Валентина Саввична Саввина-Оһуордаах, “СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара”, иистэнньэҥ. 2000 сылтан араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан, ситиһиитэ элбэх.
– Валентина Саввична, төрүттэргиттэн саҕалыах эрэ.
– Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар 1961 сыллаахха ыам ыйын бүтүүтэ Савва Михайлович уонна Лукерья Дмитриевна Левиннэр дьиэ кэргэннэригэр 7-с оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам тутууга, ийэм сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбиттэрэ, сэрии кэмин оҕолоро этилэр. Онон оччотооҕу аас-туор олоҕу эттэринэн-хааннарынан билбит дьон. Аҕабыт сэрии бүтэһик сылларыгар ыҥырыллан, Япония сэриитин кыттыылааҕа этэ.
– Билиҥҥэ диэри хайдах эрэ ураты сэмэй көрүҥнээххин дии.
– Оҕо эрдэхпиттэн төрөппүттэрим, үөрэппит учууталларым оҕоттон эрэ ураты симикпин, көрсүөбүн бэлиэтииллэрэ. Дьиэ оҕото этим, онон өрүү уруһуйдаан тахсарбын өйдүүбүн. Ийэм хотонугар, аҕам үлэтигэр, убайдарым оскуолаҕа сылдьар кэмнэригэр соҕотох олорон тугу гыныамый? Дьоммун кэтэһэ таарыйа түннүгүнэн киинэ экранын курдук, ону-маны көрөн кыҥастаһарым. Кыһынын түннүк мууһурбут кырыатын дьиктиргээн көрөрүм... Санаабар баараҕай тииттэр, сулустар, ойуур иһигэр барыта баарга дылыта... Ону өссө үтүгүннэрэн ойуулуу сатыырым. Ол ойуур быыһыгар Хаарчаана, Моруос оҕонньор баалларын курдук уобарастаан көрөрүм.
– Хаһааҥҥыттан кэрэни кэрэхсии көрөр буолбуккунуй?
– Оччолорго тапталлаах эдьиийим ыарахан ыарыыга ылларан сытара. Ама кэмигэр аргыый киҥинэйэн ыллыы-ыллыы быысабайдыыра, иистэнэрэ. Мин кини аттыгар олороммун, баттах курдук өрүллүбүт өҥнөөх саптарынан, таҥас кырадаһыннарынан оонньуурум. Иистэнэрин, оһуор анньарын сэҥээрэ көрөрүм. Соҕотох куукулабар таҥас тикпитэ буоларым. Эдьиийим 19 сааһыгар айылҕа силигилээн турар кэмигэр күн сириттэн күрэммитэ.
Кэлин кини ситэрбэтэх ойууларын көрөммүн ситэриэх, салгыах баҕам күүһүрбүтэ. 1968 сыллаахха оскуола боруогун атыллаабытым. Алын кылаастарга уруһуй, үлэ уруоктарын ордук сөбүлүүрүм. Иис ньымаларыгар, ас астааһыҥҥа аан бастаан Л.А. Маркова, В.И. Левина, Т.Н. Маркова үөрэппиттэрэ. Бу инникитин ыал ийэлэрэ буолуохтаах улаатан эрэр кыргыттарга олус туһалааҕа. Ким эрэ баайыынан, быысапканан, ас астааһынынан үлүһүйбүтэ.
– “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээн, бука өссө сайыннаҕыҥ буолуо.
– Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр эркин хаһыатыгар суруксуттуурум, уруһуйдуурум. 1980 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа туттарсан киирбитим, ол эрэн үөрэххэ киирбэккэбин “Сардаана” фабрикаҕа сувенирнай сыахха үлэҕэ киирбитим. Дириэктэринэн Р.И. Захаров, сыах маастарынан В.И. Сибирякова, биригэдьииринэн И.Г. Кузьмина үлэлииллэр этэ.
Бу кэмҥэ Москваҕа Олимпийскай оонньуулар буола туралларынан, олимпиада талисмана эһэкээннээх сувенирдары оҥорбуппут. Кылаабынай худуоһунньуктар Юрий Спиридонов, кэлин Александр Гоголев эскизтэринэн араас түүлээхтэн паннолары, көбүөрдэри, суумкалары, куукулалары оҥортообуппут. Сувенирнай сыах “Ньургуһун” диэн ыччат-комсомольскай биригээдэтигэр 20-чэ эдэркээн кыргыттар үлэлээбиппит. Күргүөмнээх үлэ, тэбэнэттээх эдэр саас барыта баара. Ыйдааҕы, сыллааҕы былааннары толоруу күүскэ ирдэнэрэ. Идэбин сөбүлээн, үлүһүйэн туран үлэлиирим. Фабрикаҕа эдэр ыччат элбэх этэ. 1983 сыл сайыныгар ыччаттар “Өлүөнэ остуолбаларыгар” уста барбыппыт.
– Дьэ, онно сылдьан олоҕуҥ аргыһын көрүстүҥ?
– Ол айаҥҥа сылдьан Чурапчыттан төрүттээх токарнай-косторезнай сыахха үлэлиир Егор Саввин диэн уолу кытары билсиһэн, 1984 сыллаахха ыал буолбуппут. Кини художественнай училищены бүтэрэн баран, миигин кытары биир сыл үлэҕэ киирбит этэ. Онтон аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан сулууспалаан кэлбитэ. Ол сыл бүтүүтэ уол оҕоломмуппут, Сарыал диэн сахалыы ааттаабыппыт. Икки сылынан кыыспыт Саргылаана төрөөбүтэ.
– Ханна үөрэнэн идэ ылбыккыный? Иистэргин көрөн сөҕө олоробун. Дьэ, “тарбаҕын быыһыгар иннэ кыбыллыбыт” диэн эн курдуктары этэн эрдэхтэрэ.
– Мин кэлин Дьокуускайдааҕы художественнай училище иһинэн тэриллибит Р.Н. Бурцева айар мастарыскыайыгар 1 сыллаах кууруска үөрэнэн, иистэнньэҥ-маастар идэтин ылбытым. Дьэ онтон ылата сакааска тигэр буолбутум. 1990 сыллаахха “Сардаана” кылаабынай худуоһунньугунан Е.И. Заболоцкая үлэлээбитэ. Кини эскизтэринэн сакааһынан саха таҥаһын тигэрбит.
Бастакы бэрэсидьиэммитигэр М.Е. Николаевка, онтон В.А. Штыровка сахалыы хомуһуол сон, дьабака бэргэһэ тикпиппит. үлэм быыһыгар быыстапкаҕа анаан “Далбар Хотун” диэн мааныга кэтэр дьахтар кыһыҥҥы кэмпилиэгин толкуйдааммын, сакааһынан күн бүгүҥҥэ диэри тигэбин. Саха Далбар хотунугар К.И. Максимова-Сайыынаҕа анаан сахалыы толору таҥас тикпиппит. Ол курдук саха ыалын олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр Валентина, Василий Атласовтарга, биллэр асчыт И. Тарбаховка, А. Акимовка, М. Евсеевкэ, театр артыыстарыгар о.д.а. бас-көс дьоҥҥо сахалыы таҥастары тикпиппит.
– Айар куттаах дьиэ кэргэҥҥит. Утум салҕанар.
– 2000 сылтан “Симэх” норуот маастардарын түмэр киин тэрийэр быыстапкаларыгар хаста да кыттаммын, 2003 сыллаахха “Сө норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара” ааты иҥэрбиттэрэ. 2011 сыллаахха “Саҥа үйэ дьэрэкээннэрэ” үбүлүөйдээх быыстапкабын Е. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга туруорбутум. Кэргэним Егор Петрович “Сардаана” фабрикаҕа үлэлиир кэмигэр сыах биригэдьииринэн, айар лабораторияҕа худуоһунньугунан айымньылаахтык үлэлээн, араас таһымнаах быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттан, “Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга” ааты ылары ситиспитэ.үлэтиттэн уурайыар диэри саҥа үөрэҕи бүтэрэн кэлбит эдэр үлэһиттэргэ настаабынньык быһыытынан үлэлээбитэ.
Үлэлиир кэммитигэр кооперативка киирэн, 3 хостоох дьиэлэммиппит. Онон үйэ чиэппэрэ үлэлээбит “Сардаана” фабрикатын тэрилтэтигэр махталбыт улахан. Оҕолорбут иккиэн Дьокуускайдааҕы П. Романов аатынан художественнай училищеҕа үөрэнэн, уолбут Сарыал аҕатын утумнаан муосчут идэтин талбыта, кыыспыт Саргылана ювелир идэлээх. Онон утум салҕанар. Аҕабыт уолун кытары бииргэ үлэлииллэр. Сайынын түһүлгэлэргэ, тутууларга, кыһынын мууска үлэлииллэр. Муус оҥоһуктарга Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэр кыттыылаахтара, хас да төгүллээх кыайыылаахтара. Москва, Санкт-Петербург, Финляндия, Америка Аляска штатыгар муус күрэхтэр кыттааччылара. Ааспыт сайын Сунтаар түһүлгэтигэр үлэлэспиттэрэ.
– Сүрүннээн тугунан иистэнэҕиний? Кытайдар оҥоһуктарын хайдах дии саныыгын?
– Билигин дьиэбэр олорон иистэнэбин. Оҕуруоттан оҥоһуктары, симэхтэри, киэргэллэри, тирииттэн, сарыыттан оҕуруолаах сэлиэччиктэри, дьахтар кыһыҥҥы үтүлүктээх, суумкалаах, бэргэһэлээх кэмпилиэктэрин, билэлэри тигэбин. Сахалыы эр киһи, дьахтар таҥаһын тигэн, ситэрэр, ат толору симэҕин тигэр баҕалаахпын. Ону тигэргэ биллэн турар элбэх матырыйаал ирдэнэр. үчүгэй фарфор таас оҕуруону, сукунаны, тириини эбэтэр сарыыны туттаҕын.
Билигин ырыынакка Кытай оҥорор табаара дэлэйдэ. Сахалыы моһуоннаах саппыкы, этэрбэс тигэллэр, тимиртэн симэхтэри оҥороллор. Мин санаабар нэһилиэнньэ атыылаһарыгар, ол эмиэ наада курдук. Дьон сыанатыттан көрөн бэйэтигэр сөптөөҕү талан атыылаһар. Ол эрэн, үрдүк хаачыстыбалаах оҥоһуктары сахабыт уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ, уустара уонна олохтоох табаары оҥорор тэрилтэлэрбит таһаараллар.
– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
– Иллэҥ кэммэр бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэрбин кытары “Арыллыы” ансаамбылга иккис сылбытын ырыаҕа, үҥкүүгэ, фольклорга дьарыктанабыт. Ырыаҕа салайааччыбыт СӨ Ыччат бэлиитикэтин туйгуна Байаана Дагдай, фольклорга Наталия Сивцева, үҥкүүгэ Саргылаана Алексеева дьарыктыыллар.
Ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ бэйэбит кыахпытынан араас куонкурустарга кыттаммыт ситиһиилэрдээхпит. Алтынньы ый 5 күнүттэн саҕаламмыт Саха НКИХ “Үҥкүүлээ” саҥа бырайыагар кыттаммыт, көрөөччүлэр куоластааһыннарынан иккис түһүмэххэ аастыбыт. 2000 сылтан кыралаан ахтыылары, хоһуйуулары суруйаммын “Эркээйи” хаһыакка, “Сэрии оҕолоро” кинигэҕэ бэчээттэммиттэрэ. “Айар Кут” сойуус чилиэнэбин (сал. В.И. Никифоров). өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан хоһоон айааччылар уонна суруйааччылар 30 киһилээх бөлөхтөрө араас тэрээһиннэргэ, көрсүһүүлэргэ көхтөөхтүк кыттабыт.
Түмүкпэр, “Кэрэҕэ, сырдыкка талаһа, үтүөҕэ үрдүккэ дьулуһа туруҥ!” диэн ыччакка анаан баҕа санаабын этэбин.
Сардаана БАГЫНАНОВА