Киир

Киир

Бассаап ситимигэр 2022 сыл алтынньы ый 9 күнүгэр бааһынай хаһаайыстыбаттан үүтү соҕотуопкалыыр тэрилтэ үүтү туппакка олорорун туһунан, онон сибээстээн холмогуор боруода ынахтардаах бааһынай хаһаайыстыба хаһаайына дэлби ыанньыйбыт ынахтарыттан синньилэриттэн үүттэрэ тохто турарын көрдөрбүттэрэ.

Кырдьык, маннык түбэлтэ 2021 с. алтынньытыгар Өлүөхүмэ улууһун биир улахан бааһынай хаһаайыстыбата, киниэхэ тиэрдиллибит үүт былаанын аһара толорон, эбии үүт квотатын ылаары туруорсан, видео уһулан ыыппыта бассаапка тахса сылдьыбыт. Боппуруос онно тута быһаарыллыбыт эбит. Быйыл ол 2021 с. видеону хайа эрэ норуоту булкуйар, салалтаны баһааҕырдар интэриэстээх дьон нууччалыы тылынан хос быһааран, 2022 сыл алтынньытыгар буолбут түбэлтэ курдук, холуннарар соруктаах бассаап ситимигэр киэҥник тарҕаппыттара киһини дьиксиннэрэр.

2021 с. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев ыанар ынахтаах кэтэх ыалы өйүүр механизмы киллэрэн, ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солк. биэрбитин бары билэбит. Бу механизм тыа дьонугар табыгастааҕын туһунан «Кыым» хаһыакка, «Тэтим» араадьыйаҕа, бассаап ситимигэр элбэхтик суруйдум. Онно мин биир чахчыга олоҕурабын. Сэбиэскэй кэмҥэ сопхуостарга племенной үлэ күүскэ барара. Ону таһынан ыанар ынахтарга комбикорм, сиилэс уонна да атын эбии аһылыктар харыыта суох бэриллибиттэрин үрдүнэн, ынахпытын кыһыны быһа ыан, төрүөн икки ый иннигэр уолларан, ыабыппыт үрдүнэн, сопхуос үрдүнэн биир фуражнай ынахтан ортотунан 1500 киилэ үүтү нэһиилэ ыыр этибит.

Мин Үөһээ Бүлүү улууһун биир улахан Исидор Бараахап аатынан сопхуоһун кылаабынай зоотехнигынан үлэлээбит буоламмын, олох чуолкай билэбин. Оттон билигин племенной үлэбит сопхуостар саҕанааҕы курдук улаханнык барбат. Комбикорм, сиилэс, атын да эбии аһылыктар дэлэйдик бэриллибэттэрин үрдүнэн, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар сытыытык туруорсар, кыһаллар Уйбаан Пономарев этэринии, «нэһиилэ кыстаан күөх окко үктэммит биир ынахтан 2500-3000 киилэ үүтү ыыр курдук көрдөрөн, «Гиннес» рекордун олохтоотубут» диэн этиитигэр толору сөбүлэһэбин. Иккиһинэн, бу кэтэх ыалы өйүүр механизм олоххо киирэн, кэнники сылларга ыаллар аан бастаан бука бары 100% субсидия харчытын туһаннылар.

2020 с. диэри Саха сирин үрдүнэн 70 тыһ. тахса ыанар ынахха 80 тыһ. туонна үүт былаана тиэрдиллэн, 2 млрд. 800 мөл. солк. үбүлээһин бэриллэр этэ. Ити 70 тыһ. ыанар ынах 100% төрөөбөтүн уонна ынахтаах ыал барыта 100% үүт туттарбатын үрдүнэн, 80 тыһ. туонна үүт былаана сылын аайы 100% туолан, 2 млрд. 800 мөл. солк. тыа сиригэр барбыт курдук көстөрө. Ол эрээри, дьон барыта истэр-билэр, кытарах ынахха үүт былаана тиэрдиллибэтин, үүт туттарбат ыал үүт субсидиятын ылбатын. Ол иһин, үөһэ бэлиэтээн аһарбытым курдук, кэтэх ыаллар ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солк. ыланнар, бары судаарыстыба биэрэр субсидиятыгар үөрэ-көтө тигистилэр. 2021 с. 9 тыһ. дьиэ кэргэҥҥэ баар кэтэх ыал ынаҕар 1 млрд. 253 мөл. солк. харчы тиксибитэ улахан көмө быһыытынан көстөр. Онтон 2022 сылга 1 млрд 379 мөл. солк. көрүллүбүтүттэн үбүлээһин 99,9%  кэтэх ыалларга барбыт. Биир даҕаны кэтэх сүөһүлээх ыал бу механизмы утаран суруйбутун истэ-ааҕа, билэ иликпит.

Манна даҕатан эттэххэ, Чурапчы улууһугар 9 ыанар ынахтаах кэтэх хаһаайыстыба ыанар ынаҕын төбөтүгэр 35 тыһ. солк. субсидия ылан баран, ынахтарын ыан, сүөгэйдээн, арыылаан батаран, быдан элбэх дохуоту аахсар эбиппин диэн кэпсээбитин истэммин, тоҕо сорох ыаллар маннык тэриммэттэрэ буолуой дии санаабытым. Ол да курдук, биһиги нэһилиэкпитигэр дьон сүөгэй, суорат атыылаан күннээҕи наадаларын толуйарга харчы киллэринэллэрэ эмиэ баар суол. Аны, 2021 с. бааһынай хаһаайыстыбаларга туттарар киилэ үүттэригэр 50 солк. үүт субсидията бэриллибитэ. Маны таһынан, соҕотуопка тэрилтэлэрэ 10-нуу солкуобайы  биэрбиттэрэ. Онон үүт субсидията үрдээбитинэн, 35 тыһ. төбө бааһынай уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга баар ынахтарга 57 тыһ. туонна үүт былаана тиэрдиллэн, 2 млрд. 800 мөл. үбүлээһин көрүллүбүт. Ол былаан аһары туолан, 62 тыһ. туонна үүт тутуллубута. Маны бааһынай уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга балай да улахан өйөбүл оҥоһуллубутун быһыытынан көрөбүт. Ол эрээри, бачча элбэх үүт республика үрдүнэн соҕотуопкаламмытын үрдүнэн, кимнээҕинэн эрэ соруйан кэтэх ыаллар үүт туттарбаттарыгар сигэнэн, «арыы суох буолла, сыаната ыараата» диэн бассаап нөҥүө сымыйа информация тарҕанан дьону бутуйар.

2022 с. кэтэх ыаллар үүттэрин тутарга киилэтигэр 10 солк. субсидия бэриллибитин таһынан, соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр киилэ үүтү тутар сыаналарын 15 солк. итэҕэһэ суох тутуохтаахтар диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтэ сыал-сорук туруорбутун бары билэбит. Онон 2022 с. арыы суоҕун айдаана суох буолуо диэн эрэниэхпитин баҕарабыт.

Уопсайынан, бу кэтэх ыалы өйүүр механизм көмөтүнэн, ыанар ынах төбөтө 6,5% эбиллэн, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр кэтэх ыал ынахтара 40311 төбөҕө тиийэн, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев сөптөөх, туһалаах механизмы киллэрбитин туоһулуур.

Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Дмитриев Степан Иванович

Бүтэһик сонуннар