Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Ил Дархан А.С. Николаев кылаабынай эрэдээктэрдэри кытта пресс-кэмпириэнсийэтигэр: “СӨ Бочуоттаах гражданина К.Е. Иванов “Кыымҥа” тахсыбыт биир ыстатыйатыгар “улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын үлэлэрин түмүгэ дьон үлэлээх уонна дохуоттаах буолуутунан сыаналаныахтаах” диэбитэ. Кини “тустаах сокуоннарга уларытыы киллэрэн, госуорганнар т/х боломуочуйаларын олохтоох салайыныыга биэрэн, быһаччы эппиэтинэстэрин үрдэтиэххэ”, - диэн эппит этэ. “Бу этии т/х оҥорон таһаарыытын тэрийии көдьүүһүн үрдэтэр биир дьаһал буолуо суоҕа дуо?”, - диэн ыйыттым.
Айсен Сергеевич: "Кырдьыгынан эттэххэ, боломуочуйаны олохтоох салайыныыга биэрдэххэ, улахан туһа тахсыа суоҕа. Ааспыт 30 сыл устата наар т/х таҥнары түһэн кэллэ. Биричиинэтэ – ким субсидияны түҥэтэригэр буолбакка, ити үп тыа дьонугар, үлэ түмүгүн иһин үлэлиир дьоҥҥо төһө сөпкө тиэрдиллэриттэн тутулуктаах. Саамай кылаабынайа, баччааҥҥа диэри тыабыт хаһаайыстыбата тоҕо наадатын ситэ өйдүү иликпит. Үгүстэр үгэс буолбут дьарык, олох укулаата, ол иһин өйөнүллүөхтээх диэн ааҕаллар. Ол эрээри, итинэн салайыннахха, туох да үчүгэй түмүгү ситиһиэхпит суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, дьон “аҕаларбыт, эһэлэрбит, өбүгэлэрбит т/х үлэлээбиттэрэ” диэн үлэлиэ суохтаахтар. Кинилэр үчүгэй дохуоттаах буолуохтаахтар. Судаарыстыба эрэ биэрэрэ – дохуот буолуо суохтаах. Дьон бэйэтин бородууксуйатын дьоһуннаахтык батаран харчыланыахтаах.
Итиннэ саха ынаҕын холобурдаан көрүөҕүҥ. Биһиги наар саха ынаҕыттан элбэх үүтү, эти ыла сатыырбыт төһө сөбүй? Кини соҕуруу боруодалар курдук элбэҕи биэриэ суоҕа. Ол эрээри, биһиги саха ынаҕыттан дохуот ылар саҥа ньымалары булуохтаахпыт. Холобур, ис туризм сайдыыта улуустарга хайаан да төһө эрэ төбө саха ынаҕа баар буоларын ирдиир.
Уопсайынан, т/х иннигэр нэһилиэнньэни элбэх үрдүк хаачыстыбалаах натуральнай бородууксуйанан аһатар соругу туруоруохтаахпыт. Пандемия кириисиһэ бэйэ аһынан хааччыныы хайдахтаах улахан суолталааҕын көрдөрдө. Ыраата барбакка, өйдүүр инигит, Кытай кыраныыссата сабыллаатын кытта, оҕуруот аһын сыанатын үрдэтэн барбыттара. Ол эрээри, бэйэбит тэпилииссэбит (“Саюри”) бородууксуйата элбэх буолан, сыана бас-баттах барбатаҕа. Итинник кыахтаах т/х өрөспүүбүлүкэҕэ баара улахан суолталаах.
Онон ТХМ боломуочуйатын УСХ-ҕа биэрдэххэ, туох да уларыйыы тахсымыан сөп. Баҕар, өссө куһаҕан буолан, эмиэ былдьаан төттөрү биэрэ сылдьыахпыт.
Өйөбүл систиэмэтин уларытыахтаахпыт. Т/х үбүлээһин пуормаларын уларытыы туһунан элбэхтик кэпсэтиллибит сокуоммут бырайыагын ТХМ бэлэмнээтэ. Бу боппуруоска элбэх исписэлиистэри, судаарыстыба уонна т/х тутуутун бэтэрээннэрин кытта дьүүллэһии барбыта. Мин сөбүлэҥмин биэрбитим, билигин анаан көрүү бара турар. Бу сокуон ылыллан, кэлэр сылтан үлэлээн барарыгар эрэллээхпин", - диэн эппиэттээтэ.
Онон, боростуойдук эттэххэ, “үүт харчыта” диэн ааттанар өйөбүл мэхэньиисимэ ТХМ-тан тахсыбыт. Сокуон буолан, эһиилгиттэн үлэлээн барыахтаах.
Владимир Степанов.