Бартыһаан нэһилиэгэр буолбут Сылгыһыт күнүгэр сөп түбэһиннэрэ, Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, САССР үтүөлээх зоотехнига, СӨ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, биология билимин хандьыдаата Николай Дмитриевич Алексеев 80-сааһын уонна кини айар үлэтин 60 сылыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Бу күн киниэхэ “СӨ агропромышленнай холбоһугун бочуоттаах үлэһитэ” ааты иҥэрдилэр, "Саха Сирэ Арассыыйаны кытта 385 сыл" үбүлүөйдээх мэтээли туттардылар.
Николай Дмитриевиһы истиҥник эҕэрдэлиибит!