Киир

Киир

Аллараа Халымаҕа сырыыбыттан кэпсээммин салгыыбын. Айанныам иннинэ норуот талааннаахтарын кытта көрсүһүннэрэллэригэр көрдөспүтүм. Иккис күммэр олохтоох муосчуту көрсөөрү түспүт сирбиттэн чугас турар КПД дьиэҕэ тиийбитим. Ааны сааһыра барбыт дьахтар аспыта. Бу үс хостоох кыбартыыра – өссө сэбиэскэй кэмҥэ киин сиртэн кэлэн олохсуйбут Петровтар дьиэ кэргэн ньээкэ уйалара. Хаһаайка хаҥас хоско атаарбыта. Ытык саастаах муосчут дорооболоһон, киммин-туохпун сураһан, кэпсэтиибитин саҕалаабыппыт. Онон билсиҥ – норуот маастара Христофор Данилович Петров.

Черскэйгэ баартыйа ыҥырыытынан кэлбиппит

Аллараа Халымаҕа сахалыы хаһыаты суруйтарар ахсааннаах сахалартан биирдэстэрэбин. “Кыымы” эдэрбиттэн ааҕабын. Доҕор-атас, көмө буолбут хаһыатым. Оччоттон баччаҕа диэри суруйтарабын. Биир үйэ тухары төһөлөөх элбэх киһини үлэҕэ, үөрэххэ ыҥырбыта-угуйбута буолуой. Урут туох көрүүлээхпин, санаалаахпын суруйан ыытар буоларым. Оччолорго эрэдээксийэҕэ дьэҥкэччи эр дьон үлэлииллэрэ. Хаһыат билигин даҕаны урукку тэтимин ыһыкта илик. Хабар тиэмэҕит киэҥэ, суруйар истиилгит хорсуна тардар. Эдэриттэн, саастааҕыттан тутулуга суох бары туһунан буочардаах, көрүүлээх, талааннаах суруналыыстар мустубуккут харахха быраҕыллар. Кытаатыҥ, үлэлээҥ-хамсааҥ, үтүөнү төрөтүҥ, мөкүнү кытта охсуһуҥ диэн кырдьаҕас киһи алгыыбын.

85 сааспын туолан олоробун. 1935 сыллаах төрүөхпүн. Бүлүү улууһун Кыргыдайыттан төрүттээхпин. Убайым – Мастаах Уола диэн аатынан биллэр суруйааччы, бэйэтигэр ыҥыран, оскуоланы Өлөөҥҥө бүтэрбитим. 1969 сыл күһүн ыал буолаат, сопхуоска баартыйа сэкирэтээринэн ананан Черскэйгэ кэлбиппит. Кэргэним Александра Христофоровна – Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх. Хиимийэ, биология учуутала. Сааһын тухары биир оскуолаҕа үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. Мин кэлин Хабаровскайга баартыйа үрдүкү оскуолатыгар үөрэммитим.

Оччолорго, сопхуос саҕана, Аллараа Халымаҕа дьон табаны, хара саһылы иитэрэ. Балыктааһынынан, булдунан дьарыктанара. Айылҕаттан быһаччы тутулуктаах буоланнар, сиргэ-уокка ураты харыстабыллаах сыһыаннаахтара. Олус ыалдьытымсахтара. Ас-таҥас да дэлэйэ. Олох таһыччы үчүгэйэ.

Олохтоох чукчалары, дьүкээгирдэри кытта үксэ нуучча дьоно мустан, үлэ күөстүү оргуйара. Оччолортон сахалар аҕыйахпыт. Уопсай маассаҕа холбоһон, тылбыт нууччалыыга иэҕиллибит. Эмээхсиммин эрэ кытта сахалыы кэпсэтэбин. Хомойуох иһин, өрөгөй кэммит сэбиэскэй кэмҥэ түбэспит дьон үлэҕэ умса түһэн, оҕолорбут сахалыы саҥаралларын ситиспэтибит.

Улахан уолум Роман Нам педагогическай колледжыгар преподавателинэн үлэлиир. Эмиэ муосчут, ювелир, мас ууһа. Соторутааҕыта аан дойдутааҕы быыстапкаҕа маска үлэтэ бастакы миэстэни ылбыта. Кыра уолум Андрей Черскэйгэ инженер-элиэктирик. Сиэннэрдээхпит.

Өйүм-санаам түмүллүүтэ

Оччолорго Халыма өрүс кытыытынан сэлии муоһа дэлэй буолара. Дьон улахаҥҥа уурбат да курдуктара. Кэлин улахан харчыга турарын билэннэр, мээнэ көстүбэт буолла. Оҕо сылдьан, маһынан уһанарым. Өссө Өлөөҥҥө олорор кэммэр илиибэр муоһу ылан, кыһарга холоммутум. Черскэйгэ сэлии уҥуоҕа дэлэйин көрөн, олохтоох матырыйаалы туһаҕа таһаарар баҕаттан муоһу кыһан, оҥоһук оҥорорго ылсыбытым. Хоту дойду айылҕата, олоҕо, дьоно – ураты. Ол да иһин хара ааныттан хоту дойдуну сырдатар үлэттэн саҕалаабытым. Эр киһи сиэринэн булду, балыгы сэҥээрэрим эрээри, айахха эрэ диэн бултуурум. Ол оннугар айылҕа кэрэтин көрөөрү төһө баҕарар сылдьыах курдугум. Дьэ, ону үлэлэрбэр үйэтиттим.

5

Хоту дойду дьоно тыйыс усулуобуйаҕа олороллор. Төһө даҕаны силлиэ-буурҕа кымньыылаатар, сүрэхтэрин, дууһаларын сылааһа сойбот. Төрүт дьарык сатабылынан, айылҕа кыһарыйар уустугун туоруур албаһынан, олоххо тардыһыытынан ураты укулааттаах олохтоох буоллаҕа хотугу киһи. Ону көрдөрөр, дакаастыыр сүрүн соруктаахпын. Улахан композициялары Арассыыйа бэлиэ күннэригэр анааччыбын. Олортон элбэх улахан үлэм улуус, өрөспүүбүлүкэ аатыттан бэлэххэ барбыта.

4

Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киириитигэр аналлаах үлэм элбэх. “Күнү көрсүү” – саха норуота нууччалары кытта көрсүһүүлэрин үйэтитии үлэтэ. Бу түгэнтэн Саха сиригэр улахан уларыйыы, атын түһүмэх саҕаланнаҕа. Байыаннай тиэмэҕэ элбэх үлэлээҕим. Гаас, тимир суол кэлиитин сэрэйэн оҥорбут үлэлэрбин хараҕым харатын курдук харыстыыбын. Хайа да оҥоһугу сонно ааһан иһэн оҥорбоппун. Хас биирдиитигэр дууһам сорҕото сытар, өйүм-санаам ууруллар, толкуйум түмүллэр. Ол да иһин хас биирдии оҥоһук оҕо кэриэтэ күндү буолар эбит.

Хайа баҕарар үлэ сыаналаныахтаах

2

Тугу кистэниллиэй, кэлиҥҥи кэмҥэ маастар быһыытынан көйгөтүлүннүм. Киһи күннээх, балык ыамнаах эрдэҕинэ, иннигэр-кэннигэр түһүү, көрдөһүү-ааттаһыы сүрдээх буолара. Аҥаардас быыстапкаларга диэн көрдөөн ылан баран, төннөрүллүбэтэх үлэм хара баһаам. Эппитим курдук, хас биирдии үлэ оҥорон таһаарааччыга оҕотун кэриэтэ. Дьиҥэр, бэйэбэр төннөрүөхтээх этилэр, туох да диэтэллэр, ыччаттарбар хаалларар кэриэһим буолуохтааҕа. Урут, кэнэн эрдэххэ, ыраах кэһии гынан баралларыгар, ыалдьыкка бэлэххэ диэн көрдөспүттэринэн бэриллибит, кэлтэгэй кэппиэйкэ да төлөммөтөх үлэм эмиэ элбэх. Ол иһин билигин кэлэн, барытын эргитэ сыаналаан, ырыҥалаан, ыараҥнатан көрөн баран эттэххэ, үлэ төлөнүөхтээх, сыра сыаналаныахтаах. Эдэр маастардарга үлэҕитин быыл-буор курдук ыскайдаамаҥ, харчыга, сыанаҕа таһаарарга үөрэниҥ диэн сүбэлиэм этэ.

Урут “киһи сатыырын киһи сатыахтаах” диэн өйдөбүл баара. Ити этии дьиҥ маастарыстыбаны сымнатар, үлэ, талаан суолтатын намтатар. Хас биирдии дьыала тарбах талаанынан сайдар, ураты толкуйунан тупсар. Онон талааннаах дьоҥҥо болҕомто күүһүрүөн, оҥоһуллар бородууксуйа сөпкө сыаналаныан наада.

Оксана ЖИРКОВА.

Дьокуускай-Аллараа Халыма-Дьокуускай.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар