Арассыыйаҕа муус устар бастакы өрөбүлэ – Геолог күнэ. Күн бүгүн “АЛРОСА” АХ (ПАО) туох да мөккүөрэ суох, аан дойду үрдүнэн алмаас хостооһунугар – лиидэр. Маннык инники миэстэлэргэ, ол иһигэр түстэнэн үлэлиир эрэгийиэнин иннигэр социальнай эппиэтинэһи толорууга, инники күөҥҥэ сылдьар буолан, сыллата Саха сирин бүддьүөтүгэр өрөспүүбүлүкэ хааһынатын бүтүн үс гыммыт саҕа өлүүскэтин киллэрэр. Күн бүгүн эрэгийиэн социальнай сайдыытыгар сыллата киллэрэр кылаата 10 млрд солк. тэҥнэһэр.
“АЛРОСА” АХ (ПАО) ураты (уникальнай), геолог көрдүүр-чинчийэр холбоһугун үлэлэтэр. Алмаас хампаанньата аан дойду бары хайа хостуур хампаанньаларын ортугар хас эмэ уонунан сыллар тухары инники күөҥҥэ сылдьарыгар, үрдүк кылаастаах идэтийбит дьон, геологтар киллэрэр кылааттара үгүс өттүгэр быһаарар оруоллаах.
Бүгүн биһиги алмаас хампаанньатын кылаабынай геолога Константин Гаранины кытта кэпсэтэбит. Кини бу үлэҕэ ананыан иннинэ МГУ-га геолог устудьуоннары үөрэппит, 12 сыл устата Африкаҕа, Бразилияҕа, Монголияҕа үлэлээбит. Онуоха кини алмаас хостонор дириҥ шахтатыттан саҕалаан, бэл, аһаҕас акыйаантан хостуур үлэҕэ кытта тиийэ сылдьыбыт. Быһата, геология чинчийиитин араас өттүттэн, хас эмэ дойдулар уопуттарыгар көрбүт, үлэлэспит, киэҥ билиилээх, идэтийбит геолог.
Константин Викторович бүгүн биһиэхэ геолог үлэтин бары ымпыгын-чымпыгын билиһиннэрииттэн саҕалаан, АЛРОСА-ҕа чинчийэр-көрдүүр үлэ хайдах быһыылаахтык барарын, Саха сиригэр уонна Африка кэнтиниэнигэр алмааһы хостуур үлэ туох уратылааҕын, элбэх айантан биир ордук өйдөнөн хаалбытын уо.д.а. кэпсээбитин сэргиэххит дии саныыбыт.
Геология – хампаанньа төрүт-төбө суолталаах хайысхата
– АЛРОСА геология хайысхатыгар төһө болҕомтону уурарый ?
– Геология – хампаанньа төрүт-төбө суолталаах хайысхата: хостуур үлэттэн саҕалаан батарыыга тиийэ, алмааһы оҥорон таһаарыы бары түһүмэхтэрин саҕыллар саҕаланыыта буолар. Бастатан туран, алмаастаах сири көрдөөн-чинчийэн, булан биэрэр. Салгыы алмаас баайдаах сири туһаҕа таһаарыыга кыттар, ханнык ньыманан хостооһун табыгастааҕын, барыстааҕын кытта быһаарсар. Маныаха гидрогеология уонна уопсай тарҕаммыт сир баайын туһаҕа таһаарыы үлэтэ сүрүн суолталаах. Геология отделлара алмаас хампаанньатын хас биирдии хайаны байытар кэмбинээтигэр, ону тэҥэ хапытаалынай тутуу управлениетыгар уонна Мииринэйдээҕи массыына суолун салалтатыгар эмиэ бааллар. Биһиги “Якутнипроалмаз” бырайыактыыр институту кытта ыкса үлэлэһэбит, онно үлэлиир биир идэлээхтэрим баайдаах сир хасааһын, баайын эмиэ үөрэтэллэр, инньэ гынан, кинилэр эмиэ сири-уоту уонна онно буолар сүүрээннэри биһигинниин тэҥҥэ үлэлэһэллэр. Бу үлэ барыта геология билимин сүрүн соруга буолар диэххэ сөп. АЛРОСА бөлөҕүн геологтара Арассыыйаҕа ону тэҥэ Африка кэнтиниэнигэр эмиэ үлэлииллэр. Хампаанньа геолог көрдүүр-чинчийэр холбоһуга 2 тыһ. тахса үлэһиттээх. Бу көрдөрүүтүнэн АЛРОСА аан дойду үрдүнэн үлэлиир хайа уруудатын хампаанньаларын ортотугар муҥутуур элбэх геологтаах тэрилтэлэр кэккэлэригэр киирсэр.
– Хампаанньа эһиэхэ туох соругу туруорарый?
– Кылгастык быһаардахха, сир баайын үөрэтиигэ, ону көрдүүр, чинчийэр уонна туһаҕа таһаарар хайысхаҕа сыһыаннаах үлэни толоробут. Онтубут икки чаастан турар – геологоразведка уонна эксплоразведка. Геологоразведка 2 түһүмэхтээх: бастакыта, эрэгийиэннээҕи, ол эбэтэр – сир баайа баар буолуон сөбүн көрдөрөр төрүттэри быһаарар үлэ. Арассыыйаҕа бу үлэни федеральнай бүддьүөт суотугар араас, элбэх ахсааннаах билим уонна оҥорон таһаарыы тэрилтэлэрэ – судаарыстыбаннай тэрилтэлэр – толороллор. Оттон иккис түһүмэх үлэтин – туһалаах сир баайын көрдүүр, баайын сыаналыыр уонна чинчийэр үлэлэри хампаанньа геолог чинчийээччилэрэ оҥороллор. Кинилэр төрүт соруктара – хампаанньа балаансатыгар баар минеральнай саппааһы, туох-ханнык иннинэ алмааһы, улаатыннарыы буолар. Сир баайдаах сири туһаҕа таһаарыыны эксплоразведчиктар уонна ХБК исписэлиистэрэ хааччыйаллар. Тутаах соруктара итинтэн тахсан кэлэр: алмаастаах сири туһаҕа таһаарыы ситиһиилээх буоларын туһугар, сири геология өттүнэн сиһилии чинчийиини хааччыйыах кэриҥнээхтэр. Геология билимин эйгэтин уонна оҥорон таһаарыы хайысхалара балысхан киэҥ. Онон геолог-чинчийэр холбоһугар, анал дьарыктаах тэрилтэлэр, холобур, – минераллары уонна уруудалары үөрэтиини кытта сибээстээх анаарар-ырытар үлэлэри уонна сир баайын саппааһа төһө-хачча буоларын сабаҕалыыр үлэлээх геология билимин чинчийэр тэрилтэлэрэ киирэллэр. Онуоха кинилэр геоинформатика уонна инновация өттүгэр үлэлэһэллэригэр эмиэ туһаайабыт. Хампаанньа эспэдииссийэлэрэ, хос-тэрилтэлэрэ сир баайдаах сири көрдүүллэр, чинчийэллэр. Геологтары уонна геофизиктары сэргэ уустук, анал үлэни толоруунан дьарыктанар идэтийбит дьон – гидрогеологтар, хайа байытааччылара, топографтар – үлэлэһэллэр. Геология анал идэлээхтэрин үлэтэ ситиһиилээх буоларын туһугар хааччыйар уонна өҥө оҥорор блок үлэлэһэр, кинилэр үлэни сөпкө былааннаан уонна ону куттала суох буолуу сөптөөх таһымын туһанан толорорго көмөлөһөллөр. Бүгүҥҥү усулуобуйаҕа бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэр экэнэмиичэскэй туруктарыгар эмиэ улахан болҕомто ууруллар. Билигин геология-геофизика уонна онуоха көмөлөөх үлэлэри Бүлүү эспэдииссийэтэ, “Анаабыр алмаастара” АУо геологияҕа управлениета уонна хампаанньа Африкаҕа кыттыгас тэрилтэлэрэ – Анголаҕа “Киманг” СП, оттон Зимбабве Өрөспүүбүлүкэтигэр “АЛРОСА Зимбабве” – толороллор.
“АЛРОСА-Спецбурение” тэрилтэ сири үүттүүр үлэ араас кээмэйин толорор, сир үрүт уонна аллараа да араҥатыттан хайа уруудаларын таһаарар таһымнаах үлэһиттэр уонна кинилэр үлэлииллэрин хааччыйар араас кыамталаах оҥорон таһаарыы тэриллэрэ түмүллэн үлэлииллэр. Ити курдук АЛРОСА бөлөҕүн геологияҕа тэрилтэлэригэр сүктэриллэр сыал-сорук лаппа киэҥ уонна араас. Сир баайын таба тайанар, үөрэтэр-чинчийэр үлэбит таһаарыылаах уонна кыалларынан эрдэ оҥоһуллан, элбэх баайдаах сир туһаҕа тахсарын хааччыйар инниттэн оҥорон таһаарыы сүрүн 17 көрүҥэр ураты болҕомтобутун уурабыт. Мин тус сыалым-соругум хампаанньа геологияҕа сыһыаннаах үлэлэрин сүрүннээһини кытта ситимнээх. Уобарастаан эттэххэ, бэйэбин дирижерга тэҥниибин: мин муусукаҕа оонньообоппун, ол эрээри муусука иһиллиитин хааччыйабын.
– Билигин хампаанньа эбии алмаастаах сири көрдүүр үлэни ыытар дуу?
– Ыытар бөҕө буоллаҕа. Геолог көрдүүр-чинчийэр холбоһуга бүддьүөтүттэн аҥаара – билигин ити 4 млрд солк. тэҥнэһэр – алмаастаах сири көрдүүргэ, ол баай саппааһын сыаналыырга уонна бу сирдэри билим-ырытыы өттүнэн хааччыйыыга барар. Ордук киэҥ хабааннаах көрдүүр-чинчийэр үлэ Арассыыйаҕа уонна Африкаҕа ыытыллар. Чопчута, Саха сиригэр уонна Архангельскай уобаласка, оттон Анголаҕа – Зимбабвеҕа. Кэнники сылларга Иркутскай уобалаһыгар үлэлиири саҕалаатыбыт, сирин-уотун үөрэтэ сылдьабыт. “АЛРОСА” бөлөх геологтара 2035 сылга диэри үлэлиэхтээх көрдүүр-чинчийэр үлэлэрин Бырагырааматын оҥорбуттара. Тустаах бырагыраамаҕа былааннаммыт чинчийэр үлэлэр ханна уонна чопчу хаһан саҕаланыахтарын, түһүмэхтэрин күн бүгүн чопчу былааннаан олоробут.
КИМБЕРЛИТИ ХАННА КӨРДҮӨХХЭ?
– Саха сиригэр билигин баар, туттулла сылдьар сирдэртэн ураты алмаастаах сир элбэх дуу? Хас эрэ сыллааҕыта, бэл, Дьокуускай аннынааҕы сир кытта онно барсыан сөп диэн кэпсэтии тахсар этэ ...
– Биллэн турар. Манна даҕатан эттэххэ, бүддьүөт тэҥ өлүүскэнэн араарыллан, аҥаара чинчийэр-көрдүүр үлэҕэ – баар, саппаастаахтара быһаарыллыбыт сирдэри ситэ-хото тэнитэн үөрэтиигэ уонна эксплоразведка үлэлэригэр ыытыллар. Кэнники 10 сылга хампаанньа балаансатыгар 600 мөл. тахса карат алмаас киирэн, бу хайысхаҕа үлэлиир бары хампаанньалар ортолоругар саамай улахан – 1114 мөл. карат минеральнай-сырьевой алмаас саппаастаах буоларбыт ситиһиллибитэ. Бу саппаас сэбиэскэй уонна Арассыыйа геологтарын үлэтин түмүгүнэн баар буолбута. Итинтэн 80 % Саха сиригэр баар, ол сыыйа туһаҕа тахсан иһиэ. Бүгүҥҥү күннээх тэтиминэн сылыктаатахха, алмаас хостуур тэрилтэлэр бөлөхтөрө өссө да 30 сыл устата алмаас хостуур үлэлээхтэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ баар алмаастаах сирдэр бары билигин алмаас хостонор эбийиэктэрин үөскэтэллэр. Уопсайынан этэр буоллахха, Саха сирин арҕаа өттүн баһыйар өттүгэр барытыгар да алмаас көстөр кэскилэ улахан. Биллэн турар, алмаастарын саппааһынан араастаһаллар. Онон биһиги сүрүн күүспүтүн ордук кэскиллээх сирдэргэ туһаайабыт.
Дьокуускай аттынааҕыны этэр буоллахха, бу “Хомпу-майскай” диэн былаһаакканы алмаас хампаанньатын Ботуобуйатааҕы эспэдииссийэтэ букатын да 10 сыл анараа өттүгэр чинчийэн турар. Оччолорго хас да кимберлиттээх эттик көстүбүтэ, ол гынан баран алмааһын саппааһа элбэҕэ суох буолан уонна уруудатын саппааһа уратытынан, кимберлиттээх эттик кэскилэ төһө-хачча буоларын сыаналыыр кыах суоҕа, бу территорияны салгыы чинчийэри тохтоппуппут.
Билигин “Росгеология” АУо-ҕа баар кэллиэгэлэрбит бу былаһааккаҕа баар эбийиэктэри, “Менда-Барылайскай” диэн ааттаан туран, хаттаан чинчийэллэр уонна сыаналыыллар эрээри, улахан инникигэ хардыы тахсыбата. Хас да саҥа кимберлит эттигэ арыллыбыта, ол гынан баран, хомойуох иһин, улахан уларыйыы-тупсуу баарын биһиги көрбөтүбүт.
Биир идэлээхтэрбитин, биллэн турар, өйүүбүт, бырайыактарын түмүктүөхтэрин наада. Оччотугар хаттаан ырытан-сыаналаан көрөн баран, салгыы үлэлиир төһө кэскиллээҕин быһаарыахха сөп. Биһиги Саха сиригэр геология чинчийиитин көҕүлүүр наадатын өйдүүбүт. Алмаастаах саҥа сир арыллар түгэнигэр, ону туһаҕа таһаарыыга тутаах тэрилтэ – сэдэх уонна аныгы технологиялааҕын, оҥорон таһаарыытын инфраструктурата сайдыылааҕын, быдан элбэх уопуттааҕын быһыытынан– АЛРОСА хампаанньа буолар. Хампаанньа ханнык да тэрилтэттэн быдан көдьүүстээх бырайыактары торумнаан, олоххо киллэрэр кыаҕа быдан улахан.
– Анголаҕа уонна Саха сиригэр алмааһы хостуур үлэни тэҥнээн көрүөххэ сөп дуу? Экологияҕа дьайыытынан көрөр буоллахха, ханна хостуур ордугуй?
– Тэҥнээн көрүөххэ сөп. Ол эрээри бу ыйытыыҥ олус киэҥ хабааннаах, элбэх түгэни хабар. Итини геологтартан эрэ буолбакка, хайа үлэһиттэриттэн, маркшейдердартан, инженердэртэн, бырайыактааччылартан эмиэ туоһулаһыахха наада. Алмаас састааптаах кимберлит эттигэ, аан дойду бүттүүнүн да үрдүнэн, дьиҥинэн, биир моһуоннаах. Ол гынан баран конфигурациятынан, кээмэйинэн, тутулун уратытынан уонна минеральнай састаабынан да уратылаһар. Үүт-маас тэҥ эбийиэк диэн суох, ол да иһин алмааһы хостуур, туһаҕа таһаарыы үлэтэ сир аайы биир тэҥ буолбат.
Ити гынан баран туһаҕа таһаарыы, арааран ылыы (отработка) уопсай бириинсиптэрин тэҥнээн көрүөххэ сөп. Холобур, хайа маассатын алдьатан, көөрөтөн ылыы, тиэрдии-таһыы, хайа уруудатын байытыы, уруудаттан алмааһын арааран ылыы технологиялара маарыннаһаллар. Ол гынан баран, бу үлэ хайдах буолара килиимэт усулуобуйатыттан, инфраструктуранан хааччыллыы туругуттан, кыттыгас боруода геологическай тутулуттан, алмаастаах урууда хайдаҕыттан тутулуктанан, араастаһар. Айылҕаҕа үүт-маас тэҥ диэн суох. Онон барытыгар алмаастаах сир бары уратылаһыытын, араастаһыытын учуоттаан, ордук барсар, көдьүүстээх технологияны талыахха наада.
“Алмааһы ханна ордук барыстаахтык эбэтэр экологияҕа улахан буортута суох хостуохха сөбүй?” диэн ыйытыкка онон, киһи ылла да, быһаччы хоруйу биэрбэт. Күн бүгүн ити ирдэбиллэр бүтүн аан дойду үрдүнэн биир кэлимсэ тэҥнэр. Бары да хампаанньалар сир баайдаах сиртэн кыалларынан кыра ночоотунан хостуурга уонна ол үлэ тулалыыр айылҕаҕа буортута суох буоларын туһугар кыһаллаллар. Ити ыйытыыларга чопчу маннык диэн этэр уустук. Дьолго, биһиэхэ алмаастаах сири туһаҕа таһаарыы көдьүүһүн көрдөрүүтэ, ол иһигэр хампаанньа аахсыйалаахтара ылар барыстара, алмааһы хостуурунан дьарыктанар бары хампаанньаларын ортолоругар лаппа үрдүккэ киирсэр. Ону сэргэ, АЛРОСА ыытар үлэтэ норуоттар икки ардыларынааҕы институттар билиниллибит ирдэбиллэринэн экологияҕа куттал суох буолуутун көрдөрөр үрдүк ыстандаартарыгар хоруйдуур. Бу да түгэн – “АЛРОСА” бөлөҕө үрдүк таһымнааҕын бигэргэтэр.
– Хампаанньа сүрүн күүһүн аҥаардас Арассыыйа иһигэр алмааһы хостуурга ууруох тустаах дуу?
– Мин санаабар, биһиги алмааһы Арассыыйа ис да, тас да өттүгэр хостуох, туһаҕа таһаарыах кэриҥнээхпит. Холобур, Ангола Катока алмаастаах туруупкатын туһаҕа таһаарыы чэрчитинэн, олоххо киирэр Анголатааҕы Катока бырайыага биһиги хампаанньабыт аахсыйалаахтарыгар, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Арассыыйа Федерациятыгар, баһырхай дивидени киллэрэрэ биһиги биисинэспит тас дойдуга эмиэ сайдыахтааҕын туоһулуур.
Ол гынан баран сүрүн эрэлбитин, биллэн турар, төрөөбүт дойдубутун кытта сибээстиэх тустаахпыт, тоҕо диэтэххэ, дивидени киллэрэрбит таһынан, биһиги Арассыыйа нэһилиэнньэтин үлэ миэстэтинэн уонна социальнай төлөбүрдэринэн хааччыйабыт. Оттон тас дойдуга үлэлиир түгэҥҥэ, ону олоххо киллэрбэппит.
Дьиэ кэргэн династията
– Эн хайдах геолог буолбутуҥ, бу салааҕа кэлииҥ туһунан билиһиннэрбэккин ээ?
– Геологтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтүм. М.В. Ломоносов аатынан МГУ-га дьоммун кытта үгүстүк сылдьарым, оскуола сылларыгар онно спортивнай сиэксийэлэргэ дьарыктаммытым. Ол сылдьан улууканнаах учуонайдары, чаҕылхай исписэлиистэри кытта көрсүспүт, алтыспыт дьоллоохпун умнубаппын. Кинилэрдиин көрсүһүү, чугастык алтыһыы миэхэ өрө көтөҕүллүүнү, геологияҕа интэриэһи, инникигэ эрэли сахпытын этэн туран, эр-биир ааттаталыахпын баҕарабын – В.И. Смирнов, Г.А. Твалчрелидзе, В.С. Урусов, А.В. Белов, А.А. Маракушев, Г.П. Барсанов. Кинилэри интэлигиэнсийэ эталонун, үрдүк култуураны илдьэ сылдьааччы быһыытынан сыаналыыбын. Ордук уһуннук Минералогия кафедратын преподавателлэрэ Г.И. Бочарованы, Г.П. Крутовы кытта алтыспытым. Төрөппүттэрбин уонна кинилэри идэбэр, үлэбэр эрэ сыһыаннаан буолбакка, олохпор даҕаны элбэххэ үөрэппит-такайбыт бастакы идэбэр уһуйааччы учууталларбынан билинэбин. Геологияны таларбын МГУ алмаас саппаастаах сирдэргэ лабаратыарыйатын үлэһиттэрэ көҕүлээбиттэрэ. Бүтүн үлэ нэдиэлэтин супту кинилэрдиин алтыһыы – миэхэ күн бүгүнүгэр диэри талбыт идэбэр үлэлиирбэр тирэх буолар ураты тыыны, салгыны иҥэрбитэ. Ити гынан баран, мин тута геолог буолбатаҕым, бастакы үөрэҕим – экэниэмикэ. Экэниэмикэ факультетын кэнниттэн салгыы ылбыт идэбинэн магистратураҕа хаалар кыахтааҕым да, мин геологияны ордорбутум.
– Ханнык тиэмэҕэ идэтийбиккиний?
– Билими уонна оҥорон таһаарыы үлэтин тэҥинэн алтыһыннара туппутум. Бастаан утаа, геология факультетыгар үөрэнэ сылдьан билимҥэ чугаһаабытым. Билиҥҥэ диэри бэрэпиэссэр В.И. Старостин салайааччылаах кафедрабын күндүтүк саныыбын. Үлэм хайысхатын, сөптөөх ньымалары талан туһанарбар, интэриэһинэй түмүктэри ситиһэрбэр учууталларым улаханнык көмөлөспүттэрэ.
Бүтэрэрим саҕана төрөппүттэрим Архангельскай уобалас алмаас саппаастаах сирдэрин үөрэппит геологтарыныын уһуннук үлэлэспиттэрэ. Онон ити сирдэри аан бастаан арыйбыт В.П. Гриби, Е.М. Веричеви, В.В.Вержагы уо.д.а. геологтары чугастык билэрим. Курсовой, дьупулуомум үлэтэ дойдубут хотугулуу-Арҕаа өттүнээҕи алмаастаах, кимберлиттээх уонна олорго дьүөрэ боруодалаах сирдэр састааптарын үөрэтиигэ сыһыаннаах буолбута онон өйдөнөр.
Сыыйа мунньубутум эбиллэн, баар чахчыларга олоҕуран, геология-минералогия билимин хандьыдаата буолар үлэни оҥорон, көмүскээбитим. Маны быраактыкаҕа туһаныахха диэн, онно ылсыбытым.
– “АЛРОСА”-ҕа кэлиэҥ иннинэ ханна үлэлээбиккиний?
– Бастаан 3 сыл Намибияҕа үлэлээбитим. САМИКОР диэн, Африка соҕуруулуу-арҕаа араҥатыгар бытархай алмаастаах сирдэри көрдүүрүнэн, булуунан дьарыктанар хампаанньаҕа бастаан утаа учаскыабайынан, салгыы сүрүннүүр геологынан сылдьыбытым. Аһаҕас акыйаан ортотугар турар анал суудуналарга үлэлиирбит. Умнуллубат, астык уопут буолбута. Аан дойду үрдүнэн итинник усулуобуйаҕа үлэлиир алмаас геолога элбэҕэ суох. Биир кэмҥэ МГУ-га төннөн, геолог устудьуоннарга куурустары ыыппытым. Ити сылдьан бэссэстибэлэри үөрэтэргэ туттуллар микроаналика ньымаларын эйгэтигэр, экэнэмиичэскэй геологияҕа, туһалаах сир баайын көрдүүр үлэ ураты тутулун, чинчийиитин чааһыгар элбэҕи билбитим. Оччолорго ити олус интэриэһинэй уопут этэ. Учууталларым, факультекка үлэлээбит кэллиэгэлэрим көмөлөспүттэрин күндүтүк саныыбын.
Ити кэмҥэ биһиги АЛРОСА хампаанньаны кытта кимберлити, олорго уруулуу боруодалары Архангельскай уобаласка уонна Саха сиригэр үөрэтии чааһыгар ыкса үлэлэспиппит. Мин хастыы да ый Бразилияҕа уонна Монголияҕа үлэлээбитим. Салгыы Африка кэнтиниэнигэр төннөн, онно уопсайа 12 сыл устата араас эрэгийиэннэр геологияларын үөрэппитим. Аан дойду хайа хостуур бырамыысыланнаһыгар инники сылдьар JINDAL хампаанньа уо.д.а. алмаас хостооһунугар эрэ буолбакка атын көрүҥ сырьёлары – тимири чинчийэр геология тэрилтэлэрин састаабыгар киирэн, Африка араас дойдуларын кэрийбитим. Аан дойду бары кэриэтэ кэнтиниэннэрин хайа уруудатыгар сыһыаннаах бырайыактарын олоххо киллэриигэ, сир баайдаах сирдэри үөрэтиигэ сыһыаннаах сүбэлэрин оҥорорум. Бу – аан дойду геологияҕа билимин эйгэтигэр үчүгэй уопут буолбута. Бу сылдьан туһалаах сир баайын көрдүүр, сыаналыыр, чинчийэр уонна туһаҕа таһаарар геолог исписэлиис быһыытынан лаппа сиппитим-хоппутум диэхпин сөп. Билигин да итини – мин геологияҕа идэтийиим дии саныыбын
– Сылдьыбыт эспэдииссийэлэргиттэн ордук ханныктара эйиэхэ суолталаахтарый?
– Мин элбэх геолог чинчийэр уонна хостуур бырайыактарыгар сылдьыбытым. Олортон чуо балар ордук суолталаахтар диэн ойуччу тутан бэлиэтиир кыаҕым суох, тоҕо диэтэххэ, бары араас уһуннаах уонна хатыламмат уратылаах этилэр. Ол гынан баран, бастаан саҕалыырбар Архангельскайга уонна Саха сиригэр сылдьыым, Намибияҕа, Бразилияҕа, ДР Конгоҕа, Анголаҕа, Ботсванаҕа, Танзанияҕа – алмааһы хостооһун эйгэтигэр киэҥник биллибит дойдуларга – үлэлээбитим улаханнык туһалаабыта. Оттон тимири чинчийии чааһыгар Эфиопияҕа, Танзанияҕа, ДР Конгоҕа, Замбияҕа уонна Малига сырыыбын этиэм этэ. Ити дойдулар тимир көрдүүр уонна сыаналыыр үгүс бырыайыактаахтар. Араас сир уопутун мунньунуу миэхэ олус суолталаах уонна туһалаах. Бары өттүнэн сайдаҕын.
Хамсаныылаах сынньалаҥы ордоробун
– Эһиги дьиэ кэргэнтэн ким эмэ эн суолгунан баран, геолог буолла дуу? Династия салҕаныан баҕараҕын дуу?
– Билиҥҥитэ геолог буолбут суох. Ол оннугар төрөппүттэрим идэтин салҕаатаҕым. Бу сайдыылаах үйэҕэ, мин саныахпар, сүрүнэ, ыччаппыт дьоллоох буолуон наада. Оттон ол геологияны кытта сибээстээх түгэнигэр – үөрүөм. Оттон атын да буоллаҕына хомойбоппун. Хас биирдии киһи суолун бэйэтэ талыахтаах. Ханнык баҕарар ситиһиилэниэххэ сөп.
– Кэргэниҥ геологияҕа хайа эрэ өттүнэн сыһыаннаах дуу?
– Суох, кини албакаат. Ол гынан баран, геологтардыын үгүстүк алтыһар буолан, геология хайа эмэ боппуруостарыгар эспиэр буолар кыахтаах. Ол гынан баран, кини алмаас саппаастаах сир үгүс өттүгэр чиэски, муҥутуур ыраах оройуоннарга эрэ баарын ылыныан баҕарбат, ол гынан баран алмаас кэрэтин билинэр.
– Ханна сынньанаргытын ордороҕут? Хоббилааххыт?
– Хамсаныылаах, хаамыылаах сынньалаҥы ордоробун, хас эмэ дойдуга, Арассыыйа араас муннугар сылдьан, массыынанан элбэхтик айанныыбын. Биир бэйэм аан дойду хас биирдии эрэгийиэнин, айылҕатын, култууратын, олохторун укулаатын сэҥээрэ, сэргии көрөбүн. Хас биирдии дойду эбэтэр сир-уот – үйэҥ тухары өйгөр-санааҕар хаалар, умнуллубат айылгылаах. Хас сыл аайы Астрахаҥҥа, төрөөбүт дойдубар, өбүгэлэрим олорбут куоратыгар тиийэ сатыыбын. Оннук айылаах хоббим да суох. Мииринэйгэ мин успуордунан дьарыктана сатыыбын, бу үлэбин уонна бииргэ алтыһар дьоммун истиҥник сөбүлүүбүн. Бу буоллаҕа – хоббим.
ГЕОЛОГ МҮЧЧҮРГЭННЭЭХ СЫРЫЫТЫТТАН
Лена Карпова.