Кулун тутар 21 күнэ – Аан дойдуга Поэзия күнэ. Айар куттаах киһи айылҕаттан ураты уйан, “киһиттэн атын” соҕус буолар диэн бэлиэтээччилэр. Кырдьык да, үгүс суруйааччы алдьархай ааҥнаан, сирдээҕи олоххо сору-муҥу көрсүбүтүн туһунан суруйуу элбэх. Ордук иҥэн-тоҥон нуучча улуу суруйааччыларын дьылҕаларын туһунан суруйаллар.
Оҕону сүтэрэр абакката
Төрөппүт оҕону сүтэрэрин саҕа сир үрдүгэр ыар аһыы, бука, суох буолуохтаах. Киһи өстөөҕөр да баҕарбат дьыалата. Айар куттаах дьон олохторугар маннык ыар сүтүк эмиэ кэлэн ааспыта, сүрэхтэригэр оспот бааһы хаалларбыта.
Саха биллиилээх суруйааччыта Иван Гоголев-Кындыл суос-соҕотох уолун, сиртэн саҥа быган эрэр биэстээх-алталаах Алеша диэн уолчаанын, Өлүөнэ өрүс долгуна төнүннэрбэттии илдьэ барар... Бу аймалҕанын суруйааччы “Иэйэхсити кэлэтии” арамааныгар киһи сүрэҕин быһыта туттарар гына суруйан хаалларбыта. Оҕотун сүтэрбит аҕа хайдахтаах курдук айманарый? Уолчаанын хас төрөөбүт күнүн ахсын мас арааһын олордор.
Амма Аччыгыйа Чаҕыл диэн суруйааччы суолун утумнаан испит эдэркээн уолуттан ытыс соттон кэбиспитэ. Санаа тууйуллуутуттан дуу, эбэтэр эриирдээх-мускуурдаах олох кырааската хараҥарбытыттан дуу, Чаҕыл Мординов бэйэтигэр тиийинэр. Аҕа киһи аймалҕанын сэрэйиэххэ эрэ сөп...
Тугунан да кэмнэммэт ыар сүтүк аймалҕаныттан күүс ылан, Кындыллаах Амма Аччыгыйа салгыы дьон-сэргэ туһугар айбыттара-туппуттара. Тугу да гыммакка олорбуттара эбитэ буоллар, кутурҕаҥҥа быһа эмнэрэн, ааспат-арахпат сүрэх бааһын иитиэхтээн хайдах буолуо этилэрэй? Хата, суруйар иэйии алыбыгар бүүс-бүтүннүү бэринэн, быыһанар суолу тобуллахтара. Дьылҕа Хаан күүһүнэн соҥнуур тыйыс ыйааҕын ылынаргар эрэ тиийэҕин. Кинилэр суруйбут айымньылара саха литэрэтиирэтин көмүс кылаата диэн ааттаммыттара.
Сүппүт көлүөнэ
Оскуола эрдэхтэн суруйааччылары мэтириэт эрэ курдук ылынабыт. Суруйааччы эмиэ киһи буоллаҕа. Николай Лугинов “мин 12-с үйэҕэ олорор этим, билигин 8-с үйэҕэ көстүм” диэбиттээх. Суруйааччы эмиэ алҕаһыыр, суруйааччы эмиэ ытыыр-ыллыыр, айманар... Кини көннөрү киһиттэн уратыта – айар тыл илбиһигэр курдаттыы бэриниитэ. Айар үлэҕэ абылаппыт киһи атын эйгэҕэ олорор курдук. Лев Толстойу “атын планетаҕа олорор, биһиги Сирбит эһиннэҕинэ даҕаны, кини ону билиэ суох этэ” диэн күлэллэрэ. Суруйар киһи айымньытыгар дууһатын бүүс-бүтүннүү уурар буолан, ааҕааччыга эмиэ биллэр курдук.
Суруйааччы кимиэхэ анаан суруйарый? Тус бэйэтигэр эрэ буолбатаҕа чахчы. Кини айымньыга соҥнуур санаатынан дьонугар-сэргэтигэр тугу эрэ этэ сатаатаҕа.
“Курус санаа генийинэн” аатырар суруйааччылар олохторо эмиэ курустук салаллыбыта.
Айар үлэ алыптаах да, аргыардаах да аартыгыттан хомолтолоохтук туораабыт суруйааччылар дьылҕаларын сэмээр сэгэтэн көрүөҕүҥ. Кинилэр норуокка биллиэхтэрин, бэйэлэрин кэннилэриттэн чаҕылхай айымньылары хааллараары оҥостубут ыра санааларын эргитэн ылыаҕыҥ...
Сүппүт көлүөнэ! Тоҕо ынырыгай! Бүтүн көлүөнэ уран тыллаахтара, этигэн иэйиилээхтэрэ, сир үрдүгэр Таптал, Дьол, Олох баар диэн ыллаан-туойан, суруйан-кэпсээн иһэннэр, сэриитэ суох эйэлээх кэмҥэ сүтэллэрэ хайдах да киһи санаатыгар батан киирбэт. Ол эрээри... ааттара ааттанан бардахтарына, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, этиҥ сааһа аһыллыбытын бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын. Кинилэр кимнээхтэрий?
-
Христофор Суздалов, эбээн бэйиэтэ, Суоттуга ытынан өлбүт.
-
Григорий Дохунаев, бэйиэт, Абыйга ууга дэҥнэнэн өлбүт.
-
Семен Ильин, бэйиэт, Покровскайга ытынан өлбүт.
-
Иннокентий Павлов-Далантай, бэйиэт, Горнайга үтүөх-батаах сылдьан суорума суолламмыт.
-
Дмитрий Михайлов, бэйиэт, мелодист, Дьокуускайга массыына саахалыгар түбэспит.
-
Николай Гуляев, драматург, Дьокуускайга ытыммыт.
-
Григорий Данилов, бэйиэт, Горнайга тоҥон өлбүт.
-
Константин Васильев, бэйиэт, Аллайыахаҕа суорума суолламмыт.
-
Семен Кривошапкин, драматург, Чурапчыга тыына быстыбыт.
10.Иннокентий Еремеев, бэйиэт, Уус Алдаҥҥа ытыммыт.
-
Николай Габышев-Нэртэ, Орто Халымаҕа ыарахан ыарыыттан кылгас үйэлэммит.
-
Чаҕыл Мординов, бэйиэт, Дьокуускайга бэйэтигэр тиийиммит.
-
Иван Кузьмин, бэйиэт, эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүт.
-
Семен Тулааһынап, прозаик, Уус Тааттаҕа өлбүт.
-
Григорий Кобяков, бэйиэт, сураҕа суох сүппүт.
-
Филипп Филиппов, прозаик, Дьокуускайга бэйэтигэр тиийиммит.
-
Роберт Чиряев, бэйиэт, Дьокуускайга өлбүт.
-
Николай Попов, бэйиэт, эдэригэр өлбүт.
-
Дмитрий Апросимов, эбэҥки бэйиэтэ, эдэригэр өлбүт.
-
Василий Васильев, прозаик, эдэригэр өлбүт.
Бу эдэркээн дьон дьылҕалара араас-араастык салаллыбыт. Хас киһи – соччо дьылҕа. Григорий Данилов диэн Горнай поэта төгүрүк тулаайах буолан, И.Е. Данилов диэн бэйэтэ оҕото суох киһиэхэ иитиллибит. Гриша оскуола эрдэхтэн кулгааҕынан эрэйдэнэрэ үһү. Дьүлэйэ кэлин өссө бэргээбит. Кини “Күөрэгэй” диэн оҕолорго аналлаах хоһооннорун хомуурунньугун дьон-сэргэ бэркэ сэҥээрбит. Хас да хоһооно оскуола учуобунньуктарыгар кииртэлээбиттэр. Кини оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо аналлаах хоһоонноро сүрдээх сытыы тыллаахтар. Өссө да элбэҕи айыахтаах-тутуохтаах талааннаах бэйиэт, эдэркээн сааһыгар үлүйэн өлбүт. Бэйэтин кэнниттэн хаалларбыт хоһооннорун дьон-сэргэ номнуо умна быһыытыйбыт. Айар киһиэхэ аата умнуллара сытыы кымньыы кэриэтэ.
Бу ынырык испииһэккэ киирбит дьон бары эдэр ааптардар. Испииһэги өссө да салгыы туруохха сөп.
Оо, арай, бу дьон бары улугуруу кэмин уҥуордаабыт буоллуннар? Сахабыт литэрэтиирэтэ төһө байыа этэй? Билигин кэлэн, кэмсинэн да диэн...
Чуумпу бэйиэттэр
Кинилэр олохторо төһө даҕаны уу нуурал, чуумпу буолбатар, кинилэри “чуумпу бэйиэттэр” диирбитигэр тиийэбит. Кинилэри бэйэлэрин кэмнэригэр оччотооҕу олох сөпкө ылымматаҕа. Кырдьыгы инники күөҥҥэ тутан, айымньыларынан кыларыйан турар кырдьыгы тириэрдэ сатаабыттарын истибэтэхтэрэ. Куоластарын истибэтэхтэриттэн абаран эбитэ дуу, санаалара оонньоон аһыы утаҕы батыспыттара. Хас биирдии суруйааччы айымньыта кэмнээх-кэрдиистээх.
70-с сылларга дьикти көлүөнэ бэйиэттэр үөскээн ааспыттара. Дмитрий Дыдаев, Варвара Потапова, Альберт Бүлүүйүскэй...
Варвара Потапова
Дмитрий Дыдаевы саха литэрэтиирэтин таптааччылар бары билэллэр. Кини дэҥҥэ көстөр бэртээхэй талааннаах бэйиэт. Баар олоҕу ылымматаҕа, кини “ханна да суох, эн уруйдуур олоҕуҥ” диэн этиитин кытары сөбүлэспэтэхтэрэ. Хомойуох иһин, кыһарҕаҥҥа, үтүрүллүүгэ түбэһэр. 1974 сыллаахха Дьааҥыга эмискэ сүрэҕинэн өлөн хаалар. Варвара Потапова Дьокуускайга 33 сааһыгар бэйэтигэр тиийинэр. Үгүс киһи кинини арыгылаан өлбүтэ дииллэр. Альберт Бүлүүйүскэй Сунтаарга муор-туор сылдьан өлбүт. Альберт бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн ыарытыйара үһү. Аҥаардас поэзиянан эрэ олорбут киһи. Бэйиэттэри кытары ыкса бодоруһара үһү. Сунтаартан айаннаан иһэн Петр Тобуруокапка, Сэмэн Руфовка куруук сылдьан ааһар эбит. Варвара Потаповалыын билсэллэрэ.
Альберт Бүлүүйүскэй
Түүйбүт курдук
Катя Протопопова диэн бэйиэт кыыс баар буола сылдьыбытын билэр киһи ахсааннаах. Кини атыттар курдук кинигэтэ суох, арай аҕыйах хоһооно хаһыакка тахса сылдьыбыттаах. Өлбүтүн кэннэ.
Уус Алдан Сыырдааҕыттан төрүттээх Катя айылҕаттан олус талааннааҕа үһү. Аҕата Николай Николаевич оҕолору академическай ырыаҕа үөрэтэр. Киниэхэ уһуйуллан опера ырыаһыттара үүммүттэрэ. Кини күҥҥэ көрдөрбүт күөрэгэйэ – Катюшата эмиэ ырыаһыт буолан аатырыахтааҕа буолуо... Катя Екатеринбург куоракка консерваторияҕа ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьыбыт. Каникулга ахтылҕаннаах Сахатын сиригэр кэлэн, дьонун кытары гастроллуу баран иһэн, баара-суоҕа 19 сааһыгар оһолго түбэһэн суорума суолламмыт. Кыыстарын ол дойдуга атааран баран, суруктарын ааҕа олорон, хоһооннорун булан ылаллар. Киһи соһуйуон иһин, баара-суоҕа 19 саастаах кыысчаан киһи куйахата күүрэр, өлүү туһунан ынырык тыллардаах устуруокалары суруйбут:
Оо, ыччабыан –
Тымныы хоруоп
Тириибин салаата,
Оо, айыккабыан –
Хараҥа хоруоп
Харахпын хостоото,
Оо, сорбун-муҥмуон –
Мас хоруоп мэйиибин ииртэ.
...Бүтэһик хоһооммун астына
Дууһалыын аймана олорон
Илиискэ түһэрэн ыламмын
Хоруоптан эйиэхэ уунабын...
Катя бэйиэт дьүөгэтигэр Яна Байгожаеваҕа биирдэ “Мин билэбин, мин кылгас үйэлэнэбин. Онон мин олохпор барытын түргэнник ситиһиэхтээхпин. Олоҕум кылгас, ол гынан баран чаҕылхай буолара буоллар...” диэбиттээх. Кини хоһоонноругар “төннөр даа, олохпун” диэн кыланыыта эдэр киһи өссө да олоруон баҕарбытын көрдөрөр. Бу түһүүлээх-тахсыылаах Орто дойду олоҕор 19 сыл быстах кэлэн барбытын сэрэйбит курдук сурукка тиһэн хоһоон хоһуйдаҕа.
Киһи олоҕо түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарыныы, кылам гынаат, ааһан хаалар. Өбүгэлэрбит “олох диэн ыраас хонууну туорааһын буолбатах” диэн сөпкө да бэлиэтээбиттэр.
Дьылҕа диэн, кырдьык, уустук. Көһүппэтэх өттүттэн куһаҕан бит ааҥнаан да киирдэҕинэ көҥүлэ. Бу оһоллоох-моһоллоох Орто дойдуга олох олоро диэн кэлбит бэлиэбитигэр үөрэ-көтө, айа-тута сылдьыахтаахпыт.