Үөрэх урукку миниистирэ Владимир Егорову “бу барар, ол уурайар үһү” диэн эрдэттэн түүйбүттэрэ, ол эрээри дьоһуннаах баҕайытык үлэлии сылдьар киһини ууратан кэбиһиэхтэрэ диэн соччо итэҕэйбэтэхпит, онон соһуйан эрэ хаалбыппыт. Аны бу олус эппиэтинэстээх дуоһунаска урут ханна да биллибэтэх-көстүбэтэх уолу анаабыттара. Онно, дьэ, үгүс киһи соһуйбута. Саҥа ананаатын кытары “баара-суоҕа француз учуутала идэлээх, биир сиргэ түптээн үлэлээбэтэх, оҕолору уһуннук үөрэппэтэх” эҥин диэн холуннарыылаах суруйуулар тарҕаммыттара. Михаил Сивцев диэн кимий? Кини бу уустук эйгэни салайарыгар туох көрүүлээҕий? Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Уус Алдантан төрүттээх, 40 саастаах СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Михаил Сивцев.
– Михаил Петрович, бастатан туран, эйигин бу үрдүк дуоһунаска анаммыккынан эҕэрдэлиибин. “Миниистирдээ” диэн этии хаһан киирбитэй?
– Мин “миниистир буолуом” диэн хаһан да былааннамматаҕым, этии соһуччу киирбитэ. Бу иннинэ Ыччат министиэристибэтигэр, бырабыыталыстыба аппараатыгар үлэлээн кэлбит уопуттаахпын, каадыр эрэсиэрбэтигэр киирсэрим. 2017 сыллаахха Владивосток куоракка Уһук Илиннээҕи федеральнай университекка орто анал үөрэҕи уонна идэтийии кэмпитиэнсийэлэрин сайыннарар департамены салайа барбытым. Онтон бу саас “Айсен Сергеевич көрсүөн баҕарар” диэн төлөпүөннээбиттэрэ. Ил Дархан үөрэх систиэмэтигэр туох былааннардааҕын сиһилии кэпсээбитэ уонна мин санаабын ыйыппыта. Ол кэннэ тута “миниистир буоларга сөбүлэһэҕин дуо?” диэбитигэр толкуйдуу түһэн баран сөбүлэспитим.
– Үөрэх тэрилтэлэригэр “оптимизация” диэн ааттанан, үөрэх тэрилтэлэрин холбооһун, кыччатыы саҕаламмыта. Ол салҕаныа дуо? Хайдах барыай? Туох санаалааххыный?
– Оптимизация диэн тохтоло суох барар бырассыас. Күн-түүн олохпут уларыйан истэҕин ахсын, кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэн иһиэхтээхпит. Үп-харчы кээмэйэ уларыйар, онон бэрээдэктээһин куруук баар буолуохтаах. Мин Саха сиригэр оптимизация ыытылларын истэ-билэ, кэтии сылдьыбытым. Тоҕо эрэ үгүстэр оптимизация диэн наар киһини үлэтиттэн ууратыы, сарбыйыы, суох оҥоруу эрэ курдук сыаналыыллар. Оттон оптимизация диэн, бастатан туран, бэрээдэктээһин буоллаҕа дии, онуоха сүрүн сорук, хаачыстыба тэбиллиэ суохтаах. Оптимизация син биир ыытыллыаҕа. Маныаха нэһилиэк, улуус баһылыктарын кытары ыкса үлэлэһэн, бастатан туран, кинилэр санааларын учуоттаан тэрийэр соруктаахпын. Бу үөрэх дьылын бүтэһик ыйдарын дистанционнай халыыбынан ыыттыбыт. Маннык үөрэх түмүгэр араас ньымалар дьүөрэлэһиэхтэрин сөбүн көрдүбүт, саҥа идэлэр уонна ньымалар ирдэнэр кэмнэрэ кэлбитэ билиннэ. Онон бэрээдэги ыытарга ол учуоттаныахтаах.
– Ол аата дистанционнай үөрэх син биир өрө тутуллар буоллаҕа дии? Ол – хаачыстыбалаах билиини биэрэр үһү дуо?
– Биһиги үгэс буолбут үөрэтииттэн хаһан да аккаастаныахпыт суоҕа. Биллэн турар, дистанционнай үөрэх толору хаачыстыбаны биэрбэт. Ол эрээри бэйэбит усулуобуйабытыгар дистанционнай үөрэх элэмиэннэрин киллэрэн биэриэхпитин сөп. Холобур, томороон тымныыга оҕолор дьиэҕэ олороллор, инникитин актированнай күннэргэ дистанционнай үөрэҕи ыытар буолуохпут. Ону таһынан, учуутал тиийбэт оскуолаларыгар, дистанционнай үөрэҕи тэрийэн, бу оҕо билии ыларыгар усулуобуйа оҥоруохпут. Холобур, ыраах сытар үгүс оскуолаларга сорох биридимиэккэ учуутал тиийбэт. Ону биһиги улуус кииниттэн дуу, куораттан дуу олорон үөрэтиэхпитин сөп. Оттон учуутала суох оскуола ол биридимиэккэ ыстаата суох хаалар. Ол оннугар биһиги дистанционнай үөрэҕи салайар тьютор дуу, администратор дуу диэн ааттаан, атын ыстааты тутуохпутун сөп. Биллэн турар, ол толору хаачыстыбаны биэрбэт, ол эрээри олох суоҕунааҕар, баара ордук.
– Үгэс курдук, кырыы нэһилиэктэргэ интэриниэт быстар мөлтөх, баарыгар баһыыба буолар. Онуоха дистанционнай үөрэҕи хайдах тэрийиэххиний?
– Кырдьык, ити баар кыһалҕа. Ол эрээри оннук үөрэҕи киллэрэргэ кыаллар сирдэргэ туһаныахпытын сөп диибин. Билигин интэриниэт ситимин тардыы, хаачыстыбатын үрдэтии күүскэ бара турар. Дистанционнай үөрэх диэн бу эн биһикки курдук интэриниэти холбоон, сирэй көрсөн олорон эрэ кэпсэтэрбит курдук буолбат. Кембридж, Оксфорд курдук аан дойдуга аатырар университеттар онлайн оскуолаларын көрдөххө, онно биир да устудьуон преподаватели кытары сирэй көрсөн олорбот, анал тиһиккэ киирэн сорудаҕын толорор, саҥа тиэмэни бэриллибит матырыйаалларынан үөрэтэр.
– Сөп, устудьуон диэн оскуола оҕото буолбатах, идэ ылыахтаах киһи интэриэстээх да буоллаҕа...
– Оҕо диэн оҕо, дьулуһар баҕата да суох буолуон сөп. Оттон үрдүкү кылаастарга “эн бэйэҥ билэ-көрө, була-тала үөрэн” диэн үөрүйэҕи иҥэриэхтээхпит. Оччоҕо оҕо бэйэтэ баҕаран туран үөрэнэргэ кыаҕа улаатар.
– Эн иннинээҕи миниистир сыыппара үөрэхтээһинин күүскэ киллэрэргэ, ону тумус туттан үлэлээбитэ. Оттон эн ханнык хайысханы биһириигиний?
– Сыыппара технологията диэн көмпүүтэр эрэ буолбатах. Аан дойдуга бу технология күүскэ тарҕанан турар. Биһиги үлэбит-хамнаспыт арыый да түргэтииригэр, тупсарыгар туһуламмыт технология буолар. Оҥорон таһаарар бородууксуйабыт сыаната үрдүүрүн ситиһэр соруктаах. Цифровизацияны киэҥ өттүттэн көрөн үлэлиир былааннаахпын. Холобур, колледжтарбытыгар бэлэмниир идэлэрбитигэр аптамаат сыахтар баар буолуохтаахтар. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бэлэмниир идэлэрбитигэр. Оскуолаларбытын барытын сыыппараҕа көһөрдөхпүтүнэ, онно сөптөөх идэлээх дьон баар буоллахтарына, үбү-харчыны сөпкө аттарар кыахтанабыт. Систиэмэни салайарга цифровизация кэскиллээх. Билими ылан көрдөххө, Саха сиригэр саҥа матырыйааллары айан таһаарыыга бу технологияны күүскэ туһанан үлэлиэхпитин сөп.
Маны таһынан, иитэр үлэни тэрийиигэ улахан болҕомто ууруллуоҕа. Оҕолорбут аан дойдуга үрдүк таһымнаах, сайдыылаах дьон буола улааталларын ситиһиэх тустаахпыт. “Биһиги сахаларбыт, ол эрээри аан дойду дьонун сорҕото буолабыт” диэн өйдөбүллээх буолуохтаахтар. Ханна да тиийдэҕинэ, тэҥҥэ бодоруһар, быһаарсар кыахтаах көлүөнэни иитэн таһаарыахтаахпыт. Төрөппүттэр, учууталлар сибээстэрэ өссө күүһүрэн, биир соругу ситиһэргэ тэҥҥэ үлэлэһиэхтээхпит.
– Саха тылынан үөрэх сайдарыгар эрэлбит эрэ министиэристибэ. Манна, бастатан туран, туохха болҕомтону уурар былааннааххыный?
– Туһааннаах тэрилтэлэр үлэһиттэрин кытта сүбэлэһэн, тыын боппуруостары иҥэн-тоҥон үөрэтэн, ырытан, сахалыы үөрэх салгыы сайдан барарын туһугар былааннаах үлэ барыаҕа диэн эрэнэбин.
– Биһиги саҕа ахсааннаах омуктар: осетиннар, бүрээттэр холобурдара көрдөрөрүнэн, тылы үөрэтии оскуолаттан “барда” да, ааҕар-суруйар киһи эмискэ аҕыйыыр, салгыы суруйар дьон (суруйааччылар, суруналыыстар) үөскээбэт буолаллар, оччоҕо тыл да сайдыбат, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсыбат буолар. Маннык дьылҕаттан биһигини 70-с сс. миниистир Н.И. Шарин быыһаабыта. Саха тылын орто оскуолаҕа хаалларарга туох былааннааххыный, көрүүлээххиний?
– Оччолорго РСФСР үөрэҕин министиэристибэтэ төрөөбүт тылы алын сүһүөххэ эрэ хаалларыахха диэбитин Николай Иванович утарсан, татаардары кытары туруулаһан, төрөөбүт тылы үөрэтиини хаалларан, хорсун быһыыны оҥорбут киһи буолар. Билигин үөрэх ыстандаартын да ылан көрдөххө, төрөөбүт тылы үөрэтии биридимиэт быһыытынан баар. Ол эрээри улуус, оскуола аайы араас барыйаанынан үөрэтэ олороллор. Ол иһин оскуолаларга саха тылын, литэрэтиирэтин чаастара уратылаһаллар, сорох оскуолаларга төрүт култуураны үөрэппэттэр. Атын биридимиэттэри үөрэтиигэ оҕоҕо төрөөбүт тылынан быһааран үөрэтии баар буолуохтаах. Саха тылынан эрэ буолбатах, аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын эмиэ этэбин. Уопсайынан, ийэ тылы, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ иҥэрэллэр. Ылан көрүҥ, ити эрмээннэри даҕаны, ханна да олордоллор, бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэр. Оттон биһиэхэ, оннооҕор тыа сиригэр, дьиэ кэргэҥҥэ нууччалыы кэпсэтэллэр. Тиһэҕэр “оскуолаҕа үөрэппэккэ тылбытын сүтэрдибит” диэхпит. Онон икки өттүттэн үлэ барыахтаах: дьиэ кэргэҥҥэ уонна оскуолаҕа. Тыл – норуот тыына. Төрөөбүт тылын билбэт кэнчээри ыччаттаах норуот эстэр диэни өйдүөх тустаахпыт.
– Оттон куоракка сахалыы эйгэ олох аҕыйах дии. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа саха кылааһа аҕыйах. Ону элбэтэр сорук турар дуо?
– Куоракка сахалыы эйгэни тэрийии боппуруоһа сытыытык турар. Саха оҕото төрөөбүт тылынан үөрэнэр, иитиллэр эйгэтин тэрийэр үлэ тиһигин быспакка баран иһиэхтээх. Куорат оскуолаларыгар саха тылын чаастара көйгөтүллүө суохтаахтар. Чаас былдьаһыга буоллаҕына, оскуола салалтата ити биридимиэттэр чаастарын сарбыйара – норуот инникитигэр улахан охсуулаах буолан тахсыа. Төрөппүт оҕотун сахалыы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, кылааска киллэрэр баҕатын толорорго дьулуһуохтаахпыт.
– Кэлиҥҥи сылларга үөрэх кинигэтэ бэчээттэнэн тахсарыгар харчы көрүллүүтэ инники сыллардааҕар 2-3 төгүл түстэ. Быйыл үп олох да көрүллүбэт. Итини министиэристибэ үлэтэ мөлтөҕүнэн эбэтэр оскуолалар ончу туруорсубат буолбуттарынан сыаналыахха сөп дуу? Биитэр билиҥҥи салалта ыытар бэлиитикэтин содула дуу?
– Учуобунньугунан хааччыйыыга федеральнай үптэн толору көрүллэр. Онно анаан 151 мөл. солк. тахса субвенция быһыытынан бэриллибитэ. Быйыл эрэгийиэннээҕи учуобунньуктары бэчээттииргэ үп көрүллүбэтэх. Билигин, кырдьыгынан эттэххэ, сахалыы учуобунньукка үп көрүллүүтүн ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик быһаарса иликпин.
– Билигин СКЭ хампаанньата саҕаланаары турар. Бэлэмнэнии хайдаҕый? Оскуолалар туох эмэ кыһалҕалаах тахсаллар дуо?
– Быйыл СКЭ бэрээдэгэ уларыйда, ол эрээри ис хоһооно оннунан хаалар. Үрдүк үөрэххэ туттарсааччылар эрэ туттарыахтарын сөп. Быйыл 8 тыһ. кэриҥэ оҕо оскуоланы бүтэрэр, олортон күн бүгүн урукку сыллардааҕы выпускниктары холбоон туран, 8761 выпускник базаҕа киирэн сылдьар. Бэс ыйын 15 күнүгэр диэри хас оҕо туттарарын улуустартан хомуйан чопчулуохпут, билиҥҥитэ, быһа барыллаан, 6113 выпускник бэлиэтэммит. СКЭ от ыйын 3 күнүттэн саҕаланар. Аудиторияларга муҥутаан 10 выпускник киирэн туттарар, оҕолор 1,5 миэтэрэ арыттаах олоруохтаахтар. Оскуолаҕа киириэх иннинэ хайаан да антисептигынан соттоллор, кыраадыстарын мээрэйдэтэллэр. Маннык тэрээһин үлэтэ күчүмэҕэйдэри үөскэтиэн сөп. Итиннэ сөптөөх үп-харчы көрүллэн турар.
– Үөрэххэ туттарыы сүпсүлгэнэ кэлиэ. ХИФУга анал миэстэҕэ өрөспүүбүлүкэ төһө миэстэни көрдө?
– ХИФУга федеральнай үптэн уопсайа 3943 миэстэ көрүллүбүт. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үбүттэн тус сыаллаах үөрэтиигэ – 750 миэстэ. Оттон дойду киин үөрэҕин кыһаларыгар тус сыаллаах үөрэтиигэ 262 миэстэ бэриллэн турар. Орто үөрэхтэргэ былырыыҥҥы таһымынан хааллардыбыт, хонтуруолунай сыыппараҕа, уопсайынан, 6732 миэстэ баар.
– Дойду үөрэҕин миниистирин бастакы солбуйааччыта буолбут Дмитрий Глушколуун бииргэ үлэлээбитиҥ. Москубаҕа тиийэн туруорсарга төһө бэлэмнээхпин, уопуттаахпын дии саныыгыный?
– Дмитрий Евгеньевиһи кытары 2005-2016 сс. бииргэ үлэлээбитим. 2017 сылга бастаан Владивостокка, онтон Москубаҕа көспүтэ. Мин 2017 сыллаахха Владивостокка көспүтүм. Үлэбит эйгэтэ билигин да биир, биир хайысхаҕа үлэлээбиппит. Глушко бу иннинэ Москубаҕа “Союз ВорлдСкиллс” тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Оттон мин бу хамсааһыны ДВФУга салайбытым. Онон билиҥҥэ диэри алтыһабыт. Хабаровскайга РАНХиГС бүтэрбитим. Владивостокка үлэлээбитим. Уопсайынан, дьону кытары уопсай тылы була үөрүйэхпин. Кинилэр да дьон дьон курдук буоллахтара.
– Аан бастаан ананан кэлбиккэр эйигин “баара-суоҕа француз тылын учуутала, ханна да түптээн үлэлээбэтэх, учууталлаабатах” эҥин диэн суруйбуттара. Ону хайдах ылыммыккыный?
– Үлэм бастаан саҕаланарыгар, үс сыл устата үлэм хайысхаларын чахчы тосту уларытан кэлбитим. Учууталлаабытым, нэһилиэккэ үлэлээбитим, ол кэннэ успуорт оскуолатыгар кэлэн үлэлээбитим, атын-атын эйгэлэргэ. Онтон 2005-2010 сс. ыччат министиэристибэтигэр түптээн үлэлээбитим, ханна да көспөтөҕүм. Министиэристибэ иһигэр кыралаан дуоһунас уларыйбыта диэн аахсыллыбат. 2010-2014 сс. вице-бэрэсидьиэн секретариатыгар үлэлээбитим. Сорохтор “10-тан тахса сыл учууталлаабыт киһи бу эйгэни салайыахтаах” диэн өйдөбүллээхтэр. Хас киһи баар да – соччо санаа баар.
– Учууталлар атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар тугу былааннаан олороҕун?
– Бу күннэргэ үөрэхтээһиҥҥэ үлэ былааннарын сыныйан көрдүбүт. Атырдьах ыйынааҕы үгэс буолбут тэрээһиммит буолар. Дьаҥ онуоха диэри хааччахтаабат ини дии саныыбын, өскө ыарыы уҕараабатаҕына, мунньаҕы атын да киэбинэн ыытыахпыт. Кэлэр үөрэх сылыгар болҕомтону иитэр үлэҕэ ууруохпут. Дьону кытта ыкса алтыһан, сомоҕолоһон үлэлээтэхпитинэ, үлэ түмүктээх буолар дии саныыбын. Онон атырдьах ыйынааҕы мунньаҕы хайдах тэрийэр туһунан сүбэлэһиэхпит.
– Бэйэҕин төһө ирдэбиллээх салайааччыбын дии саныыгыный?
– Туруоруммут сорукпун, сыалбын хайаан да ситиһэ сатыыбын. Ол эрээри, адьас табыллыбат диэн быһааран биэрдэхтэринэ өйдүүбүн. Ирдэбил диэн барыларыгар биир, үрдүк таһымнаах буолуохтаах. Киһи үлэтиттэн дуоһуйар эрэ буоллаҕына үлэлиэхтээх. Мээнэ “тойонум эттэ” диэн түһүнэр киһи үлэтиттэн дуоһуйбат. Салайааччым “маннык көрүүлээх эбит, мин онно сөп түбэһэбин дуо?” диэн сыана быһан бэйэтигэр түмүгү оҥостуохтаах.
– Министиэристибэҕэ хамаанда уларыйда дуо? Кими аҕаллыҥ?
– Улахан уларытыы суох. Биир киһи мин кэлиэм иннинэ баҕа өттүнэн уурайан атын үлэҕэ барбыта. Уопсайынан, киһини таһаарыылаах үлэтинэн көрөн ылыллыахтаах.
– Бу саас биһиэхэ үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыттан «үөрэх эйгэтигэр бүддьүөккэ үп олох тиийбэт үһү» диэн долгуйан биллэрбиттэрэ...
– Үп-харчы хас биирдии оҕону үөрэтэргэ көрөн тыырыллар. Оскуола араас-араас, кээписиэнэ атын-атын. Кырдьык, үп тиийбэт диэн тута эппиттэрэ. Тэрээһин үлэтигэр харчы тиийбэт. Ону тобуларга үлэлиибит. Хамнас харчыта баар. Үөрэх эйгэтэ судаарыстыбаттан мэктиэлэнэн сөптөөх үбүнэн хааччыллар.
– Ил Дархан үөрэхтээһиҥҥэ бастакы уочаракка турар соруктары туруорарыгар, «эһиил 3 саастарыгар диэри оҕолору барыларын уһуйаанынан хааччыйаҕыт» диэбитэ. Ол кыаллар дуу?
– Кыаллыаҕа. Билигин чааһынай уһуйааннардаах дьону кытары ыкса үлэлэһэн, сөптөөх миэстэни хааччыйыахпыт.
– 2025 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ үөрэх хаачыстыбатынан 15 бастыҥ эрэгийиэн иһигэр киириэхтээхпит диэн Айсен Сергеевич эппитэ.
– Онно саарбахтааһын суох.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэрдэххинэ...
– Кэргэним логопед идэлээх. Саха сиригэр дьиэҕэ олорон үөрэнэр, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору үөрэппитэ. Владивостокка тиийэн, үрдүк үөрэххэ онлайн үөрэҕи тэрийиигэ идэтийэн үлэлиир. Бу күннэргэ көһөн кэлиэхтээхтэр. Икки оҕолоохпут. Улаханым 6-һы бүтэрдэ, кырабыт 5 сааһын туолла. Иккитин туола илигиттэн Владивостокка барсыбыта, онон антах уһуйааҥҥа сылдьыбыта. Быйыл ыал буолбуппут номнуо 15 сыл буола охсубут эбит...
– Миниистир күннээҕи эрэсиимигэр үөрэнниҥ дуу?
– Миниистир, буолаары буолан, үөрэх миниистирэ, олус эппиэтинэстээх үлэ. Онон сылайары аахсыбакка, күүскүн-уоххун бүтүннүү ууран туран үлэлиириҥ ирдэнэр. Бастаан, биллэн турар, киһи син биир күчүмэҕэйдэри көрсөр, ол эрээри киһи үөрэнэр. Кыах баарынан үлэлии сатыыбын. Үлэ диэн үлэ буоллаҕа.
– Михаил Петрович, кэпсээниҥ иһин махтанабын! Ситиһиини баҕарабын!
– Баһыыба.
Дмитрий ИВАНОВ сэһэргэстэ.