Кыраныысса таһыгар короновирус ыарыыта иэдээни, алдьархайы оҥорбутун истэбит. Кэлиҥҥи аҕыйах хонукка ыарыы тарҕаныытыгар бастакы миэстэҕэ АХШ таҕыста. Эмиэрикэ континеныгар ыарыы туругун ыйыталаһа биир дойдулаахпытыгар, Канадаҕа Арассыыйа эргиэнин бэрэстэбиитэлинэн үлэлиир Валерий Иванович Максимовтан ыйыталастым.
Ханнык баҕарар дойдуга курдук, Канадаҕа COVID-19 тарҕаныытын утары араас үлэ ыытыллар. Ол эрээри, хомойуох иһин, ыалдьыбыт дьон ахсаана күн аайы улаата турар. Кулун тутар 30 күнүн туругунан Канадаҕа 7400 киһи короновируһунан ыарыйда, 89 киһи өллө. Балаһыанньа ордук Квебек, Онтарио уонна Британия Колумбията диэн провинцияларга ыарахан. Бырабыыталыстыба дааннайдарынан, ыарыы сааһынан араарбат эбит. Ыалдьыбыт дьон 4% - 19-гар диэри, 29% - 20-29, 37% - 40-59, 25% - 60-79, 5% - 80 үөһэ саастаахтар. Онон кырдьаҕастар эрэ ыарыылара буолбатах.
Канада кыраныыссаларын барытын саппыта, омук сириттэн ким да киирбэт. Ыаллыы АХШ кытта эмиэ сабан, аймахтыылар сылдьыһыыларын, туристии кэлэр дьону тохтоттулар. Арай икки дойду экэниэмикэлэрэ үлэлиирин хааччыйар таһаҕас таһыыта эрэ үлэлиир.
АХШ-ка бүтэһик күннэргэ ситуация олус мөлтөөтө. Кулун тутар 30-гар 140 тыһ. COVID 19 ыарыылаах баар буолбут, 2,4 тыһ. киһи өлбүт.
Мин олорор Онтариопровинциябар ыксаллаах быһыы биллэриллэн турар. Бырабыыталыстыба экэниэмикэ үлэтин хааччыйарга анаан быһаарбыт хампаанньалара эрэ үлэлииллэр.
– Дьон былаас этэр сүбэлэрин тутуһара хайдаҕый?
– Тус бэйэм көрүүбэр дьон майгыта олус уларыйда. Бэрээдэк күүһүрдэ. Билигин ас маҕаһыыннара уонна аптекалар эрэ үлэлииллэр. Улахан маҕаһыыннарга уочарат элбэх. Маҕаһыыҥҥа аҕыйахтыы киһини киллэрэллэр. Киирии уочараты маҕаһыыннар үлэһиттэрэ бэрээдэктээн көрөллөр. Уочаракка турар дьон икки арда 2 миэтэрэ. Тэлиэскэлэри киирэргэ бактыарыйаны утары салфеткаларынан ыраастыыллар.
Нэһилиэнньэҕэ таһырдьа тахсыбакка, дьиэҕитигэр олоруҥ диэн кытаанах дьаһал баар. Дьон итини, дьиэҕэ олорон вирус тарҕаныытын аҕыйатыыга кылааппытын киллэрэбит диэн сөпкө өйдүүр.
Арассыыйа кыраныысса таһынааҕы тэрилтэлэрин үлэлэрэ тохтообот. Арай ыарыы тарҕаныытын учуоттаан, интэриниэтинэн он-лайн дьиэттэн олорон ыраахтан үлэлиир буоллубут. Онон Канадатааҕы коллегаларбытын кытта былааннаабыт үлэлэрбит тохтообокко бара тураллар.
– Дьоҥҥор-сэргэҕэр туох этэрдээххиний?
– Түгэнинэн туһанан биир дойдулаахтарбын харыстанаргытыгар, дьиэттэн ханна да тахсыбакка олорор бэрээдэги тутуһаргытыгар ыҥырабын. Ханна да сылдьымаҥ, дьону кытта сибээскитин аҕыйатыҥ. Бу кубулҕаттаах ыарыыны бэйэбиттэн атын ким да тохтоппот. Биһиги бастакы уочараттаах сорукпутунан бу алдьархайдаах ыарыыны утары охсуһуу инники күөнүгэр сылдьар доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр ыарыыны кыайалларыгар көмөлөһүү буолуохтаах. Бэйэҕитин, чугас дьоҥҥутун харыстааҥ! Доруобай буолуҥ!
Владимир Степанов.