Сүөһүлээх-астаах дьон бэтэринээрдэргэ үүт анаалыһын оҥорторуу сыаната үрдээбититтэн улаханнык сүөм түһэн, сорохторо эрэдээксийэҕэ сибээскэ тахсан, бу тиэмэни хаста да таарыйан, сырдатан турабыт. “Тоҕо, туох төрүөттэн сыана өрө көтөн таҕыста?” диэн буолбутугар СӨ Экэниэмикэҕэ министиэристибэтэ олохтуур индекс-дефлятора 4,1% үрдээбитэ, ЕНДВ тиһигэ бу дьыл тохсунньутуттан көрүллүбэт буолбута төрүөт буолан, НДС 20 %-на эбиллэн, түмүгэр 24,1 % үрдээбитин Бэтэринээр департамена быһаарбыта. Маны кыһалҕалаах дьон ылымматахтара, судаарыстыба уҥа илиинэн сүөһүлээхтэри өйүү олорон, хаҥаһынан ол көмөтүн төттөрү өҕүтэн ыларга суоттанарыгар күтүрээбиттэрэ. Буолумуна, туохха барытыгар сыана үрдүү, үүнэ турар кэмигэр үүт атыылаһыллар сыаната 50 солк. тиийэ үрдээбититтэн, ЛПХ ынаҕар 35 тыһ. солк. бэриллиэх буолбутуттан санаалара арыый ама буолан истэҕинэ, өҥө сыаната күөрэс гыннаҕа.
Үчүгэйэ диэн, доҕоттор, аймалҕаны таһаарбыт үүппүт анаалыһын сыаната, хата, түһэр буолбут. Ону хайдах быһыылаахтык ситиспиттэрин, түһэр диэн, ол аата, төһө-хачча буоларын туһунан биһиэхэ СӨ Бэтэринээр департаменын салайааччыта Петр Лукич Петров маннык быһаарда:
– Кулун тутар 23-24 күннэригэр департамент исписэлиистэрин, экэнэмииспитин кытта Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы уонна Таатта улуустарыгар хомондьуруопкаҕа бара сылдьан, олохтоох дьаһалта баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын үлэһиттэрин, бэтэринээр управлениеларын исписэлиистэрин, бэтэринээр лабаратыарыйаларын дириэктэрдэрин кытта сирэй көрсөн, кэпсэтиһэн, сүбэлэһэн төннүбүппүт. Салгыы Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарын тустаах үлэһиттэрэ кыттыыллаах улахан мунньаҕы тэрийбиппит. Элбэх ырытыһыы, сүбэ атастаһыытын кэнниттэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы уратытын учуоттаан, үүтү туттарыы тиһигин уларытар быһаарыы ылыллыбыта.
Хаһаайыннааһын уонна бас билии ханнык көрүҥэр үлэлэһэллэриттэн тутулуга суох ыаммытынан үүтү туттарааччыларга уонна тутааччыларга «Об утверждении схем оценки (подтверждения) соответствия сырого молока» диэн, сыанабылы оҥоруу уларытылаах саҥа тиһигин (схема оценки/подтверждения) бигэргэтэр туһунан бирикээс тахсыбыта.
Онон мантан инньэ:
-
Ыйдааҕы анаалыс сыаната кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга – 617 солк. (НДС-таан, 741 солк.), оттон юридическай сирэйдэргэ – 650 солк. (НДС-таах 782 солк.) буолуоҕа.
-
Оттон кыбартааллааҕы анаалыс кэтэх сүөһүлээхтэргэ – 3431 солк. (НДСтаах 4116 солк.), юридическай сирэйдэргэ – 3618 солк. (4342 солк.) буолла.
– Бу иннинэ хайдах эрэ сиэрэ суох баҕайытык, улуус-улуус аайы туһунан сыана олохтонор курдуга. Билигин?
– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барытыгар биир, тэҥ сыана олохтонно. Ортотунан, үүт лабаратыарыйалыы чинчийиитэ 30 % намтаата.
Арассыыйа Таможня сойууһун чилиэнэ буоларын быһыытынан, ыаммыт үүтү «Үүт уонна үүттэн оҥоһуллар бородууксуйа куттала суох буолуутун туһунан» (ТР ТС 033/2011), «Ас бородууксуйата куттала суох буолуутун туһунан» (ТР ТС 021/2011) диэн Таможня сойууһа олохтообут Тэхиниичэскэй регламеннарыгар баар көрдөрүүлэр (показатели) чинчийиллиэхтээхтэр. Үүт анаалыһа «положительнай» буолар эбэтэр мөккүөрдээх түгэн үөскүүр түбэлтэтигэр эбии чопчулуур чинчийии ыытыллар. Маны таһынан, эбии бэрэбиэркэ үүт тутааччы/туттарааччы да туруорсуутунан эмиэ оҥоһуллуон сөп.
– Саҥа олохтоммут сыана хаһааҥҥыттан олоххо киириэй?
– Департамент бирикээһигэр олоҕуран, улуустааҕы Бэтэринээр управлениелара оҥорор өҥөлөрүн бу дьыл муус устар 1 күнүттэн уларыйбыт сыананан оҥорууну саҕалаатылар.
Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА.