Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнэ Борисов Егор Афанасьевич дьаһалынан 2011 сыл ахсынньытыгар тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйата улуустарга бэриллибитэ.

2012 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын управлениетын сүрүн экэнэмииһэ Сидорова Анисья Юрьевнаҕа үүт соҕотуопкатын саҥа механизмын оҥорторон, улуус мунньаҕар киллэрэн бигэргэттэрэн, улуус баһылыгын Поскачин В.С. дьаһалын таһаартаран, ол кэмҥэ улууска үүт соҕотуопкатынан дьарыктанар СПОК «Чолбон» Алексеев Н.И. үүт субсидиятын харчытын бу тэрилтэ счетугар ыыппакка, нэһилиэктэргэ тыа хаһаайыстыбатын өҥөнү оҥорор кээпэрэтииптэрин тэрийэн, Улуус тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан быһа үүт субсидиятын харчытын бу кээпэрэтииптэр нөҥүө үүт туттарар кэтэх ыалларга ыыталаабыппыт. Ити курдук үп бааһынай хаһаайыстыбаларга бэйэлэрин счеттарыгар быһа барбыта.

2012 сыллаахха 1 киилэ үүтү тутар сыана 4 солкуобай этэ. СПОК «Чолбон» тэрилтэҕэ үүт субсидиятын харчыта бэриллибэтэҕинэн, бу эрэ сыанаҕа үүт тутан, астаан, атыылаан үүт туппут дьонун кытта төлөһөн, тэрилтэтин нолуогун, үлэһиттэрин хамнаһын төлөөн, тэрилтэтин тутан олорор ороскуотун уйунан, 2012 сыллаахха үлэлээбитин таһынан, кэлин 1 киилэ үүтү тутар сыаната 7-10 солкуобай буолбутугар, бу маннык механизмынан 2015 сыллаахха дылы үлэлээн, үүтү тутар-астыыр тэрилтэлэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустарга үүтү соҕотуопкалыыр тэрилтэлэргэ «Возмещения расходов затрат сырой части молока» диэн ааттаан, үүт субсидиятын харчытын анаан биэрэн, туһаннарбакка, эргиттэрбэккэ олоруохтарын сөптөөҕүн, Үөһээ Бүлүү тыа хаһаайыстыбатын управлениетын дакаастаабытын, хомойуох иһин, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйөөбөтөҕө.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Үөһээ Бүлүү тыа хаһаайыстыбатын управлениета киллэрбит үүт соҕотуопкатын механизмын өйөөбүтэ буоллар, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үүт припискэтин сыта даҕаны суох буолуо этэ.

2024 сылга Сунтаар улууһун «Элгээйи» ММК салайааччы Акимов Прокопий Степанович тэрийбит тэрилтэтэ 30 сылын бэлиэтиир. Кини үлэлээбит сылларыгар 1 киилэ үүтү 4-7-10 солкуобайга эрэ тутан кэллэ, кини тэрилтэтин счетугар үүт субсидиятын түһэртэрбэт.

Прокопий Степанович ону маннык быһаарар: «Өскөтүн үүт субсидиятын харчыта тэрилтэм счетугар түстэҕинэ, дохуот курдук көстөн, 1 мөлүйүөнтэн тахса нолуок төлүүбүт», – диир.

Бүлүү улууһун «Сыа Бүлүү» үүт соҕотуопкатын тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччы Тарасов Иван Николаевич эмиэ үкчү итинник этэр.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Сунтаар улууһун «Элгээйи» ММК Акимов Прокопий Степанович 30 сыл устата үүт субсидиятын харчытын туһаммакка, эргиппэккэ, аҥаардас 1 киилэ үүтү закупочнай сыанаҕа эрэ тутан, үлэлээн-хамсаан кэлбит механизмын үөрэтэн көрөн, өрөспүүбүлүкэ атын улуустарын үүт соҕотуопкатын тэрилтэлэригэр киллэриэн наада.

Манна даҕатан эттэххэ, кэтэх ыаллар араас төрүөтүнэн өссө 2020 сыл инниттэн үүт туттарбат буолбуттара, онон үгүстэрэ Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар 2020 сылга дылы статистика отчуотугар киирэ сылдьар 70 тыһыынча ыанар ынахтан 80 тыһ. туонна үүт тутуутун былааныгар көрүллэр 2 млрд 800 мөлүйүөн үүт субсидиятын харчытыгар тиксибэт этилэр. Чуолкайдаан эттэххэ, кытарах ынах ыаммат, үүт туттарбат ыал үүт субсидиятын харчытын ылбат.

Онтон 80 тыһыынча тонна үүт 70 тыһыынча ыанар ынах 100% төрөөн, ыанан, үүт тутулларын курдук тиэрдиллэн кэлбитэ. Ол үрдүнэн, улуустарынан 2-6 тыһыынча үүт кэтэх ыаллар үүт туттаралларын-туттарбаттарын учуоттаабакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үүт соҕотуопкатыгар тиэрдиллибит үүт былаана 100% туолан, онно көрүллүбүт 2 млрд 800 мөлүйүөн аналынан туһаҕа барда диэн отчуоттанан кэлбитин билэн, истэн олорбуппут.

2021 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев кэтэх ыанар ынахтаах ыалы өйөөн, кинилэр ыанар ынахтарын төбөтүгэр 35 тыһыынча субсидия биэрэн, бу харчы ханна даҕаны сөҥмөккө быһа сиэптэригэр киириэхтээх диэн анаан биэрэн, тыа кэтэх ыанар ынахтаах ыаллара 100% бука бары кэнники сылларга илиилэригэр тыыннаах харчыны аан бастаан туппуттара олох киминэн даҕаны саарбахтаммат боппуруос буолбута чуолкай этэ.

Билигин сорох ынах сүөһү өттүгэр сыһыана суох эбэтэр "аһара" сыһыаннаах дьон өттүттэн «кэтэх ыал ыанар ынаҕын төбөтүгэр 39 тыһыынча бэриллэр даҕаны, ыанар ынах төбөтө көҕүрүү турар» дииллэрин истэбит.

Ол эрэн боппуруоһу атын өттүнэн биэрдэххэ, 2020 сыллаахха дылы 70 тыһыынча ыанар ынах хаһан даҕаны эбиллибэтинэн-көҕүрээбэтинэн көрдөххө, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустарынан тиэрдэр 80 тыһ. туонна үүт былаанын, этэргэ дылы, муҥха балыгын курдук үллэстэргэ, онно көрүллүбүт 2 млрд 800 мөл. үүт субсидиятын харчытын туһанарга, улуустар статистическай отчуоттарыгар киирэ сылдьар кумааҕы уйар сыыппара ынахтар буолуохтарын сөп.

Дьиҥ иһигэр, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустарынан төһө ынах ууланан, төрөөн, ол отчуотугар олоҕуран үүт соҕотуопкатын былаанын тиэрдиэн сөбө буолуо, кытарах ынах ыаммата кимиэхэ баҕар өйдөнөр.

2021 сылтан ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһыынча бэриллэн, ыанар ынах төбөтө дьэ чуолкайдаммыт буолуон сөп, онон 2020 сылга дылы статистика отчуотугар баар 70 тыһыынча ыанар ынах чахчы суоҕун дакаастабыла буолара саарбаҕа суох буолуо.

Урут тыа хаһаайыстыбатын министиэристэбэтэ Слепцов Иван Иванович миниистирдиирин саҕана, улуустарынан бэрэбиэркэ ыыттаран, Хаҥалас, Уус Алдан уонна да атын улуустарга ынах төбөтүн 1000 – 2000 дылы ахсааныгар араастаһыылара баар буола сылдьыбытын билэбит.

Степан Дмитриев, Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар