Елизавета Ивановна Маркова илиинэн көрөн билгэлиир (хиромантка), хаартынан сэрэбиэйдиир. Кини – Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгин төрүт олохтооҕо. Бэйэтэ этэринэн, эдэр сылдьан илиинэн билгэлии үөрэммит. Оттон хаартынан сэрэбиэйдээһини 19 сааһыттан саҕалаабыт. Маны барытын кытай киһититтэн үөрэммит. Ол киһи “олоҕуҥ устата манан эрэ дьарыктаныаххын сөп” диэн усулуобуйа туруорбут. Елизавета “тапталы, олоҕу талбытым, ыал буолан, оҕолонон-урууланан, сиэннэрдэнэн, билигин дьоллоохтук олоробун” диэн, сырдык мичээрдээх олорон кэпсиир.
Онон айылҕаттан айдарыылаах көрбүөччү, сэрэбиэйдьит Елизавета Маркованы кытта кэпсэтэбит.
– Елизавета Ивановна, төрдүгүн-уускун билиһиннэр эрэ.
– Мин Тойон Арыы төрүт ыалларын оҕотобун. Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгэр олоробун. 1951 сыллаахха Тойон Арыыга, уруккута I Малдьаҕар нэһилиэгэр, Марковтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Орто оскуола кэнниттэн үөрэнэ сатаабатаҕым. Пиэрмэҕэ субай сүөһү көрбүтүм, ыанньыксыттаабытым. Биэнсийэҕэ олорон, айылҕа анаабытынан дьарыктанабын. Сүүрбэ сааспыттан ону-маны билгэлии, таайа үөрэммитим.
– Дьэ эрэ, бастаан туохтан саҕаламмытай бу дьикти дьарыгыҥ?
– Оччолорго уол-кыыс сылдьан, кыргыттар кэлэннэр “инникибитин билгэлээ эрэ” диэн көрдөһөллөрө. Ону быһа гыммакка, оруобуна үүт харахха этэн соһутарым.
Илии киэнигэр кытай киһититтэн үөрэммитим. Хиромантияны, ол аата илии сурааһынынан ааҕыыны, аан бастаан кытайдар баһылаабыттар эбит. Итинник таайыы ол саҕана, Сэбиэскэй былаас кэмигэр, бобуулаах этэ. Ол да буоллар олорор дэриэбинэбэр уора-көстө дьону билгэлиир этим. Мин илиинэн уонна хаартынан иккиэннэрин дьүөрэлээн көрөн билгэлиибин. Киһи илиитин сурааһынынан уонна килиэккэтинэн көрөн таайыы сүрдээх ыарахан буолар. Сорох-сорохторго, кинилэри туох күүтэрин аһаҕастык этэммин, куттаабыт да кэмнэрим бааллара. Илии сурааһынынан көрдөххө, киһи туох дьылҕалааҕын, инники өттүгэр туох күүтэрин барытын чуолкайдык көрөҕүн. Маны мээнэ киһи көрбөт.
– Ытыскын мээнэ туора дьоҥҥо көрдөрүө суохтааххын буолбатах дуо? Ытыһыҥ сурааһына олоҕуҥ хорук тымыра буолар. Ытыс – эн олоҕуҥ сиэркилэтэ диэн, бука, мээнэҕэ эппэтэхтэрэ буолуо дии саныыбын.
– ...
– Оттон бэйэҥ бити-билгэни төһө итэҕэйэҕин?
– Манна итэҕэйэр, итэҕэйбэт диэн суох. Бэйэҥ туһунан толкуйдаах, бэйэҕэр эрэллээх буолуохтааххын.
– Эн этэҕин дии, сэрэбиэйдэтэ кэлэр киһи бэйэтэ анабыл хаартылаах кэлиэхтээх диэн.
– Оннук. Миэхэ куруук сылдьар дьон бэйэлэрин кытта булгуччу анабыл хаартыларын илдьэ сылдьаллар. Онон дьоҥҥо анаан “тус бэйэҕитигэр анаан хаартылаах кэлиҥ” диэн этэбин. Былыр баайдарга эмэгэт диэн баар этэ. Ол курдук, киһиэхэ эмиэ хаартыта этитии эмэгэт курдук буолар. Аны ол хаартыгын мээнэ киһиэхэ биэриэ, уларсыа суохтааххын, тус бэйэҥ аналгынан илдьэ сылдьыахтааххын.
– Хиромантика туһунан кылгастык кэпсээ эрэ. Тус бэйэм улаханнык өйдөөбөт эбиппин.
– Киһи илиитин сурааһынынан көрөн, кини ис уорганыгар киирэн тахсаҕын. Бу, биллэн турар, тустаах киһиэхэ ыарахан үлэ буолар. Киһи тымырын устун киирэн көрөҕүн. Онно кини олоҕун дьылҕата көстөн кэлэр.
– Уой, эчи, кутталын... Оччоҕуна илиинэн да, хаартынан да көрөн билгэлиир буоллаҕыҥ?
– Оннук. Хайатыгар баҕарар көрөн, киһи уруккутун уонна билиҥҥитин чопчу этиэхпин сөп.
– Көрбүөччү диэн туох киһиний, эн санааҕар?
– Айылҕа анаан ыыппыт киһитэ. Маннык кыах мээнэ киһиэхэ бэриллибэт. Дьон үксэ миигин “Елизавета барытын билэр” диир. Онуоха: “Мин наһаа ыарахан кириэһи сүгэбин, ону эһиги билбэккит”, – диибин. Эттэхтэринэ, судургу курдук да, дьиҥэр, тустаахха ыарахан. Тоҕо диэтэххэ, барытын эккинэн-хааҥҥынан, ис куккунан туох буолуохтааҕын сэрэйэн, билэ сылдьаҕын. Өйдүүрэ өйдүүр, өйдөөбөт киһиэхэ быһааран да туһата суох. Холобура, чугас киһиҥ туох эрэ буолуохтааҕын эрдэттэн билэҕин уонна аһынаҕын.
– Эн дьону сэрэбиэйдээн көрөн бараҥҥын “эмтэнэр кэмҥитин аһарымаҥ” диэн үчүгэй баҕайытык быһааран биэрэр эбиккин дии.
– Киһиэхэ эмтэнэригэр бириэмэ бэриллэр, ону кини булгуччу тутуһуохтаах. Өскөтүн ол түгэни мүччү туттаҕына, хойутаан хаалар. “Эһиги үс сылгыт баар, эмтэниэххитин наада. Бу кэмҥэ аттыгытыгар баар сулустаргыт, аанньалларгыт эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ, оччоҕо үчүгэй буолуо. Онон, баһаалыста, көрдөрүнүҥ” диэн эрдэттэн сэрэтэбин.
Аны туран, айылҕа киһитэ куһаҕаны отой саҥарыа суохтаах. Ордук ийэ киһи кими даҕаны куһаҕан тылынан саҥарыа суохтаах. Тоҕо диэтэххэ, оҕону төрөтөр ийэ бэйэтэ аанньал курдук буолар. Онтон ол алҕас этиллибит тыл туолуон сөп.
– Оттон киһини маннык утары көрөн олорон, кини туһунан кэпсиэххин сөп дуо?
– Оо, дьэ, суох. Мин экстрасенс буолбатахпын.
– Көрдөххө, үгүс сэрэбиэйдьит, билгэһит наар чүмэчини туттар, ити туох суолталааҕый?
– Чүмэчи буруотунан ыраастанабын, уотунан сырдатынан көрөбүн. Чүмэчи киһи дууһатын кирин ыраастыыр. Урут мин «ити өлбүт киһиэхэ тоҕо чүмэчи туруоралларый?» диэн наар толкуйдаан тахсар этим. Онтум чүмэчи өлбүт киһи дууһатын ыраастаан сыт таһаарар эбит.
– Онтон, дьэ, Таҥха кэмигэр сэрэбиэйдьиттэргэ сүүрэкэлээн сэлибирэһэбит дии. Киһи да күлэр, бары да инникибитин билиэхпитин-көрүөхпүтүн баҕарарбыт сүрдээх. Манна эн тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Мин ордук эдэрдэргэ туһаайан, сэрэтиэхпин баҕарабын. Наһаа сэрэбиэйинэн үлүһүйүмэҥ диэн. Холобур, сиэркилэнэн күлүгү көрүү – саамай кутталлаахтара. Сиэркилэ олус элбэх кистэлэҥнээх. Сиэркилэҕэ сэрэбиэйдэнэр киһи төбөтүнэн моһуогуруон сөп. Остуол, бүлүүһэ сүүрдүүтэ эмиэ сэрэхтээх.
– Эн сыл аайы Арчы дьиэтигэр Таҥхаҕа кэлэн дьону сэрэбиэйдиигин, төһө туоларый? Айылҕаҕа кистэлэҥ күүс диэн баар дуо?
– Сэрэбиэйдиир буоллахпына, онтум сүүс бырыһыан туолар диир кыаҕым суох. Таҥха кэмигэр эрэ буолбакка, кыһыҥҥы аам-даам тымныы кэмигэр, ахсынньыттан олунньу ортотугар диэри, сэрэбиэйдээбитиҥ сөп түбэһэр, көмөлөһөр. Ол кэнниттэн сабыллан хаалар. Ити кыһыҥҥы кэм кутуйах хаамыытынан саҕаламмыт кэмиттэн ааҕыллар. Тоҕо диэтэххэ, бу кэмҥэ айылҕаҕа көстүбэт кистэлэҥ күүс, уларыйыы баар.
Ордук тохсунньу ыйга киһи айылҕаны кытта сибээһэ күүһүрэр. Бу кэмҥэ сорох көрбөт киһи көрөр, истибэт киһи истэр буолуон сөп. Холобур, мин айылҕа маннык кэмигэр мас иччитин, мас ытыырын истэбин. Дьахтар саҥалаах алаас эмиэ баар буолар. Хас биирдии алаас тус-туспа Иэйэхситтээх, иччилээх.
– Чугас дьонуҥ бу дьарыккын хайдах ылыналларый?
– Биллэн турар, дьиэ кэргэним бу дьарыкпын улаханнык сэҥээрбэт. Ол эрээри мин айылҕаттан бэриллибит аналбын толоробун, онто суох сатаан олорбоппун. Биһиги төрдүбүтүгэр, ийэм өттүттэн, айылҕаттан күүстээх эмчит дьахтар баар буола сылдьыбыт. Бука, ону удьуордуу сылдьарым буолуо.
– Сэрэнэн ыйытыахха сөп дуо, оттон дьону эмтиигин дуу?
– Ээйиис, эчи суох, доҕор. Эмтээбэппин. Оҕолордоох, сиэннэрдээх буоламмын, итинэн мээнэ дьарыктаммаппын. Ол эрээри кыайарым диэн, киһиэхэ баар үөнү-мэҥи (бородавканы) суох оҥоробун. Ону тохсунньу ыйга эрэ эмтиибин. Бэйэбэр баалларын суох оҥорбутум. Хаҕыламматах хортуоппуйу сууйан-сотон, тыл этэн баран баайаҕын. Онтон оҥкучахха уган кэбиһэҕин. Сүллүүкүттэр тахсар кэмнэригэр эрэ оннук гынабын уонна сүллүүкүттэргэ сүктэрэн ыытабын.
– Эмиэ дьикти эбит.
– Оннук. Онон мин дьону эмтээбэппин, көннөрү өтө көрөбүн. Дьону онтон-мантан сэрэтиэхпин эрэ сөп.
– Бэйэҥ эйгэҕиттэн ордук кимнээҕи кытта чугастык алтыһаҕын?
– Норуот эмчитэ Анастасия Яковлеваны уонна Күндүүнэни кытта ордук чугастык алтыһабын. Атыттартан толлобун.
– Хайаа, кэпсэтэ олорон өйдөөн көрдөххө, уҥа кыламаныҥ маҥаннаах эбит дии...
– Үөһээттэн оннук айыллан төрөөбүппүн. Ону “куһаҕан кыламан” диэн ааттыыбын. Онтон бу кэлин өйдөөтөхпүнэ, миэхэ саамай наадалаах кыламан эбит, ол кистэлэҥин, биллэн турар, мээнэ кэпсээбэппин. Кыламаным курдут көрдөхпүнэ, миэхэ туһалыырын чахчы билэбин. Киһи да күлэр, эдэр сылдьан аҥаар кыламаным маҥаныттан наһаа кыбыстар буоларым. Кыбыстаммын, хара тушь кыраасканан соттор этим. Оннооҕор маҥан кыламаммын кырааскаламмакка эрэ хотоҥҥо үлэлии тахсыбат буолуллара. Оттон билигин сааһыран, онуоха эрэ наадыйбаппын. Дьон бэлиэтии көрөн, интэриэһиргээн ыйыттахтарына “айылҕам анаан бэлэхтээбитэ” диибин.
– Айылҕа кистэлэҥиттэн биир эмэ олоххо буолбут түгэни кэпсээ эрэ.
– 2006 сыл ахсынньы 31 түүнүгэр, Саҥа дьыл буолаары турдаҕына, дьиэм иһигэр олорон, таһырдьа хаптаһын тыаһыырын истэммин таҕыстым ээ. «Дьон бу туох ааттаах хаптаһынын тиэйэ сылдьалларый?» диэммин, ону көрөөрү. Арай тахсыбытым, үөһэ тыас-уус бөҕөтө, мэктиэтигэр, чаҕылҕан чаҕылыйар курдук. Саатар, туман буолан, туох да кыайан көстүбэт. Тугу эрэ тиэйэр курдук быраҕаллар. Ону истэммин, дэлби салыбырыахпар диэри куттанным. Дьиэбэр киирэммин, хаһан да таҥараҕа кириэстэммэт бэйэм “алҕас тахсыбыппын, бырастыы гын” диэн көрдөһөн кириэстэнним. Ол түүн олус куһаҕаннык утуйан турбутум. Ол сыл биһиги олорор дэриэбинэбитигэр элбэх киһи өлбүтэ. Ити эмиэ айылҕа битэ-билгэтэ эбит.
Мин көстүбэт эйгэҕэ кэпсэтэллэрин истэбин, ол эрээри көрбөппүн. Биһиэхэ Кураанах Сыһыы диэн алаас баар. Онно туох эрэ түбэлтэ буолаары гыннаҕына, дүҥүр тыаһа иһиллээччи.
– Дьон эйиэхэ туох кыһалҕалаах кэлэллэрий?
– Араас кыһалҕалаах барыта сүбэ көрдөөн кэлэр. Сүтүктээхтэр, ыал буолуон, оҕолонуон баҕалаахтар. Сорохторго аккаастыыбын, ардыгар көмөлөһөбүн, сүбэ-ама биэрэбин.
– Мин эйигин өрүү былааттаах сылдьаргын наһаа ытыгылыы көрөбүн ээ... Былыр өбүгэлэрбит итинник маанытык былаат кэтэн баран сылдьар буолуохтаахтар диэн.
– Саха дьахтара баттаҕын аһын былаатынан баана сылдьыахтаах. Ордук Таҥха кэмигэр сэрэбиэйдиир дьахталлар былаат баанан олоруохтаахтар. Ити бэйэни харыстаныы бэлиэтэ буолар. Баттах киһиэхэ импэрмээссийэни ыытар уонна ылар.
– Эн этэҕин дии, хас биирдии киһи анабыл мастаах буолуохтаах диэн.
– Илии килиэккэлэринэн көрдөххө, киһи этигэр-сиинигэр айылҕаҕа баар от-мас састааба барыта баар эбит. Киһи анабыла мас буолуохтаах. Ол мас “киһини өйдүүр мас” дэнэр.
Мин айылҕаҕа анал диэххэ дуу, бэйэм бас билэр мастаахпын. Онно тахсан сынньанабын, санаабын үллэстэбин, кэпсэтэбин. Аны туран, киһи этигэр-сиинигэр үрүҥ көмүс элбэх. Ол доруобуйаҕа куһаҕаннык дьайыан сөп. Этэллэр дии «ити киһи куһаҕан хоойдоох, ол иһин кэргэнэ ыалдьан өлөр» диэн. Ол, аны санаатахха, киһи этигэр-сиинигэр үрүҥ көмүс элбэҕиттэн буолар эбит. Оччоҕуна бу киһи кыайан олорбот, куһаҕана ол баар.
Оттон эккэ-сииҥҥэ кыһыл көмүс элбэҕэ, ол туох да куһаҕана суох. Үрүҥ көмүс чэпчэки металл буолан, сыт таһааран киһини баттыыр, ол иһин киһи ыалдьан өлөр. Эккэ-сииҥҥэ маҕыньыыт элбэҕэ эмиэ куһаҕан. Ол иһин этэбин: киһи этигэр-сиинигэр Орто дойду ото-маһа, тимирэ – барыта баар диэн. Ити мин киһи илиитин килиэккэлэринэн көрөн, тус санаабын этэбин.
Киһиэхэ элэктэриичэстибэ элбэҕэ эмиэ соччо бэрдэ суох. Оннук дьону кыайан сэрэбиэйдээбэппин. Күүстээх эниэргийэлээх дьону кытта кыайан чугаһаспаппын. Кэтэ сылдьар үрүҥ көмүһүҥ хараарар буоллаҕына, ол аата ис уорганыҥ ыалдьарыттан оннук. Эбэтэр кир аһара мунньулуннаҕына, эмиэ хараарар. Ол иһин үрүҥ көмүс сахаҕа чугас, тоҕо диэтэххэ, ыраастыыр. Онон сахалар үрүҥ көмүһү куруук кэтэ сылдьыахпытын наада.
– Түмүккэр тугу этиэҥ этэй?
– Орто дойдуга киһиэхэ саамай күндүтэ – доруобуйата. Эрдэттэн доруобуйаҕытын көрүнэ сылдьыҥ. Айылҕаны харыстааҥ, сиэри-туому тутуһуҥ. Олоҕу сыаналыы үөрэниҥ, оччоҕуна эйэлээх нус-хас олохтонуоххут.
Саргылаана БАГЫНАНОВА.