Максим Сибиряковтуун бу иннинэ хаста да кэпсэтэн турабын. Чопчулаатахха, үстэ. Үһүөннэригэр күн-дьыл туругун, билгэ туһунан кэпсэппиппит. Онно сыһыаннааҕы биир түгэни өйдөөн хаалбыппын.
Сааскы билгэ туһунан матырыйаалбын ортолоон иһэн билэр киһибэр кэпсиибин: «Ити Максим Сибиряков ханнык сылга туох буолбутун чопчу күнүгэр-дьылыгар тиийэ хайдах барытын өйдөөн хаалара буолуой? Күн бэҕэһээ туох буолбутун умнан ууга-уокка түһэбит. Тоҕус уончатыгар чугаһаабыт киһи диэтэххэ, тыла-өһө чопчута», – диэн. Киһим: «Тыый, Максим Сибиряковы этэҕин дуо? Бэйэтин кэмигэр хас да улууһу салайан олорбут кыахтаах киһи», – диэн кэбиспитэ. Итинтэн төрүт соһуйбатаҕа да, өмүрбэтэҕэ да. Сибиряков оннук киһи эбит диэн өйдөбүл үөскээбитэ.
Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим – миигиттэн үс көлүөнэнэн урутаан төрөөбүт киһи. Атын олох уһаарбыт, атын былаас кииллиппит киһитэ. Онон, кырдьыгынан эттэххэ, маҥнай утаа тугу иҥэн-тоҥон кэпсэтэрбин мунаахсыйталаан ыллым. Кэлин ирэн-хорон, хата, хайабыт да тимэҕэ өһүлүннэ.
Тугу суруйан бооччойбуппун, туох ойууланан тахсыбытын ааҕыаҕыҥ.
Ыалдьытым – СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята уонна «Бочуот Знага» уордьаннар кавалердара, көҥүл тустууга Саха сирин сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ, Уһук Илин уонна Сибиир икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, РСФСР «Урожайын» үрүҥ көмүс призёра, ССРС «Локомотив» ДСО чөмпүйүөнэ, ССРС уонна Саха АССР успуордун маастара, үс улуус – Уус Алдан, Амма, Чурапчы – бочуоттаах олохтооҕо, дэлэй сэһэннээх-сэппэннээх, быйыл 87-с хаарын санныгар түһэрбит Максим СИБИРЯКОВ.
– Максим Николаевич, Тулагыга олорор эбиккин. Бу үс сырыым тухары Чурапчыга олорор диэн кэпсэтэбин ээ.
– Тулагыга баарбын. Көһөн кэлбитим быданнаата. Маҥнай 1959-1962 сылларга олоро сылдьыбытым. Кэнники 24 сыл толору олоробун. 1996 сылтан. Бэйэҥ ааҕан көр.
– Дойдуҥ, Чурапчыҥ, тардара буолуо?
– Хомойуох иһин, барбатаҕым ыраатта. 80 сааспар Мырылаҕа бара сылдьыбытым. Төрөөбүт-үөскээбит дойдум – Чурапчы Мырылата. Билигин 87-бин туолан, 88 сааспар бардым.
– Олох-дьаһах хайдаҕый? Доруобуйаҥ этэҥҥэ дуо?
– Этэҥҥэ буоллаҕына, 2 сыл 5 ыйынан 90 сааспын туолуохтаахпын. Сааһым элбээн, ыарыы кыралаан буулуур. Адьас сибилигин “илдьэ барар” ыарыы суох курдук эрээри, умнуганым бэргээтэ, хараҕым мөлтөөтө. Өйүм-санаам даҕаны татымырда быһыылаах. Уруккум буолбатах. Атастарым-доҕотторум өлөн хааллылар. Миигиттэн аҕа биир да киһи хаалбата. Сонуну-нуомаһы үллэстэр, кэпсэтэр 3-4 быраат киһилээхпин. Онон бүттэ. Бэйэм бэйэбэр сытабын. Үчүгэйдик хаамабын-сиимэбин. Аһыырым эмиэ үчүгэй. Арай сороҕор сүрэҕим мэһэйдиир. Сүрэҕим илдьэ барбатаҕына, өссө аҕыйах сыл олоруохпун сөп.
– Тугу дьарык гынаҕыный?
– Дьарыгым диэн суох. Үс хаһыакка суруйтарабын. Олору ааҕабын, ырытабын.
Дьиэм толору хааччыллыылаах. Инньэ гынан үлэ диэн суох. Тулагыга биир хостоох хрущевка дьиэлээхпин. Кэргэммин Ксения Прокопьевнаны кытта иккиэн олоробут. Билиҥҥи олоҕум итинник.
Салайар үлэ. Былаас үтүө, мөкү өрүттэрэ
– Максим Николаевич, саха уопсастыбата хайдах уларыйда? Итиннэ туһунан санаалаах, көрүүлээх олорор буолуохтааххын.
– Кырдьык, биир киһи үлэлиирин үлэлээбит киһибин. 1949 с. дойдубар холкуос чилиэнэ буолбутум. Үлэм ыстааһа ити кэмтэн ааҕыллар. Аны аҕалаах ийэм биир буукубаны билбэт, холкуос хотонуттан быган көрбөтөх дьон этилэр. Адьас кыра эрдэхпиттэн хотоҥҥо үөскээбит оҕобун. 1942-1943 сут сылларга уоннаах этим. Биһиги пиэрмэбитигэр, Мырылаҕа, Быкаанап Сыырдааҕар, 13 киһи хоргуйан өлбүтэ. Дьон аччыктыырын, сордонорун илэ көрбүтүм. Оччолорго элбэх киһи өлөр буолан, ким да улаханнык кыһаллыбата. Сарсыарда уһуктан баран: “Бу эрэйдээх өлбүт ээ...” – диэн буолара. Мин кыл мүччү тыыннаах хаалбытым. Чурапчы педучилищетын бүтэрэн баран, Аллараа Халыма Андрюшкинотыгар икки сыл учууталлаабытым. Учууталлыырбын сирэн, сатаан үлэлиэ суохпун диэн, дойдубар, Мырылабар, төннөн кэлбитим. Ол кэлэн, холкуостаах буолан хаалбытым.
– Учууталлыыргын тоҕо сирдиҥ?
– Испэр төрүт киирбэтэҕэ. Сатаан учууталлаабатаҕым даҕаны. Мөҕүллэр-этиллэр этим. Педсэбиэккэ кириитикэлииллэрэ. Ону абааһы көрөн, төннөн кэлбитим. Кыһын каадырабай булчут буола сылдьан Д.П. Коркин диэн аатырбыт тириэньэр киһини көрсөн, тустан, киһи буолан барбытым.
– Икки былааһы кытта тэҥнээн көрдөххүнэ, урукку олох хайдах эбитий?
– Икки былааһы тэҥнээн көрө-көрө, урукку олохпун олус аһыйабын. Саамай ыарахан кэмнэргэ холкуоска бэрэссэдээтэллээбитим. Оччолорго дьон олоҕо ыарахан этэ. Холкуостаахха биэнсийэ диэн суоҕа. Кыайан үлэлээбэт киһи төһө баҕарар хоргуйуон, аччыктыан сөбө. 1970 сыл тохсунньу 1 күнүттэн холкуостаахтарга биэнсийэ бэриллэр буолбута. Онтубут да ыйга 12 солк. этэ. Кэлин сопхуостар тэриллэн, боростуой хара үлэһит дьон бэркэ олорбуттара. Хамнас диэн, аны туран, хааччыллыы бөҕө. Дьиҥнээх социализм олоҕо онно кэлбитэ. Кэнники, 1992-1993 сылларга, ыһыллан, сопхуостары эһэн, чааһынай хаһаайыстыба оҥортообуттара (үөһэ тыынар).
– Оччотугар билиҥҥи олоҕу уруккуга ырааҕынан тиэрдибэт, сирэр буоллаҕыҥ?
– Сириитин сирбэппин. Үчүгэйдик үлэлиир-хамныыр киһи билигин эмиэ куһаҕана суохтук олорор. Мин биэс уҥуоргу оройуону барыларын кытта сибээстэһэбин. Тулагыны эмиэ тула өттүн кэтээн көрөбүн. Үчүгэйдик олорор киһи уруккутааҕар өссө ордук олорор диэн, бу сытан сылыктыыбын. Харчылаах буол – баҕарбыт аскын ылаҕын. Ыал ахсын массыына, тыраахтар...
– Урукку олоҕуҥ итэҕэһэ-быһаҕаһа да ханна барыай. Эҥкилэ суох үчүгэй буолбата чахчы.
– Урукку былаас эстибитин кэннэ, отучча сыл үлэлээбэккэ дьиэбэр сыттым. 59 сааспыттан. Бу былааска адьас тугу да үлэлээбэтим. Үлэлии да сорумматаҕым диэххэ сөп.
– Ол тоҕо?
– Биэнсийэбэр олоробун. Урукку былааһы хайгыыбын. Арай систиэмэ кытаанах этэ. Социалистическай систиэмэ. Холобур, кэлин Николаев ороон таһаарбыт киһитэ Кайдышев диэн баара. Ол киһи ИДьМ миниистиринэн үлэлии олорон, туох эрэ тэрээһиҥҥэ биир кыыһы тиэйэн киирбит үһү. Тутуллубутугар үлэтиттэн тута устубуттара. Аны Е.С. Николаев диэн холкуос бэрэссэдээтэлэ, улахан дьоҕурдаах киһи баара. Ол киһи миниистир буолан баран, сыл аҥаара үлэлээбэтэҕэ. “Биир дьахтары кытта көссүүлэстэ” диэн, устан кэбиспиттэрэ. Көссүүлэспитэ эрэ, суоҕа эрэ. Ис дьиҥэ биллибэт. Дьөгүөр Кычкин II диэн эмиэ аатырбыт киһи баара. Томпоҕо. Ол киһини “биир эһэни өлөрдө” диэн үлэтиттэн, баартыйаттан устан, балтараа сыл дьиэ хаайыытыгар олордубуттара. Дьэ, оннук кэм этэ. Билигин: “Ол салайааччы баара-суоҕа 140 тыһ. уорбут. Барахсаны өссө сууттаары гыналлар”, – диэх курдук тыллаһаллар. Итини мин төрүт өйдөөбөппүн. Аны былыр хамнас барыта нуорманан, кээмэйинэн кэлэрэ. Билигин салайааччы бэйэтигэр төһөнү аныырынан ылар. Мин сүүрбэччэ сыл үс оройуону салайбытым. Ол тухары кыра хамнаска олорбутум.
– Холобура, төһөнү ылар этигиний?
– Райком бастакы сэкирэтээринэн олорон ыйга 300 солк. ыларым. Онтон ордугу биэрбэттэр. Баҕар, биэс оҕолоох буол, баҕар, уон. Мин ол үс мөһөөхпүнэн тоҕус киһини иитэрим. Үрдүкү Сэбиэккэ дьокутааттаабытым, тыа хаһаайыстыбатын бастайааннай кэмитиэтигэр бэрэссэдээтэллээбитим да, биир солкуобайы ылбатаҕым. Билигин кэмитиэт бэрэссэдээтэллэрэ ыйга 300-400 тыһ. хамнастаахтар. Урукку былааска мээнэ тылласпаккын. Путины ыт эрэ үөхпэт. Ыт да саҥарара буоллар, үөҕүө этэ. Бары өйдөөҕүмсүйүү бөҕө. Олус көҥүл баран, уопсастыба, дьон өйө-санаата алдьанна. Урут дьон сомоҕолоһон үлэлиирэ. Билигин уон аҥыы эрдэ сылдьан хайдах сомоҕолоһуохпутуй?! Үөһээлэр киллэрэр уларытыыларын утара сытабыт. Ол туохха тиэрдиэй?! Биллэн турар, ыһыллыыга. Биһиги, сахалар, бэрээдэгэ суохпутун көрдөрөбүт.
– Чэ, Максим Николаевич, ити хаалан эрдин... 59 сааскар үлэлээн бүппүтүм диэтиҥ. Эр киһиэхэ ити – саас буолбатах. Олох муудараһын билбит-көрбүт, иҥэриммит кэмэ, үлэтин үгэнэ буоллаҕа эбээт. Тоҕо саҥа былааска «анньыһан» көрбөтөххүнүй? Кыах да, таһым да баар киһитэ буоллаҕыҥ.
– Эн миигин хайгыыгын да, иһит эрэ, Диана, мин, ис-иһигэр киирдэххэ, сүрдээх куруубай майгылаах киһибин. Иитиим оннук. Өктөбүрүөнэк, биэнньиэр, хомсомуол да буолбатаҕым. Ыарыһах, түҥкэтэх оҕо этим. Ол майгыбын 60 сааспар диэри илдьэ сылдьыбытым. Инньэ гынан саҥа былааска кэлбит өрөспүүбүлүкэ салалтата миигин сөбүлээбэтэҕэ, төрүт чугаһаппатаҕа. Дьиҥэ, кинилэргэ мэһэйдэспэт киһи этим эрээри. “Бөппүрүөк, өһөс киһи биһиэхэ туһата суох, эйэҕэс-сайаҕас, иннибитигэр-кэннибитигэр түһэн сүүрэ сылдьар киһи наада” диэбит буолуохтаахтар. Син ыйыталаһан көрбүтүм да, саа тэбиитигэр чугаһаппатахтара. Сиргэ силлээн баран, «сытынан» кэбиспитим. Миигиттэн быраат, бииргэ алтыспыт, үлэлээбит дьонум, ити Михаил Николаев даҕаны, Климент Иванов даҕаны оччолорго өрөспүүбүлүкэни салайан олороллоро, чугаһаппатахтара. Баҕар, мөлтөх, татым өйдөөх, кыаҕа суох салайааччы диэбиттэрэ буолуо. Тугун билиэхпиний...
– Ити иннинэ былаас киһитэ буолан олордоҕуҥ. Уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр утаарыллан, көйгөлөнөн хаалар хайдах буолар эбитий?
– Дьэ, маннык. Мин ити да гыннар олус тиэтэллээх, ис-испиттэн умайан-күөдьүйэн тахсар үлэһит этим. Ол иһин кыраттан да ыксыыбын, ыгыллабын. Биэнсийэҕэ тахсан, хата, абыранным. Үлэҕэ киирбитим буоллар, бэйи, мин да дьонтон итэҕэс санаммаппын. Сүүрэн-көтөн, ыксаан-ыгыллан доруобуйабын сиэм этэ. Бииргэ үлэлээбит дьонум туох да олус байан-тайан хааллылар. “Үчүгэй дуоһунаска түбэспитим эбитэ буоллар, мин да харчыны уоруом этэ” дии саныыбын.
– Бай! Хата, киһини соһуттуҥ. Эйигиттэн итинниги истиэм диэн күүппэккэ олорбутум.
– Уопсай сүүрээҥҥэ оҕустаран уоруом этэ. «Уопсай дьыалаҕа» кыттыспат буоллаххына, үлэҕиттэн үүрүллэр инигин. Дьэ, уоран-талаан баран, сынньаммакка онтубун харабыллаан, кэтээн-манаан, пахай, доҕор, ол дойдуга аттаммытым быданнаабыт буолуо этэ. Сүрэхпинэн. Үлэлээбэтэҕим адьас ыраатта. Онон туохха да кыһаллыбаппын, туох да санаата-оноото суох олоробун. Уһун үйэлэнним. Ньукулаайаптыын сүүрбэччэ сыл бииргэ үлэлээбитим.
– Үйэ чиэппэрэ кэриҥэ алтыспыт эбиккит. Бэйи, олордоххо, уһун кэм ээ.
– Мин – оройуон тыатын хаһаайыстыбатын, кини өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын салайбыппыт. Ньукулаайап тойон буолуор диэри тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ үлэлээбитэ. Бэйэ-бэйэбитин олус үчүгэйдик билсэрбит.
– Сыһыаҥҥыт хайдах этэй?
– Сүүрбэччэ сыл устата эҥин араас. Сороҕор эйэлэһэр, сороҕор арахсар этибит. Тугу эппитин барытын ылынар, толорор дьоҥҥо олус үчүгэй сыһыаннааҕа. Оттон туспа өйдөөх-санаалаах киһиэхэ – мөлтөх. Я.А. Семенов диэн Өлүөхүмэҕэ сэкирэтээрдээбит уонна Мэҥэ Хаҥаласка уһуннук бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбит И.Г. Тимофеев диэн бааллара. Олорго уонна мин оройуоммар төрүт сылдьыбата. Аны туран, иннигэр-кэннигэр түһэ сылдьар дьоҥҥо олус үчүгэйэ. Оннук дьону бэйэтин тула түмэн саҥа салалта тэриммитэ. Итини букатын кистээбэккэ этэбин. Олус кыахтаах уолаттары Филипп Охлопковы, Артур Алексеевы чугаһаппатаҕа. Бэйэлэрэ киирсэн, дьокутаат эҥин буолан, былааска чугаһыы сатаабыттара.
– Эн тоҕо дьокутаакка киирсибэтэххиний?
– Ким билэр. Саҥа былаастан кэлэйэн дуу, чугаһаабат гына былааннаммыппын быһыылаах. Чурапчыттан турбутум буоллар, дойдум дьоно талыа этилэр дии саныыбын.
– Чурапчылары кытта сыһыаныҥ хайдаҕый?
– Дьонум, норуотум буоллаҕа. Үчүгэй бөҕө. Кэнники Дьөгүөр Барыыһап диэн киһи... Урут кылгас кэмҥэ бииргэ үлэлии сылдьыбыппыт. Миигиттэн 21 сыл быраат, оҕом кэриэтэ саастаах киһи. Чурапчыга райком 1 сэкирэтээринэн тиийбитим. Кини райсэбиэт бэрэссэдээтэлэ этэ. Миигин сөбүлээбэккэ, тута куоракка барбыта. Онтон ыла сөбүлээбэт. Дойдум дьонуттан Барыыһап уонна кини аҕыйах табаарыһа истэригэр киллэрбэттэр. Атыттар сыһыаннара үчүгэй. Чурапчыга туох да куһаҕаны оҥорботох, үчүгэйи эрэ оҥоро сатаабыт киһибин. Норуот ону билэр. Ол иһин сирбэт.
– Элбэх салайааччыны кытта алтыһан аастаҕыҥ. Ол кэм салайааччылара хайдах этилэрий?
– Аҕыйах салайааччыны кытта хайдах алтыһа, сыһыаннаһа сылдьыбыппын этиим. Аҕыс сыл Г.И. Чиряев салалтатынан үлэлээбитим. Кини уһулуччулаах үчүгэй киһи этэ. Туохха да холооно суох киһи. Салайар дьоҕурунан, кыаҕынан, таһымынан. Үчүгэй өрүтэ диэн, тус сыһыаны көрбөккө, үлэлиир киһини өйүүрэ. Дьон, норуот хайдах сыһыаннаһарын улахаҥҥа уурара. Олус тапсан бииргэ илдьэ сылдьыбыта. Кини салайар кэмигэр икки уордьанынан наҕараадаламмытым. Көрдөххө, бэрт холку, аҕыйах саҥалаах, оройуоннары мээнэ кэрийбэт салайааччы этэ эрээри, кытаанахтык, ирдэбиллээхтик тутан олорбут киһи кини буолар. Биһиги, райком I сэкирэтээрдэрэ, бэрээдэк бөҕө. Кини кэнниттэн Ю.Н. Прокопьев кэлбитэ. Киһи быһыытынан олус үчүгэйэ, сымнаҕаһа, кими да кыайан мөхпөтө, сэмэлээбэтэ. Инньэ гынан биһиги төрүт ыһыллан хаалбыппыт.
– Ити хаһыс сылларга?
– 1982-1991 сылларга. Чиряев саҕана биир даҕаны норуодунай суруйааччы быгыалаабат, өйдөөҕүмсүйбэт этэ. Баппат, абааһы суруйааччылар бары ньимийэн олорбуттара. Прокопьев былааска кэлээтин кытта “тиллэн” кэлэн, үҥсүү-харсыы бөҕөнү түһэрэн, онно учуонайдар кыттыһан, 1986 с. устудьуоннар хамсааһыннарыттан сахалар «националист» аатыран хаалбыппыт. КК уурааҕа тахсыбыта. Оттон Ньукулаайабы эттэхпинэ, кини да олус үлэһит киһи. Миниистирдии сылдьан утуйар диэни билбэт, күннэри-түүннэри үлэлиир буолара. Аны туран, кыаҕын, дьоҕурун, таһымын этэ да барбаккын. Ол гынан баран мөлтөх хаачыстыбалааҕа. Эппитим курдук, кинини тула көтөр, иннигэр-кэннигэр түһэ сылдьар дьону сөбүлүүрэ. Үһүс болдьоххо быыбардана барыан баҕарбытын туспа санаалаах дьокутаат уолаттар – Филипп Охлопков, Егор Ларионов, Артур Алексеев, Василий Филиппов – утарсаннар, турбатаҕа. Ити – бэйэтэ тэйиппит уолаттара. Өссө биири эттэхпинэ табыллар.
– Дьэ.
– Мин үлэлээбит кэммэр, 1966-1989 сс., сүүрбэ үс сыл устата, бырабыыталыстыбаны нууччалар салайбыттара. Маҥнай И.И. Петров, онтон С.И. Маркин. Доҕор-атас быһыытынан буолбакка, киһини үлэтинэн көрөллөрө. Кэлии дьон буолан, манна доҕордоро-атастара да суоҕа. Чиэһинэйдик, көнөтүк үлэлээбит дьон диэн сыаналыыбын. Ньукулаайап былааска тахсаат, Маркины уураппыта. Маркин кини санаатынан сылдьыбат киһи буоллаҕа.
– Максим Николаевич, кыра соҕус омугумсук буолар, ол аата тоҕоостоох кэмҥэ «баарбытын көрдөрөр», куһаҕана суох буолбатах дуо?
– «Сахалар бэйэбит туспа өйдөөх-санаалаах буолуохпутун сөп дуо?» диэн ыйытар быһыылааххын. Биһиги олус кыра омукпут. Дьиҥэ, Арассыыйаҕа туох да суолтата суох дьоммут. Арассыыйа ыытар бэлиитикэтиттэн туора туран туспа өйү-санааны тутуһар сыыһа дии саныыбын.
– Итини туохха олоҕуран этэҕиний?
– Тоҕо диэтэххэ, биһиги Арассыыйаттан аһаан-таҥнан олоробут. Төһө үбү-харчыны биэрэр да, оччонон үчүгэйдик олоруохпут. Онон Арассыыйа ыытар бэлиитикэтин утары барар дьону испэр киллэрбэппин. Путины кириитикэлээн туох да туһа суох. Кини онно силлээн да көрбөт. Аҕыйах нэһилиэнньэлээх кыра омукка суолта уурбата чуолкай. Нууччалары кытта бииргэ, биир өйүнэн-санаанан олоруохпутун наада. Өксөкүлээх «Интэлигиэнсийэҕэ суругар» оннук этэр. Суорун Омоллоон да итинник өйү-санааны тутуһара.
– Кыра омугу сутуругун иһигэр «тутан олорон» биир халыыпка киллэрэр бэлиитикэ буолбатах дуо?
– Оннук буолуохтаах. Туспа сир былдьаһан, Арассыыйаны кыынньыыбыт эрэ. Туһа тахсыа суоҕа. «Туймаада» хаһыакка ити туһунан элбэхтик суруйбутум (кырдьан тохтоотум). Миигин элбэх киһи үөхтэ. Билигин да этэбин. Биир санаанан, биир идиэйэнэн олоруохтаахпыт. Уйбаан Ньукулаайап диэн кыахтаах уол баар эбит. «Истибэт» дииллэр даҕаны, саха норуотун лиидэрэ буолуон сөптөөх киһи кини баар эбит. Ыстатыйата эһиэхэ, «Кыымҥа», тахсыбыта. Онно чуолкайдык эппит, нууччалары утары барымыаҕыҥ диэн.
– Ити өйүүр бэлиитикэҥ саха тылын үөрэтиини сарбыйа турар. Итиннэ туох санаалааххыный?
– Саха тылын үөрэтиэххэ наада. Итиннэ биир дьиибэ баар. Төрөөбүт тылым сайдыан баҕарабын да, ону сайыннанар суолу кыайан тобулбаппын. Уопсайа 15 сиэннээхпин. Олортон 11-рэ үчүгэйдик саҥарар. Түөрт киһим өйдүүр эрээри, саҥарбат.
– Хомойоҕун дуу?
– Хомойон бөҕө буоллаҕа. Мин сааһым тухары сахалыы саҥарбыт киһибин. Хас да үөрэҕи бүтэрдим да, сахалыы эрэ саҥарабын. Былыргым тардар быһыылаах. Уонна сахалыы саҥабын туохха да биэрбэппин. Отут сыл буолла – нууччалыы саҥаран көрө иликпин. Биир даҕаны нуучча табаарыһым суох. Арассыыйа нуучча тылын соҥнуурун, дьэ, ону адьас сөбүлээбэппин. Итини утарабын.
Хабыр хапсыһыылар. Улахан успуорт «ис биэтэһэ»
– Успуорка хайдах сыһынныҥ?
– Чэ, бээ... Итини быһааран кэпсиим. Дьиэбиттэн түөрт көстөөх сиргэ сытаммын, түүлээхпин туттара киирэ сылдьаммын, Афанасий Местников диэн холкуос бэрэссэдээтэлиттэн Куоркун туһунан истибитим. «Дьону тустан тулуталаабат үһү, бара сылдьыбаккын дуо, көрүс» диэбитэ. Нэһилиэкпэр хапсаҕайга бастаталыыр этим, ол иһин эттэҕэ буолуо. Онно кыһаллыбакка, үрэхпэр тахсан балааккаҕа сыттахпына, ахсынньы ыйга Павел Федоров диэн Мырылаттан төрүттээх киһи хонон ааспыта. Куоркун туһунан кэпсээбитэ. Дьэ, онно кини эппитэ: «Киһини тарбаҕын төбөтүттэн ылан баран, үрдүнэн быраҕар киһи үһү», – диэн. Соһуйаммын, ол туох ааттаах киһитэй диэммин, үрэхпиттэн 13 көс сири сатыы хааман Куоркуну көрсө тиийбитим. Ити – 1956 сыл, ахсынньы 20 күнүгэр этэ.
– Хайдах көрүстэ? Туох диэтэ?
– Көрөөт даҕаны: «20 хонугунан өрөспүүбүлүкэҕэ күрэхтэһии буолар. Ыарахан ыйааһыҥҥа киһибит суох. Эйигин илдьэ барабын», – диэтэ. Инньэ гынан 1957 c., тохсунньу 13 күнүн курдук өйдүүбүн, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр туһуннум. Маҥнайгы киирсиилэргэ кыайтардым. Оччолорго Н.Н. Тарскай кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьар кэмэ. Били, аатырар Тарскай. Кини таба көрдө. «Тустуук тахсыыһы» диэтэ быһыылаах: Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэрэн, чилиэн оҥорон кэбистэ. Бэйэм да соһуйан хааллым! Дьэ, онтон ыла тыаҕа иитэн хаалларбыт чааркааннарым, хапкааннарым, туруорбут балааккам барыта хаалан тустуук буолан хааллым. 79-87 киилэҕэ хардары-таары тустубутум. Оччолорго саха уолаттара кыралар. Мин улахан, бөдөҥ-садаҥ уол этим.
– Ити гынан хас сыл туһуннуҥ?
– Уонча сыл тустубутум. Ол былаһын тухары өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустууга сэттэ төгүл чөмпүйүөннээбитим. Икки төгүл – хапсаҕайга. Онон өрөспүүбүлүкэ тоҕус төгүллээх чөмпүйүөнэбин. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ иһигэр миигин кыайар киһи көстүбэтэҕэ. Таска, 11 сойууһунай өрөспүүбүлүкэҕэ, эмиэ күрэхтэспитим. Өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскээн, уопсайа 125-тэ тустубутум: онтон 101-рин кыайбытым, 24-гэр кыайтарбытым. Чэ, ити курдук. Онон, дьон миигин райком сэкирэтээринэн буолбакка, тустуук Сибиряков диэнинэн ордук билэллэр.
– Ол сылдьан элбэхтик оһоллонноҕуҥ. Туох улахан эчэйиилээххиний?
– Сэбиэскэй Сойуус бухатыыра, осетин бөҕөһө Михаил Бекмурзов санным силгэтин быһа тардыбыта. Онтум билигин моһуоктуур. Биир уол балталарбын тоҕо солоон кэбиспитэ. Инньэ гынан тииһим эрдэ түһэн бүппүтэ. Аны тобукпун таһаарбытым. Ыалдьар. Кыра оһолу аахпаппын. Хамсанан-имсэнэн ыарыыбын мүлүрүтэ сатыыбын. Хата, тустуук буолан хааламмын, олоҕум суола арыллан испитэ. Авксентий Егорович Мординов туох да улахан эксээмэнэ-таймата суох университекка ылбыта. Аны туран, үөрэхпин бүтэрбитим кэннэ “ааттаах тустуук Сибиряков салайар үлэҕэ да үчүгэйэ буолуо” диэн, өрө таһааран испиттэрэ. Бэйэм баартыйаҕа төрүт киирбэтэх киһи этим. Баартыйата суох киһини киллэрэн, 1967 с. улахан холкуос бэрэссэдээтэлэ оҥороллор.
– Дмитрий Коркины кытта биир маҥнайгынан алтыспыт киһи эн буоллаҕыҥ.
– Кини салалтатынан 1957 c. хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ буолбутум. 1958 c. – тустууга чөмпүйүөн, Нальчик куоракка иккис миэстэни ылбытым. Чурапчыга хапсаҕайга, көҥүл тустууга маҥнайгы чөмпүйүөн – мин. Үс сыл адьас бииргэ алтыһан сылдьыбыппыт. Чэ, икки толору сыл диэххэ. Ити кэннэ үрдүк үөрэххэ киирэн, куоракка кэллэҕим.
– Коркины тугун иһин улуу дииллэрий? Хайдах киһи этэй? Эн санааҥ.
– Олимпийскай чөмпүйүөнү иитэн таһаарбыт улуу тириэньэр. Куоркун хара маҥнайгыттан миигин үөрэнээччитин курдук буолбакка, тэҥнээҕин курдук көрбүтэ. Мин кинилиин доруобай эрдэҕинэ алтыспытым. Кэлин, ыарыһах буолбутун кэннэ, адьас уларыйан хаалбыт этэ. Урут олус элэккэйэ, сымнаҕаһа. Киһи киһитэ буоллаҕа! Тэбис-тэҥҥэ эрчиллэн, күө-дьаа буолсан. Миигин сөбүлүүр, ону ааһан таптыыр этэ. 1961 c. быар ыарыһах буолан хаалаахтаабыта.
– Кэлин алтыспат этигит дуо?
– Биирдэ эмэ көрсөн кэпсэтэр этибит. Онно, дьэ, үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт. Миигин көрдөр эрэ, олус үөрэрэ. Туох да диэн куһаҕаны эппэппин, үчүгэй киһи этэ.
Олох туһунан санаалар
– Дьиэ кэргэниҥ?
– Маҥнайгы кэргэним олохтон барбыта. 37 cыл бииргэ олорбуппут. Биэс оҕону төрөппүппүт. Миигиттэн 13 сыл балыс бииргэ төрөөбүт бырааппын бэйэм оҕом курдук ииппитим. Үс уоллаах этим. Үһүөн өлбүттэрэ. Төрөппүт уолаттарым иккилии оҕону хаалларбыттара. Кыргыттарым этэҥҥэлэр. Иккис кэргэмминиин, Ксения Прокопьевналыын, олорбутум аҕыйах ыйынан 25 сылын туолар. Олус эйэлээхтик, өйдөһөн-өйөһөн олоробут. Инньэ гынан кырдьар сааспар доҕордоох буолан абыранным. Биир көлүөнэбит. Кини 84-гэр сылдьар. Өлүөхүмэттэн төрүттээх, учуонай-огурунуом. Сааһын тухары оройуон боропсойууһун салайбыта. 11 сиэннээхпин, 4 хос сиэннээхпин. Үлэлээхтэр-хамнастаахтар, дьиэлээхтэр-уоттаахтар. Байбыт-тайбыт, кэмиэрсийэнэн дьарыгырар оҕо диэн суох. Дьон сиэринэн хоп курдук олороллор.
– Мас хайдыбытын курдук көнө сүрүннээх, санаабытын туруору этэр киһи диэн аахпыттааҕым. Чахчы оннук дуо?
– Дьэ, ким билэр, доҕоор (күлэр). Сорохтор хайгыыллар даҕаны, хайдаҕа эбитэ буолла? Куһаҕана суох олоҕу олорон кэллим. Бу тухары тус санаабынан салайтаран, бэйэм өйбүнэн олордум. Үчүгэй өрүтүм диэн, бу сааһым тухары тойону кытта албыннаспатым, кимтэн да бэрик ылбатым. Кэми хат эргитэрим буоллар, бу олохпун олоруом этэ. Уорбут-талаабыт дьон аньыыларыгар-хараларыгар уһун олоҕу олорботтор быһыылаах дии саныыбын.
– Хайдах билгэһит буолан хааллыҥ?
– 1956 с. каадырабай булчут буоллаҕым. Ол кэмтэн күн бүгүнүгэр диэри айылҕаны кэтээн көрөбүн. Билгэһит буолбатахпын. Кэтээн көрөөччүбүн, сылыктааччыбын. Оҕо сырыттахпына, пиэрмэҕэ олус билгэһит оҕонньоттор баар буолаллара. Олору кытта биир дьиэҕэ олордохпут. Харахтара мөлтөх буолан, сулустары көрөн, этэн биэрэрим. Уоммуттан саҥа тахсан эрэр оҕо. Онон итиннэ оҕо эрдэхпиттэн сыстыбытым. Билигин айылҕаны этинэн-хаанынан билэр дьиҥнээх билгэһит суох буолла. Интэриниэти көрөн этэ олороллор.
– Сырдык хааннааххын. Омук булкаастааххын дуо?
– Суох. Чыыстай сахабын диэхпин төрүттэрбэр тоҥустар бааллар үһү. Онон эбэҥки хаана баар. Нуучча хаана төрүт суох. Киһи барыта миигин күүстээх дии саныыр. Ис дьиҥэр, сүрдээх мөлтөх киһибин.
– Эмиэ соһуттуҥ! Күүскүнэн аатырбыт Сибирэкиэп этиҥ буолбаат?!
– Биһиги төрүппүтүгэр күүстээх киһи диэн төрүт суох. Чурапчыга үөрэнэ сылдьан ыарахан тимири кытта тустан тахсарым, иирбит курдук дьарыгырарым. Быччыҥмын оннук сайыннарбытым. Онон, миэнэ айылҕа күүһэ буолбакка, оҥоһуу күүс буолар. Дьэ, иирбит курдук тимири көтөх да көтөх буоларым.
– Тоҕо? Сылтах баара буолуо...
– Мөлтөх буоламмын, оҕолор атаҕастыыллар этэ. Кырбыыллара. Ити 16-17 саастаахпар. Атаҕастатымаары, кырбатымаары дьарыктаммытым. 20-бин туолуубар киһи кырбаабат киһитэ буолбутум. Ол гынан баран биир дьээбэлээхпин ээ. Үйэм тухары төрүт биир да киһини охсубатым. Кэлин, күүстээх дии санаан, куттанан, чугаһаабат буолбуттара. Мин да охсуһа барбатым.
– Өссө туох дьиктилээххиний?
– Биир «муодам» диэн, үйэм тухары биирдэ даҕаны үҥкүүлээн көрбөтөх киһибин. Төрүт, биирдэ даҕаны. Тоҕус сыл устудьуоннаабытым. Таансы диэннэригэр төрүт сылдьыбатаҕым. Онон кыыс аттыгар чугаһаабат этим. Улаханым бэрт, арбайан-сарбайан абааһы курдук буоллаҕым. Оччотооҕу кыргыттар кыра, кытыгырас уолаттары таптыыллара. Маҥнайгы кэргэммин, Шурабын, суорумньунан ойох ылбытым. Сүүрбэ биэспэр. Эмээхситтэр холбообуттара. Онон бүппүтэ.
– Оччотугар таптал диэни билбитиҥ дуу?
– Шурабыныын олус таптаһан, өйдөһөн-өйөһөн 37 cыл бииргэ олорбуппут. Сорохтор хас да сыл таптаһан-таптаһан баран, арахсан хаалаллар. Этэбин ээ, суорумньу ордук, таптаһардааҕар. Туох баар кистэлэҥмин барытын кэпсээтим быһыылаах (күлэр).
***
– Максим Николаевич, олох диэн хайдах эбитий?
– Олох диэн уустук... Биири этиэм этэ. Хаһан баҕарар – урут даҕаны, билигин даҕаны – чиэһинэй киһи үчүгэй олоҕу олорор эбит. Дьону албыннаабакка, атаҕастаабакка, бэйэҥ көлөһүҥҥүнэн харчыланан олороруҥ, ол буоллаҕа – дьол диэн. Албынныыр, атаҕастыыр, уорар-талыыр – астыга суох дьыала. Уонна онтуҥ астыга суох олоххо тиэрдэр. Итиэннэ, сааһырдахха, дьол диэн оҕолоруҥ, сиэннэриҥ буолаллар.
– Туохтан үөрэҕин? Туохтан хомойоҕун?
– Оҕолорум этэҥҥэ олороллор, дьиэ-уот тутуннулар. Үөрэрим – ол. Хомойорум суох. 88-с сааспар үктэнним. Оҕолоннум-урууланным. Чиэһинэйдик үлэлээтим. Биир да киһини охсубатым, биир да солкуобайы уорбатым, биир да дьахтары албыннаабатым. Уонна туохтан хомойуохпунуй?..
– Олоххор кэмсинэр түгэннээххин дуу?
– Туох да кэмсинэрим суох. Бэйэм кыахпынан үлэлээтим. Өссө Чиряев өрө таһааран, бэйэм холбор тэҥэ суох улахан үлэлэргэ сырыттым. Наай гыннар, сопхуос дириэктэрэ буола үүнүөм этэ. Былыр райком маҥнайгы сэкирэтээрэ диэн, оройуоҥҥа Ыраахтааҕыга тэҥнээх киһи буоллаҕа. Дьоҥҥо көмөлөһөр баҕабынан сирдэрбэккэ үлэлээтим. Уордьан, наҕараада, аат-суол бөҕө. Биир киһи ыларын ыллым. Биир киһи олорорун олордум.
– Максим Николаевич, түмүк ыйытыым. Эйигин былаас уларыйыытыгар умнуллубут, көйгөтүтүллүбүт салайааччы диэххэ сөп дуу? Эбэтэр алҕаһыыбын дуу?
– Онно суолта биэрбэппин. Төрүт. Урукку былааска алта уончабар диэри үчүгэйдик үлэлээбитим. Онно сөп буолбутум. Дуоһунаска төрүт тардыспатах киһибин. Ю.Н. Прокопьев: «Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиэҥ этэ дуо?» – дии сылдьыбыттаах. «Мин кыайбат үлэм. Ылсыбаппын», – диэн, кыккыраччы аккаастаабытым. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин үлэтин ким да кыайбатаҕа. Дуоһунаска тардыспатах да, таласпатах да киһибин.
Сорох түгэҥҥэ икки-үс чаас тыын ылбакка, тохтоло суох кэпсэтэн баран, киһи иилэ хабан суруйара суох буолан хаалааччы. Бу сырыыга онтон атын буолла. Уһуна суох кэм (чаастан эрэ ордук кэриҥэ) төлөпүөнүнэн сэһэргэспиппит да, икки балаһа муҥунан сурук тиһиллэн таҕыста.
Бэргэн булчут, саха аатырбыт бөҕөһө, бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ салайааччыта Максим Сибиряков тус санаатын көнөтүнэн, аһаҕастык этэринэн ураты. Ону хайдах баарынан сурукка түһэрдим.
Сэһэргэстэ Диана КЛЕПАНДИНА.