Араас омук оҕотун биир сүрүннүүр, көнө сүнньүлүүр, сахалыы тыынныыр манан аҕай дьыала буолбатаҕа биллэр. Уолу дьиҥ эр киһи гынан, кыыһы кыыс курдук иитиини баһылаабыт Амма Эмиһин ыаллара Маргарита уонна Николай Уваровтар хас да оҕону иитэн, көччөх гынан көтүттүлэр. Кинилэргэ кэлбит оҕо дьиэ кэргэн сылаас эйгэтин, ийэ-аҕа истиҥ сыһыаннарын, ураты такайыыларын, чахчы, ис сүрэхтэриттэн сөбүлээннэр, дууһаларынан ылынан, бэл, улаатан да баран, букатын хаалаллар.
Хаһан хайдах саҕаланна этэй...
Кыамматы, тулаайаҕы ис-иһиттэн аһынар үтүө санаалаах дьон баар буолааччылар. 90-с сылларга дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаланан, маҕаһыыҥҥа ас-таҥас барыта хааччах, кырыымчык буолбут ыар кэмэ этэ. Ол да буоллар 1991 сыллаахха үс кыыстаах эдэркээн ыал саҥа дьиэ туттан киирэллэр. Ол кэмҥэ, аймахтара эмискэ өлөн, кинилэр икки аҥаардаах уоллара тулаайах хаалар. Бэйэлэрэ да саҥа олох олоро сатыыр эдэр дьон, уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, ол уолчааны анныларынан суруйтаран бэйэлэригэр ылаллар. Уола суох ыалга уол буолуо диэн буолар. Ол кэннэ сотору буолан баран, аны Амма хайа эрэ бөһүөлэгэр таджик дьахтар өлөн, кыыһа төгүрүк тулаайах хаалла диэн сүпсүлгэн улууһу биир кына тилийэ көтөр. Олохтоох Сэбиэт биэс саастаах кыыһы оҕо дьиэтигэр туттараары бэлэм олорор. Онуоха Уваровтар, тулаайах кыыһы аһынан, эмиэ бэйэлэрин анныларынан суруйтараллар. Дьиҥэ, олох билбэт дьоннорун оҕото, буолаары буолан, атын омук. Оҕо атын омуга туохха мэһэй буолуой, оҕону ийэ-аҕа сылаас тапталыгар бигээн ииттэххэ, төрөппүт оҕоҥ кэриэтэ буолар буоллаҕа. Сити курдук, холбоон-илбээн биэс оҕолонон олордохторуна, дьиэ кэргэн ийэтин балта эмискэ иһинэн моһуогуран, эмиэ өлөн хаалаахтыыр. Киниттэн хаалбыт соҕотох уолун аҕата көрөр кыаҕа суох буолан, эмиэ үтүө санаалаах Уваровтар бэйэлэригэр ылаллар. Бу сырыыга, оҕону иитэ ылыы сокуона тосту уларыйан, оҕону аны бэйэ аннынан суруйтарбакка, көннөрү улаатыар диэри иитии эрэ бэрээдэгинэн ылаллар. Инньэ гынан үһүс ииттэ ылбыт уолларыгар бэйэлэрин араспаанньаларын биэрэллэрин судаарыстыба көҥүллээбэт. Эппэкиин эрэ быһыытынан суруллаллар.
Ол кэннэ бэйэлэрэ төрдүс оҕолорун оҕолоноллор. Инньэ гынан, сэттэ оҕолоноллор. Улахаттар бары үөрэххэ кииритэлээн, төрөөбүт ньээкэ уйаларыттан тэлэһийэн, атын сирдэринэн олохсуйа барыталыыллар. Кыра уолларын кытары бэйэлэрэ эрэ хаалаллар. Иккиэн үлэ үөһүгэр сылдьар дьоҥҥо кыракыйдара соҕотохсуйа быһыытыйар.
“Берегиняттан” уоллаах кыыс...
Оҕо ылар ыра санааларын олоххо киллэрэр инниттэн 2015 сыл күһүнүгэр “Берегиняҕа” анаан-минээн тиийэн кэлэллэр.
Бастаан утаа кыра оҕону ылар баҕалаах кэлэллэр да, тоҕо эрэ кыра оҕолору кинилэргэ көрдөрбөттөр. “Обургу оҕолору ылыҥ...” – диэн “хаайаллар”. Хайыахтарай, обургу оҕолор хаартыскаларын көрөллөр. Кыыс оҕоҕо баҕаран, аны кыыһы көрөллөр. “Уолаттары эмиэ көрүҥ ээ...” – диэн көрдөспүттэригэр, уолаттары эмиэ сыымайдыыллар. Рома сытыы-хотуу, мэник-тэник уолҕамчы майгылаах уол буолан, хаста эмэ иитиигэ ылылла сылдьан баран, хомойуох иһин, “баппакка” төннөрүллүбүт. Омугунан литовец. Оттон украинка Лариса, бүтэйдиҥи майгылаах буолан, бэйэтэ бэйэтигэр бүгэн сылдьар, мээнэ киһини кытары ылбычча тапсыбат “кытаанах” аатыран, эмиэ хаста да төннөрүллэр эбит. Ити икки оҕону талан бастаан “гостевой” быһыытынан сырытыннараллар. Оҕо дьиэтигэр баар доҕотторо тоҕо эрэ: “Син биир сотору төннөн кэлиэххит”, – дииллэр. Быраабыла быһыытынан сүүрбэ хонон баран биирдэ ылыахтаахтарын оҕолор “төрөппүттэригэр” Аммаҕа курдаттыы тардыһан, түргэнник тиийэ охсуохтарын баҕараллар. Дьэ, дьиҥнээхтик дьиэлэригэр тиийэр күннэрэ икки өттүттэн муҥура суох үөрүүнэн угуттанар. Оҕо улахан киһи хайдаҕын тута билэр дииллэр ээ. Амма Эмиһин үтүө санаалаах, аламаҕай дьонун хайдахтарын бу да оҕолор тута сүрэхтэринэн, дууһаларынан биллэхтэрэ. Хата, оскуола дириэктэрэ, учууталлар, үөрэнээччилэр бары уоллаах кыыһы хара ааныттан олус сылаастык көрсөллөр. Тута бэйэлэригэр сыһыараллар. Онон төрөппүттэр оскуола салалтатыгар, учууталларга муҥура суох махталлаахтар.
Оҕолор тустарынан аҕалара Николай Васильевич маннык кэпсиир:
– Тэрилтэ дьиэтигэр иитиллибит оҕолор дьиэ кэргэн ис тутулун, бэрээдэгин, быраабылатын билээхтээбэттэрэ өйдөнөр буоллаҕа. Лариса эрдэттэн да акка, уопсайынан, кыылга-сүөлгэ дууһалыын чугас оҕо буолан, кэллэ-кэлээт, сылгылары көрөн, ис-иһиттэн онно тартаран барбыта. Дьиҥэ, оҕо дьиэтин тэлгэһэтиттэн ырааппатах кыыс, тыа сирин сүөһүтүн-сылгытын хаһан ханна көрбүтэ баарай?! Уол оҕо курдук тута сылгы көрүүтүгэр миигин кытары тэбис-тэҥҥэ сылдьыһан барбыта. “Аҕаа, эн сынньан, мин бэйэм дьаһайыам”, – диэн миигин сынньатан, бэл, ыраахтан айаннаан кэлбит аттары түүннэри кытары туран аһатар, бүөбэйдиир. Миинньиллэр аты айааһаан, сылгылары көрөн-истэн, аһатан-сиэтэн, соторунан сылгыларга дьиҥнээх “бэйэ киһитэ” буолан хаалбыта. Барыга-бары сыстаҕас кыыс биһиэхэ ити чааһыгар хайа да уол оҕотооҕор ордук сыстан, көмө-имэ буолан барбыта. Оттон Рома, төһө да кыра эрдэҕиттэн мэник-тэник аатырдар, барыны-бары билэн-көрөн, тиэхиньикэҕэ ордук сыстаҕаһа биллэн барбыта. Бэлисипиэттэн саҕалаан матасыыкылга, массыынаҕа, тыраахтарга кытары сыстыбыта. Миигин кытары илин-кэлин түсүһэн, эмиэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыһан, тута “уҥа илиим” буолбута. От буоллун, мас буоллун – тэҥҥэ үлэлэһэр, сылдьыһар. Рома ис-иһиттэн наһаа аламаҕай, өрүү дьоҥҥо тугу эрэ көмөлөһө сылдьар буолар. Хочуолунайга киирэн, хачыгаардарга көмөлөһөн чох бырахса охсор, оскуолаҕа туох эрэ тиэйии-таһыы буоллаҕына, бастакынан сүүрэн тиийэр. Олох көрдөрөрүнэн, оҕо эрдэхтэринэ мэник уолаттартан үлэһит, толкуйдаах дьон тахсаллар. Маннык дьон элбэҕи ситиһэллэр. Ол эрээри икки суолунан барыахтарын сөп: мөкү эбэтэр үчүгэй.
Сахалыы тыыннаналлар
Уваровтар ииппит оҕолоругар төһө даҕаны араас омук оҕото баар буоллар, бары кинилэргэ кэлэн өйдүүн-санаалыын, тыллыын-өстүүн сахалыы тыыннаналлар. Икки кэнники кэлбит оҕолортон уола хайы үйэ уу сахалыы саҥарар. Оттон кыыс тыл өттүгэр ыарырҕаттар да, олоххо сыһыана бүүс-бүтүннүү сахалыы-махалыы, дэриэбинэлии даҕаны диэххэ сөп. Ыал ийэтэ бэйэтэ Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх буолан эбитэ дуу, оҕолоругар, сиэннэригэр төрүт култуураны, саха тылын, сахалыы тыыны бэрт кыра эрдэхтэриттэн иҥэртээбит. Бары дьиэ кэргэнинэн сайылыктарыгар, балаҕаннарыгар тиийдэхтэринэ, көмүлүөктэрин иннигэр олорон сэһэннэрэ-сэппэннэрэ ыраатар, арааһы бары эргитэ кэпсэтэллэр. Маннык түгэннэргэ, бэл, кыралар кытары ис-истэриттэн иэйэн инники олохторун былааннаан көрөллөр.
Айылҕа оҕону киһи гынар
Николай Уваров оскуолаҕа үлэлиир эрдэҕинэ, “Үрүҥ Уолан” диэн уолаттарга аналлаах анал бырагыраама суруйан үлэлэтэ сылдьыбыт. Манна элбэх уол дьарыктаммыт. Ойуурга, тайҕаҕа хайдах табыгастаахтык сылдьарга, көрсөр моһоллортон быыс-хайаҕас булан тахсарга, ыксаллаах түгэҥҥэ түргэнник тобуларга, барыны-бары сатыыр сатабылга уонна да атын үөрүйэхтэргэ үөрэтэлээбит. Маннык дьиҥ айылҕа иитэр-үөрэтэр үөрүйэхтэрэ уолу дьиҥнээх эр киһи гынан таһаарар. Кэлин бу уолаттар ылбыт үөрүйэхтэрин олохторун устатын тухары туһанар буоллахтара. Николай Васильевич кэлин үөрэппит оҕолоро үксүлэрэ, аармыйаҕа тиийээт, учууталларыгар бастакынан махтанан суруйаллар эбит. Үгүс уол Чечняҕа, атын да чаастарга бэркэ сулууспалаан, бэйэлэрин эт-хаан өттүнэн, барыга бары сыстаҕастарын, сатабыллаахтарын көрдөрөн хамандыырдарыттан хайҕал ылбыттар. Ол барыта – учууталларын уһуйуута.
Бу үөрэтэр ньыматын ыал аҕата бэйэтин оҕолоругар эмиэ биэрэр. Уваровтар оҕолоро бары туруу үлэһит дьон буола улааппыттар. Уоллуун, кыыстыын ким даҕаны туора көрөн турбат. Кыра эрдэхтэриттэн үлэлээн-хамсаан, оттоон-мастаан тыа үлэтигэр бары сыстаҕастар. Илиилэринэн от охсон, бугуллаан, кэбиһэн, тыраахтар, массыына ыыта үөрүйэх дьон. Билигин сиэннэр, куораттан сыл аайы тахсан, эмиэ бары үлэлэһэллэр, оттоһоллор, дьонноругар көмө-имэ буолаллар. Ситинник тыа сирин олоҕор, үлэтигэр миккиллэн улааталлар.
Бары биир киһи туһуттан...
Оҕолор оҕо курдук хаһан эрэ ол-бу баракааһы оҥорон, буруйданан эрдэхтэрэ. Ыал аҕата маныаха эмиэ туһунан ньымалаах. Ол ньыматын уруккуттан туттар. Үрдэ суох мөҥөн-этэн, кур үрдүгэр түспэккэ атыннык сэмэлиир. Биир эмэ оҕо буруйданнаҕына, түөрэ бары киэһэ хас эмэ килэмиэтири сүүрэн кэлэллэр. Биир да оҕо ордубакка. Сүүрүү – дьиҥэ успуорт көрүҥэ. Ол эрээри, маныаха накаастабыла диэн сүүрүүтүгэр буолбакка, биир оҕо буруйдаммытын туһуттан бары сүүрэргэ күһэллэллэриттэн, сылайалларыттан кини санаата оонньуур, кыбыстар. Бу кэннэ, биллэн турар, биир даҕаны оҕо куһаҕаны оҥорбот буола сатыыр. Син биир аармыйаҕа курдук.
Бэрт бырайыак толкуйданан эрэр
Үөһэ этиллибитин курдук, Уваровтар билигин сылгы иитэр туһунан хаһаайыстыба буолан олороллор. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн мииниллэр аттарын эрдэттэн көлүнэ үөрэммиттэр. Бултуу, кустуу, ыраах айаҥҥа, окко-маска барытыгар аттарын мииннилэр да, айанната тураллар. Былырыыҥҥы Амма спартакиадатыгар Эмис нэһилиэгиттэн кинилэр түөрт оҕолоро аттаах параакка кыттыбыттар.
Николай Васильевич, Маргарита Гаврильевна сылгыларынан өссө турбаза тэриммит киһи диэн бырайыак толкуйдуу сылдьаллар. Куораттан, хантан баҕарар баҕалаах оҕолору, ыччаты, улахан да дьону аты миинэргэ үөрэтиэ, балыкка, куска-булка сырытыннарыа этибит дэһэллэр. Төлөпүөҥҥэ хатанан олорор куорат аныгы оҕотун айылҕаҕа таһааран ол-бу сатабылга үөрэтэр, сыһыарар төрөппүттэргэ да үчүгэй буоллаҕа. Чахчы даҕаны, кэрэ айылҕалаах Амма сиригэр, түптэ сыттаах сайылык олоҕор, ама, ким куорат дьалхааннаах олоҕуттан сынньана түһүөн баҕарыа суоҕай. Ким билиэ баарай, бу үлэһит ыал өссө сылгыларын хаҥатан, баҕар, өссө биэлэрин ыан, кымыһынан үлүһүйэн туран кэлиэхтэрэ.
Төрөппүттэригэр — сахалыы балаҕан...
Улахан оҕолор бары хайыы үйэ бэйэлэрэ оҕолордоох, дьиэлээх-уоттаах туһунан ыаллар. Үс улахан кыыс үһүөн тус-туһунан сиргэ олороллор. Улахан кыыс Тааттаҕа олорор, урбаанньыт, түөрт оҕолоох ийэ, кэргэнэ ДьУоХХ үлэһитэ. Иккис кыыс Дьокуускайга олорор, модельер-дизайнер, үс оҕолоох. Үһүс кыыс Мииринэйгэ иитээччинэн, кэргэнэ шахтаҕа үлэлииллэр. Быһаас шахтаҕа буолбут саахалга киһи бөҕөнү быыһаабыт дьоруой киһи. Оттон улахан уол (иитиллибит) дьонун аттыгар Аммаҕа олорор, икки оҕолоох, суоппар. Иккис иитиллибит кыыс (таджичка) Дьокуускай куоракка олорор, идэтинэн мэдиссиинэ үлэһитэ, украинец кэргэннээх, икки оҕолоох. Үһүс уол, ССТХА Өктөмнөөҕү салаатын бүтэрэн, пиэрмэрдии сылдьар. Билигин ДьУоХХ начаалынньыга. Икки оҕолоох, кэргэнэ учуутал. Үс кыралар үһүөн устудьуоннар. Элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ өссө сүүрбэччэ сиэн эбиллэн, билигин букатын да – халыҥ хамаанда. Сайын бары муһуннахтарына, отучча буолаллар.
Былырыын ийэлээх аҕалара үбүлүөйдээх сыллара эбит. Онно оҕолор бары харчы бырахсан, төрөппүттэригэр сайылыктарыгар сахалыы балаҕан тутан биэрбиттэр, бөһүөлэккэ олорор дьиэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн ыыппыттар. Өссө эбиитин Европа сирдэринэн күүлэйдээн, сынньанан кэллиннэр диэн путевка бэлэхтээбиттэр да, бакаа хамсык мэһэйдээн, барбакка сылдьаллар. Субу курдук Амма сэргэх ыала Уваровтар бэйэлэрин түөрт оҕолорун таһынан биэс тулаайах оҕону ылан, үтүө дьон гынан иитэн-такайан таһаарбыттара олус хайҕаллаах.
Туйаара СИККИЭР.