Оҕо эрдэҕиттэн артыыс буолар ыра санаатын олоххо киллэрэн, тыа сирин тыйаатырыттан саҕалаан үлэлээбит киһи. Кини, чахчы да, саха үгэһин, култууратын, ыһыаҕын,олоҥхотун бүүс-бүтүннүү бэйэтигэр иҥэринэн сылдьар уу сахалыы тыыннаах, көрүүлээх киһи диэтэхпинэ, сыыстарбат буолуохтаахпын. Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр, Олоҥхо тыйаатырын артыыската Зоя ПОПОВА кэлин икки-үс киинэҕэ уһулунна. Харантыынынан сибээстээн,киһи киһини кытары сирэй көрсөрө төһө да бобулуннар, бүгүҥҥү дьоруойбутун кытарысин булан сэһэргэстибит.
– Зоя Гаврильевна, Саха сирин олохтоохторо үксүлэрэ эйигин, бу кэнники сылларга көстүбүт “Тойон Кыыл”, “Бэйэбэрикээн” киинэлэринэн билэллэр. Хантан төрүттээххин, төрөппүттэриҥ туһунан кэпсии түс эрэ.
– Сунтаар Кутанатыттан төрүттээхпин. Аҕам Гаврил Наумович Иванов сэриигэ барарыгар дойдутугар ойохтоох оҕото хаалаахтаабыттар. Сэрии кэмигэр Сунтаарга сут-кураан дьыллар тураннар, ыал ыалынан дьэҥкэрэн өлүтэлээбиттэрэ. Хомойуох иһин, аҕам сэрииттэн кэлэригэр, дьоно эмиэ күн сириттэн күрэнээхтээбиттэр этэ. Төһө да дьонун аһыйдар, олох олоруон наада буоллаҕа. Мин ийэбин кытары ыал буолаллар. Ийэм Спиридонова Евдокия Николаевна Күндэйэттэн төрүттээх, бэйэтэ эрдэ Юра диэн уоллаах этэ. Онтон аҕабар кэргэн тахсыбытын кэннэ,1948 сыллаахха, мин төрөөбүппүн. Балаҕан ыйыгар дьон бары сайылыктан көспүттэр, тоҕо эрэ дьонум бэйэлэрэ иккиэйэҕин эрэ тардыллан хаалбыттар. Ийэм талыыта киирбитигэр, хантан да көмө ыҥырар кыаҕасуох буолан, ийэбин бэйэтэ төрөппүт. Аҕабын кытары ол Саарыны сайылык аттынан аастахпытына: “Эн ол балаҕаҥҥа төрөөбүтүҥ”, – диэн туруорбах дьиэни ыйааччы.
– Төрдүгүтүгэр артыыс идэлээх эбэтэр култуураҕа сыстаҕас дьон бааллар дуу?
– Ийэм убайа Күндэйэ урукку олохтооҕо Исидор Иванов олус ырыаһыт, ырыа матыыбын айааччы, туох баар муусука үстүрүөмүнүгэр барытыгар оонньуур киһи этэ. Урут кырыымпаҕа оонньуура. Кэлин кини курдук үчүгэйдик кырыымпаҕа оонньуур киһини өссө көрө иликпин. Аны туран, олус үчүгэйдик уруһуйдуур этэ. Уопсайынан, дэгиттэр талааннаах, дьоҕурдаах киһи. Биһигиттэн кини эрэ култуураҕа арыычча сыһыаннааҕа. Төрөппүттэрим култуураҕа төрүт сыһыаннара суох. Үөрэҕэ суох буолан, учаастакка олорон сүөһү көрбүттэрэ. Убайым Спиридонов Юрий Михайлович эмиэ үөрэммэтэҕэ, тырахтарыыстаабыта.
– Оҕо улааттаҕына, туох буоларын ыраланан көрөр буолара... Эн туох буолуоххун баҕарар этигиний?
– Мин оскуола бөҕөнү кэрийэн үөрэммитим.Дьонум учаастакка олорор буолан, миигин сырса сылдьыбаттар буоллаҕа. Аны, олорор ыалбар табыллыбакка, арыт бэйэм да бууннаан, бастаан -- Элгээйигэ, онтон Кутанаҕа үөрэнэн, оскуоланы Сиэйэҕэ бүтэрбитим. Мэлдьи убайбын Юраны батыһа сылдьааччыбын. Алтыс кылааска үөрэнэрбэр, нуучча тылын учуутала биир күн ким туох идэлээх буолуон баҕарарын суруйтарбыта. Мин, бэл, чугас дьүөгэбэр билиммэтэх кистэлэҥмин: “Мин улааттахпына, киинэ артыыската буолуохпун баҕарабын”, -- диэн суруйбутум. Ол кэннэ суруйуубун аны кылаас иннигэр ааҕан иһиттиннэриэ диэн, хас да күнү быһа долгуйбутум. Оскуоланы бүтэрэн, учаастакка дьоммун кытары үлэлии сырыттахпына, дэриэбинэбитигэр драмтыйаатыр артыыстара кэлбиттэрэ. Тобус-толору киһилээх кыракый кулууппутугар “Күөрэгэйи” туруорбуттара. Мин биир эмэ артыыһы тутан ылан, артыыска буолуохтаах ыра санаам туһунан үллэстиэхпин баҕарабын аҕай. Сурук суруйан бооччойон,хассыырга: “Татьяна Ивановна Мырееваҕа биэрээр эрэ”, -- диэн туттаран кэбистим. Дьэ уонна сэмээр кэтэстим. Сотору буолан баран хоруйбун туппутум. Щепкин аатынан училищеҕа хайдах туттарсан үөрэниэххэ сөбүн туһунан суруйбут этэ. Сыанаҕа эрэ көрөр артыыскабын кытары сылы быһа сурустубут.
– Тыый, оччотооҕу оҕолор үксүлэрэ учуутал, быраас буолар баҕалаахтара. Эн киинэ артыыската буолар баҕалааххын. Оскуола кэннэ, ити эппит училищеларыгар туттарсыбытыҥ дуу?
– Оччотооҕу ыччат бары “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” дэбииһинэн бары тутуспутунан сопхуоска икки сыл үлэлии хаалаллара.Суруйааччы Уйбаан Нуолур оччолорго Сиэйэҕэ саабыстыыра. Миэхэ, үөрэххэ ыытар путевка булан-талан, үөрэххэ ыыта сатаан кэбиспитэ. Мин икки сылынан щепкиннэргэ туттарсыахтаах буолан: “Саатар, икки сыл киһилии төрөппүттэрбин кытары бииргэ олоруом”, -- диэн үлэлии тахсарбын биллэрбитим. Ол да гынан дьоммун кытары баара-суоҕа биир эрэ сыл олороохтообутум. Иккис сылбар, учаастакка бороон көрө сырыттахпына, үс киһи көтөн түстүлэр. Элгээйи кулуубун сэбиэдиссэйэ, успуорт кэмитиэт салайааччыта уонна хомсомуол сэкирэтээрэ. Дьэ уонна Элгээйитээҕи кулуупка “бирикээһинэн” үлэлии барарым туһунан эттилэр. “Лоокуут уонна Ньургуһун” диэн испэктээкилгэ сүрүн оруолу оонньообутум. Ол сылдьан, өссөбастакы Манчаары оонньууларыгар кыттаары бэлэмнэнэммитим: чэпчэки атлетиканан дьарыгырарым. Манчаары оонньуута 1968 сыллаахха Дьокуускайга буолбута, онно кыттыбытым. Эбиитин хомсомуол салаатынан уопсастыбаннай үлэнэн дьарыгырарым. Бу үлүгэр ноҕуруускам таһынан өссө Сэргэй Зверев-Кыыл Уола аатырбыт ансаамбылыгар үҥкүүлүүрүм. Онно миэхэ удаҕан үҥкүүтүн толорорбор итэҕэйдэ уонна: “Тойугунан күүһүрдэн биэриэҕэ”, -- диэтэ. Мин сатаан туойбаппын диэн батына сатаабыппын: “Саха буолан баран сатаан туойбаккын дуо?! Өссө артыыс буолар баҕалаах”, -- диэн бары истэллэригэр эттэ. Мин кистэлэҥмин хантан билбитэй диэн, кыбыстан өлө сыстым. Сиргэ тимириэхпин сирим кытаанах буолан биэрдэ. Хайыахпыный, тугу эппитин барытын кыаҕым баарынан толорбутум. Икки сыл үлэлээн баран, баҕалаах үөрэхпэр туттарса Дьокуускайга кэлбитим. Үһүс эксээмэн кэннэ, үөрэххэ киирбит дьон испииһэктэригэр бэйэм ааппын көрөн дьолломмуппуон...
– Москуба, эдэр саас, таптал... Биллэр артыыстар, бииргэ үөрэммиттэрин кытары холбоһон ыал буолан кэлэллэр эбит. Эн эмиэ хаалсыбатаҕыҥ буолуо...
– Биһиги кууруспутугар 24 буолан үөрэммиппит. 16 уол, 8 кыыс. Үс уол үүрүллэн, эбии уол кэлбитэ. Пуорка киирэн көрсүбүппүт. Саҥа уол кэлэрин кыргыттар күүтүү бөҕө буоллулар. Фадей Попов диэн кыр-кыра, хап-хачаайы уол кэллэ. Кыргыттар бары болҕомтолорун онно ууран, тула көтө сырыттылар. Мин барыларыттан аҕа буолан, бэйэбиттэн балыс уол кэлэригэр соччо наадыйбатым.Убайбын кытары алтыһа үөрэммит буолан,Фадейы кытары түргэнник уопсай тыл булбутум. Тута бодоруһан, доҕордоһон, бэйэ-бэйэбитин сөбүлэһэн, төрдүс кууруска ыал буолбуппут.Бэһис кууруһубүтэрэн, дьупулуоммутун ылан кэлэрбитигэр хайыы үйэ оҕолоохпут.
– Кэргэниҥ дьоно кийиит кыыһы хайдах көрүстүлэр?
– Кэргэним Фадей -- Нам бэйэтэ. Ийэтэ -- татаарка, аҕата -- саха. Хотунум миигин хара ааныттан олус эйэҕэстик көрсүбүтэ. Уопсайынан, наһаа үчүгэй ыалларга кийиит буолбутум. Хотунум олус маанылаан, аны тугу даҕаны гыннарбат үлүгэрэ. Мин тэһийбэккэ, хотунум тахсан барда да, ойон туран иһит сууйа, муоста сото охсон кэбиһэбин. “Саҥаскытын үлэлэппиккит”, -- диэн, аны кыргыттарын сэмэлиирэ.
– Артыыс дьон, драмтыйаатырга үлэлии киирдэххит?
– Мин өссө үөрэххэ туттарса сылдьан, тоҕо эрэ Ньурба тыйаатырыгар барар баҕалааҕым, онно бары эдэрдэр эҥин диэн буолуо. Саха тыйаатырыгар бары мин аҕай диэбит артыыстар буоллаҕа, ол иһин салла, толло быһыытыйбытым. Инньэ гынан, үөрэхпитин бүтэрээт, иккиэн тутуспутунан Ньурбатааҕы тыйаатырга үлэлии барбыппыт. Ол онно эдэр ыал быһыытынан кэргэннии олохпут уонна артыыстыыр айар үлэбит саҕаламмыта. Тыйаатырбытыгар бииртэн биир испэктээкили туруоран испиттэрэ: “Сайсары”, “Сыгый Кырынаастыыр”, “Московская невеста” уо.д.а. Тыйаатырбытынан хас эмэ ыйы-ыйдаан оройуоннарынан гостуруоллуур этибит. Бастаан оҕобун Кутанаҕа дьоммор илдьэрим, арыт дьүөгэм көрсөрө. Икки улахаммыт тыйаатыр кэтэҕэр улааппыттара диэххэ сөп, айанныырбытыгар арыт илдьэ барарбыт. Дьиэбитин-уоппутун көрөн-истэн олорор ийэм сааһыран уонна түөрт оҕолонон баран, айанныыртан аккаастанаары тыйаатырбыттан уурайбытым.
– Ээ, дьэ, кырдьык, артыыстар олохторо олус ыарахан диэн истээччибин. Куруук кэлии-барыы, айан... Артыыскыттан тохтоон баран тугу үлэлээбиккиний?
– Оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр үлэлии киирбитим. Онно аан бастаан ыһыахтар сынаарыйдарын суруйуунан дьарыгырбытым. Былыр хайдах ыытылларын эппэр-хааммар иҥэринэн илдьэ сырыттаҕым дии, ону сэргэ элбэхтик хасыһан, ааҕан үөрэппитим, чинчийбитим. 1993 сыллаахха Ньурбаҕа “Олоҥхо” диэн ааттаан норуот тыйаатырын арыйбытым, онно тойуксуттар, олоҥхоһуттар сылдьаллара. Ойуунускай сүүс сылыгар тааттаҕа баран “Туйаарыма Куо” олоҥхо-испэктээкил туруорбуппунан бастаабыппыт. Кэлин Бүлүү куоратын үбүлүөйүгэр эмиэ ыһыах сынаарыйын туруорбутум. Ол кэннэ Бүлүүгэ Чочуга оскуола умайбытын кэннэ, нэһилиэк баһылыга бэйэтэ кэлэн: “Алдьархай кэннэ дьонум-сэргэм олус туорхаһыйда, Кындылга анаан ыһыах ыытыаҥ дуо?” – диэн ыйыталаспыта. Уйбаан Кындыл айымньыларын, хоһооннорун аахпытым, ыһыаҕым тыла-өһө бэйэтэ бэйэтигэр хайдах эрэ табыллан тахсан испитэ. Бэйэбиттэн бэл биир да тылы киллэрбэтэҕим. Дьокуускайга көһөн кэлэрим саҕана, Сунтаарга Сэргэй Зверев төрөөбүтэ сүүс сылыгар аналлаах үс сиргэ ыһыах сынаарыйын суруйан, тэрийсэн кэлбитим.
– Манна кэлэн баран төттөрү артыыскар кэлбит эбиккин буолбаат...
– Оннук курдук буолан тахсар. Ньурбаҕа сылдьан, өссө эрдэ илиибинэн “Кулун Куллустуур” уонна “Дьырыбына Дьырылыатта” диэн олоҥхолор инсэнириэпкэлэрин суруйбутум ээ. Онтуларбын илдьэ Андрей Борисовка киирэ сылдьыбытым. “Кыыс Дэбилийэ” баарын иһин бакаа тохтотон эриэххэ диэн буолбута. Кэлин Олоҥхо тыйаатыра арыллыбытын кэннэ, 2005 сыллаахха быһыылааҕа, “Дьырыбына Дьырылыаттаны” Матрена Корнилова туруорбута. Онтубут “Кыһыл көмүс мааскаҕа” кытта сылдьыбыта.
– Оҕо эрдэҕинээҕи ыра санааҥ туолан, билигин икки улахан киинэҕэ уһулуннуҥ. “Тойон Кыылга” кыттарга туруорааччы бэйэтэ тыл көтөхпүтэ дуо?
– Саха тыйаатырга гримеркабар олордохпуна, туруорааччы Эдуард Новиков бэйэтинэн киирэн кэлбитэ уонна киинэ устуон баҕарарын эппитэ. Миигин онно сүрүн оруолга көрөрүн туһунан эппитэ. “Ээ, баҕар, олох да барсыам суоҕа дии, көннөрү боруобалаан эрэ көрүөххэ”, -- диэбитим. Туоруорааччы киһи быһыытынан эрдэттэн испэктээкиллэргэ эҥин сылдьан сыымайдыы сырыттаҕа буолуо. Сахалар былыргы олохторун-дьаһахтарын бэйэм эппинэн-хааммынан билэн улааттаҕым дии. Дэлэҕэ, балаҕаҥҥа төрүөм дуо?! Балаҕан ис бараанын, олохторун-дьаһахтарын, үгэстэрин, устуоруйаларын барытын чинчийбит, үөрэппит киһи буоллаҕым. Онон соччо ыарырҕаппатаҕым. Арай, көстүбэт хотойго туһаайыы дьиибэ этэ. Щепкиҥҥэ үөрэнэ сырыттахпына, бастакы кууруска зоопаркаҕа илдьэн, биир кыылы талан ылан үтүктүҥ диэбиттэрэ. Мин онно тоҕо эрэ, ала-чуо хотойго хараҕым хатаммыта уонна кинини үтүктүбүтүм. Ол кыылым ити хас сыл буолан баран, төттөрү олохпор тиийэн кэлбэт дуо?!
– Оҕолор “Бэйбэрикээн эмээхсин” диэн ааттаабаттар дуо эйигин? Бэйэҕэр наһаа барсар оруол дии?
– Ханна эмэ көрдөхтөрүнэ: “Бэйбэрикээн эмээхсин сылдьар”, -- дииллэр. Үөрэнэ быһыытыйдым. Константин Тимофеев эмиэ: “Дьэ, эн эрэ Бэйбэрикээҥҥэ барсаҕын”, -- диэн тиийэн кэлбитэ. Кырдьык-хордьук, Үс Хатыҥҥа баран, боруобаланан көрбүппүт. Уус Алдан Суоттутугар тахсан сайын саамай үтүө күннэригэр устубуппут. Уонча күн буолбуппут, сынньалаҥмытыгар айылҕаҕа дуоһуйа сынньанан, сир астаан, от-мас хомуйан сылдьыбытым. Сороҕун Күрүлүүргэ, Өлүөнэ очуостарыгар устубуттара. Мин онно барсыбатаҕым.Сиэннэрим Бэйбэрикээҥҥэ уһуллубуппуттан астыналлар, үөрэллэр аҕай. Иккис киинэтин харантыынынан сибээстээн, тохтотон кэбистилэр дии, онон көрбөккө да сылдьабын.
– Сиэннэр диэбиккэ дылы, тус олоҕуҥ туһунан кыратык сырдат эрэ. Хас оҕолооххунуй, сиэннээххиний?
– Урут соҕотох буоламмын, элбэх оҕолоох ыалга олус да ымсыырар этим. Ол иһин “элбэх оҕолонуоҕум” диэн саныыр этим. Талбыт курдук, түөрт оҕолоохпун: икки кыыс, икки уол. Билигин бары -- туһунан ыал дьон. Элбэх сиэннээхпин, өссө хос сиэн баар. Онон баай киһибин.
– Зоя Гаврильевна, төһө да харантыыҥҥа хаайтардарбыт, “Кыым” хаһыат ааҕааччыларыгар анаан кэпсэтиигэ сөбүлэспитиҥ иһин махтанабын.
Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР.