“Саха" НКИХ тэлэбиидэнньэтин суруналыыһа, «Саҥа күн» биэрии кэрэспэдьиэнэ, күннэтэ тэлэбиисэринэн көрөр кырасыабай кыыспыт Карина СЕМЕНОВА.
– Карина, кэрэ буолуу кистэлэҥэ…
– …киһи настарыанньатыгар. Үөрэ-көтө сылдьар киһи сырдаан, тупсан, кэрэтийэн көстөр. Ол иһин мин сарсыарда мичээрдээбитинэн уһуктарга, киэһэ күннээҕи соруктарбын ситиспиппиттэн үөрэн утуйарга кыһаллабын.
– Бэйэҕин кырасыабайбын диэн билинэҕин дуо?
– Улаатар сааспар мөкү дьүһүннээхпин дии саныырым: «Чорбоҕор уостаахпын, кыараҕас харахтаахпын, хонтоҕор муруннаахпын». Билигин хайдах баарбынан ылынабын. Уопсайынан, киһи бэйэтин таптыахтаах. Этэргэ дылы, «Полюби себя и тебя полюбит весь мир».
– Холобур оҥостор кэрэ куоҥ?
– Одри Хепберн. Кини тас көстүүтүнэн эрэ буолбакка, ис санаата кэрэтин алтыспыт дьоно бары ахталлар. Төһө да шоу-бизнес курдук дьалхааннаах эйгэҕэ сырыттар, оҕолуу ыраас, кэнэн, сырдык санаатын сүтэрбэтэҕин сөҕөбүн. Одри туһунан кинигэлэри ааҕабын, мунньабын. Кумирым буолар. Кини курдук, бары өттүнэн кэрэ буоларга дьулуһабын.
– Коко Шанель: «Не бывает некрасивых женщин, бывают ленивые», – диэн эппитэ.
– Ити этиини кытта сөпсөһөбүн. Кэрэ көстүү эмиэ сыраттан кэлэр. Сүрэҕэлдьээбэккэ, спорт саалатыгар сылдьыахха, быһыыны-таһааны көрүнүөххэ, ханнык да түгэҥҥэ ыһыктыммакка, най барбакка, бэйэ бодотун тардына, оҥосто сылдьыахха наада. Мин «Саҥа күҥҥэ» таһаарааччы эрэдээктэр эрдэхпинэ, сарсыарда аайы 4 аҥаартан үлэлиирим. Дьэ, онно даҕаны баттахпын эринэн кэлэрим, үчүгэйдик көстөр туһуттан.
– Маладьыаскын дии. Оттон бэйэҥ спорт саалатыгар сылдьаҕын дуо?
– Үлэм таһынан киэһэтин «Endorphin» фитнес кулуубугар тренердиибин. «Зумбаны» ыытабын.
Спорка оҕо сааспыттан сыстаҕаспын. Чыаппара орто оскуолатыгар үөрэммитим, онно «Алаҕаркаан» көрдөрүүлээх ансаамбылга (сал. О.Е. Баишева) үҥкүүлүүрүм. 2006 сыллаахха Чурапчыга бастакынан, атын улуустартан урутаан, аэробика сонун сүүрээнэ кэлбитэ. Уһуйааччы М.И Ноева этэ. “Алаҕаркааннар” киниэхэ баран, хаамыыларын, хамсаныыларын үөрэппиппит.
Аэробикаҕа бастаан ХИФУ, онтон бүтэрэн баран, Дьокуускай куорат сүүмэрдэммит хамаандаларыгар киирсэн, Саха сирин норуоттарын икки Спартакиадатыгар I миэстэни ылбыппыт.
– Олох спортсменка эбиккин дии. Спортивнай хатарыллыыҥ майгыгар сабыдыаллаатаҕа буолуо.
– Кыайыыга дьулуурдаахпын, соругу ситиһэн баран тэйэбин. Холобура, ХИФУ-га үөрэммитим тухары устудьуоннар тутар этэрээттэригэр сылдьыбытым, хамандыырдаабытым, комиссардаабытым. Филологическай факультетым кыргыттарын “Боотур” этэрээтин салайарым. Дьэ, онно 4 сылы быһа олох туруулаһан туран, кытаанахтык киирсэн, кыһаллан үлэлээн, I миэстэ буолары ситиспиппит. "СӨ бастыҥ хамандыыра" ааты ылбытым, Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин үрдүкү наҕараадатын – «За активную работу в студенческих отрядах» бочуоттаах бэлиэни туппутум.
Устудьуон сылларым, уопсайынан, чаҕылхайдык ааспыттара. Кыһын ФЛФ идэлээх сойууһугар (ПОС) сылдьарым, сайынын дойдубар барбакка, бастаан үөрэхпинэн практикаланарым, онтон тутар этэрээккэ үлэлиирим. Ол курдук, Чурапчы Мугудайыгар трибуна оҥорон, Маҕан бөһүөлэгэр тупсарыы, өрөмүөн үлэтин ыытан, Камчаткаҕа балык собуотугар үлэлээн -- наһаа да үчүгэй кэмнэр этэ. Лааҕырга сылдьар курдугум. Киэһэ аайы оонньуу-көр, кутаа тула гитаранан ырыа...
– Эдэр саас романтикатын толору билбиккин. Эн суруналыыстыка салаатын бүтэрбитиҥ дии?
– Мин идэбин оҕо сылдьан талбытым. Ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, оскуолабыт организатора О.Г. Решетникова эдэр кэрэспэдьиэннэр “Алаҕар” постарын тэрийбитэ. Онно киирээппин кытта, “Юнкоры – рыцари пера” өрөспүүбүлүкэтээҕи феститвальга күрэхтэһэ барбыппыт. Дьэ, онно тиийэн, хараҕым аһыллыбыта: оҕолор чаҕылхайдарын, саҥаран-иҥэрэн сытыыларын, бэркэ суруйалларын сөхпүтүм. Ити тэрээһинтэн кэлэн баран, “Кэскил” хаһыакка ситиммин быспакка суруйан саҕалаабытым. Бастаан кыракый заметкаттан саҕалаан, кэлин проблеманы туруорар корреспонденциялары кытта суруйар буолбутум. Ол иһин 2010 сыллаахха “Кэскил” редакцията миэхэ “Сыл бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэнэ” ааты иҥэрбитэ, нетбугунан наҕараадалаабыта. Онтон кынаттанан, сыал-сорук туруорунан, эрдэттэн бэлэмнэнэн, 2012 сыллаахха суруналыыстыка салаатыгар киирбитим.
Үөрэнэр сылларбар “Саха” НКИХ ханаалыгар үлэлэһэрим. Ол иһин “Саҥа күн” биэриигэ таһаарааччы эрэдээктэринэн тута ылбыттара. Онтон эһиилигэр Петр Кулаковскайдыын ыытар буолбутум, билигин кэрэспэдьиэннии сылдьабын.
– Сарсыардааҥҥы эфир үлэһитэ эрдэ үлэлээн бүтэриҥ буолуо.
– Оннук. Ол иһин фитнес-кулуупка үлэлиибин. Тэҥинэн саха литературатын магистратуратын 2018 с. үөрэнэн бүтэрбитим. Оскуолаҕа сылдьан саха суруйааччыларын айымньыларын барытын кэриэтэ аахпытым. Эбээм Мария Михайловна Лыткина, “Сааскы кэм” Даарыйа эмээхсинин курдук, хомоҕой тыллаах, этэргэ дылы, өс хоһоонунан, сомоҕо домохторунан, бэргэн этиилэринэн, тэҥнэбиллэринэн саҥарар. Ону истэ улааппыт буоламмын, киһиргээбэккэ эттэххэ, баай тыллаах этим. Ол эрээри кэлин нууччалыы суруйарым, саҥарарым элбээн, санаабар, тылым саппааһа аччаабыт, тутахсыйбыт курдук...
– Кинигэни төһө ааҕаҕыҥ?
– Аан дойду биллиилээх дьахталларын олохторун туһунан сөбүлээн ааҕабын. “Мотивационнай” дэнэр кинигэлэри соччо сэҥээрбэппин, барыта биир баҕайы курдуктар, арай Катерина Ленгольд “Просто космос” сөбүлээбитим. Халед Хоссейни “Бегущие за ветром” романа элбэҕи толкуйдаппыта.
Уус-уран айымньылар духуобунай эйгэбин байыталлар. Оттон үтүө дьоннуун алтыһан, кинилэр үчүгэй өрүттэрин бэйэбэр ылынан, майгыбын иитэбин. Саныыбын ээ, оскуолаҕа сылдьан, олимпиадаларга, НПК-ларга, куонкурустарга кыттыбатаҕым, үҥкүүнэн үлүһүйбэтэҕим, хаһыаттыын доҕордоспотоҕум, актыбыыс оҕолордуун алтыспатаҕым буоллар, баҕар, мин билигин бэйэбэр бүгэн баран сылдьар, атыттары ордугурҕуу ыарахан майгылаах киһи буолуом этэ. Уопсастыба, үлэ-үөрэх, араас тэрээһиннэр киһини сайдам-сайаҕас оҥороллор эбит.
– Оттон билиҥҥи ыччат, эн санааҕар, хайдаҕый?
– Сонумсах соҕуспут. Туох эрэ саҥа муода кэллэ, онон үлүһүйэбит. Онуоха социальнай ситимнэр сабыдыаллара улахан.
– Инстаграмҥа страницаҕын көрдөххө, арай, күн солото суох курдуккун: күн аайы тэлэбиидэнньэҕэ түбүгүрүү, киэһэ ахсын фитнескэ эрчиллии, ол быыһыгар бэргэһэ өрөн атыылыыгын, о.д.а... Хайдах барытын ситиһэҕин?
– Олох наһаа ситиһиилээх киһи уобараһа тахсан кэлэр эбит дии. Бэйэм оннук дии санаабаппын. Тугу гыныахтаахпын күн аайы блокнокка сурунан былаанныыбын. Итинник үөрүйэх устудьуон сыллартан баар. Уонна ол соруктары толорорго кыһаллабын. Мээнэ олордоххо, бириэмэ туохха да тиийбэт буолар. Оттон сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сырыттахха, элбэҕи ситиһэҕин.
Анисия Иевлева.