Киир

Киир

Биһиги, Горнай улууһун кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллара, Чурапчы нэһилиэгин аатыттан Уйбаан Пономарёв “Кыымҥа” суруйбут туруорсуу суругун болҕойон аахтыбыт уонна кинилэр туруорсууларын олус диэн биһирээммит олорчу сөбүлэһэрбитин биллэрэбит.

8401800a 0162 4a0c 8ceb b51e3f1ed16c

Бары билэрбит курдук, аҕа баһылыкпыт эһиил үүт сыаната тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга уонна ону таһынан көннөрү 25 төбөттөн үөһэ ыанар ынахтаах хаһаайыстыбаларга туттарыллар киилэ үүккэ 60 солкуобайга дылы эбиллэрин туһунан бары истэ-билэ сылдьабыт.

Оттон кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларга хас биирдии ынах төбөтүгэр 35000 солк. харчы көрүллэр диэни олох төрдүттэн утарабыт. Тоҕо? Бу биир Орто- Сурт нэһилиэгин үүт туттарааччыларын ыам ыйдааҕы реестрдарын ыытан туран тоҕотун быһаарыым.

moloko

Манна көстөрүнэн, икки бааһынай хаһаайыстыба баар, олор холбоон 2575.41 киилэ үүтү ыан туттарбыттар. Оттон кэтэх хаһаайыстыбалар – 27 ыал баар. Олор 11997.83 киилэ үүтү туттарбыттар, маны таһынан, ынахтара хойутаан-хайаан, 10 ыал үүтү туттарарга дуогабардаахтар , аныгы ыйтан бу ыаллар туттардахтарына, кэтэхтэр 37 кэтэх хаһаайыстыба буолуоҕа, оччоҕо туттарар үүттэрэ кэтэхтэр гиэннэрэ өссө элбиэ турдаҕа.

Бу балаһыанньаны ыйан туран, кэтэх хаһаайыстыбалар туттарыллар үүттэрэ нэһилиэк үрдүнэн 90% тиийэр,онтон ф/хаһ. – 10% ылар.

Эһиил өскөтө маслоцех үүтү 60 солкуобайга тутар буоллаҕына, нэһилиэк кэтэх ыаллара үүппүтүн ханна батарабыт эбэтэр 10 солкуобайга, этэллэрин курдук, туттарыахпыт дуо? Суох буоллаҕа! Ханна да маннык хартыына буоларыгар эрэнэбит, оччоҕо бу үлүгэрдээх үүтү туппакка маслоцех дьэ олох да собуор барар буоллаҕа! Ол икки фермери көрөн олордоҕуна! Аны бу кэтэх сүөһүлээхтэр биир улууспалаахтан ураты, бары 50-тан тахсыбыт, үксүлэрэ 60-нарын ааспыт биэнсийэлээх кырдьаҕастар. Бачча саастарыгвр дылы тыырыллан, саамай чэгиэннэрэ, бэрт элбэх кэнчээри ыччаттаах чулуулар тутан сылдьаллар. Онон бу реестр сыыппараларын көрөн олорон баһылыкпыт уонна тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Атласов сыта тура сыымайдаан, ыараҥнатан көрөргүтүгэр баҕарабыт,инникитин тэриллиилээх уонна кэтэх диэн араарбакка МААНЫ, КӨЙГӨ диэн тутахсыппакка, үүт сыанатын босхо харчыннан хадаҕалаабакка, барыбытын биир тэҥ балаһыанньаҕа тутарга, киилэ үүтү муҥ саатар 80 солкуобайга тиэрдэн, тэҥ усулуобуйаҕа: ким үлэлиир – ол элбэҕи өлөрөр диэн бириинсипкэ кэлэргэ уолдьаспата дуо?!

Горнай улууһун кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ааттарыттан суруйда Евгений Шамаев.