Син оннун булан, эрдэ төлөнөр буолан испит үүт харчыта быйыл тыа сирин үүт туттарааччыларыгар тиийэ илигэ РФ Бэрэсидьиэнин быыбарын иннинэ биллэн, улахан айдаан тахсыбыта. Оттон адьас соторутааҕыта “Саха” НКИХ “Талбан” биэриитигэр ТХМ бэрэстэбиитэлэ ынах төбөтүгэр биэрэр үбү тохтотоору гынабыт диэн эппит” диэн атын “ыҥырыа уйата” тоҕо тардыллыбыта. “Өрөбөлүүссүйэ буолла дуо?” диэн чуолкайдаары “Кыым” ТХМ, Үп, Экэниэмикэ, Сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэлэр, Уопсастыбаннай палаата бэрэстэбиитэллэрэ, Мэҥэ Хаҥалас т/х үлэлиир дьоно кыттыылаах дьоҕус төгүрүк остуолу тэрийэн ыытта.
Урутаан эттэххэ, Ил Дархан т/х өйүүр саҥа мэхэньиисимэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тохтотор үһү диэн бассаабынан “этэ-тириитэ баранан сүүрэ сылдьар” сурах сымыйа. Букатын итэҕэйимэҥ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын тустаах дьонуттан эмиэ ыйыталастым. Төттөрүтүн, мэхэньиисим аата мэхэньиисим – сайыннарыллан, төрүт дьарыкпыт саҥа бигэ таһымҥа тахсар суолун торумнуохтаах соруга уларыйбат диэн буолла.
Хомойуох иһин, төгүрүк остуолга ТХМ-тан ураты ыҥырыллыбыт министиэристибэлэр миниистирдэрэ, т/х миниистирин сүрүннүүр солбуйааччылара кэлбэтилэр. Бэрт суһаллык хомондьуруопкалана охсон, били этэргэ дылы, “кутуруктара куйаар, бастара байҕал” баран, исписэлиистэр эрэ кэллилэр. Чэ, туох буолуой, сыл бүтүө ыраах, т/х кыһалҕата сааһыланыахтааҕа элбэх, син биир көрсөрбүт чахчы.
Төгүрүк остуол иннигэр ыйыталаспытым – Уус Алдаҥҥа, Намҥа, Хаҥаласка, Горнайга, о.д.а. улуустарга үүт харчыта тиийэ илигин бигэргэттилэр. Бу ааспыт сыл ахсынньытын өссө ылбатах буоллахтарына, быйылгы хойутааһын төрдүс ыйыгар барбытын аахтахха, сайдыылаах XXI үйэҕэ үүт туттарааччылар 5 ый устата хамнаһа суох олорбуттар. Туттарбыт үүт иһин төлөбүр тоҕо итиччэ хойутаата? Төгүрүк остуол т/х кыһалҕаларын силиэстийэлээһин быһыытынан ыытылынна. Урукку курдук хаартыскалаан, ким тугу эппитин таһаарары уларыттым. Онон кэлбит дьонтон ким эмэ ахтыллыбатаҕына, баалабаккытыгар көрдөһөбүн.
Ким үүт харчытын хойутатта?
СӨ Үбүн министиэристибэтин агро-бырамыысыланнай комплекс уонна айылҕа харыстабылын отделын салайааччытын солбуйааччы Мария Иванова быһаарбытынан, үүт харчыта бүддьүөккэ бастакы уочарат бараары сыппыта ырааппыт, бүддьүөттэн харчы төлөнөр сокуона ирдиир докумуоннара сиппэккэ, улуустарга бара илик эбит.
Хойутааһын “биһиэнэ биһиэнин курдук” диэх айылаах уһаабыт биричиинэтэ быйыл үүт харчытын төлөнөр бэрээдэгин сокуона уларытыллыбыта буолбут. Бу сокуон уларытыытын Ил Түмэн хойутаан олунньу 28 күнүгэр ылыммыт. Онтон сокуон сахалыы тылбааһа тардыллан эҥин, кулун тутар 13 күнүгэр, дьэ, бырабыыталыстыбаҕа, Ил Дархаҥҥа бигэргэнэ барбыт.
Дьиҥэр, исписэлиистэр этэллэринэн, сокуон уларыйара олох эрдэ биллэрэ үһү. Ол эрээри Ил Түмэн, туох эрэ “убаастанар биричиинэнэн буолуо”, Саҥа дьыл эргин ылыллыахтаах сокуону аһара уһатан кэбиспит.
Үүт харчыта тардыллыбыта оппозиция санаалаах телеграм ханааллары тоторо “аһатта”. “Бырабыыталыстыба Ил Дархан соругун сабатаастыыр дуу?” диэн эҕэлээх суруйуулар күөрэйэн, бассаабынан көҥүл күүлэйдии сылдьаллар.
Улуустар эмиэ олорон хаалбыттар
Тардыылыктаннар да, быйылгы үүт харчытын 25% кулун тутар 7 к. барбыт. Ол эрээри, ити үптэн улуустарга тиийэн, үүт лицевой счёттарыгар 1 млрд солк. тахса үп дьоҥҥо тиийбэккэ, хаайтара сытар эбит. Улуустар эмиэ бытааран, саҥа сокуонунан үүт туттарааччыларын испииһэгин сүүмэрдээһинин эрдэ оҥорботохтор. Дьиҥэр, үүт харчытын быһаарар, түҥэтэр боломуочуйа кинилэргэ бэриллибитэ. Кэлин хамнанан, билиҥҥи туругунан 6 улуус дьонун сүүмэрдээн бүтэрбит, олортон Амма, Бүлүү, Сунтаар, Таатта харчыларын хаһаайыстыбаларга тиэрдибиттэр. 10 улуус бүтэрэрэ, дьоҥҥо харчыларын ыыталлара бу нэдиэлэҕэ күүтүллэр. Оттон 4 улуус бэрээдэктэрин борокуратууранан сөбүлэһиннэрэ сылдьаллар эбит.
Бүддьүөт сокуонунан, барбыт үп туһаныллан иһиэхтээх, оччоҕо эрэ үүт харчыта салгыы баран иһиэхтээх. Ити бырассыаһы инники барбыт үптэн 1 млрд солк. туттуллубакка ордо сытара мэһэйдээбит. Бу үп дьоҥҥо тиийдэҕинэ эрэ, үүт харчыта салгыы барар кыахтанар. Итинник атах атаҕы хатыйан, үүт харчыта быйыл улаханнык тардыллыбыт. Сайдабыт аҕай, тулабыт цифровизация, бэл, быйыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри кэтэх ыал барытын хаһаайыстыбаннай кинигэтэ электроннай формакка көһөр. Ол эрээри олох уруккуттан ыарыы буолбут үүт харчыта ыйынан төлөнөн иһэр гына, дьону эрэйдиирин хайдах да кыайан тохтоппокко олоробут. Түрүбүүнэттэн дакылааттыырга бары сахаларбыт, т/х төрүт дьарыкпытын сайыннарыахтаахпыт диибит да, сыыппара үйэтин кытта тэҥҥэ хаампат буоллаххына, олохтон хаалаҕын. Тыа үлэһит дьонугар итинник сыһыан ыччат тыа сириттэн барар биир биричиинэтэ буолара саарбаҕа суох. Дьоно харчыта суох хастыы да ый олороллорун көрө-көрө, хайа оҕо олоҕун т/х кытта ситимниэй? Каадыр тиийбэт кыһалҕата ыган кэлэ турар.
Ынах төбөтүгэр харчы эмиэ тардыллыбыт
Кэтэх хаһаайыстыбаларга (ЛПХ) төбө харчытын кээмэйэ 37-тэн 39 тыһ. солк. диэри улааппыта эмиэ сокуоҥҥа бигэргэтиллэн уһаан, быйыл муус устарга барара былааннаммыт. Улуустарга эмиэ атах атаҕы хатыйыыта тахсыбыт. ТХМ этэринэн, муус устар 9 күнүн туругунан, төбө харчытын ылан дьоҥҥо тиэрдэргэ биир да улуустан сайаапка кэлэ илик. Бассаабы көрдөххө, “бабат” диэбит курдук, улуустарга дьону аймаан, уйулҕаларын көтүтэн, “ЛПХ-лар бэрт суһаллык икки-үс хонук иһигэр докумуоннаргытын аҕала тардыҥ” диэн ыксал-тиэтэл үлэ дьэ саҕаламмыт. Бу сыл аайы хатыланан барар үлэ. Улуус дьаһалталара дьонноругар кыһаллан, боломуочуйаларын быһыытынан, эмиэ эрдэттэн дьаһанан, докумуоннары бэлэмнээн харчыны тоһуйтара сытыахтаах этилэр. Ол эмиэ кыаллыбатах.
Аны төбө харчытын тиэрдии боломуочуйата улуустарга бэриллибитинэн, төбө харчытыгар сүүмэрдээһиҥҥэ ирдэнэр докумуоннар улуус аайы араас эбит. Сыыппара үйэтигэр олорорбутунан, эмиэ дьону аймаабат гына биир ирдэбил тоҕо оҥоһуллубата буолла?
Үөһээ Бүлүү төбө харчытыгар ирдиир докумуоннара:1. Хаһаайыстыбаннай кинигэттэн выписка.2. ИНН.3. Харчы түһэр реквизиттэрэ.4. Персональнай дааннайдары туттары көҥүллээһин.5. Субсидияны ыытыы сайабылыанньата.6. Ыйыллыбыт реквизиттэргэ харчыны ыыттарыы сайабылыанньата.7. Бэрэбиэркэлэри ыытарга сөбүлэҥ.8. Сүөһү ахсаанын аҕыйаппат эбэһээтэлистибэ.
Оттон Мэҥэ Хаҥаласка муус устар 9 күнүттэн “түптэ түрүлүөн” саҕаламмыт, “төбөҕө ылааччылар, докумуоннаргытын муус устар 12-гэр диэри туттара охсуҥ” диэн буолбут. Ирдэбиллэрэ үөһээ бүлүүлэртэн элбэх: нолуокка иэһэ суох буолуохтааххын, бэтэринээр бу сыллааҕы өҥөтүн төлөбүрүн, сириҥ, дьиэҥ, уһаайбаҥ докумуоннарын эбии ирдииллэр үһү. Атыттарга эмиэ ирдэбиллэрэ араас буолуо.
Бу докумуон хомууругар сүүрэр дьон саастарын учуоттаныахтаах, үгүстэрэ сааһырбыт дьон. Докумуон хомуурун эдэр оҕо сүүрэр тэтиминэн ыытар сыыһата чахчы. Онон үлэ эрдэттэн, бэрээдэктээх ыытыллыахтааҕын улуустар дьаһалталара болҕомтоҕо ылыахтаахтар.
Кылгас болдьох иһигэр кыайан сүүрбэккэ, докумуон хомуйбатах хаһаайыстыба төбө харчытыттан ытыһын соттуон сөп курдук. Ол эрээри, үүт-хайаҕас көстүөн сөп эбит. ТХМ сүөһүнү иитиигэ, племенной дьыалаҕа, кэпэрээссийэҕэ уонна пиэрмэрдээһиҥҥэ дэпэртээмэнин салайааччыта Н.Н. Питимко биэрбит дааннайынан: бастакы сүүмэрдээһиҥҥэ кыайан хапсыбатах дьоҥҥо улуустар иккиһин ыытыллар сүүмэрдэһиҥҥэ докумуоннарын ылан испииһэккэ киллэрэр кыахтаахтар эбит. Бу үлэҕэ көрүллүбүт 1,554 млрд солк. үп дьоҥҥо барытыгар тиийэр кыахтаах. 2022, 2023 сс. улуустар 200-тэн тахса мөл. солк. туттубакка төннөрбүттэр. Биричиинэтэ: ынах төбөтүн ахсаана аҕыйааһына уонна кэтэхтэр потребительскай кэпэрэтииптэргэ барыылара буолбут. Төннүбүт үп таах хаалбат эбит, холобур, 2023 с. тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар экэниэмикэлэрин тупсарыыга (финоздоровление) ыытыллыбыт.
Төбө харчыта былырыын эмиэ муус устарга барбыт. Быйылгы үлэ улуустарга хаһаайыстыбаннай кинигэлэри электроннай реестргэ киллэриини кытта бииргэ ыытыллара уустугурдубут. Ити Арассыыйа Т/х министиэристибэтин бирикээһинэн толоруу. Барыта 10 тыһ. кэриҥэ хаһаайыстыба реестргэ киирбит. Сорох улууска интэриниэт мөлтөх буолан, кумааҕынан ылар буолбуттар.
Оттон “өрөспүүбүлүкэҕэ төһө ынах баарый?” диэтэххэ, 9 тыһ. тахса кэтэх ыалларга 34 тыһ ынах баар. Т/х тэрилтэлэригэр – 10,5 тыһ., бааһынайдарга 18 тыһ. ынахтаахтар эбит.
Үүт, төбө харчытын бытаарыытын ырыттыбыт. Оттон эһиил хайдах буолуой?
Итиннэ соторутааҕыта СӨ т/х миниистирин 1 солб. анаммыт А.А. Стручкова: “Үүт харчытын сокуона былырыын алтынньыга уларыйбыта. Дьиҥэр, сокуон ылыллан, куонкурустары эрдэ ыытан дьоҥҥо субсидияны кэмигэр биэриэхтээх этилэр. Ити балаһыанньаны көннөрүөхпүт, саҥа бэрээдэк докумуоннара сөбүлэһиилэри ааһа сылдьаллар. Быйыл сыл бүтүүтэ субсидияны атыннык көрөн, быйылгы хойутааһын хатыламмат гына ыытыахпыт”, – диэтэ. Анна Александровна, үп уопуттаах үлэһитэ, эппит тылын толоруо диэн күүтэбит.
Төрүт дьарыкпыт үлэтин сатаан тэрийбэппит буолбатах дуо?
Мэҥэ Хаҥаластан т/х бэтэрээнэ, исписэлииһэ, кэтэх хаһаайыстыбалаах мындыр өйдөөх В.И. Васильев анаалыстаан эппитин сэргиэххит дии саныыбын. Кини: “Ил Дархан сорудаҕын толорбокко кэллибит. Ил Дархан т/х сайдыытын икки суолунан көрөр. Бастакытынан, кэтэх хаһаайыстыбалар бэйэлэрин, дьоннорун иитэллэр. Иккис суол – үрдүк технологиялаах, элбэх бородууксуйа биэрэр аныгы производство хаһаайыстыбалара баар буолуохтаахтар. Биһиги маны кыайбакка олоробут. ТХМ өттүттэн билиҥҥи балаһыанньаҕа сөптөөх үлэ оросчуота кыайан оҥоһуллубат дии саныыбын”, – диир.
“Иккис улахан, ким да болҕомто уурбат кыһалҕата – олорор сирдэринэн бэйэни салайыныы киирбэккэ турар” диэтэ. Үөһэттэн толкуйданан кэлбит үлэ олоххо нэһилиэктэргэ тиийэн ыһыллар. Дьон үлэлээбэт, көҕө суох. Хомондьуруопкаҕа тиийбит дьон баһылыктары кыайан булбаттар. Нэһилиэк дьокутааттара кимнээхтэрин олохтоохтор да билбэттэр. Владимир Иосифович дьону кытта үлэ олох барбат, олорор сиринэн дьону өйдөттөххө элбэҕи оҥорорго, уларытыы киллэрэргэ өйү-санааны угар, кыах биэрэр, дьоҥҥо сөпкө өйдөтөр эрэ наада диирэ чахчы сөп. Өйдөтөр-быһаарар, тыа сирин производство курдук көрбөккө, саха омук олоҕун биһигин курдук көрөр идеологическай үлэ барбата чахчы.
Төгүрүк остуолга ТХМ сүөһүнү иитиигэ, племенной дьыалаҕа, кэпэрээссийэҕэ уонна пиэрмэрдээһиҥҥэ дэпэртээмэнин салайааччытын солбуйааччыта Г.Н Осипова төгүрүк остуол бүтэһигэр эппитин мин сэбиэскэй кэмтэн т/х 1928 с. саха сүөһүтүн эһии саҕаланыаҕыттан сыыһа хайысханы тутуһан кэлбит диэн санаабын бигэргэттэ. Галина Николаевна устудьуоннуу сырыттаҕына, үөрэппит преподавателэ Л.К. Эрнст диэн академик 1986 с. лиэксийэ ааҕарыгар “сахалар т/х култуурунай мэччирэҥи, ходуһаны оҥоруунан үлүһүйэн, олус элбэх Хотугу сир уйан экологиятын өрүттүбэт гына алдьаттыгыт, 20-чэ сылынан Европаны ууга ыытыаххыт” диэбитин кэпсээтэ. Биир да саха киһитэ итини итэҕэйимиэн сөп. Ол эрээри, академик сыыстарбатаҕа чахчы. Киин Арассыыйа, Европа ууга сотору-сотору бараллар. Онон улахан производстволары тэрийиинэн үлүһүйбэккэ, бэйэбит ыраас, туһалаах аспытын аһыырбытыгар оҥорон олорон 3 мөл. кв. км иэннээх Арассыыйа сирин хаһаайыстыбаннай эргииргэ киллэрэн, сири харыстаан олорорбут, Арассыыйаҕа ити уратыбытын дакаастыырбыт тоҕо сатамматый диир. Билиҥҥи уустук кэмҥэ сирбитин-уоппутун, норуоту харыстыыр идиэйэни күүскэ ыыттахпытына, чахчы Арассыыйа Уһук Илиҥҥэ форпоһа буолар өрөспүүбүлүкэ буолуохпут.
Төгүрүк остуолга сир, кэпэрээссийэ, каадыр тиийбэт кыһалҕаларын эмиэ кэпсэттибит. Олору кэҥэтэн, чопчулаан аныгыскыга таһаарыаҕым.
Хаартыска: https://usadbaykt.ru/
Владимир Степанов.