Дьиҥэ, Семеновтар курдук олохтоох, элбэх оҕолоох ыал баар бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри бу ыал олохторун үөрүүлээх да, санаа түһүүлээх да түгэннэрин киһи эрэ истэ олоруон курдук, сэргэхтик, аһаҕастык, хом санаата суох кэпсииллэр. Быыһыгар көрдөөх да түгэннээхтэр.
Данута уонна Василий Семеновтар 2011 сыллаахха билсиһэн ыал буолбуттара. Холбоһоллоругар Василий -- үс, Данута икки оҕолоохторо. Сыл буолан баран тапталларын туоһута кыыс оҕо төрөөбүтэ. Икки сыллааҕыта сиэн балтыларын эпиэкэҕэ ылан, Семеновтар билигин сэттэ оҕолоох ыал аатын сүгэллэр. Ыал аҕа баһылыга Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтигэр баһаарынайынан үлэлээбитэ 25 сыл буолла. Ийэлэрэ дьиэтин көрөн-истэн олорор.Салгыы Данута суруйуутун ааҕыҥ. Икки өттүттэн элбэх оҕолоох дьон холбоһоллоругар маҥнай туох ыарахаттары көрсүбүттэрий?
Билсиһии
Васябыныын аан маҥнай 2011 сыллаахха билсибиппит. Аал уоту оттон, алаһа дьиэни тэринэн бииргэ олорбуппут быйыл тоҕус сыла. Маҥнайгы билсиһиибит кыра көрүдьүөстээх. Ону кэпсиим.
Ол саҕана «печка» муода буола сылдьыбыта. Өйдүүгүт? Биир үтүө күн дьүөгэлэрим хаайаннар:«Соҕотох сылдьыаҥ дуо? Киирэҥҥин билсис. Дьэ, онно дьээдьэ бөҕө баар», -- диэтилэр. Киһи тылыттан тахсыбат буолан«чэ, киллэриҥ» диэтим. Маҥнай мин ааппыттан дьүөгэлэрим сурустулар. Кэлин хайдах эрэ интэриэһиргээн бардым. Ол курдук, Васябын кытта билистим. Киһим«привет, красотка!» диэн суруйбута. Өссө эбиитин «у вас такие красивые глаза» диэннээх. Маҥнай хаартыскатын көрөөт, «тыый, доҕоор, саастаах баҕайы киһи быһыылаах» дии санаатым. Нуорка бэргэһэтин кэтэн олорор хаартыскатын туруорбут. Бэйэтэ сиэлпилээн түспүт. Сирэйэ мэлтэйэн олорор. Дьүөгэлэрим көрөн баран «уа-ай, наһаа ынырык киһи дии» диэтилэр. Мин, төттөрүтүн, судургу майгылаах, боростуой киһи быһыылаах диэн испэр киллэрдим. Судургу баҕайытык кэпсэтэн-ипсэтэн, билсэн-көрсөн бардыбыт.
Маҥнайгы көрсүһүү
Төлөпүөнүнэн икки эрэ нэдиэлэ курдук сурустубут. «Мин икки оҕолоохпун» диэн эрдэ эппитим. Вася үс оҕолооҕун туһунан тыл да быктара илик.
Биир үтүө күн киинэҕэ ыҥырда. Мин аккаастаатым. «Толлобун,оҕо көрөр киһим суох» диэн төрүөт була сатаатым. Ол саҕана миигин кытта Нариянам баара. Баара-суоҕа түөртээх киһи. Улаханым Кирилл тыаҕа олорбута. Киһим:«Буоллун-буоллун, оҕоҕун ылан кэлээр. Хата, мин эмиэ үс оҕобун илдьэ тиийиэм», – диэтэ. Хараҕым тута кэҥээн хаалла. Туох диэтэ ити аата? Үс оҕобун диэтэ буолбат дуо? Үс оҕолоох эбит даа-а?.. Ити курдук ыйытыы бөҕө төбөбөр кутулла түстэ. Онтон өй ылан, холку соҕус куоласпынан: «Эн үс оҕолооххун дуо?» – диэн аргыый ыйыттым. Онно эрэ кыһаммат, наҕыл баҕайытык: «Аһаа, эппэтэҕим дуо?» – диир өссө.
Ити курдук соһуйан-өмүрэн кэпсэттибит. Сибидээнньэҕэ барар буоллубут. Хара иномарка массыыналаах Вася биһигини ыла кэллэ. Массыынаҕа киирбиппит, үс бытырыыс кырачаан дьон айманан олороллор. Ол курдук аймаммытынан киинэбитигэр айаннаатыбыт. Онтубут ханнык эрэ мультик этэ. Маҥнай көрсөр буоламмыт, бары сирэй-харах кэтэниитэ. Оҕолорбут бэрээдэктээх баҕайытык «здравствуйте», «спасибо», «до свидания» бөҕөлөр. Икки өттүттэн үөрэтии, эрэпэтииссийэ ыытыллыбыта биллэр. Мультик кэннэ массыынанан кыратык хатааһылыы түстүбүт. Оҕолору кытта билистибит, кэпсэттибит.
Бу курдук маҥнайгы билсиһиибит оҕолорбутун кытта ааспыта. Дьиэбэр кэлэн түүнү быһа толкуй бөҕөҕө түстүм. «Хайдах үс оҕолоох соҕотох хаалаахтаабытай? Арай холбоһуохха диэтин. Оччоҕо биэс оҕолоох буолабыт дуо?» --диэн арааһы эргитэ саныы сыттым.
Алаһа дьиэни тэринии
Олунньуттан ыам ыйа буола оҕуста. Вася: «Чэ, сөп буолуо. Эдэр оҕолор курдук хайаан куруук маннык саһа сылдьыахпытый. Малгытын хомунуҥ, биһиэхэ көһөн кэлиҥ. Билигин массыынанан тиийэн ылыам», – диэн эрийэн эттэ. Биһиги соһуйан хааллыбыт. Аргыый аҕай малбытын хомунан бардыбыт. Испэр «бу тугу гына турабыный?» диэн санаталаан ылабын.
Бу курдук ыам ыйыгар соһуччу баҕайы биэс оҕолоох ийэ буола түстүм. Маҥнай, биллэн турар, саҥа ыалга киирэр, сыһыан олохтуур олус уустук этэ. Ону кэлин кэпсиэм. Нарияна кырата өтөн, дьиэтигэр кэлбит курдук киирэн бара турда. Мин кыбыстабын, толлобун. Утуйаары сыттахпына, оҕом аттыбар кэлэн: «Ийээ, манна олоро хаалыахха сөп. Дядя Вася дьиэтэ наһаа үчүгэй», – диэтэ. «Ээ, толкуйдуохпут», – диэтим. Олоҕум тосту уларыйан эрэриттэн эмиэ үөрэр, эмиэ да куттанар курдукпун. Күн-түүн солбуһан, ааһан истэ. Арай өйдөммүтүм, кыыһым нууччалыы эрэ саҥарар буолан хаалбыт. Дядя Васятын олох даҕаны «аҕа-аа» диэн ыҥырар буолбут. Сыл буолаат, кыра кыыспыт, күммүт-ыйбыт Адельбыт төрөөбүтэ.
Онон, дьылҕабыт быата тардан, саҥа ийэ, аҕа буола түстүбүт.
Оҕолору кытта сыһыан олохтооһун
Мин кэлэрбэр үрүҥү-хараны араара үөрэммит оҕолор этэ. Ол иһин сыһыан олохтуурга маҥнай утаа ыарахаттары көрсүбүппүт. «Оҕолор миигин ылыныахтара дуо?» диэн бэйэм эмиэ олусдолгуйарым.
***
Валя аҕыс эрэ саастаах кыыс этэ. Олус чуумпу, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, кыра баҕайы куоластаах этэ. Наһаа соҕотохсуйбут көрүҥнээҕэ. Онно холоотоххо, Надялаах Андрей мэниктээн, дьиэни ылан кэбиһэллэрэ.
Валя барахсан ийэтин кэтэһээхтиир эбит. «Ийэм миигин ылыахтаах. Хайаан да кэлиэхтээх», -- диэн малын хомунан баран күнү быһа суумкатын үрдүгэр олороро үһү. Суумкатын ыйы быһа тыыттарбатах, ийэм ыла кэллэҕинэ, ылан барыам диэн. Оҕо барахсан ийэтин төһөлөөх күүппүтэ буолуой? Ийэтэ баарын баар эрээри, биллэ илик. Киһи олоҕо араас. Оҕолорум ийэлэрин туһунан туох да куһаҕаны саҥарбаппын. Иккиэн элбэх саҥата суох дьон буоламмыт эбитэ дуу, Валябыныын тута тапсыбыппыт. Дьиэ үлэтин бииргэ оҥорорбут. «Тетя Дана, а вы у нас навсегда останетесь?» – диэн куруук ыйытара.
Биирдэ күнүс утуйа сыттахпына, дьүөгэтин аҕалбыт этэ. Киирэн иһэн: «Тихо. Там наша мама спит», – диэтэ. Ону истэн олус долгуйбутум. Икки харахпыттан таммах уу сүүрэн түспүтэ. Итинтэн ыла «ийэ» диэн ыҥырар буолбута.
***
Андрюша алталаах уол этэ. Олус мэнигэ, атааҕа. Уһуйааҥҥа «круглосуткаҕа» сылдьара. Өрөбүл киэһэ биэс күннээх таҥаһын бэлэмниирбит. 2011 с. Маҥнайгы кылааска сибэкки дьөрбөлөөх, ийэлээх барбыта. Оҕом үөрбүт да үөрбүт этэ. Сыл-хонук ааһара түргэнин. Бу суруйаары олорон «Андрюша, миигин кытта хайдах билсиспиккин өйдүүгүн дуо?» диэбиппэр «ийээ, өйдөөн бөҕө буоллаҕа» диэтэ. Ол эрээри кыбыстан кэпсээбэтэ. Саамай чугас киһим. «Ийээ, тугу көмөлөһөбүн? Чэй кутабын дуо? Массаас оҥоробун дуо?» -- диэбитинэн сылдьар.
***
Надям 11 саастаах, улаатан эрэр кыыс этэ. Мин иннинэ кини дьиэ хаһаайката буолан, хара маҥнайгыттан тоҥкуруун соҕустук сыһыаннаспыта. Күнүүлээн да ылара.
Биирдэ дьиэ хомуйа сылдьан, сурук булан ыллым. Онно «тетя Дана враг номер 1» диэн суруйбут. Тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, дөйөн ыллым. Тута Васябар сүүрэн тиийэн «көр, кыыһыҥ бу тугу суруйарын» диэтим. Саатар, хат буоламмын,барытын олус чугастык ылынабын. «Икки өттүттэн хас да оҕолоох дьон буоллахпыт. Сыыһа холбостубут дуу?»-- диэн санаталаан ылар да түгэннэрим бааллара. Улаатаркэмэ онуоха буолан туохха да санаата туолбата, төттөрүлүүрэ элбэҕэ. Аҕабыт холку киһи буолан:«Кыратык тулуйа түс. Кэлин орун-оннугар түһүөҕэ», -- диэн уоскутара.Сыл аҥаара оннук олордубут. Ол кэннэ оҕом дьэ улам сыстан, үөрэнэн барбыта. Онтон биир үтүө күн «ийэ» диэн ыҥыран олус да үөрдүбүтэ. Аһыныгас, өйдөөх, аһаҕас оҕо. Надябыт -- номнуо улаханкиһи.
Сэттис оҕо
«Василий үс оҕолоох, эйиэнэ иккиэлэр, хантан сэттис оҕолонон хааллыгыт?» диэн элбэх киһи ыйытар.
Вера ийэтэ – мин тастыҥ эдьиийим. 2011 с. Верабыт ийэтин сүтэрэр. Онтон икки сыл буолан баран, аны аҕалара ыалдьан, өлөн хаалар. Биэс бииргэ төрөөбүт оҕо төгүрүк тулаайах хаалаахтыыллар. Вераны аҕатын өттүнэн аймахтара ылан иитэллэр. Түөрт сыл буолан баран эмискэ «аккаастанабыт» диэн суруйаллар. Төрүөтэ – улаатан, кыайтарбат буолла диэн. Биһиги киһибит, саатар, сытыыта-хотуута, мэнигэ-тэнигэ сүрдээх. Аймахтарга «оҕону 18 сааһыгар диэри салгыы ким ылан иитэрий?» диэн боппуруос турда. Ким да ылабын диэн тылламмата. Эппиэтинэстэн толуннулар. Өйдүөххэ сөп. Ол быыһыгар балтыбытын олус аһынабыт. Хайдах бачча халыҥ аймахтаах, улаатан эрэр оҕо детдомҥа баран олоруой диэн хомойобут. Ылыан баҕалаахтар көһүннүлэр диэтилэр да, эпиэкэ ирдэбилигэр сөп түбэспэттэр диэн буолла. Суруйсар бөлөхпүтүгэр ким эрэ «Дааналаах, эһиги, ылан көрбөккүт дуо?» диэтэ. Испэр санаталыы сылдьыбытым да, куттанан, туох да диэбэт этим. Бэйэлэрэ да элбэх оҕолоохтор, «ылабын» диэн турдахпытына, туох эрэ дии саныахтара диирим. Баҕар, кырдьык, олус уустук майгылаах оҕо буолуо. Аны аҕабыт туох диэй? Чэ, ити курдук, араас санааҕа ылларбытым. Ити быыһыгар Верабын олус аһыммытым. Ийэлээх аҕатын үчүгэйдик билэр этим.
Васябар тиийдим. Тыын ыла-ыла, күөмэй илиттэ-илиттэ Вера туһунан элэ-была тылбын этэн кэпсээтим. Аҕабыт арай:«Почему бы и нет? Алта оҕо дуу, сэттэ оҕо дуу, туох уратылааҕый?» – диэтэ. Итини эрэ истиэм диэн күүппэтэх киһи, үөрүүбүттэн маккыраччы ытаан бардым. Эпиэкэлэр сөбүлэҥ биэрбиттэрин курдук санаатым. Өр да өр докумуон хомуйсан, медосмотр ааһан, «ШПР»-га үөрэнэн көҥүл ылбыппыт. Верабыт биһиги оҕобут буолбута иккис сыла. Барыга-бары көхтөөх, сытыы-хотуу, көрдөөх-нардаах киһи. Биһиги бэйэбитин туох эрэ үтүөнү оҥорбут дьоруойдар курдук санаммаппыт, «оҕо эрэ дьоллоох буоллун» диэн дэбиистээхпит.
«Соҕотох хаалбатаҕым, оҕолордоох этим...»
Василий кэргэниттэн арахсан баран, оҕолорун кытта соҕотоҕун үс сыл олорбут. Андрей үстээх, Валя биэстээх, Надя сэттэлээх эрэ эбиттэр. «Үс кыра оҕолоох соҕотоҕун хайдах олорбуккунуй?» диэн ыйыппыппар маннык кэпсиир:
– Мин соҕотох хаалбатаҕым, оҕолордоох этим, – диир. – Оҕолорум эрэ баар буоланнар, ыһыллан хаалбатаҕым. Холобур ылар киһилэрэ мин эрэ буоллаҕым. Ол иһин үчүгэй аҕа буоларга кыһанан, арыгыбын, табахпын бырахпытым. Иһээччи буолбатах этим эрээри, табаҕы баҕас дьэ бурҕатан тардарым. Ириис хааһы буһарарга үөрэммитим. Мааннай хааһы төрүт сатамматаҕа. Оҕолорум билигин «аҕаа, урукку курдук ириис хааһыта буһар эрэ» дииллэр. Иллэҥ буоллахпына, буһаран бөҕө буоллаҕа. Кыргыттар баттахтарын өрөргө үөрэнэ сатаабытым даҕаны, букатынкыайтарбатаҕа. Сарсыарда уһуйааҥҥа баралларыгар бириэмэ бөҕө барар этэ. Ол иһин кылгас гына лэппэччи кырыйан кэбиспитим. Үһүөн «круглосутка» уһуйааҥҥа сылдьыбыттара. Бэнидиэнньиккэ илдьэн баран бээтинсэҕэ ылар этим. Сороҕор үлэҕэ умса-төннө түһэн, умнан кэбиһэрим. Уһуйаантан эрийдэхтэринэ, «арба даҕаны, оҕолордоох этим дуу?» диэн ыксыы-ыксыы,«Газовиктар бөһүөлэктэригэр» тэбинээччибин. Ол саҕана «круглосутка» уһуйаан онно баара. Иитээччилэр соҕотох аҕа диэн өйдүүллэр-өйүүллэр этэ. Биирдэ даҕаны мөҕүттүбэтэхтэрэ. Үлэбэр сууккалыы бардахпына, бииргэ төрөөбүт убайым, балтыларым, табаарыһым көрсөллөрө. Түгэни туһанан, кинилэргэ улахан махталбын тиэрдэбин. Дьиэ хаһаайкатынан оччолорго сэттэлээх кыыһым Надя буола түспүтэ. Дьиэ иһинээҕи үлэни барытын кини дьаһайара. Иһит сууйуута, таҥас-сап бэрийиитэ, оҕо көрүүтэ кини үрдүнэн барара. Оҕом үлэтин чэпчэтээри, кулун тутар 8 күнүгэр таҥас сууйар аптамаат уонна иһит сууйар массыына ылан бэлэхтээбитим. Кыыһым барахсан олус үөрээхтээбитэ. Кыргыттар оскуолаҕа киирэллэригэр ийэ оруолун толоро балтым барсыбыта. Оттон-мастан тардыһан, чугас дьонум көмөлөһөн, бу курдук үс сыл олорбуппут. Онтон эйиигин көрүстэҕим дии, – диэт, мичилийэн ылар.
Салгыы суруйуум. Маҥнай көһөн кэлэрбэр дьиэлэригэркиһи кута-сүрэ тохтуо суох курдуга.Тып-тап курдук хомуллуулааҕа, иһит сууйуллуулааҕа эрээри, дьахтар суоҕа тута биллэрэ. Быыл сотуллубатаҕа быданнаабыта көстөрө. Сибэккилэр хаппыттар этэ. Ыскааптарыгар аана сабыллыбат буолуор диэри тобус-толору таҥас симиллибит. Кэллэ-кэлээт, дьиэ хомуйдубут. Дьиэ быылын ыраастаабыппытыгар кыргыттар:«Ээ, маннык гыналлар эбит дуу? Биһиги муоста эрэ харбааччыбыт», -- диэхтииллэр. Дьиэни наһаа үчүгэйдик сууйан-сотон кэбистибит. Бэл, кэҥээбиккэ, сырдаабыкка дылы буола түстэ. Аҕабыт кэлэн, бирээмэ, хараҕа саатта:«Дьиэбит маннык сырдык буолар эбит дуу», – диэн күллэртээтэ. Бары остуол тула олорон туох былааннаахпытын, салгыы хайдах олорорбутун кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй иһэн, сыпсырыйан бардыбыт. Оҕолор «дьэ, дьиҥнээх ыал курдук буоллубут» дииллэрэ иһиллибитэ.
***
Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр дииллэр. Бу курдук икки өттүттэн оҕолоох дьон тапталынан, биир сүбэнэн холбоһон, билигин Семеновтар дьиэлэрин иһэ күннэтэ оҕо чуор куолаһынан, хатан күлүүтүнэн туолар. Өрүүтүн да маннык буоллун!
Диана КЛЕПАНДИНА.