“Лига Саха КВН” уопсастыбаннай тэрилтэ көҕүлээһининэн уһуллубут “Экспедиция” уус-уран киинэ (реж. Г.Менкяров) Ханты-Мансийскайга ыытыллыбыт “Дух огня” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII фестивальга көрөөччү биһирэбилин бэлиэтиир “Золотая тайга” анал ааты, ол эбэтэр саамай үрдүкү наҕарааданы ылла. Итиэннэ “Газпром Нефть” ААУо олохтообут “За сохранение культурных традиций” бирииһин хаһаайына буолла.
Биллэн турар, бу ситиһии айар бөлөх кыттааччыларын барыларын үлэлэрин түмүгэ. Ол эрээри хаһан баҕарар киинэ идиэйэтин тиэрдээччи, таһымын үрдэтээччи, көрөөччүнү умсугутааччы артыыс буолар.
Онон бүгүн биһиэхэ “Экспедиция. Умнуллубат кэмнэр” киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Борислав Степанов ыалдьыттыыр.
Өйдөөх оҕо
Борислав наһаа эрдэ хаампыт уонна саҥарбыт. Буукубаны, ахсааны, этэргэ дылы, ааһан иһэн билбит. Онтон биир үтүө күн, дьонун үтүктэн, хаһыаты көрбүтэ буола олорон, сүһүөхтээбэккэ элэҥнэччи ааҕан барбыт.
Оннук сайдыылаах оҕо, оскуолаҕа үөрэнэ киирэн баран, биллэн турар, учуобунньуктарын барытын аҕыйах күн иһигэр ааҕан-суоттаан бүтэрэн кэбиспит. “Бу уолу хайыыбыт, Дьокуускайга Алексеева авторскай оскуолатыгар ыытабыт дуу, биитэр кылааһын көтүтэбит дуо?” диэн боппуруос турбут. Онуоха учуутала: “Улахан оҕолорго баһыйтаран, аны самнан хаалыа”, -- диэн тохтоппут.
Ахсыска диэри оннук наар туйгуннук үөрэммит. Онтон спордунан үлүһүйэн, кэккэ предметтэргэ “4”-тэнэн, үчүгэй үөрэнээччинэн Хаҥалас улууһун Нөмүгү орто оскуолатын түмүктээбит.
Эдэр чинчийээччи
“Экспедиция” киинэҕэ устудьуоннар Кулун Атах XIII-XIV үйэтээҕи култууратын чинчийэр соруктаах экспедицияҕа туруналлар.
Борислав дьиҥнээх олоҕор “Эллэйада” археологическай экспедицияҕа VI- VIII кылаастарга сылдьыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр учуутал, кыраайы үөрэтээччи П.Р. Ноговицын салалтатынан.
Ити сырыытын түмүгүнэн Борислав, Кэтэмэ үрэҕэр муостаны тутары утаран, дакылаат суруйбут. Былыргы дьон тохтоон олорбут сирдэрин-уоттарын (стоянка) тыыттарымаары. Онтукатын дьоһуннаахтык НПК-ларга туруорсар эбит.
-- Оскуолаҕа сылдьан “Алмаас хас кырыытын барытын чочуйдахха, күлүмүрдүү оонньуурун курдук, киһи эмиэ бары өттүнэн сайыннаҕына чаҕылхай буолар” диэн тосхолу тутуһарым. Ол иһин спорт буоллун, үөрэх буоллун, НПК буоллун, олимпиада буоллун, кэнсиэр буоллун – барытыгар кыттарга дьулуһарым. Ол иһин сорох үөрэнээччилэр, учууталлар миигин “выскочка” дии саныыллара быһыылаах.
Спортсмен бэрдэ
Тохсус кэнниттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ туттарсан киирэн баран, Нөмүгүтүгэр хааларга быһаарыммыт.
--РЛИ-кэ кэлбэтэхпиттэн төрүт кэмсиммэппин. Тоҕо диэтэххэ, дойдубар хаалан, хас эмэ сыл спордунан дьаныардаахтык дьарыктаммыппын ситиһиилээхтик түмүктээбитим. Ол курдук, бэһис кылаастан ыла ДЮСШ-ҕа мас тырдыһыытын уонна хапсаҕай секцияларыгар сылдьыбытым. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тренердэр эрчийбиттэрэ: маска В.В. Олесов, хапсаҕайга П.М. Каженкин.
Онус кылааска ити икки көрүҥҥэ (70 кг үөһэ ыйааһыннаах оҕолорго) СӨ муҥутуур чөмпүйүөнэ буолбутум. 2013 с. Чурапчыга ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар бастаабытым. Устудьуоннуур сылларбар 80 киилэлээхтэргэ эмиэ кыайыыны ситиспитим. Онон маастар нуорматын толордум. Билигин Арассыыйа таһымыгар тахсаары, путевка иһин киирсэргэ бэлэмнэнэбин.
Көрдөөх Көкөт
КВН эйгэтигэр Борислав Степанов, этэргэ дылы, эмискэ баар буолбут. Биирдэ саас Дьокуускайга күрэхтэһэ кэлэн баран, “Модун” спортивнай комплекстан чугас Оҕо дыбарыаһыгар киирбит. Онно КВН финала буола турар эбит. Эт саастыылаахтара араас көрүдьүөһү оонньоон күллэрэллэрин көрөн астыммыт аҕай.
Дойдутугар тиийэн, “Эллэй сиэннэрэ” диэн хамаанданы тэрийэн, эһиилигэр Саха-КВН финалыгар тахсары ситиспиттэр. Борислав бэйэтэ “Көрдөөх Көкөт”, ол эбэтэр “Мистер КВН” ааты ылбыт.
Үрдүк үөрэххэ киирэн да баран, оҕо сааһын дьарыгын бырахпатах, устудьуоннар “Уолаттар” хамаандаларын сүрүннээбит. Сочига ыытыллар “КиВиН”-ҥэ тиийэ күрэхтэспит.
Үрдүк үөрэх үктэлэ
Абитуралыы кэлэн баран, уол оҕото тутар хамыыһыйаттан: “Саамай курутуой салааҕыт ханныгый?” -- диэн ыйыппыт. “Мировая экономика”, -- диэн хардарбыттар. Онуоха кини ЕГЭ-тин сэртипикээтин онно туттаран баран, атын ханнык да үөрэххэ докумуонун биэрбэккэ, түмүгү кэтэһэ сылдьыбыт. Киирэргэ бүк эрэллээх эбит.
Онтон билбитэ, манна мэтээллээхтэр эрэ куонкурустаһаллар эбит. 270 бааллаахтар кытта баар буолан, босхо миэстэҕэ хапсыбакка хаалбыт. Онон төлөбүрдээххэ түбэспит.
--Хантан харчы ыларбын толкуйдаатым. Ол кэмҥэ оруобуна Хаҥаласка быыбар айдаана этэ. Мин биир дьокутаакка тиийэн: “Эйиэхэ куоластыыр ыччаттары аҕалыам. Эн мин үөрэхпин төлүүргэ көмөлөс”, -- диэтим. Киһим сылы барытын уйунарга да бэлэм этэ. Ону бэйэм бастакы симиэстэри эрэ көрдөөтүм. Иккистэн туйгун үөрэҕим иһин босхоҕо көһүөм диэн эрэллээҕим.
Ону баара, маҥнай утаа көстүүм кэтэ-кэтэ, кыһаллан аҕай үөрэнэ сатаабытым да, төттөрүтүн, туора көрүллүбүтүм. Бука, “выскочка” дии санаабыттара буолуо. Онон сапсыйан кэбиспитим уонна иккис суолу тутуспутум -- көхтөөх актыбыыс аатыран, бүддьүөт миэстэтигэр анньыһан көрөргө быһаарыммытым.
Дьэ, ол күнтэн саҕаламмыта Борислав сэргэх устудьуон сыллара -- бастаан уопсайын сэбиэтигэр, онтон идэлээх сойууска, ол кэнниттэн КВН-ҥа тахсыылаахтык айа-тута үлэлээбит кэрэ кэмнэрэ.
Уопсастыбаннай үлэҕэ бэйэтин көрдөрбүт уол, туох ситиһиилээҕин барытын ааҕан, биир А4 лиис толору суруйан, ректорга киллэрбит. Онон босхоҕо көһөр буолбут. Ол гынан баран, атын салааҕа -- “финансовый менеджмент” диэҥҥэ.
Туруулаһааччы
Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах уолу, дьиҥэр, XI кылааска байыаннай үөрэххэ ылбыттар эбит. Ханна барара кытта быһаарыллыбытын кэннэ, көҥүлү сөбүлүүр Борислав бэйэтэ аккаастанан кэбиспит.
-- Оннооҕор аармыйаҕа барыахпын баҕарбаппын. Биир сылы таах сүтэрии курдук саныыбын, - диир Борис.
Суох, эһиги хаһаарыма хааһытын сииртэн куотунар дии санаамаҥ. Борислав оннук олоҕу оскуола эрдэхтэн билэр -- үрдүкү кылаастарга наар интэринээккэ олорбута. Ой спортивнай оскуолатыгар үөрэнэ кэлбит оҕолору кытта.
Кэпсээниттэн сылыктаатахха, кини аатын курдук, “борец” майгылаах-сигилилээх эбит. “Борис, борись” диэх курдук.
-- Кыра эрдэхпиттэн наар кырдьыктаах буолуу (справедливость) иһин киирсэбин. “Бу сөп” дии санаатым да, ону туруорсабын. Оскуолаҕа президенниирбэр наһаа элбэх арааһы туруулаһарым, учууталлары кытта мөккүһэр сүрдээх оҕо этим (күлэр).
Бэйэни көрүнүү
Хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, сүүрүүгэ, бокска, мээчиккэ – барытыгар кыттар уол оскуолатааҕы баҕа санаата Дыгын оонньууларыгар кыттыы эбит.
Ити баҕа санаата, дьиҥэр, билигин олох аттыгар чуһас сылдьар ээ. Ол гынан баран, ону толоруохха диэтэххэ, күнү быһа бэлэмнэниэххэ наада. Бориславка билиҥҥитэ онно бириэмэтэ тиийбэт курдук. Арай Уйбаан Белолюбскайга эрчиллэрэ, баҕар, кэлин холонон көрөр санааны ылынарыгар күөртүөҕэ дуу?..
Бориславка спорт саалатыгар сылдьыы олоҕун булгуччулаах ирдэбилэ. Бэһис кылаастан ыла хас күн аайы эрчиллэн, үөрүйэх да буолбут. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ -- кини оҕо сааһыттан аһын көрүнэр, диетатын тутуһар. Эккэ-хааҥҥа туһалаах, иҥэмтэлээх аһылыгы эрэ иҥэринэргэ кыһаллар.
--Барыта ууга буспуту сиибин. Ол гынан баран, “интуитивное питание’’ диэн өйдөбүл баар. Ол аата, организмыҥ тугу көрдүүрүн истиэхтээххин. Холобура, миэхэ кофеиным тиийбэт буоллаҕына, биирдэ эмэ “Кока-Кола” ылан иһэбин. Эбэтэр глюкозаҕа наадыйдахпына -- сакалааты. Саамай сүрүнэ, хас сарсыарда аайы тураат, ыраас ууну иһиэхтээххин.
КВН оскуолата
Борислав ити “Экспедиция” киинэҕэ үс сыллааҕыта уһуллубута.
--Оччолорго тута улахан экраҥҥа көстүбүтэ эбитэ буоллар, баҕар, өссө киэҥ сэҥээриини ылыа этэ. Быйыл “Иччи”диэн абааһылаах киинэ тахсыахтаах. Онно эмиэ сүрүн оруолу толоробун.
Анал артыыс идэтэ суох уол дьиҥнээхтик ис санаатынан оонньуурун режиссердар сөбүлүүллэр эбит, Онуоха эбии тас көстүүтэ да үчүгэйэ: спортивнай быһыыта-таһаата, сахалыы номоҕон дьүһүнэ -- көрөөччүнү абылыыра чахчы. Иҥнигэһэ суох сахалыы саҥарара эмиэ хайҕаллаах. Дэлэҕэ Талбан “Саха” НКИХ тэлэбиидэнньэтигэр үлэлэтэ ыҥырыа үһү дуо? Билигин атаһа Айсен Тарасовтыын иккиэн “Бай’ диэн биэриини ыыталлар.
-- Киинэҕэ оонньуурбар, НВК-ҕа биэрии ыытарбар, Инстаграмҥа көрүдьүөс вайннары устарбытыгар Саха-КВН оскуолатын ааспытым улаханнык көмөлөһөр. Эбии дохуот аахсарбар да онтукам туһалыыр. Холобура, тамадалаан холтууралыыбын. Эбэтэр кэнсиэрдэри тэрийэн.
Саамай үчүгэй...
Арааһа, ааҕааччы санаабыта буолуо: “Бу Бориславка барыта олус чэпчэкитик сатанан иһэр эбит”, -- диэн.
-- Урут, кырдьык, оннук курдуга. Онтон 2013 сыллаахха Хаҥалас улууһун ыһыаҕар многоборьеҕа бастаан ылбыт саабын атыылыахпыттан ыла барыта сыранан кэлэр буолла.
Чэ, ол да буоллар, син барыта табыллан иһэр курдук. Былаан элбэх. Бэйэ тэрилтэтин тэринэн, таптыыр кыыспын кытта 2-3 сыл итии дойдуга олорон көрөр баҕалаахпын. Кинини көрсүөхпүттэн ыла мин майгым кытта уларыйда. Урут кыраттан да тымтан, омуннуран, өрүкүйэн туруохпун сөп этэ. Оттон билигин кини наҕыл майгытынан миигин эмиэ холку, киэҥ көҕүстээх буоларга үөрэттэ. Бу олоххо саамай үчүгэй -- чугас киһиҥ сылаас сыһыана эбит. Бу нарын иэйииттэн дьоллоохпун...
Анисия ИЕВЛЕВА.