Киир

Киир

Үүт субсидиятын, т/х өйөөһүн төһө сөпкө оҥоһулларый диэн үөрэтэн көрөн баран, Ил Дархан А.С. Николаев баччааҥҥа диэри үүт харчытын, төһө эмэ онон-манан бэлиитикэлээн ыгыы, үөҕүү, ыыстааһын да баарын барытын тулуйан туран, көдьүүстээх систиэмэ суох диэн, үүт харчытын үрдэппэккэ олорбута саамай сөп эбит дии санаатым.

***

Айсен Сергеевич быйылгы Илдьитигэр т/х өйүүр саҥа бэрээдэги олохтооҥ диэн мээнэҕэ эппэтэ. Е.Шамаев үҥсүүтүнэн борокуратуура “Горнай-Ас” ТХППК бэрэбиэркэлээн баран үүт харчытын соҕотуопсук туора туттубута көстүбүтүн суруйбутум бассаапка тарҕаммытыгар, тэрилтэни быһайыҥҥа диэри салайбыт С.И. Иванов сыыһа суруйбут диэн бассаапка харда тарҕаппытын көрбүт буолуохтааххыт. Онно бүддьүөттэн соҕотуопкаһыкка кэлэр харчы үүт туттарааччыга хайаан да төлөнүөхтээх субсидия буолбатах, соҕотуопкаһыт ороскуотун сабарыгар бэриллэр субвенция, онон соҕотуопкаһыт хайдах баҕарар туттара көҥүллэнэр диэн этиллибит этэ.

Ылар илии билбэт диэн итини этэр буоллахтара. Ол аата бүддьүөттэн үүт туттарааччыга диэн ананан барар 2,7 млрд харчы, аара баран иһэн сыала-соруга уларыйан, соҕотуопкаһыттар бас билэр чааһынай харчылара буолан тиийэр дуо? Ил Түмэн дьокутааттарыттан ыйыталаспытым “суох, Ил Түмэнтэн РФ Бүддьүөтүн кодексынан субсидия диэн барар, аара ханна эрэ уларыталлара буолуо” дииллэр. Дьыалабыт дэтэктиип курдук буолан барар.

Хасыһан онтон-мантан ыйыталаспытым, мин көрөрбөр, чахчы, сыыһа баар эбит. ТХМ ыыппыт быһаарыытынан, төрдө-төбөтө бырабыыталыстыбаҕа, Е.А. Борисов саҥа бэрэсидьиэн буолбут сылыгар тиийэр. 2010 сыл ахсынньы 15 к. Ил Түмэҥҥэ ылыллан, бэрэсидьиэн илии баттаан муниципальнай улуустарга судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэрэр СӨ 881-З № 639—IV сокуон тахсыбыт. Иккис бутуйбут сокуон -- СӨ т/х туһунан саҥа сокуоммут.

Баларга олоҕуран үүт харчытын дьоҥҥо тиэрдэр судаарыстыба боломуочуйата улуустарга бэриллибит. Сокуоҥҥа бүддьүөттэн бэриллэр үп субвенция быһыытынан бэриллэр дэммит. Субвенция харчытын туттуу бэрээдэгэ СӨ Бырабыыталыстыбатын 2011.12.30 к. 678 №-дээх уурааҕынан быһыллыбыт. Онно улуустар субсидияны соҕотуопсуктарга үүт тутуутугар, астыырга көрсөр ороскуоттарын сороҕун сабарга диэн анаан бэриллэр диэн суруллубут (на финансовое обеспечение (возмещение) части затрат по производству и переработке продукции скотоводства). Улууска субвенция буолан кэлэр, улуус соҕотуопкаһыкка субсидия диэн биэрэр. Бу субсидия бэриллэр сүрүн усулуобуйатынан, 1 л үүтү ыйыллар сыананан атыылаһыахтаах. Билиҥҥинэн 35 солк. субсидия, 10 солк. соҕотуопкаһыт эбиэхтээх.  ТХМ соҕотуопкаһыт үүт төлөөччүлэри кытта хайаан да толору аахсыахтаах диир.

***

Үүт харчыта соҕотуопкаһытынан барара сыыһатын өр туруорсубут Ньурба улууһун Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ С.И. Евсеев этэр: “Ньурба улууһа СӨ т/х туһунан сокуона тахсыан иннинэ ТХУ-нан үүт туттарааччыга быһа ыытара. Сокуон тахсыбытын кэннэ ТХМ боппута. Дьиҥинэн, ити боппуруоһу ТХМ хайдах баҕарар бэрээдэктиир кыахтаах эрээри, хамсаммакка олороро сыыһа. Үүт тутуутун иккис улахан сыыһата - норуот этэринэн “жир-баланс”, төлөнөр харчыны үүт сыатынан оонньотуу буолар. 35 солк. 1 л үүт баазабай сыалаах үүккэ төлөнөр дииллэр. Онон үүт сыатын үрдэттэххэ, 1 л үүккэ 35 солк. буолбакка, 50-60 солк. тиийэ улаатар. Манна судаарыстыба бэйэтин албынната олорор. Холобур, отчуокка Ньурба улууһа 5200 т туттарда дииллэр. Ыаммытынан 4 тыһ. т эрэ тахса буолар. Онно холоотоххо, Ньурба улууһа үүт туттарааччыга үүт сыатын аахсыбакка, 1 л иһин 5 солк биэрэрэ чиэһинэй. Үлэлээбиккинэн ылаҕын. Билиҥҥинэн үүт тутааччы кимиэхэ эрэ үрдүк сыалаах диэн элбэҕи , кимиэхэ эрэ сыата кыра диэн 35 солк. кыраны биэриэн сөп. “Жир-баланс” баарын тухары үүт туттарыы чиэһинэй буолар кыаҕа суох. Бу судаарыстыбаны албынныыр систиэмэ тохтуохтаах. Мин А.С. Николаев төбөҕө төлөнөр оҥорорго эппитин өйүүбүн”.

***  

Субвенция биэрэр сокуоҥҥа учуот-хонтуруол кытаанахтык тутуһуллар ирдэбилэ суруллубатах. Баҕар сыыстарыахпын сөп, ол эрээри ааҕан баран хайдах эрэ “шаляй-валяй” диэбит курдук уопсай тылларынан суруллубут дии санаатым, эппиэтинэһи көрбөтүм. Сокуоҥҥа саамай кылаабынай, дьону сордообут, сыл аайы кынньыыр үүт харчыта хойутаабакка төлөнөрүн хааччыйыы ирдэнэрин көрбөтүм. Оччотугар “тоҕо быйылгы үүтүм харчыта быйылгынан төлөнөн бүппэтий” диэн айдаан бу сокуон, бэрээдэк баалларын тухары, уларыйыахтарын иннинэ тохтообот. Боростуой үүт туттарааччыны атаҕастааһын бүппэт. Онон Ил Түмэн, бырабыыталыстыба саҥа сокуону оҥорон, үүт харчыта соҕотуопсугу ырааҕынан тумнан, үүт туттарар киһиэхэ быһа тиийэр систиэмэтэ оҥоруохтарын иннинэ бэрээдэк көнүө суох.

***

Уопсайынан, судаарыстыбаттан барар тус соруктаах үүт харчыта соҕотуопсуктарга тиийэн кинилэр бас билэр харчылара буолан хаалара хоруупсуйалыыр кыаҕы үөскэтэр. Харчыны туттан баран, “жир-баланс” оонньотон сымыйа кибитээнсийэ оҥорон сотторуохха сөп. Субсидия буолуохтаах харчынан уотурба, атын да мал-сал атыылаһан баран үрдүк сыанаҕа үүт туттарааччыга биэрии эмиэ сокуону кэһии ээ. Онон Ил Дархан т/х көмө оҥорор саҥа бэрээдэгэ харчыны туора туттууну таһаарбат ирдэбиллээх буолуохтаах. Ол инниттэн үүт 35 солк. субсидията уонна соҕотуопкаһыт тутар 10 солкуобайа хайаан да харчынан хойутаабакка туттарааччы счётугар түһэн иһиэхтээх.

Бү түгэҥҥэ бырабыыталыстыба туора бүгэн хаалара сыыһа. Бу норуот тыын суолталаах боппуруоһун премьер В.Солодов, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Д.Белозеров быйыл күүскэ ылсан, чиэһинэй бэрээдэги олохтуохтара диэн эрэнэ хаалабыт.

Быйыл бырабыыталыстыба, ТХМ, улуустар судаарыстыба дьон дохуотун үрдэтэр саамай кылаабынай соругар болҕомто уурбакка, көмөнү оҥоруу урукку бэрээдэгин хааллардахтарына, онно эбии соҕотуопсуктар быйылгы үүт харчытын баһаам иэһин соспутунан 2021 с. киирдэхтэринэ, Ил Дархан А.Николаев эһиил былааннаабыт көмөтө эмиэ көдьүүһэ суох, сиргэ-буорга тэпсиллэн хаалыан сөп. Норуот, өрөспүүбүлүкэ иннигэр итинник ыар буруйу таһаарар букатын табыллыбат. Үүт систиэмэтин боростуой киһи диэки эргитии туһунан кэпсэтиилэр ТХМ кэллиэгийэтигэр уонна бу олунньу 6 күнүгэр буолар парламент истиилэригэр быһаарыллыахтара диэн эрэнэбит.

Бүтэһик сонуннар