Дьон ыарыытын иҥэриммэппин, киирбитин курдук түргэнник сүтэр. Эмтиир буолуохпуттан доруобуйам биллэрдик көннө. Урут сүрэхпинэн моһуогурар этим. “Үөһээттэн ананан кэлбитиҥ. Эйиэхэ абыратаары кэлэр дьону ылыаххын наада. Аналгыттан куоттаххына, иэстэбиллээх буолар” диэн биир эмчит сүбэлээбитэ. Биирдэ куорат иһигэр таксыынан айаннаатым. Суоппарым аҥаар хараҕа таас эбит. “Эн баардаах эбиккин буолбат дуо? Онтугуттан аккаастаныма, кистэнимэ. Миэхэ кырабар биллибиттэрэ, ону утарсан туран атынынан дьарыктаммытым. Ону иэстэһэн, бу харахпыттан матардылар. Эмчит буолар аналлаах буоллаххына, эмтиэхтээххин. Туох бэриллэрин толорон ис”, – диэн өрдөөҕүттэн билэр киһилии сүбэлээбитэ.

– Илбийии кэннэ хайдах турукка киирэҕин?

– Чэпчиибин, тэнийэбин. Ол кэннэ тыаҕа тахсыахпын наада буолар. Уокка чугаһаан уоскуйабын. Дьиэбэр чүмэчи уматабын, гаас уотугар ытыспын сырайа турар буолааччыбын. Чааһынай дьиэҕэ олорон, умайа турар оһох аанын аһаҕас туруорар этим.

– Оту-маһы хомуйуунан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?

– Оҕо эрдэхпиттэн маһы имэрийэн көрөр идэлээхпин. Төрөөбүт дойдум – Ленскэй. Ото-маһа дэлэй. Мас иннэтин, мутукчатын, сэбирдэҕин айахпар укпуппун билбэккэ да хаалааччыбын. Оччоттон улахан интэриэстээхпин. Онон эмтиирбэр оту-маһы туттабын. Куртаҕыҥ ноҕуруускалана сылдьар эбит. Бу бөрө отун иһэ сырыт.

– Илбийиигэ анал кууруска сылдьыбытыҥ дуо? Атын омуктар илбийэллэрин туох дии саныыгын?

– Киһи этэ-сиинэ хайдах тутуллааҕын билбэхтэһэр эбиппин. Ол эрээри дьону кытта үлэлииргэ көҥүл ылар хайаан да наада. Онон араас көрүҥнээх илбийиигэ үөрэммитим. Омук дойдуларыгар сылдьан, уруургуу көрөн, наар илбийээччилэри кэтиибин-маныыбын. Таай массааһа бытааннык, дириҥник киирэн таарыйыыга олоҕурар. Тоноҕоско сүрүн болҕомто ууруллар. Классическай илбийии тириигинэн сылдьар. Оттон сахаҕа отунан эмтээһин, түөннээһин, хааннааһын, уҥуоҕу тутуу тэнийбит. Киһини таарыйбакка эрэ илбийэллэр эбит. Кэлин сайдыылаах омуктартан үгүһү ылбыппыт.

Ийэм инсуллаата диэн биир киһи эрийэр. Эпэрээссийэҕэ киирэн эрэрэ. Саҥарбат, хамсаабат киһиэхэ тиийбитим. Киирээт да, атаҕыттан саҕалаан имэрийэн барбытым. Тугу эрэ кэпсии сатыыллар, мин ону истибэппин. Сарсыҥҥы күнүгэр атаҕын хамсаппыт этэ. “Орон киһитэ буолуо” диэбиттэрин олох сөпсөспөтөҕүм. Оннук үс күн үлэлээт, дьиэлээбитим. Хойут эмиэ илбийбитим. Билигин кырдьаҕас хаама сылдьар.

– Илбийии хайдах саҕаланыахтааҕый? Билигин куоракка олус тэнийбит СПА-солуон, араас илбииһит сүүрбэччэ эрэ мүнүүтэ илбийиитигэр дьон элбэх харчыны кутар. Чэпчээбитин, абыраммытын билинээччи үгүс. Ол чахчы буолуо дуо?

– Холобур, кытайдар тута иннэлээбитинэн бараллар дии. Мин санаабар, ыалдьар сиргэ түбэһимиэхтэрин да сөп. Иннэлииргэ киһини кырата үс күн бэлэмниэххэ наада. Аҥаардас илбийиинэн да үтүөрдүөххэ сөп дии саныыбын. Кытайга сылдьан, илбииһиккэ сыыһатын эппиппэр, күлэн баран, буолуохтааҕын курдук оҥорбута. Эн доруобуйаҕар соччо кыһаллыбаттар. Экзотиканы көрдөөн кэлбит дьон санаа да көтөҕүллүүтүнэн сөп буолаллар. Японияҕа классическай илбийиигэ тирэҕирэллэр эбит этэ. Онно бэйэлэрин ньымаларын эбэллэр. Сахалар бэйэбит сахалыы чэйдээх, ырыалаах-тойуктаах, буруолаах-тараалаах, сахалыы саҥаран эмтиир эмчиттэрдээх анал киини арыйарбыт буоллар, бэрт да буолуо эбит. Эмчиттэр бытарыйан хаалбыттар. Айаҕы булунууга охтубуттар. Сахалар, ыарахан тарыыптаах илбийэр солуоннартан сэрэниҥ диэн сүбэлиибин.

– Илбийии төһө уһуннук барыахтааҕый?

– Мин бириэмэни быспаппын. Киһититтэн, ыарыытыттан тутулуктаах. Чаас аҥаара имитэн ириэрэҕин. Куоракка кэриэйдэр илбийэллэрин көрбүтүм. Баанньыктаммыт киһи сылыйан, илбийиигэ сөп буолбут курдук сананар. Баанньыктаныы илбийиигэ туох да сыһыана суох, тас эрэ өттүттэн ирии буолар. Онно өйдөөн көрдөххө, ол илбийииттэн дьон этэ-сиинэ кытарар, көҕөрөр. Ол – синньигэс тымырдар быһыта барыыларыттан, бэлэмэ суох быччыҥ таарыллыытыттан. Илбийиигэ оргууй аҕай киириллиэхтээх, сис төрдүттэн, көхсүттэн эбэтэр атах тилэҕиттэн саҕалаан. Илбииһит уонна ыарыһах таарыйсан, энэргиэтикэлэрэ биир тэтимҥэ киириэхтээх, эттэрин сылааһа тэҥнэһиэхтээх.

– Илбииһит күүһэ күҥҥэ хас киһиэхэ тиийэрий? Балыыһаҕа биир илбииһит сүүрбэччэ киһиэхэ оҥорор. Оннук көдьүүстээх дуо? Хас күҥҥэ илбийтэрэр сөбүй?

– Муҥутаан үс киһини хаачыстыбалаахтык оҥоруохха сөп. Эбиэккэ диэри биир уонна эбиэттэн киэһэ, уһун сынньалаҥнаан – икки киһини. Күҥҥэ уонча-сүүрбэччэ мүнүүтэ имэрийтэрбит киһи көннөрү уоскуйуон эрэ сөп. Дьиҥ эмтэниини ылбат. Улаханнык ыалдьыбыт дьон уон хонукка сылдьыахтарын наада. Оттон быстах ыарыылаахтар үс-биэс күҥҥэ сөп буолаллар.

– Кистэл буолбатах буоллаҕына, үлэҥ иһин төлөбүрүҥ төһөнүй?

– Сыананы быспаппын. “Биир да мөһөөх, кэмпиэт, кыра аһылык, мал да буоллун – ылыахтааххын” диэн үөрэппиттэрэ. Адьас матардахтарына, улаханнык ыалдьар эбиппин. Дьон тугу кыайарынан манньалыыр. Айылҕаттан анаммыт киһи харчыга охтубата наада.

Эр дьон инсуллуура элбээтэ. Ити аһара күүрүүттэн тахсар. Аныгы олоххо истириэс элбэх, дьон тырыттаҕас. Аны туран, эр дьон доруобуйатын ончу көрүммэттэр. Простатит олус тэнийдэ. Арыт ол ыарыы төрдүн киһи атаҕыттан булабын. Бу ыарыы эр киһини олоҕуттан сыҕарытар, эр киһилии үлэлииригэр-хамсыырыгар, олороругар улаханнык атахтыыр. Үп-харчы төһө да инники күөҥҥэ турдар, биирдэ кэлэн ааһар олоххо бэйэни суолталыыр, көрүнэр, харыстанар наада.

– Өр кэмҥэ учууталлыы сылдьыбыт киһи, оскуолаҕын, оҕо үймээтин ахтыбаккын дуо?

– Саха тылын учууталынан уонна дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээн, 29 сылы оскуолаҕа атаарбытым. Бу идэбэр уһуннук айаннаабытым. Оҕо сылдьан ахсаан учуутала буолбут киһи диэн саныырым. Устуоруйа учууталыгар туттарсан көрөн баран бырахпытым. Онтон дойдум оскуолатыгар миэстэ эрэ көстүбүччэ, саха тылын үөрэтэн барбытым. Оҕо сылдьан элбэҕи аахпытым улаханнык туһалаабыта. Үлэбин сыыйа сөбүлээбитим. Онон дьиҥнээхтик идэ оҥосторго сананан, университекка туттарсан, үөрэхпин бүтэрбитим. “Ленскэй сахаларын түөлбэ тыла” диэн тиэмэҕэ дьупулуоммун көмүскээн, кэлин салҕаан, брошюра оҥорон таһаарбытым. “Оҕону таба суруйууга уһуйуу” диэн эмиэ кинигэлээхпин. Учуутал идэтэ – уһулуччу, оҕону кытта алтыһыы – ураты. Билигин ханна да тиийдэхпинэ, үөрэппит оҕолорум мааныларыгар түбэһэбин. Биллэн турар, оскуолабын ахтабын. Ол эрээри айылҕам аналын толоруохтаах буоллаҕым. Онон икки сылтан бэттэх Дьокуускайга көһөн, сиэммин көрөрү таһынан дьону эмтиибин.

– Ааҕааччыларбытыгар тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Билигин дьон тиэхиньикэҕэ сэлээннэнэн, хамсанара аҕыйаата. Онон этэ-сиинэ улугурар, араас ыарыыга кэбэҕэстик ылларар. Ити – хаан эргиирэ бытаарарыттан. Онон ыраас салгыҥҥа хамсана сылдьыҥ, сылга биирдэ-иккитэ илбийтэриҥ. Ону тэҥэ аһылыкка болҕомтону ууруҥ. Дьиҥэ, итини күн ахсын истэҕит, эмчит барыта итинник сүбэлиир. Ол гынан баран, чахчы, сөбү этэллэр.

Оксана ЖИРКОВА кэпсэттэ.