Киир

Киир

2021 с. киирбит т/х-тын өйүүр саҥа мэхэньиисими бассаапка, ордук быйыл, сүрэҕэ суох эрэ кириитикэлээбэт курдук. “Үүт харчыта бүддьүөттэн 150 солк. буолуохтаах да сабаас, оччоҕо эрэ тыа сиригэр дьон сүөһү ииттиэ” дииллэр. Истэргэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа, бэлэм харчыны ким сириэй? Оттон толкуйдаан көрдөххө, бу өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн үүт тутааччы оҥостон, үйэ тухары көлүйэр баҕа буолбатах дуо? Ол кыаллыбата чахчы...

Кириитикэ туһунан эттэххэ

Кириитикэни кимнээх уонна туох сыаллаах суруйалларын сэрэйиэххэ сөп. Кириитикэһиттэр аһаҕастык эппэтэллэр да, Ил Дарханы “кирэ”, “эриэйтинин” түһэрэ сатыыллара көстөр. Бэл, урут өрөспүүбүлүкэҕэ улахан дуоһунаска үлэлээбит дьон “төбөҕө харчыны биэрэн т/х-тын эстилэр” дииллэрэ иһиллэр. Саҥа мэхэньиисими Ил Дархан соҕотоҕун быһаарбатах дьыалата. Бырабыыталыстыба, Ил Түмэн, ТХМ үөрэтэн, анаалыстаан ылыммыт быһаарыыларын Ил Дархан бигэргэттэҕэ дии... Ол эрээри көмүскүүргэ эбэтэр ырытан ити мэхэньиисим туох үчүгэйдээҕин, сыыһалааҕын көннөрөр туһугар дьону итэҕэтэр чахчылары кэпсээбэттэр. “Дьыала иһэ хараҥа” дииллэрэ Ил Дарханы баһааҕырдааччылар “миэлиҥсэлэригэр уу кутар” буолбатах дуо?

Дьиҥэр, бырабыыталыстыба, Ил Түмэн, ТХМ үүт соҕотуопката хаһын, төһө сыанаҕа улуустарга үүтү туталларын, тутуллубут үүттэн төһө, туох бородууксуйа оҥоһуллан нэһилиэнньэни аһаппытын, уопсайынан, үүт систиэмэтин толору арыйан, аһаҕастык  көрдөрөллөрө буоллар, сэрэйэн көрө-көрө бас баттах суруйар кириитикэ тохтуо этэ. Тоҕо инньэ диибиний? Бэл, икки хас сыллааҕыттан үүт соҕотуопкатын туһунан сыыппара тахсыбат буолла.   

Балыыҥка баалабай

Мин инньэ 2011 сылтан баалабай үүт “балыыҥкатын” туһунан элбэхтэ суруйан кэллим. Баалабай үүт ыаһына – “үүт припискатын” дьиҥнээх албынын-түөкэйин кэрэһитэ. Бу соҕотуопка үүтэ буолбатах, улуустар бары сыл устата “бачча үүт ыанна” диэн биэрэр статданнайдара. Соҕотуопка буолбатах, харчыта суох. ТХМ-тан урут ыйыта сылдьыбыппар “биһиги сыыппарабыт соҕотуопка, ону Сахастат хайдах таһаарарын билбэппит” диэбиттэрэ.  Табылыыссаны көрүҥ эрэ.

Баалабай үүт бу кэлин 5 сыл ынах ахсаана түһэ турар дииллэр да, киһи соһуйуох, 2014 сылтан ортотунан 160 тыһ. т буолара уларыйбат. Ынах аҕыйыы турдаҕына, баалабай үүт кээмэйэ түспэтэ үүт систиэмэтигэр “приписка” баарын үчүгэйдик көрдөрөр.  Ити сытыары алын устуруокаҕа мин аахпытым курдук, ынах аҕыйаатаҕына, биир ынахтан ыанар үүтү элбэтэн биэрдэххэ эрэ баалабай элбиир. Оттон ынахпыт үүтэ элбээбэтин бары билэбит.

ТХМ-тан өссө  урут “160 тыһ. т баалабайтан 70 тыһ. т. соҕотуопка үүтүн көҕүрэттэххэ, ордор 90 тыһ. т кэриҥэ үүт ханна барарый?” диэн ыйыппытым. Ону “ньирэй иһэр, тыа дьон бэйэлэрэ тото-хана аһыыллар“ диэбиттэрэ. Өссө 2015 с. аахпыппынан, ити 70 тыһ. ынах барыта төрөөбүт, 1 ньирэй зоотехническай нуорма муҥутуурунан эмэн, 300 л үүтү испит диэтэххэ, 22,5 тыһ. т үүт тахсар. Үүтү эрэ туттаран харчыланар, маҕаһыынтан “Рама”, спред эҥин сиир тыа дьоно ити ордубут 70-ча тыһ. т баалабай үүтү “арыылаан, астаан тото-хана аһыыллар” диири ким да итэҕэйбэтэ биллэр. 

“Кумааҕы үүт, отчуот ынах” уурайыахтаах

Өрө тура-тура саҥа мэхэньиисим киириэҕиттэн тутуллар үүт бачча аҕыйаата, бачча сүөһү, ынах ахсаана аҕыйаата, арыы аҕыйаата, сыаната ыараата диир кириитикэ төһө олохтооҕуй?

Ити сыыппараны манипуляциялаан, соруйан үүт “припискатын” көмүскүүллэрин өйдүү көрөн, Мэҥэ Хаҥаластан Владимир Васильев “Кыым” 2024 с. алтынньы 10 к. 40 №-гэр нүөмэригэр “Бүддьүөтү албыннаан хамначчыт оҥостуу тохтуохтаах” диэн ыстатыйатын таһаартарбыта. Онно кини астыыр тэрилтэлэр кэтэх дьонтон 15 солкуобайга туппут үүттэриттэн киилэтэ 1400–1500 солк. сыаналаах арыыны оҥорон, 5 төгүл үрдэтэн атыылыылларын, ыанар ынах 10 тыһ. аҕыйаан, 65 тыһ. диэри кыччаата дииллэрин итэҕэйбэтин эппитэ. Кэтэхтэр 40 тыһ. ынахтара уруккуттан хамсаабакка хаалбытын дакаастыыр чахчылары аҕалбыта.  Кини 10 тыһ. кэриҥэ ынах тэрээһиннээхтэргэ аҕыйаабыт курдугун ыйбыта. Оччотугар кэтэхтэр да, саҥа мэхэньиисим да ынах ахсаана, үүт туттарыыта аҕыйааһыныгар туох да буруйа суох буолан тахсаллар. Ити аата, 10 тыһ. “кумааҕы ынахтан” тэрээһиннээхтэринэн үүт ыабыт курдук көрдөрөн, урут “припискалаан” бүддьүөт харчытын сойбото олорбуттарын саҥа мэхэньиисим арыйан тохтотто диир. Үүтү туттарыы, кэтэхтэр ыабат буолан, 20 тыһ. т аҕыйаан, арыы оҥоруута кыччаата, сыаната ыараата диэн муҥун ытыыллара төһө сөбүй? Биир ынахтан урут 1 т үүт туттараллара, 10 тыһ. киһи сүөһү харчытын ылан, бэйэтэ аһыыр. Ол 10 тыһ. 20 тыһ. көҕүрэттэххэ, үөһэ көстүбүт, кимиэнэ биллибэт, били, 10 тыһ. “приписка үүт” баара эмиэ эргийэн тахсан кэлэр.

Аны саҥа мэхэньиисим “приписканы” тохтоторун атын өттүттэн көрүөҕүҥ.

2020 с. диэри улуустарынан ортотунан аахтахха 70 тыһ. ыанар ынахха 80 тыһ. т үүт соҕотуопкатын былаанын тиэрдэр этилэр. Ол субсидиятыгар 2 млрд 800 мөл. солк. көрүллэрэ. Сыл аайы ортотунан отчуокка 70 тыһ. ыанар ынах баара улаханнык хамсаабакка кэллэ.  Ити ынахтар өр сылларга улуустар 80 тыһ. т үүт соҕотуопкатын харчытын квотатын муҥха балыгын үллэстэн ылалларын курдук оҥорорго анаммыт курдуктар.

Дьиҥ иһин ылан көрдөххө, ыанар ынах хаһан даҕаны 100% төрөөбөтө өйдөнөр. Саамай үчүгэйэ ортотунан 80 %-ра төрүүр диэн ааҕыаҕыҥ. Ол аата, сылга 56 тыһ. ыанар ынах төрүөн сөп. Олортон хайдах даҕаны 80 тыһ. т үүтү ыабаккын. Ону таһынан 2020 сыл быдан инниттэн кэтэх ыаллар үүт туттарбат буолбуттара, о.д.а. үүт аҕыйыыр биричиинэтэ учуоттаммат.

Кытараабыт ынах үүт биэрбэт, үүт туттарбат ыал үүт субсидиятын ылбата өйдөнөр. Ол үрдүнэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сыл аайы үүт былаана 100 % туоларын, онно бүддьүөттэн көрүллүбүт 2 млрд 800 мөл. солк. үүт туттарааччыларга барыта толору төлөммүтүн туһунан Ил Түмэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа, СМИ-лэринэн отчуоттуурун бары билэн-истэн кэллибит.

Бүддьүөттэн кэлэр үүт харчытын “сииргэ” уос-тиис салаһааччы Саха сирин киэҥ киэлитигэр элбэх. Сымыйа  үүт отчуотунан төһө бүддьүөт үбүн ылыахха сөбүн ааҕан көрүөҕүҥ. Үөһэ аахпыппытынан, төрөөбөккө ыанар ынах 20% аҕыйыыр. Ол түмүгэр үүттэрэ эмиэ 20% аҕыйыыр диэххэ.   Саба быраҕан  аахтахха, 2,8 млрд х 20% =  570 мөл. солк. бүддьүөт үбэ  сыл аайы кэриэтэ сойботулла олорбут курдук буолбатах дуо? Бу үлүгэрдээх “арыы-сыа аллар” харчы систиэмэтин туһанар дьон  алдьатыахтарын баҕарбаттара чахчы.

Ону Ил Дархан Айсен Николаев ыанар ынахха 35–39 тыһ. солк. субсидия биэрэн, ынах ахсаанын миэстэлэргэ хонтуруоллатан чахчы алдьатта. 35–39 тыһ. солк. субсидия биэриитин СӨ ТХМ таһынан нэһилиэктэр, ыанар ынахтаах ыаллар эмиэ кэтииллэр. Ким ыанар ынахтааҕын, ынаҕа суоҕун бэркэ билэллэр. Боруобалаан ыанар ынаҕа суох киһиэхэ эбэтэр тыһаҕаска субсидия биэрэн көр эрэ – аҕыс айдаан.

Онон ынах ахсаана кытаанах хонтуруолга, кэтэбилгэ киирэн, уонунан тыһыынча “кумааҕы отчуот уйар сымыйа ынахтара” суох буоллахтара дии. Оччотугар олортон ылыллар “приписка” үүт эмиэ суох буолар. Кырдьыгынан ааҕыы кэннэ үүт туттарыыта эмискэ быста аҕыйаамына.

Онон  кэтэх ыал үүт туттардын-туттарбатын, улуустар “үүт соҕотуопкатын былаанын толордубут” диэн, 2 млрд 800 мөл. солк. таах ылаллара тохтуур. Ол аата ыанар ынах аҕыйаабытыгар, үүт туттарыыта көҕүрээбитигэр  саҥа мэхэньиисими буруйдуур сатаммата чахчы.

Хайдах гыныахха?

Маннык албын систиэмэ үөскээбитин түмүгэр ыччат тыа сиригэр олохсуйбат. Ол туһунан алтынньы 25 күнүгэр Ил Түмэн уочараттаах сиэссийэтигэр спикер А.И. Еремеев т/х балаһыанньатын туһунан: “Кэлин 5 сылга (ол аата, мэхэньиисим киириэн инниттэн) ынах сүөһү 186 тыһ. ахсаантан 158 тыһ. диэри түстэ. Үүт соҕотуопката 16–17 тыһ. аҕыйаабыт. Сыл аайы үбүлээһин үрдээтэр даҕаны. Итинник “тэтиминэн” биһиги ыҥырыыбыт болдьоҕо бүтэригэр 100 тыһ. эрэ сүөһү хаалыыһы. Т/х үбүлээһин 19 млрд солк. буоллаҕына эрэ, 2025 с. хамнас алын таһымын ситиһиэхпитин сөп. Ол иһин ыччат куоракка барар”, – диэтэ.

Дьэ, бу  кэннэ Ил Түмэн “кумааҕы ынахха, отчуот үүккэ” болҕомтотун ууран, т/х-тын таҥнары түһэр дьиҥнээх биричиинэтин арыйыыга ылсар ини.

Урут хаста да ТХМ хонтуруолунай ыамнары оҥоро сылдьыбытыгар “приписка” бөҕө тахсан кэлбитин кэннэ тохтоппуттар дииллэр. Билигин барытын салгыы бэрээдэктиир наада. Хас биирдии тэриллиилээх, бааһынай хаһаайыстыбаларга ТХМ-тэ 2025 сылтан саҕалаан хонтуруолунай ыамнары оҥорон, чахчы, ыаммыт эрэ үүккэ үүт субсидиятын харчытын биэрэр систиэмэни олохтуохтаах.

Үүт былаанын толорботох, элбэх киһини үлэлэтэр, соцпакет биэрэр тэрилтэлэр үүттэрин былаана туолбатаҕына, ол былааҥҥа көрүллүбүт үүт субсидиятын “припискалаан” ыла сатаабаттарын туһугар кэлбит харчыны аналын уларытан, көмө бэрэдээгинэн хаалларар буоллар, элбэх астыыр тэрилтэҕэ эбии кыах бэриллиэ этэ. 

Владимир Васильевка төннөн кэллэххэ, “үүт туттарар кыахтаах кэтэх ынахтаах дьоҥҥо 39 тыһ. солк. биэрэн баран, үүттэрин 65 солк. туттаралларын бобор, 10–15 эрэ солк. туттарар балаһыанньа оҥорон, тыа дьоно  дохуоттарын үрдэтэр кыахтарын быспыттара олох сыыһа” диэбит этэ. Чахчы, ким 15 солк. туттара сатыай? Онон соҕотуопсук 35–50 солк. тутар балаһыанньатын олохтуур наада. Билигин тарбахха баттанар бэрт аҕыйах тэрилтэ бэйэлэрэ, улуустара эбэн 30–45 тутар холобурдара баар.

 

2007

2008

2013

2014

2021

2023

   

Ынах сүөһү, төбө

247000

248 802

199 229

191 466

178 197

158,953

Ол иһигэр ынаҕа, төбө

98 886

99 034

79 877

77 671

74 031

67557

Ыаммыт үүт, тыһ. т, баалабайа

193,9              

200,8

170,3

168,5

158,2

157,8

Сылга биир ынахтан баалабайыан ыанар үүт (мин ааҕыым)

1960

2027

2131

2169

2136

2407

 
Түмүктээн, өссө лаппыйан эттэххэ, саҥа мэхэньиисим ыанар ынах ахсаанын бэрээдэктээн, үүт “припискатын” тохтоппутун үөһэ этиллибит чахчылар бигэргэтэллэр. Били, “улуу дьыала бэрт судургутук быһаарыллар” дииллэрин курдук. Салгыы бэрээдэктэннэххэ, т/х-тын өйүүр үбү, тыа сиригэр хамнас алын таһымынааҕар элбэх дохуоту мэктиэлиир ыччат олохсуйар анал бырагырааматын оҥорууну кытта дьүөрэлэтээххэ, тыа сирэ чахчы кэскиллэниэ.

Владимир Степанов.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар