Киир

Киир

Муус устар 3 күнүгэр “В Якутии.ру” Интэриниэт-хаһыат Арассыыйа сүрүн ойууна дуоһунастаах, тува ойууна Кара-оол Тюлюшевич Допчун-оолуттан интервью ылбытын сахалыы бэчээттиибит.

Саайт интервью ылбыт төрүөтэ – Арассыыйа сүрүн ойууна бэйэтин солбуйааччытынан, сүбэһитинэн уонна Саха сиригэр түмсүү боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлинэн саха ойуунун Лэгэн Лэгэнтэйи анаабыта буолбут. Ону сэргэ, саайт суруналыыһа Елена Тихонова төлөппүөнүнэн билигин аан дойдуга бүрүүкээбит балаһыанньа тула, ойуун биллэр биир дойдулааҕын Сергей Шойгу туһунан туох санаалааҕын кэпсэппит.

-- Мин Саҥа Дьыл аҕай иннинэ Дьокуускайга сылдьыбытым. Онно түөрт саха ойуунун уонна салалтаҕытын кытары көрсүбүтүм. Кырдьык, мин солбуйааччыга, Саха сиригэр боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлгэ, сүбэһиккэ наадыйабын. Оннук киһи хайаан да баар буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, билигин эһиэхэ ойууннааһын сайдыыта тохтоон турар. Инньэ гынан, мин бэрэстэбиитэлим нөҥүө Саха сиригэр ойууннааһыны илдьэ хаалыахпытын уонна сайыннарыахпытын баҕарабыт. Мин оннук киһиннэн Лэгэн Лэгэнтэйи көрөбүн. Кинини кытары сирэй көрсө иликпин. Ол эрээри кини күүһүгэр эрэнэбин уонна миссиятын толоруо ди саныыбын. Кини сүрдээх көхтөөх. Бу сайын Туваҕа буолуохтаах Арассыыйа ойууннарын сугулааныгар кинини уонна саха ойууттарын кэтэһэбин. Биһиги сорукпут – дьоммутугар-сэргэбитигэр уонна айылҕабытыгар көмөлөһүү. Ордук маннык дьаҥ бүрүүкээбит кэмигэр норуоппутун кытары бииргэ буоларбыт хайаан да наада. Өскөтүн күүстээх ойууттар ыарыы тарҕаныан иннинэ үлэлэспиттэрэ буоллар, бу ыарыы маннык бас-баттах тарҕаныа суох этэ. Былыр-былыргыттан ойууттар чумаа эҥин курдук ыарыылары эмтииллэрэ, кыайаллара, дойдуларыттан кыйдыыллара. Онон, билиҥҥи быыһык кэмҥэ, хас биирдии ойуун олорор сиринэн сиэри-туому ыытан бар дьонун харыстыахтаах.

Мин кулун тутар 21 күнүгэр, сарсыарда 6 чааска, Туваҕа Арассыыйа ойууттарыгар хоруона хамсыгын утары сиэри-туому ыытыаҕыҥ диэн ыҥырыы таһаарбытым. Бары күүспүтүн холбоотохпутуна, бу дьаҥы кыайыах тустаахпыт. Саха сириттэн биир да айылҕалаах, ойуун куттаах киһи биллибэтэҕэ. Ол иһин, билигин эрэнэрим – Лэгэн Лэгэнтэйгэ. Ойууттар бэйэ дьонугар көмөлөһүөхтээхтэр диэн хатылаан этэбин.

Туваҕа ойууннааһын билигин да баар. Оттон сорохторго ойууннааһыны төрдүттэн суох оҥорбуттара. Ол оннугар араас итэҕэл тэнийдэ. Холобур, буддизм. Дьэ, бу религия ойууннааһыны кыайан көрдүн эрэ. Саарбахтыыбын. Тоҕо диэтэххэ, ити религияларга айылҕа күүһэ диэн суох. Оттон ойууннааһыҥҥа төрүттэрбит, иччилэрбит, айыыларбыт нөҥүө ити айылҕа күүһүн туһанар толору кыах баар.

Сахалар биһиэхэ уруулуу омуктар. Тылбыт кытары майгынныыр. Мин санаабар, сахалар хоту көһөллөрүгэр Туваттан арахсыбыттар.

Саҥа Дьыл саҕана Дьокуускайга сылдьарбар Сардаана Авксеньтеваны кытары көрсүбүтүм. Кини – үчүгэй кыыс. Миэхэ хомустуу турар кыыс статуэткатын бэлэхтээбитэ. Мин ону илиибэр туттум да, Саха сирин туһунан сырдык, сылаас өйдөбүллэр көтөн түһэллэр.

18680

Биэс уон кыраадыска тиийэр тоһуттар тымныылаах икки эрэ сир баар – Саха сирэ уонна Тува. Биһиэхэ эмиэ 50-60 кыраадыска тиийэ тымныйар, ол эрээри биһиэхэ ортотунан 40-ҥа тутуллар. Билигин сарсыарда 20 кыраадыс тымныы. Оттон сайыммыт эмиэ эһиэхэ курдук куйааһырар. Биһиэхэ эмиэ олус кэрэ, ытык сирдэр бааллар. Ону саха дьоно кэлэн көрүөн наада. Миигин Сардаана ыһыахха ыҥырбыта.

-- Ыҥырыытын ылынныҥ дуо?

-- Биллэн турар, хайаан да кэлиэҕим.

-- Дьокуускайга ханна сырыттыҥ?

-- Сэлии түмэлигэр уонна Үрдүкү Суукка.

-- Бай, Үрдүкү Суукка дуо?... Онно хайыы?

-- Москубаҕа сатыы туруммут Габышев ойуун дьыалатынан.

-- Дуо... Эн кини туһунан туох санаалааххын?

-- Мин санаабар, кини олох дьол суох киһи... Кинини дьон туһанар эрэ. Киниэхэ биир хостоох кыбартыыра, ас-үөл наада...

-- Кинилиин көрсүбүтүҥ дуо?

-- Көрсөн. Тута кини дьоло суох киһи диэн өйдөөбүтүм. Ол иһин мин кини туһугар долгуйабын.

-- Эн тоҕо чуолаан Лэгэн Лэгэнтэйи таллыҥ?

-- Тоҕо диэтэргин, миэхэ иччилэрим, төрүттэрим сүбэлээбиттэрэ, салайбыттара. Мин киниэхэ эрэнэбин... Билигин кини хас биирдии улууска көмөлөһөөччүлэрин аныан наада. Олору үлэлэтиэхтээх. Күүскэ. Мин ыҥырыыбар ким да кыттыспатаҕын эттим дии... Ити олус хомолтолоох.

-- Оттон билигин да ол сиэри-туому ыытар өссө да хойут буолбатах ини?

-- Кулун тутар 21 күнүгэр күн-түүн сааскы тэҥнэһиитэ буолбута. Аны маннык күн аны сайын биирдэ – бэс ыйын 22 күнүгэр тосхойор. Оттон билигин да хойут буолбатах. Көмөлөһүөхтээх. Онон хас биирдии ойуун бу ыарыыны утары сиэри-туому толоруохтаах. Саха ойууттара хас биирдии нэһилиэккэ, куоракка бу ыар ыарыыны утаран үлэлэһэллэрэ наада. Оччоҕо ыарыыны кыайыахпыт.

-- Ытыктабыллааах Кара-оол Тюлюшевич, эн саха, тувин дьонугар, дойдубут хас биирдии олохтооҕор тугу тиэрдиэҥ этэний? Дьон куттанар ээ...

-- Хас биирдии киһиэхэ бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥут доруобуйатын харыстана сылдьыҥ диэн сүбэлиибин. Чэнчис буолуохха наада. Дойдубут бырабыыталыстыбата дьиэҕэ хаайан сөптөөх миэрэни ыытар. Ону туорайдаһымаҥ, дьиэҕэ олоро түһүҥ.

Ойууттарга туһаайан этэбин: сиэри-туому толоруҥ. Саха дьонугар уонна хас биирдиибитигэр кытаанах доруобуйаны баҕарабын, хоруона ыарыыта тумнан аастын. Кыйданнын, сүттүн...

Бу ыарыы итии дойдулартан кэлбитэ. Соҕурууттан. Тибеттэн, Индияттан, Таиландтан, Кытайтан... Туристар тоҕуоруһар сирдэриттэн. Бу бэйэтэ уратылардаах дойдулар.

Арассыыйаҕа да ыраас, сырдык дойдулар бааллар. Саха сиригэр, Алтаайга, Туваҕа. Тымныы кыһыннаах дойдулар куруук ыраас буолаллар. Араас вирус, микроб өлөр. Ол иһин сайынын ити дойдуларга ыраас, чэбдик буолар. Ол эрээри, дьон тоҕо эрэ итии дойдуларга талаһар дии. Мартышкалар дойдуларыгар. Эбисийээнэ диэн кижи бүрүс, киһиэхэ майгыныыр абааһылар. Оттон коронавирус онтон кэлбитэ, били Кара Бүрүс (хара абааһы) курдук...

Мин алталаах оҕо эрдэхпинэ эбэм маннык ыарыы кэлиэ диэн сэрэппитэ. Кини Кара Бүрүс кэлэригэр мин 70-чалаах буоларбын түүйбүтэ. Дьикти буолбатах дуо? Эбэм улуу ойууттар эрэ туруннахтарына кыайыахтара диэн эппитэ. Онон сиэри-туому оҥоруохха наада...

Билигин ойууннааһыны атын религиялар курдук билинэр уолдьаста. Онуоха дойду Төрүт сокуонугар уларытыылары киллэриэхпитин наада.

-- Ол аата ойууннааһын түмэр күүстээх буолуохтаах дуо?

-- Оннук. Ойууннааһыҥҥа түмсүү, айыы, оҥоруу баар буолуохтаах. Билигин учуонайдар ойуун күүһүн туһунан тугу да билбэттэр. Умна да быһыытыйдылар. Үөрэтэ, чинчийэ да сатаабаттар. Оттон хаспахха дьиэлэнэр өбүгэлэрбит тоҥон өлүмээри уоту ыларга үөрэммиттэрэ, оттон ыарыыттан харыстанарга дүҥүрү айбыттара. Дүҥүр - уоту кытары эт саастыы. Оччоттон-баччаҕа диэри сир үрдүнэн дүҥүрдэнэн ыарыыны кытары бохсубуттара. Ойууннааһын көмөтүнэн икки атахтаах билиҥҥээҥи диэри тыыннаах ордон кэлбитэ... Ол иһин биһиги ойууннааһыҥҥа махтаныах эрэ тустаахпыт уонна билиҥҥи ыарахан кэмҥэ ойуун күүһүгэр итэҕэйиэхтээхпит. Ойуннааһыны чинчийиэхтээхпит. Религиоведтар диэннэр бааллар, оттон шамановед диэн суох. Ити олус хомолтолоох.

-- Эн биир дойдулааҕыҥ Сергей Шойгу ойууннааһыны итэҕэйэр дуо?

-- Биллэн турар! Кини айылҕаттан бэриллибит ураты күүстээх. Бэйэтэ да айылҕаны кытары алтыһарын олус сөбүлүүр. Түҥ былыргыны сэҥээрэр. Географияны үчүгэйдик билэр. Нуучча географическэй уопсастыбатын салайар. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Ленинградтан Александр Даничлович Грач диэн археолог тэрийбит эспэдииссийэтигэр бииргэ сылдьыбыппыт. Хаһыыларга көмөлөспүппүт...

-- Ол аата, Сергей Кужугетович төрөөбүт дойдутун, норуотун кытары ситимин быспат буоллаҕа?

-- Кини Тува сайдыытыгар сүрдээҕин көмөлөһөр. Сибээһин куруук тута сылдьар. Манна кэлэн сынньанан, күүс-уох ылан барар. Кини ойууннааһыны сөбүлүүр, ылынар, ол иһин күүстээх. Кини бөҕө-таҕы, күүстээх уонна өйдөөх киһи. Ол иһин айыыһыттара араҥаччылыыллар, иччилэрэ харыстыыллар. Былыргы Туваҕа икки полководец баара. Бастакыта – Хүн (Тува) дойдутуттан сыдьааннаах Атилла. Кини Римскэй империяны суулларбыта. Иккиһэ – Сүбэдэй. Чыҥыс Хаан доҕоро уонна биир санаалааҕа, Улуу Монгол Империятын төрүттэспит киһи. Биһиги буойуттарбыт олус хорсун дьон быһыытынан аан дойду устуоруйатыгар кирбиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго ойууннааһын эрэ баара.

-- Сэргэх кэпсээниҥ иһин барҕа махтал, ытыктабыллаах Кара-оол Тюлюшевич!

-- Дьоллоох буол!

Ааптар бу матырыйаал бэлэмнэнэригэр күүс-көмө буолбут Андрей Монгушка махталын биллэрэр.

Источник: http://www.v-yakutia.ru/?id=47303

Бүтэһик сонуннар