Чурапчыттан Уйбаан Пономарев Республика Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев аатыгар Аһаҕас суругун сиһилии аахтым.
Биһиги бары даҕаны тыа хаһаайыстыбатыгар бэрт уһуннук үлэлээбит дьоммут, онон да сибээстээн тыа сирин олоҕун уйгута тупсарыгар ис сурэхпититтэн баҕарабыт. Бастаан бэйэбититтэн саҕалаатахпытына, биригэдьиирдээн, управляющайдаан, сопхуоска кылаабынай зоотехниктаан, партком сэкэрэтээрдээн, коллективнай хаһаайыстыбаны, улуус тыатын хаһаайыстыбатын уһун кэмҥэ салайан, билигин Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыгынан үлэлии сылдьар киһибин, оттон Уйбаан Пономарев олох билбэт киһим диир киһитэ Антонов А.В. Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өр сылларга биригэдьииринэн, управляющайынан, коллективнай хаһаайыстыба, “Илгэ” үүт тутар заготовкалыыр тэрилтэ салайааччыларынан, нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит-хамсаабыт улууска, республикаҕа биллэр киһи буолар.
2011 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын болномуочуйата ТХМ-тэн улуустарга бэриллибитэ. Үөһээ Бүлүү улууһа 2012-2015 сылларга үүт субсидиятын, ол кэмҥэ үлэлии олорбут СПОК “Чолбон» үүт заготовкалыыр тэрилтэ счетугар үүт субсидиятын аһарбакка, ТХУ-тан быһа нэһилиэк үүтү туттарааччыларыгар, ол иһигэр бааһынай, кэтэх хаһаайыстыбаларга быһа аһарталаабыппыт. 2012 сыллаахха биир киилэ үүтү тутар закупочнай сыана 4 солк. этэ. Ити сыанаҕа үүт субсидиятын ылбатаҕын быһыытынан СПОК “Чолбон” үүт тутан, переработкалаан атыылаан, батаран ол суотугар тэрилтэтин содержаниетын, нолуогун, хамнаһын төлөһөн оччуоттуур сылы этэҥҥэ туораабытын таһынан, кэнники сылларга закупочнай сыана 7-10 солк. буолбутун да кэннэ ити механизмынан үлэлээбитэ.
Хомойуох иһин, Уйбаан Пономарев куруук бэлиэтиир Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ити ураты тыа дьонугар туһалаах механизм Республика үрдүнэн олоххо киирэригэр болҕомтотун уурбатаҕа. Бу Үөһээ Бүлүү улууһа 2012-2015 сылларга киллэрбит табыгастаах механизма ол эбэтэр государство биэрэр өйөбүлэ, үүт субсидията үүт туттарааччыларга быһа тиийэрэ туһалааҕын көрдөрбүтүн таһынан, үүтү заготовкалыыр-астыыр тэрилтэлэр «Возмещение части затрат сырого молока» ТХМ-тан үүт субсидиятын 50-60% кулун тутар ыйтан ылбаккалар даҕаны, бэйэлэрин закупочнай сыаналарынан үүт тутан, астаан, үлэлээн олоруохтарын, тэрилтэлэрин сайыннарыахтарын дакаастаабыта.
Мантан көстөрүнэн, Республика үүт тутар-астыыр тэрилтэлэрэ ТХМ-тэ биэрэр үүт субсидиятыгар сигэммэккэ, закупочнай сыаналарын үрдэтэн, үүт туттарааччылары көҕүлээн, эккирэтэ сылдьан үүт туппуттара буоллар, тоҕо ити Уйбаан Пономарев этэр арыыта, сүөгэйэ суох буолуо этэй. Кэнники сылларга үүт туттарааччыларга үүт субсидията ордук чуолаан 10 солк. закупочнай сыаналар төлөбүрдэрэ уу харчынан төлөммөттөрүн таһынан, сыһан-соһон, хойутатан, ону таһынан араас надзорнай органнар бу үүт субсидиятын харчытыттан ирдэбиллэрин быһыытынан быһаҕастаһар буоланнар, дьон үүт туттарбат буолан хаалбыта мэлдьэх буолбатах. 2021 сылга Республика Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев кэтэх ыалы өйөөн, кинилэр ыанар ынахтарын төбөтүгэр 35 тыһыынча солк. субсидия биэрэн тыа ыанар ынахтаах ыала «Наконец-то» аан бастаан 100% государство биэрэр өйөбүлүнэн туһаммыттарыгар, сорох дьон тыа кэтэх ынах сүөһүлээх ыалын сүрэҕэ суохтарынан ааттаан туран, тоҕо «тааллара кырыыламмытын» сатаан өйдөөбөппүт. Тыа дьоно барахсаттар сайыҥҥы курааны, угут дьылы аахсыбакка сайын оттоон, ороскуот бөҕөнү көрсөн, ону тиэйэн, биир күн өрөөбөккө аммиак сыттаах хотоҥҥо үлэлээн, оҕолорун, дьоннорун үөрэттэрээри-иитээри үлэлиир кыһалҕалаах дьон тоҕо сүрэҕэ суох атыырыахтаахтарый. Кинилэр Дубайга, Вьетнамҥа бараннар муораҕа сөтүөлүүр, сыламныыр бириэмэлэрэ, кыахтара да суоҕа өйдөнөр.
ТХМ улуустарга тиэрдэр 80 тыһыынча тонна үүтүн былаана, кэтэх ыаллар баһыйар үгүстэрэ үүт туттарбатаҕын, ону таһынан ТХМ “Отел коров” диэн от ыйынааҕы статистическай отчуотугар 2018, 2019, 2020 сылларга 75 500 ыанар ынах баарыттан 65% төрүүрүн, ол эбэтэр 45 000 ыанар ынах, ону таһынан үгүс кэтэх ыал туттарбатын үрдүнэн, ити ТХМ тиэрдибит 80 000 үүтүн былаана 100% туоларын, былыргы сопхуостар саҕана курдук племенной үлэ барбатын, сиилэс, сенаж, комбикорм харыыта суох бэриллибэтин үрдүнэн, Уйбаан Пономарев бэйэтэ этэринии, 2300-3000 киилэ үүтү биир ыанар ынахтан ыан, «Гиннес рекордун» суотугар үүт соҕотуопкатын былаанын толорор буоллулар дуу? Ол эрэн үгүс боппуруостары сөптөөхтүк туруорсар убайбыт Уйбаан Пономарев бу түгэни тоҕо тумнарый? Бу маны этэн туран ааспыт сылга Ороһуга баһылык Антонов А.В көҕүлээһининэн кэтэх ыал 35 тыһыынча солк. ыанар ынаҕар ылбытын кэннэ, 30 солк. ИП Сортолова С.С. ТХМ-тан кэлтэгэй кэппиэйкэ аҥаарын да ылбакка үүт субсидиятынан туһаммакка, 30 тонна үүтү тутан -астаан улуус киинигэр атыылаата. Дьиҥэр Республика үүтү тутар-астыыр соҕотуопка тэрилтэлэрэ кэтэх, бааһынай, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары араарбакка, биир закупочнай сыанатын үрдэтэн 20 солкуобайга таһааран, үүт субсидиятыгар сигэммэккэ, этэргэ дылы сырса сылдьан туталлара буоллар, тоҕо элбэх үүт тутуллан, сүөгэй, арыы уонна да атын бородууксуйалар оҥоһуллуо суох этилэрий. Ѳскɵтүн ТХМ-тэ үүккэ 2021 сылга 2 млрд 800 мɵлүйүɵн үүт субсидията бэриллибит буоллаҕына, онно барытыгар үүт тутуллан, бородууксуйа оҥоһуллан, сыанатыгар таһаардахха, хас эмэ миллиардаах бородууксуйа оҥоһуллан маҕаһыыннарга килэйэн туруон сɵп этэ. Ол эрэн Айсен Сергеевич кэтэҕи ɵйүүр механизма киириэн да инниттэн, бороһуоктан оҥоһуллубут «Домик в деревне», «Молочный дождик» уонна да атын үүт астар куорат, тыа улуустарын маҕаһыыннарын толору киэптээн, баһылаан-кɵһүлээн туралларыгар, ону аҕалан хааччыйбыт Эргиэн тэрилтэлэригэр, индивидуальнай предпринимателлэргэ махтаныахха сɵп. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үүт субсидиятын «Возмещение части затрат сырого молока» диэн ааттаан быраһыана суох кредит курдук туттар быраабы биэрэринэн сибэстээн, үүт закупочнай сыанатын үүтү тутар-астыыр- заготовкалыыр тэрилтэлэр үрдэтэллэрин толору ирдиэхтээх дии саныыбын. Манна даҕатан эттэххэ, эргиэн тэрилтэлэрэ, предпринимателлэр аһы, таҥаһы, тутуу материалларын государствоттан өйөбүлэ суох аҕалан, атыылаан сөптөөх соҕус сыанаҕа дьону хааччыйалларын үрдүнэн, киирбит харчыларыттан маҕаһыыннары тутан сайда-кэҥии тураллар. Кинилэр туох баар тиэйэр таһар ороскуоттарын бэйэлэрэ уйунар буоллахтарына, үүт туттарааччылар үүт собуоттарыгар бэйэлэрэ босхо тиэйэн аҕалан биэрэллэр. Маны барытын этэн туран, Ил Дархан Айсен Сергеевич быһа эфиргэ эппит тылларын хатылыахпын баҕарабын «Тыа сиригэр үбүлээһин - тыа ынахтаах ыалыгар быһа, ханна да сөҥмөккө, харчы тус бэйэлэригэр тиийиэхтээх диэн, оннук эрэ түбэлтэҕэ биһиги тыабыт сирин дьоно үптээх-харчылаах, социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуохтара.