Киир

Киир

Биһиги, ааҕааччылар, Суруйааччы диэн улахан ааты сүкпүт дьону, айар куттаахтар эрэ быһыытынан буолбакка, эҥкилэ суох иитиилээх, дириҥ өйдөөх-санаалаах, үрдүк сиэрдээх-майгылаах дьон диэн сыаналыыбыт. Онуоха кэнники кэмҥэ суруйааччыга ирдэбил мөлтөөбүккэ дылы буолла. Ким баҕарар аҕыйах кинигэ оҕотун таһаарда да, сойуус салалтатыгар үүт-хайаҕас булла да, өрөспүүбүлүкэ суруйааччыларын сойууһун кэккэтигэр киириэн сөптөөҕүн курдук өйдөбүл үөскээтэ.

Чуолаан, СӨ Суруйааччыларын сойууһугар чилиэннэри ылыы аҕыйах сылтан бэттэх, устаап ирдэбилинэн буолбакка, аҕыйах киһи быһаарыытынан барар буолбута билиннэ. Ону ааһан, 2022 сыл ахсынньы 19 күнүгэр ыытыллыбыт VII сийиэс отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕын быһаарыытынан, устаабы кэһэн туран, бэрэссэдээтэли талбыттар, ол кэннэ бэрэссэдээтэли солбуйааччыны кытта устаабынан көрүллүбэт «Бырабылыанньа» чилиэннэрин анаабыттар уонна да атын улахан кэһиилэри таһаарбыттар.

Итинник кэрээнэ суох быһыыны, сойуус чилиэннэрин быраабын күөмчүлээһини кытта сөбүлэспэккэ, сойуус чилиэннэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан, Михаил Санников-Уол Сарсын, Гавриил Угаров-Угаалаах Дьокуускай куорат суутугар ирдэбил түһэрэн хас да көрүүнү аастылар. Кэнники көрүүгэ кинилэргэ Александр Гоголев-Сатал Уус холбосто.

РФ Юстицияҕа министиэристибэтин суругар, ити министиэристибэ Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи управлениетын сэрэтиитигэр уонна суукка киирбит атын да докумуоннарга олоҕуран, туох буолбутун эридьиэстээн көрүөҕүҥ.

Муҥур уһукка тиийии

Ирдэһээччилэр РФ туһааннаах сокуонун уонна сойуус устаабын тутуспакка ыытыллыбыт VII сийиэс быһаарыыларын көтүртэрэн кырдьыгы булар санаалаахтар. Дьиҥэр, бу түөрт эрэ киһи интэриэһэ буолбатах – бүтүн сойуус, ону ааһан норуот да интэриэһэ диэххэ сөп. Суруйааччылар сойуустарын хайдах дьон салайан сылдьара барыбытын долгутар.

Дьиҥэр, эппиэттээччи сойуус уонна норуот интэриэһинэн салайтарбыта буоллар, дьыала суукка тиийиэ да суоҕун сөп эбит. Суукка тиийиэх иннинэ, ирдэһээччилэр эрэ буолбакка, сойуус атын чилиэннэрэ мөкү быһыыны-майгыны эйэнэн быһаарса сатаабыттар. Ону сойуус бэрэссэдээтэлин уонна ситэриилээх сүбэтин аатыгар суруллубут 21 чилиэн илии баттааһыннаах ыҥырыы сурук туоһулуур.

Онно сойуус, уопсастыбаннай тэрилтэ быһыытынан, олус уустук турукка киирэн олорорун, биир сүбэнэн итинтэн тахсар суолу тобулар, итэҕэстэри төрдүттэн көннөрөр ирдэнэрэ суруллубут. Чуолаан, 2022 сыл ахсынньы 19 күнүнээҕи СӨ СС VII сийиэһэ, буолуо аҕыйах күн иннинэ биллэриллэн, отчуоттуур-быыбардыыр мунньах быһыытынан ситэтэ суохтук ыытыллыбыта уонна элбэх итэҕэстээх барбыта этиллибит. Ол иһин ыҥырыы сурукка илии баттааччылар сийиэс үлэтэ, дьоһуна суох эрэ буолбакка, устаапка уонна сокуоҥҥа олоҕуруута суох буолбутунан, үөскээбит кыһалҕаны, РФ Юстицияҕа министиэристибэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи управлениетын көрүүтүгэр тиэрдибэккэ, сойуус иһигэр быһаарыы ылан, саҥа сийиэһи ыҥыран дьоһуннаахтык тэрийэн ыытыаҕыҥ диэн этии киллэрбиттэр.

РФ Юстицияҕа министиэристибэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи управлениета 2024 сыл тохсунньу 11 күнүттэн олунньу 7 күнүгэр диэри сойуус докумуоннарыгар бэрэбиэркэ ыыппытын түмүгэр бэрэссэдээтэли, ревизиялыыр хамыыһыйаны талыы туһунан быһаарыылар сыыһа ылыллыбыттара, сойуус сатаҕай үлэтэ ырылыччы көстүбүт.

Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдуубут.

  • Сылга биирдэ ыытыллыахтаах сийиэс 2021 сылтан 2024 cылга диэри биирдэ эрэ ыытыллыбыт (2022 с.).
  • Үс сылга уон иккитэ мунньахтыахтаах ситэриилээх сүбэ сэттэтэ эрэ мунньахтаабыт.
  • 2021 сыл ахсынньы 21 күнүгэр боломуочуйата бүппүт бэрэссэдээтэл М. 2022 сыл ахсынньы 19 күнүгэр ыытыллыбыт VII сийиэскэ сокуонунан-устаабынан ирдэнэр үс гыммыттан иккитэ куолаһы ылбатах. Киниэхэ 145 чилиэннээх сойуустан 81 киһи кэлбититтэн 45 чилиэн куоластаабыт. Ол үрдүнэн сийиэс боротокуолугар М. куолас баһыйар өттүнэн бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытын туһунан суруйбуттар. Онон, кини талыллыытын туһунан быһаарыы олоҕо суоҕунан, боломуочуйатын болдьоҕо бүппүт кэмиттэн саҕалаан таһаарбыт быһаарыылара дьиҥэ суох буолуохтарын сөп.
  • Сийиэс бэбиэскэтигэр киирбэтэҕин үрдүнэн боротокуолга ревизионнай хамыыһыйаны талыы туһунан быһаарыы киирбит. Оттон бэбиэскэҕэ киирбэтэх боппуруоска тахсыбыт быһаарыы туох да суолтата суоҕа этиллэр.

Минюст управлениета ыйыллыбыт кэһиилэри 2024 сыл ыам ыйын 20 күнүгэр диэри туоратарга модьуйуу биэрбитэ туһааннаах кэмигэр сойуус чилиэннэригэр биллэриллибэтэх.

Онон, сыыһалары билинэр санаа суоҕун, устаап ирдэбилинэн талыллыбыт бэрэссэдээтэлэ, ситэриилээх сүбэтэ суох сойууска саҥа чилиэннэри ылыы бара турарын иһин, Афанасий Гуринов-Арчылан балаһыанньа өссө уустугурбутун туһунан ыстатыйа суруйан «Кыым» хаһыат кулун тутардааҕы нүөмэригэр «Ыҥырыы суругу» киэҥ эйгэҕэ таһаарарга күһэллибит. Кини онно саҥа чилиэннэри талбытынан ылыы түбэлтэтэ 2011–2016 сылларга устаабы толоостук кэһэн туран таһаарыллыбытын, ол түмүгэр 2016 сыллаахха отуттан тахса киһи сойуус толору бырааптаах чилиэнин быһыытынан сийиэстии кэлбитин бэлиэтиир. Уонна 2022 сыллааҕы VII сийиэс эмиэ элбэх итэҕэстээх барбытын ыйар, өссө төгүл ол итэҕэстэри туоратары ирдиир.

Ыстатыйаҕа уонна киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт «Ыҥырыы сурукка» бэйэтэ бэйэтин анаммыт салалта өттүттэн эмиэ туох да хоруй кэлбэтэх. Сытыары сымнатан, «көҕүс киэҥ, тирии халыҥ да буолар эбит» эрэ диирбитигэр тиийэбит.

Онон, бүөмнээн анаммыт «солбуйааччы» үлэлиир ньыматын уларытар санаата суоҕа өйдөнөн, муҥур уһукка тиийэн, сөбүлэспэт дьон сууттаһарга быһаарыммыттар.

Сойууһу маннык «быыһыыр» төһө сөптөөҕүй?

Страус диэн көтөр курдук төбөнү кумахха уган баран сылдьыы кими да туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтэҕэ. Суут-сокуон ирдэбилэ тирээн кэллэҕинэ, төбөнү хостоон сүүрэкэлииргэ тиийэҕин.

Ол тэҥэ, дьыала сиэллэнэн-кутуруктанан ыыра ыраатан барбытыгар хаһан хайдах талыллыбыта биллибэт Ситэриилээх сүбэ аатыттан дьиҥ таһымнаах «Саха сирэ» хаһыат атырдьах ыйынааҕы нүөмэригэр «балаҕан ыйын 19 күнүгэр «Россия – моя история» түмэлгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун уочараттаах VIII сийиэһэ буолар, онно кэлии булгуччулаах» диэн биллэрии тахсар.

WhatsApp Image 2024 11 05 at 12.00.32

Дьиҥ хартыынаны илэ харахпынан көрөөрү, эт кулгаахпынан истээри онно тиийэбин.

Биир ый иннинэ биллэриллибит, суол-иис баар кэмигэр тэриллибит «уочараттаах сийиэскэ» сойуус чилиэннэрин муҥ саатар аҥаардара кэлиэхтээҕэ буолуо дии? Ону баара, 144 чилиэн баар диэбиттэриттэн үс гыммыт биирэ эрэ баар курдук.

Кэмниэ кэнэҕэс, балай эмэ хойутаан, «сийиэһи» тэрийээччи кимэ билиннэ – сценаҕа маанытык таҥныбыт «солбуйааччы» Д. таҕыста. Кини бу сийиэстэн элбэҕи кэтэспитин «сойууһу быыһыыр биир эрэ суол – сийиэс – баар» диэн этиитэ туоһулаата. Д. тэрээһиҥҥэ 47 эрэ киһи бэлиэтэнэн кворум тахсыбатаҕын, онон сийиэс оннугар сүбэ мунньах ыытар буолбуттарын санньыардык биллэрдэ. Салгыы кини сийиэһи тэрийэ сатаабыт сүрүн соругун иһитиннэрдэ: сойуус инники үлэтин барытын сотор, ытыктабыллаах бэрэссэдээтэл М. аатын киртитэр соруктаах үҥсүү киирэн дьыала суукка көрүллээри турарын, онуоха юристар сүбэлэринэн сийиэс тэрийэ сатаабытын. Суут сойуус салалтатын билиммэт түгэнигэр саҥа киирбит уон чилиэн уонна ол кэмҥэ норуот суруйааччыта буолбут дьон дьылҕата салгыҥҥа ыйанарын, сааттаах быһыы-майгы буоларын тоһоҕолоон туран, «сууту тохтоторго көмөлөһүҥ» диэн кэлбит дьонтон көмө көрдөөтө.

Ол тухары Д. сүбэ мунньах диэн ааттаабыт тэрээһинигэр бэрэссэдээтэл, сэкирэтээр талар, боротокуол толорор туһунан бэйэтэ тугу да эппэтэ.

Хата, сценаҕа кини кэнниттэн тахсыбыт норуот суруйааччыта Д.Ф. Наумов-Миитэрэй Наумов этии киллэрэн, сатамматах сийиэс оннугар сүбэ мунньахха кубулуйбут тэрээһин докумуон өттүнэн хааччыллыах курдук буолла.

Дмитрий Федосеевич устаап ирдэбилинэн сийиэһи тэрийэргэ сойуус чилиэннэрин 50%-на сурук ыытан сөбүлэҥин биллэрэрэ ирдэнэрин санатта. Ол эрээри кворума туолбатах сийиэскэ оннук сурук хомуллубатаҕын тоҕо эрэ санаппата.

Салгыы сүбэ мунньах кыттыылаахтарыттан хас да киһи туран «үҥсүһэн-харсыһан, сууттаһан ытыктабыллаах М. аатын киртитэр, сойуус иһинээҕи айдааны киэҥ эйгэҕэ таһаарар сиэрэ суох быһыы» буоларын эттилэр. Оттон урукку салалта сыыһатын-халтытын билинэр туһунан биир да этии иһиллибэтэ.

Арай, норуот суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа идэтинэн кырдьыгы эттэ:

«Кырдьыгы этэбин» диэччилэр норуот өстөөҕүн курдук көрүллүө суохтаахтар. Бу түбэлтэҕэ биһиги быһаарыныыбыт «ким эрэ диэки буолбут эрэ киһи!» диэн буолуо суохтаах. Барытын икки өттүттэн көрүөхтээхпит. Алта сылга биирдэ буолбут сийиэһи сатаан тэрийбэтэх салалта аныгыскы сийиэһи сатаан тэрийиэ дии санаабаппын. Онон, сыыһаны сыыһа диэн бары билиниэххэйиҥ. Кэлэр сийиэскэ бэрэссэдээтэлгэ хандьыдааттар туруннуннар. Кинилэри эмиэ норуот өстөөҕүн курдук көрөр, кинилэр тустарынан кири-хоҕу тарҕатар сатаммат. Холобура, «Ыҥырыы сурук» тахсыбытын кэннэ киһилии кэпсэтэр тоҕо сатаммат этэй? Ол оннугар онно илии баттаабыт суруйааччылары «куһаҕан дьон» диэн дьаралыктыы сылдьаҕыт. Сойуус үлэтэ суруйааччылар айымньыларын суруйууларынан эрэ муҥурданыахтаах үһү дуо? Сойууһу айымньылаах үлэҕэ түмэр тэрээһиннэр эмиэ ыытыллыахтаахтар. Норуоппут туһугар түмсүөхтээх буоллахпыт дии. Онтубут суох, алта сылы быһа.

Сайа ити этиитэ «солбуйааччы» киҥин-наарын холуннарда. 

– Хайдах тэрийбэтэх буолуохпутуй?! Кэлбэккит дии! Саҥа дьыл эҥин тэрийбиппит!.. – диэн Д. үөгүтэ ой дуорааннанан иһилиннэ.

Сүбэ мунньах сорох кыттыылаахтарын санаатынан, «сойууһу суукка үҥсэн сиэрэ суохтук былааска дураһыйбыт» Афанасий Гуринов-Арчылан тоҕо оннук хардыыга тиийбитин быһаарыытын, устаап тутуһуллуохтааҕын туһунан этиитин Д. диэки буолааччылар тохтото сатаатылар да, син биир истэргэ тиийдилэр.

Арчылан бүгүҥҥү «уочараттаах сийиэс» туһунан үгүс чилиэн истибэккэ хаалбытын эттэ. Салгыы устаап быһыытынан сийиэс хайдах ыҥырыллыахтааҕын, ону иилиир-саҕалыыр хамыыһыйа тоҕо тэриллиэхтээҕин быһаарбытын саалаҕа олорооччулар ыараханнык ылыннылар. Сойууска устаабы уонна быраабы тутуһар үөрүйэх төрүкү олохтоммотоҕо билиннэ.

Итинник уустук быһыыга-майгыга тэрийэр хамыыһыйаҕа кимнээх киирэллэрин уонна сийиэһи ахсынньы 9 күнүгэр диэри тэрийэргэ быһаардылар. Онуоха диэри хас биирдии чилиэнтэн туһааннаах докумуону (требованиены) хомуйан, хамыыһыйаны үлэлэтэн, сийиэс ыытыллар күнүн чопчу болдьуох буоллулар.

Тиһэҕэр, хаһан хайдах талыллыбыта биллибэт Ситэриилээх сүбэ ыҥырбыт сийиэһигэр кэлбит сорох дьон ирдээччилэртэн суут дьыалатын тохтотон, эйэлээх сөбүлэһии түһэрсэн, бу айдааннаах мөккүөрү тохтотоллорун модьуйан эттилэр. Онуоха сүбэ мунньаҕы салайан ыыппыт норуодунай суруйааччы Д.Ф. Наумов-Миитэрэй Наумов «биһиги модьуйар бырааппыт суох, көрдөһүөхпүтүн эрэ сөп» диэн быһаарда. Ол кэнниттэн куоластааһыны тэрийдилэр.

Онуоха ирдэһээччи Гуринов А.Г. «бэрэссэдээтэл солбуйааччытабын» дэнэр Д. оҥорбут сыыһатын хаһыат нөҥүө билиннэҕинэ эрэ сөбүлэһэрин биллэрдэ. Буоларын курдук, хоруй ылбата...

 Онон, балаҕан ыйын 24 күнүттэн Дьокуускай куорат суутугар Гуринов А.Г. уонна Санников М.С. «СӨ Суруйааччыларын сойууһа» уопсастыбаннай тэрилтэ ситэриилээх сүбэтин CӨ Суруйааччыларын сойууһун VIII сийиэһин ыҥырар туһунан быһаарыытын уонна 2022 сыл ахсынньы 19 күнүгэр ыытыллыбыт CӨ Суруйааччыларын сойууһун VII сийиэһин быһаарыыларын дьиҥэ суоҕунан ааҕар туһунан ирдэбиллэрин көрүү саҕаланан бара турар. Билигин ирдэһээччилэр кэккэлэригэр, этиллибитин курдук, Угаров Г.С. итиэннэ онтон кэлин Гоголев А.Н. эбиллибиттэр.

Кинилэр кырдьыгы этэллэригэр, кырдьыгы туруорсалларыгар туох даҕаны саарбахтааһын суох. Ол «буруйдарыгар» кинилэргэ «сойууһу ыһар, иирсээни тардар, дьон аатын киртитэр ньоҕой майгылаах, баппат дьон» диэн дьаралык туруораллар.

«Үчүгэй дьон» диэн санаанан салайтаран төһө ыраатабыт?

Биһиги, уус-уран литэрэтиирэбит сайдарыгар баҕалаах ааҕааччылар, бу түбэлтэҕэ ханна кырдьык, ханна сымыйа баарын өйдүөхтээхпит уонна кырдьык диэки тардыһыахтаахпыт. Онон, түмүккэ, ирдэһээччилэр үҥсүүлэрин ис хоһоонун кылгастык билиһиннэрэбин.

Ол курдук:

  • 2022 сыл ахсынньы 19 күнүгэр ыытыллыбыт CӨ Суруйааччыларын сойууһун VII сийиэһигэр Ситэриилээх сүбэ талыллыбатах. Ол эбэтэр, быйыл атырдьах ыйыгар биллэриллэн балаҕан ыйын 19 күнүгэр ыҥырыллыбыт CӨ Суруйааччыларын сойууһун VIII сийиэһэ эмиэ устаабы кэһэн туран дьаһаныы буолар.
  • 2022 сыл ахсынньы 19 күнүгэр ыытыллыбыт CӨ Суруйааччыларын сойууһун VII сийиэһигэр, боломуочуйата бүппүт бэрэссэдээтэл М. ирдэнэр үс гыммыт иккитэ куолаһы ылбатаҕын үрдүнэн, боротокуолга «куоластааччы ахсаанын баһыйар өттүнэн бэрэссэдээтэлинэн М. талылынна, онон кини солбуйааччыларын уонна бырабылыанньа чилиэннэрин кылгас кэм иһинэн талара ирдэнэр» диэн сокуон уонна устаап ирдэбилигэр сөп түбэспэт быһаарыыны киллэрбиттэр.
  • Боротокуол саҕаланыытыгар сойуус 145 чилиэниттэн 81 киһи кэлбитэ бэлиэтэнэр. Оттон сийиэскэ быһаарыыны ыларга куоластааччы уопсай ахсаанын үс гыммыттан иккитигэр олоҕуруллуохтаах. Ол эбэтэр боротокуолга «Бырабылыанньа» диэн суруллубут Ситэриилээх сүбэни таларга 81 киһиттэн 54-дэ cөбүлэспит буолуохтаах.
  • «Бырабылыанньаны талыы» диэн пуун сойуус устаабыгар төрүт да суох, арай «Ситэриилээх сүбэни талыы» диэн баар. Ситэриилээх сүбэни сийиэс кыттыылаахтара, эмиэ Бэрэссэдээтэли курдук, үс гыммыт иккилэрэ куоластаан талыахтаахтара ирдэнэр. Бэрэссэдээтэли солбуйааччы Ситэриилээх сүбэ иһиттэн талыллыахтаах. Оттон Д. талыллыбатах Ситэриилээх сүбэҕэ хайдах даҕаны киирэр кыаҕа суох, онон солбуйааччы бэрэссэдээтэл боломуочуйатын сүгэр бырааба эмиэ суох.

Сойуус Устаабын, чилиэннэрин быраабын толоостук кэһии, дуоһунаһы иҥэринии чахчыта баара Минюст управлениетын бэрэбиэркэтин түмүктэрин уонна суукка киирбит атын докумуоннары ырытан аахтахха дьэҥкэтик көстөр.

Албастары салгыы туһаныы туохха тиэрдэр?

«Сойуус бэрэссэдээтэлин солбуйааччытабын» диэн ааттанан Д. бүтүн VIII сийиэһи ыҥыран, тэрээһинин иилээн-саҕалаан баран, суукка кэлэн «солбуйааччы буолбатахпын, эрэдэбиэй чилиэммин» диэн хадаатайыстыба биэрбит. Онтун бигэргэтээри, балаҕан ыйын 4 күнүгэр Сойуус аатыгар «бэрэссэдээтэл солбуйааччытын дуоһунаһыттан босхолуургутугар көрдөһөбүн» диэн сайабылыанньа суруйбут.

Итинник суруктаах сылдьан, бу күннэргэ «Ситэриилэээх сүбэ мунньаҕа буолан ааста, онно икки саҥа чилиэни ыллыбыт» диэн «дакылааттыыр». Уонна, дьэ, судаарыстыбаннай сыырка банкеттыыр саалатыгар «СӨ Суруйааччыларын сойууһун тэрээһинэ» диэн ааттаан эмиэ дьону мунньар. «Солбуйааччы» быһыытынан «саҥа чилиэҥҥэ» дастабырыанньатын туттарар. Бу туораттан элбэх киһи кыттыылаах тэрээһиҥҥэ бэйэтин кытта Сойуус сүүрбэччэ эрэ чилиэнэ сылдьыбыт.

Быһата, суукка атыны, сойуус чилиэннэригэр атыны суруйан, оруолун салгыы толорор, хараҕы баайар, суолу муннарар. Этэргэ дылы, «дуоһунаһын көмүскүүр сэриигэ» бары ньыманы туһанар.

Дьиҥэ, тус интэриэһин киэр илгэн, ааспыт сийиэскэ тахсыбыт сыыһалары билинэн, Сойуус үлэтин салгыы ыраас лиистэн саҕалыыр туһунан толкуйдуон сөп этэ. Ону баара, урукку үөрүйэҕин, урукку ньымаларын кыайан ыһыктыбат: устаабы кэспитин курдук салгыы кэһэр, «өйүүр бөлөҕүн» хаҥатар, кырдьыгы туруулаһааччылары араастаан холуннарар.

Онуоха СӨ Суруйааччыларын сойууһун сорох чилиэннэрэ, итинник быһыыны-майгыны сүөргүлүүр оннугар, кырдьыгы туруулаһыыны «урукку бэрэссэдээтэл үтүө аатын киртитии, сиэрэ суох быһыы, сойууһу ыһыы» диэн сыаналыыллар.

Оттон мин, Д. эппитин курдук, «махсымалыыстыы маньыардаах» суруналыыс, албыҥҥа хараҕы симии, албын диэки буолуу дьиҥ киртийии буоларын бэркэ диэн билэбин.

Сойуус, үөһэ ыйыллыбыкка хараҕын симэн, туох да буолбатаҕын курдук салгыы урукку суолунан бардаҕына, суруйааччы уонна ааҕааччы туһугар хайдах үтүө суобастаахтык үлэлиэй? Кырдьыгы өрө тутар оннугар «кини үчүгэй киһи ээ» диэн санаанан салайтаран сырыттахха, туох тупсуута-сайдыыта кэлиэй?

Маны, бастатан туран, бэйэҕэ үрдүк ирдэбиллээх, хайа да түгэҥҥэ Кырдьыгы өрө туппут, Кырдьык туһугар олохторун толук уурбут улуу суруйааччыларбыт, чулуу дьоммут туох диэхтэрэ этэй?

Балаһыанньаны сырдатта КҮНДЭЛИ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар