Пандемия кэмигэр инбэлииттэри, кырдьаҕастары уонна тулаайах оҕолору быстах кэмҥэ олордо (эпиэкэҕэ) ылбыт Саха сирин олохтоохторо Путин дьаһалынан федеральнай бүддьүөттэн көмөнү ылыахтара. Бу туһунан эрэгийиэннээҕи үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“Муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр дылы кэмҥэ көрүллэр ыйдааҕы материальнай көмө хас биирдии көрүүгэ ылыллыбыт киһиэхэ 12 130солк. буолар”, - диэн министиэристибэ иһитиннэрэр.
Бастакы төлөбүрдэри Биэнсийэ пуондата бэс ыйыттан түһэрбитинэн барыахтаах. Көрүүгэ барбыт киһи сайабылыанньалаһааччыга ыйга 7 күнтэн итэҕэһэ суох кэмҥэ олорбут буолуохтаах. Дойду резервнэй пуондатыттан бу көмөҕө анаан 145,6 мөл. солк. ыыппыттар.