Киир

Киир

Дьэ, харантыын кэмигэртүөрт истиэнэҕэ хаайтарыы буолла. Дьокуускайга атыы-эргиэн кииннэрэ, эрэстэрээннэр, кафелар, дьон тоҕуоруһар уопсастыбаннай сирдэрэ -- барыта сабыллан, күлүүһүнэн хам хатанан тураллар. Кыра, ортоурбааҥҥа иннэ-кэннэ биллибэт түөрэккэй кэм кэллэ.

Бу үп-харчы кыһарыйар уустук кэмигэр дьиэлэригэр таах олорбокко, кимтугу сатыырынан эбии харчы өлөрөргө күһэллэр. Сорохтор ас астаан, мааска тигэн атыылыыллар, сорохтор онлайн дьарыктары ыыталлар, эрэпэтиитэрдииллэр.

Бүгүҥҥү суруйуум – ол туһунан.Туох кистэлэкэлиэй, ырыынак үйэтигэр олорор дьон буоллахпыт. Төһө харчыны киллэрэллэрин эмиэ ыйыталастым.

Күҥҥэ 70-80 маасканы тигэн атыылыыр

Сыстыганнаах ыарыы тураатын кытта маҥнай утаа куораккамааска олох суохдиэн сүпсүлгэн буола сылдьыбыта. Өр-өтөр буолбатаҕа, олохтоох маастардар тигэн, атыылаан барбыттара. Уулуссаҕа да көрдөххө, дьон үксэ тигии мааскалаах.

yigylaanavacileva2

Мааска тигэн атыылыыр Уйгулаана Васильева бу курдук кэпсиир: – Иистэммитим ыраатта. Халадаай ырбаахылары тигэр уонна сакааһынан иистэнэр этим. Урукку эбитэ буоллар, билигин номнуо халадаайдары тигэн саҕалаабыт буолуохтааҕым. Быйыл ыһыах буолара-буолбата биллибэт, ол иһин тохтоотум. Икки оҕолоохпун. Кырам икки ыйдаах. Эбиитин харантыыҥҥа хаайтаран,ханна да тахсыбакка,дьиэбитигэр лигиччи олоробут. Дьокуускайга ыарыы тарҕанаатын кытта, кулун тутар ортотуттан, тикпитинэн барбытым. Уруккуттан иистэнэр буоламмын, дьон маҥнай бэйэтэ тылланан сакаастаабыта. Онтон,«кырдьык даҕаны, мааска тигэн атыылыахха сөп эбит» диэн санаа киирбитэ. Ол саҕана тигэн атыылыыр киһи аҕыйах этэ. Билигин элбээбиттэр. Чаас иһигэр биэс маасканы тигэбин. Маҥнай таҥас эрэһиинэлээх гыммытым. Кулгаахпытын аалар диэннэр, синньигэс эрэһиинэни туттар буолбутум. Дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн, тута S, M, L кээмэйдэргэ араартаан тикпитим. Оҕолорго эмиэ тигэбин. Оҕо мааскатын -- 120-130 солк., улахан дьон киэнин 150-170 солк. атыылыыбын. ХБ матырыйааллаахтар, үс хаттыктаахтар. Харчы киирэр. Матырыйаалыгар кыра барар. Холобур, биир мааскаҕа ортотунан 20 солкуобай курдук. Маҥнай утаа күҥҥэ 70-80 маасканы тигэр этим. Оҕолорум утуйдаллар эрэ эбэтэр сарсыарда эрдэ туран, түүннэри хойукка диэри олорон тигэрим. Күҥҥэ уонча тыһыынча киирэрэ. Билигин сакаас аччаата. Ол үрдүнэн күн аайы 3000-5000 солк. киирэ турар. Атыыласпыт дьон иккиһин сакаастыыллар. Мааска тигэр улахан уустуга суох. Сүрүнэ, биир сиргэ өр тулуйан олорор буолуоххун наада.

yigylaanavasileva

Харантыын туһунан вайн устар уол

Дьиҥэ, Владимир Дорминдонтов аата киэҥ эйгэҕэ иһиллибитэ ыраатта. Виртуоз-хомусчут уол. Ол эрээри сүрүн болҕомтону, сэҥээриини харантыын туһунан вайн (олох-дьаһах араас көстүүтүн үтүктэн дьону күллэрэр аҕыйах сөкүүндэлээх устуу) устан ылбыта. Онто куйаар ситимигэр тарҕанан, ыччат ортотугар киэҥник биллэр буола түстэ.

vldormidontov2

Владимиры кытта сибээстэһэ сырыттым. М.С. Щепкин аатынан тыйаатыр институтугар үөрэнэр уол харантыын кэмигэр дойдутугар, Сунтаарга, кэлэн олорор: – Москубаттан дойдубар харантыын буолбутугар кэлбитим. Тугунан да дьарыктанарым суох курдук этэ. Юмористическай тэттик биидьийэни устан доҕотторбор ыыппытым. Онтум тарҕанан барбыта. Чопчу харантыын кэмигэр тугу эрэ устан тарҕатыахтаахпын диэн санаа суоҕа. Дьон сэҥээрэн, «өссө уһул ээ» диэбиттэрэ. Устууларбын Инстаграмҥа таһаарабын. Бөлүүн «покаһым»2,5 мөлүйүөн буолбута. Бүгүн өссө элбиирэ буолуо. Вайнер устуохпуттан сурутааччым күн-түүн эбиллэ турар. Дьиэҕэ чуҥкуйа олорон көрөллөр быһыылаах. Итиэннэ бу уустук кэмҥэ дьон көргө-күлүүгэ тардыһар эбит дии санаатым. Биир үксүн ол иһин сэҥээрдилэр. Блогер эбитим буоллар, харчыны син киллэриэ эбиппин быһыылаах. Эрэкэлээмэни эҥин таһаарбаппын. Арай үчүгэйдик билэр дьоммун, доҕотторбун өйөөн таһаарыахпын сөп. Элбэх харчыны киллэрэбин диэбэппин, ол эрээрибаҕа өттүнэн өйөөн биэрээччилэр бааллар.

vldormidontov

Кыл оҥоһуктарга маастар-кылаас

izabellafomina

Үс оҕолоох эдэр ийэ Изабелла Фомина кыл оҥоһуктарга бассаабынан маастар-кылаас ыытар. Харантыын кэмигэр баҕалаахтар элбээтилэр диэн кэпсиир: – Инстаграмҥа быһа эпииргэ тахсан уонна бассаапка 7 бөлөх арыйан түөрт көрүҥҥэ (убаһа кутуругуттан, сиэлиттэн мээчик, салама иилэргэ ситии, харыга кэтэр аҕыс утахтаах киэргэл, сиэлтэн ытарҕа оҥорорго) босхо үөрэттим. Бу уустук кэмҥэ сахам дьоно дьарыктаах буоллуннар, санаалара бөҕөхсүйдүн диэн санааттан. Биир бөлөххө 257 киһи баара. Ол аата аҥаардас бассаабынан 1,5 тыһ. кэриҥэ киһи үөрэммит эбит. Дьон олус сөбүлээтэ, сэҥээрдэ. Саамай аҕабыт – 85 саастаах ытык кырдьаҕас. «Бачча сааспар диэри ылсыбатахпар үөрэнэн үөрүүм муҥура суох» диэн махтанар.Итиэннэ күн аайы кылтан ким тугу оҥоро үөрэниэн баҕарарынан төлөбүрдээх маастар-кылаастары ыытабын. Күҥҥэ биирдии, элбээбитэ икки буолар. Биир маастар-кылаас төлөбүрэ – 450 солк. Бөлөххө ортотунан 20 киһи үөрэнэр. Күҥҥэ аччаабыта 3000 солк. киирэр. Маны таһынан сакааһынан эмиэ үлэлиибин. Маастар-кылааспыт киэһэ 9 чааска саҕаланар. Чаас устата барар. Сүрүнүн кэпсиибин, устан бэлэмнээбит биидьийэлэрбин ыытабын. Ону көрө-көрө бэйэлэрэ наҕылыччы олорон өрөллөр. Ордук сөбүлээн сэлээппэ, дэйбиир, илин кэбиһэр оҥорорго үөрэнэллэр.

izabellafomina2

Быһыыны-таһааны тупсарар, ырыардар онлайн-марафон

Виктория Бястинова сөпкө аһаан, эти-хааны эрчийэн быһыыны-таһааны тупсарар, ырыарар онлайн-марафон ыытар.Успуордунан дьарыктанарын сөбүлүүр эдэр ийэбу номнуо хаһыс да марафона. Харантыын кэмигэр үс нэдиэлэ устата араас саастаах кэрэ аҥаардарга Инстаграм, бассаап нөҥүө эрчиллиилэри көрдөрөн, биидьийэ-устууларыыытан, сүбэлээн-амалаан марафон ыыта сылдьар.«Харантыын кэмигэр кыттыан баҕалаахтар биллэ элбээтилэр» диэн кэпсиир. Төлөбүрэ – 800 солк., иккиһин кыттар киһиэхэ – 400 cолк. Бөлөҕөр 50-60 киһилээх. Кыттыбыт дьон тылыттан иһиттэххэ, үс нэдиэлэ иһигэр 5-6 киилэни быраҕаллар эбит.

vbyastinova

Харантыын кэмигэр Дьокуускайга онлайн-марафону тэрийээччилэр элбээтилэр. Бу иннинэ үлэлии турбут успуорт кииннэр, фитнес сааллар үгүстэрэ онлайн-дьарыкка көстүлэр. Успуорка дьарыктыыртан, ырыарартан саҕалаан, оҕону иитиигэ,дьиэ кэргэҥҥэ иллээх-эйэлээх сыһыаны олохтуурга тиийэ араас марафонутолкуйдаан тэрийэллэр. Сорохтор киэннэрэ -- нэдиэлэ, сорохтор ыйы-ыйдаан ыыталлар.Биир онлайн-марафон сыаната ортотунан 800-2000 солк. буолар.

Туорка сакаас киирэр

ХИФУ үлэһитэ, икки кыра оҕолоох ийэ Ларьяна Захарова:«Харантыын кэмигэр ый иһигэр сүүрбэччэ туорду оҥорон атыылаатым быһыылаах. Көҥүл атыытуортарын ылаллара аччаата эрээри, сакааска син биир киирэр. Төһө да харантыын буоллар, билиҥҥитэ биир даҕаны туордум атыыламмакка ордон хаала илик» диэн кэпсээнин саҕалаата.

Ларьяна Захарова

Учуутал идэлээх Ларьяна Алексеевна кыра оҕолорун дьиэҕэ көрөн олорор кэмигэр туорт куорсуктарын, халадьыас оҥорон атыылыы сылдьыбыт. Билигин онтун тохтотон, туорка көспүт. «Элбэх туорду оҥордоххо, харчы син киирэр. Аахпатаҕым эрээри, биир туортан барыһа быһа холоон 500 солк. быһыылаах. Саҥа саҕалыыр буоламмын, сыанам удамыр. Итиэннэ кыра оҕолордоох киһи иллэҥ кэм көһүннэҕинэ эрэ астыыбын. Бириэмэлээх киһи элбэҕи оҥоруо эбит. Дьиэлэригэр илдьэн биэрэбит.Аҕабыт, харантыын кэмигэр үлэлээбэккэ олорор буолан,кини таһар. Хайаан даҕаны мааскалаах, бэрчээккилээх сылдьар».

Эрэпэтиитэр элбээтэ

Билэр учуутал идэлээхтэрбиттэн ыйыталаһа сырыттым.Ол эрээри:«Дистанционнай үөрэхпититтэн ордубаппыт. Бириэмэ да, кыах да суох», -- дии тоһуйдулар.

repetitor

Интэриниэт биллэриилэрин хаһыстым. Харантыын кэмигэр онлайн үөрэтэр-дьарыктыыр эрэпэтиитэрдэр биллэриилэрэ кыһыҥҥытааҕар да биллэ элбээбит. Ордук математика, физика, биология, омук тылын бириэдимиэттэригэр дьарыктыыллар эбит. Үөрэнээччилэри да, устудьуоннары да үөрэтиэн баҕалаахтар бааллар. Эрийтэлээн, сыаналарын ыйыталастым. Сүүрбэччэ сыл учууталлаабыт уопуттаах эрэпэтиитэр «математика биридимиэтигэр СКЭ-ни туттарар оҕону 50 мүн. -- 500 солк., оттон 90 мүн. 1000 солк. дьарыктыыбын» диэтэ. Үгүстэр биир чаас дьарыктыылларыгар700-800 cолк. ылалларын эттилэр. Маҥнайгы дьарык босхо эбэтэр икки, үс буолан кыттыһан үөрэнэр буоллахха,20-30 % чэпчэтии көрүллэр диэн араас быраабылаахтар эбит.

***

Сахаҕа «халлаантан ас түһүө диэн айаххын атыма» өс номоҕо баар. Бу уустук кэмҥэ ким хайдах сатыырынан, тугу толкуйдаан-тобулан таһаарбытынанэбии харчы өлөрө сатыыр. Кэммит оннук.

Диана КЛЕПАНДИНА.

Бүтэһик сонуннар