Киир

Киир

Саха норуотун биир чаҕылхай судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай деятелэ, талааннаах хаһаайыстыбаннай салайааччы, Ленин уонна “Үлэ кыһыл знамята” уордьаннар хаһаайыннара, ССРС 7-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Николай Иванович Прокопьев төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Кини Ньурба оройуонун 1-кы Бордоҥ нэһилиэгэр 1918 сыл муус устар ый 15 күнүгэр төрөөбүтэ.

Кини дойдутугар учуутал, оскуола дириэктэрин быһыытынан уонна олус таһаарыылаахтык бөдөҥсүйбүт Степан Васильев аатынан холкуос бэрэссэдээтэлинэн, онтон салгыы ити сопхуос дириэктэринэн таһаарыылаахтык 14 сыл үлэлээбитэ. Хаалыылаах хаһаайыстыбаны эти оҥорууга идэтитэн, хозрасчету киллэрэн, Мэҥэдьэк боруода сылгытын иитиини сайыннаран өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа тиийэ биир биллэр бастыҥ хаһаайыстыба буоларын ситиспитэ.

Бу күннэргэ Ньурба улууһун уопсастыбаннаһа, Бордоҥ, Мэҥэдьэк, Малдьаҕар нэһилиэктэрин олохтоохторо аатырбыт биир дойдулаахтарын үбүлүөйүн киэҥник бэлиэтииллэр.

Прокопьев

Николай Иванович Прокопьев миэхэ олоҕум үс түмүк кэмнэригэр учууталым буолар. Ону саас-сааһынан кэпсээтэххэ маннык.

Мин 1941-47 сылларга Маалыкай сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. Ол кэмҥэ эдэр, сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт сытыы-хотуу киһи оскуолабытыгар дириэктэринэн ананан кэлбитэ уонна биһиэхэ саха литэрэтиирэтин үөрэппитэ.

Онтон Ньурба бөһүөлэгин 1-кы №-дээх оскуолатын бүтэрэн баран, 1951-1955 сылларга Дьокуускайдааҕы педагогическай институкка саха оскуолаларыгар нуучча тылын уонна литературатын үөрэтэр учууталлары бэлэмниир факультекка үөрэнэр сылларбар, Николай Иванович пединститут саха тылыгар уонна литэрэтиирэтин кафедратын старшай преподавателинэн үлэлээбитэ. Онно биһиэхэ кини саха литературатыгар лекциялары ааҕара. Лекциялара сүрдээх интэриэһинэй, тыла-өһө хомоҕой, лоп-бааччы буолара.

1955 сыл сайыныгар мин үөрэхпин бүтэрэн, учуутал идэтин ылан оройуоммар ананан тиийбитим. Үөрэммит Маалыкайым оскуолата орто оскуола буолбут этэ, онно үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн анаммытым. Түөрт сыл үлэлээбитим кэннэ партия Ньурбатааҕы райкомун инструкторынан анаабыттара. Оскуолабыттан барыахпын баҕарбатаҕым үрдүнэн көһөргө күһэллибитим. Сыл аҥаара курдук үлэлээбитим кэннэ, аны Маалыкайга, ол сахха Степан Васильев аатынан бөдөҥсүйбүт холкуос “парткомун босхоломмут сэкэрэтээринэн бараҕын” диэн буолла. Хайыамый, дойдубар төннөрбүн өссө хайдах эрэ үөрэ ылынан, сөбүлэспитим. Ити – 1960 сыл муус устарга этэ.

1959 сыллаахха кулун тутарга Николай Иванович Прокопьев колхоз хаалыылаах балаһыанньалааҕын көрө-истэ сылдьан дойдутугар, дьонугар иэстээх курдук сананан, бэйэтин баҕатынан, тылланан да диэххэ сөп, Степан Васильев аатынан холкуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.

Кини биир сыл бэрэссэдээтэллээбитин кэннэ, аны мин оскуолаҕа, ону ааһан пединститутка үөрэппит учууталбын кытта төрөөбүт-үөскээбит дойдубар, таайым Степан Васильев аатын сүгэр колхозка үлэлиир буолбуппуттан долгуйа санаабытым, улахан эппиэттээҕин да өйдөөбүтүм. Ол да иһин күүһү-уоҕу харыстаабакка, билиини-көрүүнү ситэри туһанан, бириэмэни аахсыбакка үлэлииргэ быһаарыммытым. Уруккута учууталым, билиҥҥитэ холкуоһум бэрэссэдээтэлэ Николай Иванович үөрэ-көтө көрсүбүтэ санаабын кынаттыыра.

Билигин 60-ча сыл ааспытын кэннэ ахтан-санаан көрдөххө, Николай Иванович Прокопьев салалтатынан Степан Васильев аатынан холкуос кылгас кэм иһигэр хаалыылаахтан тахсан оройуоҥҥа, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирэ охсубута, үп-харчы өртүнэн балачча бөҕөргөөбүтэ. Итини биһиги холкуоһу эти оҥорууга идэтитэн, ыччат сүөһүнү түргэнник төлөһүтэн, саха сылгытын племенной хаачыстыбаларын тупсаран, холкуос учаастактарыгар хаһаайыстыбаннай расчету киллэрэн, холкуостаахтары кытта өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан хамнаһы харчынан аахсары олохтоон ситиспиппит. Оҥорон таһаарыыга бастыҥ ньымалары харса суох киллэрии, ыччаттарга тирэҕирии, производствоны салайар орто сүһүөх кадрдары сүүмэрдээһини тосту тупсарыы быһаарыылаах оруолу ылбыттара.

Итини барытын учууталбыт, аҕа табаарыспыт, холкуос бэрэссэдээтэлэ Николай Иванович салалтатынан, кини быһаччы көҕүлээһининэн ситиспиппит. Николай Иванович кэлиэҕиттэн 2-3 сыл иһинэн холкуос 8 тыраахтыры, 3 комбайны, 9 грузовой, 3 легковой массыынаны, 4 дизельнэй электростанцияны атыыласпыта. Механизатордары бэлэмнээһин, кинилэри кытта үлэ болҕомто киинигэр ылыллыбыта. Ол түмүгэр биир усулуобунай тыраахтыры оҥорон таһаарар үлэтэ сымнаҕас хорутуунан биир сыл иһигэр балтараа төгүл улааппыта.

Холкуостаахтар үлэҕэ көхтөрө уонна дьулуурдара улам улаатан, кэҥээн барбыта. Ол түмүгэр Степан Васильев аатынан холкуос судаарыстыбаҕа эти атыылааһын былаанын үс бүк толорбута. Сүөһү бары көрүҥнэригэр эбэһээтилистибэ аһары толоруллубута. Механизатордар ыйдааҕы орто хамнастара 1960 сылга — 770 солкуобайга, сүөһү үлэһиттэрин хамнастара — 575 солкуобайга, хонуу үлэһиттэрин хамнастара — 486 солкуобайга тэҥнэспитэ. Ити Саха сиригэр биир бастыҥ көрдөрүү этэ.

Николай Иванович идэтинэн учуутал буолан эбитэ дуу, социальнай боппуруостарга, дьон олоҕун илгэтин тупсарыы боппуруостарыгар ордук улахан болҕомтону уурара. Ол курдук, ити сылларга Маалыкай орто оскуолатын иккис корпуһун, учаастактааҕы балыыһа, дизельнэй электростанция дьиэлэрин бэрт тэтимнээхтик туттаран, дьоҥҥо-норуокка улахан өҥөнү оҥорбута.

прокопьев 2

Кини уруккуттан үөрэтэн, үүннэрэн испит учууталым буолан миигин мэлдьитин өйүүрэ, үүннэрэ да сатыыра. Партком сэкэрэтээринэн үлэлээбитим икки сыл буолтун кэннэ, Николай Иванович биирдэ: "Эдуард Федорович, эйигин манна уһатан үлэлэппэттэрэ буолуо, оройуоҥна ылыахтара," — диэбитэ. Бэйэм ол эрэ туһунан санаабат этим. Кырдьык, сотору буолаат, 1962 сыл бүтүүтэ, миигин баартыйа Ньурбатааҕы райкомун иккис сэкэрэтээринэн талан кэбиспиттэрэ. Онтон 1963 сыл кулун тутарыгар Ньурба уонна Сунтаар оройуоннара холбоһон бөдөҥсүйбүт Ленин аатын сүгэр оройуон буолбута. Онно аны мин райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан талыллыбытым. Бөдөҥсүйүү туох да туһаны аҕалбатаҕа, онон икки сыл буолаат, 1965 сылга оройуоннар аны арахсан урукку чөллөрүгэр түспүттэрэ, кадрдар төттөрү-таары көһүүлэрэ, ананыылара буолуталаабыта.

Кини холкуоска үлэлии кэлээт, тыа хаһаайыстыбатын үрдүк үөрэхтээх, үлэҕэ бэриниилээх исписэлиистэри сүүмэрдээн барбыта. Бэйэтигэр бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан улахан инициативалаах, идэтинэн бэтэринээр Афанасий Гуляевы, сүрүн зоотехнигынан саҥа үрдүк үөрэҕи бүтэрбит Егор Попову, агрономунан үрдүк үөрэхтээх Анна Татаринованы, зоотехнигынан эмиэ үрдүк үөрэхтээх Александра Анисимованы о.д.а. эдэр дьону ыныран аҕалтаабыта. Оттон оҥорон таһаарыыга (орто сүһүөх салалтаҕа) Николай Иванович олоххо, үлэҕэ улахан опыттаах, дьон-сэргэ ортотугар аптарытыаттаах, барыыны-кэлиини кыайар кадрдары сүүмэрдээн туруорара. Ордук холкуос учаастагын сэбиэдиссэйдэригэр, онтон сопхуос буолбутун кэннэ отделениелар управляющайдарыгар улахан болҕомтотун уурара. Ити сылларга уруккуттан холкуос производствотын салайыыга улахан опыттаах табаарыстар Иван Иванов, Андрей Дмитриев, Александр Саввинов, Петр Кириллин, Николай Григорьев бэрт ситиhиилээхтик үлэлээбиттэрэ.

Николай Иванович кинилэри “производство хамандьыырдара” диэн ааттыыра уонна солбуйарга биригэдьиирдэри бэлэмниирэ. Ол түмүгэр, ити бириэмэҕэ биригэдьиир оскуолатын барбыт Иван Такыров, Николай Ефремов, Василий Николаев, Прокопий Васильев о.д.а. отделение управляющайдара буолар кыахтаах кадрдар баар буолбуттара. Үүт табаарынай фермалар биригэдьиирдэринэн орто үөрэҕи бүтэрбит эдэр кыргыттар – Июлия Иннокентьева, Екатерина Егорова, Клавдия Петрова, Елена Васильева тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Бэрэссэдээтэлбит холкуос, сопхуос производствотын тэрийиигэ билимҥэ тирэҕирэрэ, ордук экономикини билимҥэ салайтаран таба тайаммыта. ССРС Наукаларын академиятын Саха сиринээҕи филиалын опыттаах учуонайын, биир дойдулааҕын Василий Николаевич Антипины анаан-минээн ыҥыран дуогабар түһэрсэн холкуоһу хаһаайыстыбаннай ахсааҥҥа киллэриигэ, холкуостаахтар үлэлэрин харчынан төлөөһүнү олохтуурга Саха сиригэр аан бастаан былааннаах, хайысхалаах үлэни саҕалаабыта. Ол үтүө түмүктэрдээх буолбута. Степан Васильев аатынан холкуос кылгас кэм иһигэр балачча барыстаахтык үлэлиир хаһаайыстыбаҕа кубулуйбута. Холобура, 1959 сылтан 1965 сылга дылы эти оҥоруу икки төгүл, атыылааһын кээмэйэ биэс төгүл улааппыта, холкуос оҥорор уопсай валовай бородууксуйата – икки төгүл, харчынан дохуота – биэс төгүл, колхозтаахтар орто хамнастара 4,4 төгүл үүммүтэ.

Николай Иванович тэрийэр үлэ таһынан, опытын түмэр, чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктанара: 1966 сыллаахха 7,5 бэчээтинэй лиис кээмэйдээх "Идэтийии суолунан" диэн кинигэ суруйбута.

Николай Иванович Прокопьев киэҥ далааһыннаах, кэскиллээх, дьулуурдаах үлэтэ төрөөбүт сахатын норуотунан үрдүктүк сыаналаммыта.

Ытыктабыллаах учууталбытын, доҕорбутун, биир бөдөҥ хаһаайыстыбаннай салайааччыбытын биһиги урут үөрэппит оҕолоро 60-70-с сыллардаахха оройуон салалтатыгар үлэлэспит дьон: Николай Николаевич Лыткин биһикки уонна ити бириэмэҕэ партия райкомун секретардарынан үлэлээбит Прокопий Меркурьевич Герасимов, Анатолий Лаврентьевич Дохтуров буоламмыт, күүспүт, өйбүт-санаабыт төһө кыайарынан өйүүргэ, киниэхэ көмөлөһөргө кыһаммыппыт үтүө түмүктэрдээх буолбутуттан билигин, сааһыран баран, астына, үөрэ, киэн тутта да саныыбыт.

Ахтыым түмүгэр Николай Иванович Прокопьев киһи, аҕа, атас-доҕор быһыытынан хайдах этэй диэн билиҥҥи үйэҕэ киһи аймаҕы долгутар, интэриэһиргэтэр боппуруостарга тохтоон ааһарым тоҕоостоох курдук. Бастатан туран, кинини урут хаһан да харахтаан көрбөтөх, кулгаахтаан истибэтэх киһи көрсө түһэн тыл бырахсан кэпсэттэҕинэ, Николай Иванович саха киһитигэр тас да көстүүтэ, тутта-хапта сылдьара чэбэрэ, мөссүөнэ кэрэтэ, тыла-өһө чуолкайа, дууһата ырааһа тута харахха быраҕыллара, ким баҕарар кинини сэргии, хайҕыы көрөрө. Онтон өссө билсэн, кэпсэтэн бардаххына, өйө-санаата ырааһа, киэҥи-куоҥу толкуйдуура, итийэн-кутуйан саҥаран-иҥэрэн бардаҕына, кими баҕарар тардара, мөккүһүннэрэрэ, киһини – кэпсэтээччитин сэҥээрдэрэ, күллэрэрэ да бу баарга дылы.

Кини саха дьонун өркөн өйдөөхтөрүгэр киирсэр киһи этэ, тирээн кэлбит боппуруоһу бары өттүттэн ыараҥнатан көрөр идэлээҕэ, онно биһигини барыбытын үөрэтэ, такайа сылдьара. Бары боппуруостарга хайаан да бэйэтэ туһунан көрүүлээх буолара, бэйэтин санаатын харса суох, киһини итэҕэтэрдии көмүскүүрэ. Сорох түгэннэргэ, кыаттардаҕына да, санаатын түһэрбэт этэ, хотторбут мөккүөрдээх боппуруоһун хаһан эбит, түгэн көһүннэҕинэ, иккистээн-үһүстээн хос-хос туруорара.

Омос көрдөххө, кини киһиэхэ сыһыана хайдах эрэ судургу курдуга: сорохтор хайҕаабытын наар хайгыыр, сирдэҕинэ эргиллибэт диэх курдук этэллэрэ. Кырдьык, кини киһи итэҕэһин-быһаҕаһын ырыҥалаан өйдүүрэ, киһи итэҕэһин сытыы тыллары туттан өйгөр-санааҕар уһун бириэмэҕэ умнуллубат гына этэрэ. Ол эрэн, ол киһиэхэ куһаҕаны сыһыара сатаан буолбакка, үлэ-хамнас тупсарыгар, итэҕэс-быһаҕас суһаллык туоратылларыгар хайысхалаах буолара.

дьиэ кэргэнэ

Дьиэтигэр-уотугар таптыыр, таптанар кэргэн, дьоһуннаах, ытыктанар аҕа, эһэ этэ. Үлэтин-хамнаһын улахан аҥарын бэйэтэ төрөөбүт-үөскээбит Дьаарынын, Маалыкайын түбэтигэр улахан патриотическай санаанан кынаттанан эргиллэн кэлэн түмүктээбитэ: колхоз председателинэн, совхоз директорынан 16 сылтан ордук бириэмэҕэ олус тахсыылаахтык үлэлээн уһун кэмҥэ бэлэмнээн такайан аҕалбыт, уһуйбут киһитигэр, үрдүк ветеринарнай үөрэхтээх Иван Васильевич Евсеевкэ туттарбыта. Кини үлэтин, сыратын, олоҕун, өйүн-санаатын чыпчаалын биэрбит дьыалата мөлтөөн-ахсаан биэрбэтин туһугар, 1973 сыллаахха сопхуос диририэктэриттэн босхолонон, дуоһунаһын эдэр, опыттаах киһиэхэ туран биэрбитэ. Дьиҥэр кини өссө да үлэлиир-хамсыыр, өссө да директордыыр кыахтааҕа. Ол эрээри кини эмиэ киһилии хаачыстыбата, прогрессивнай өйө-санаата итинник быһаарынарга күһэйбит буолуохтаах. Оройуон салалтата да, урут бииргэ үлэлээн сылдьыбыт табаарыстара да өссө да “үлэлии түс” диэн көрдөһүүлэрин ылымматаҕа. Аҕыйах бириэмэ буолаат, санаата батарбатаҕа — сопхуоһугар юрист-консультант эбээһинэһигэр үлэлии киирбитэ. Көр, ол курдук кини саҕалаабыт, атаҕар туруорбут дьыалатыгар олоҕун тиһэх күннэригэр диэри бэриниилээх этэ.

Атас, доҕор быһыытынан кинини киһи улаханнык эрэнэр этэ. Дьиэ кэргэнинэн, биһиги сааспытынан төһө да эдэр соҕус буолларбыт, ыкса доҕордоспуппут, ыалласпыппыт. Маалыкайга, Ньурбаҕа, онтон атын сиргэ көһөн да баран, дойдубутугар тиийдэхпитинэ хайаан да Николай Иванович, Анна Никифоровна дьиэ кэргэннэригэр сылдьан, ирэ-хоро кэпсэтэн, дэлэй астаах сандалыларыгар олорон ыалдьыттаан, астынан арахсарбыт. Олоҕун бүтэһик сылларыгар кыһынын Дьокуускайга кэлэн кэргэниниин ичигэс дьиэлэригэр кыстыыллара. Оччоҕо Николай Ивановичтаахха баран, ардыгар кинилэр биһиэхэ кэлэн, ыалдьыттаан үөрүү-көтүү, кэпсэтии-ипсэтии буолара. Онно биһиги уруккуну-хойуккуну санаһан, билиҥҥи олох кыһалҕаларын ырытан эмиэ астынан арахсарбыт.

Ити сылдьыһан, билсэн көрдөххө, Николай Иванович уонна Анна Никифоровна дьиэ кэргэннэрэ үрдүк култууралаах, олус иллээх-эйэлээх буолаллара, кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэригэр дириҥ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Дьиэлэригэр улахан баай библиотекалаах этилэр.

Николай Иванович, Анна Никифоровна үс уол, биир кыыс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үөрэхтээн, киһи-хара онорбуттара: улахан уол Алек­сандр Николаевич үрдүк үөрэҕи бүтэрэн аҕатын туйаҕын хатаран экономическай наука кандидата буолан ситиһиилээхтик үлэлээн пенсияҕа тахсан олорор; үһүс уол – Валерий Николаевич үрдүк юридическай үөрэхтээх, сэбэиэскэй-партийнай үлэлэргэ эриллэн, СӨ Конституционнай суутун чилиэнинэн, Юстиция миниистиринэн уhуннук үлэлээн дьон махталын ылбыттара. Соҕотох кыыстара Любовь Николаевна Ленинград куораттааҕы Герцен аатынан пединституту уонна култуура институтун бүтэрэн, Дьокуускай куорат 2-с №-с оскуолатыгар үөрэнээччилэри төрүт култуура учууталынан үлэлээбитэ, билигин сынньалаҥҥа олорор.

Түмүктээн эттэххэ, Николай Иванович уонна Анна Никифоровна оҕолоро уонна сиэннэрэ аҕаларын, эһэлэрин, ийэлэрин, эбэлэрин суолларынан саҥа олоҕу тутуһууга күүрээннээх үлэ үөһүгэр сылдьаллар, кинилэр дьоннорун ааттарын үйэ саас тухары үтүө өйдөбүлүнэн ааттата туруохтарыгар биһиги саарбахтаабаппыт.

Эдуард ДАНИЛОВ, Ст. Васильев аатынан холкуос парткомун урукку сэкэрэтээрэ, Ленинскэй оройуон райсоветын ситэриилээх кэмитиэтин урукку бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ.