Аныгы кэм ыччатын ортотугар араас хайысхаҕа ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы, айа-тута сылдьар дьон аҕыйаҕа суохтар. Биһиэхэ эдэр салайааччы, номнуо билим хандьыдаата, дассыан, ХИФУ преподавателэ Ньургун Афанасьев ыалдьыттыыр. Кини кэпсээнин-ипсээнин истиҥ.
– Ньургун Вячеславович, дорообо! Кэпсэтэн-ипсэтэн барыахха...
– Бэйэм туһунан билсиһииттэн кэпсэтиибитин саҕалыахха. Мин Дьокуускайга күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым Ньурба оройуонугар ааспыта, 2009 сыллаахха Хатыы орто оскуолатын бүтэрбитим. Ол сыл СГУга (оччолорго ХИФУ буола илигэ) саха тылын уонна култууратын факультетыгар культурология салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Салгыы 2010 сыллаахха Москубатааҕы тас сыһыан институтугар МГИМОҕа үөрэххэ туттарсан киирбитим. Устудьуон буолан, билиминэн үлүһүйэн туран дьарыктаммытым.
– Дьэ, эрэ, устудьуоннаабыт сылларгын ахтан-санаан ааһыахха. “Эдэр дьон киһи быһыытынан сайдалларыгар, устудьуон олоҕо төһүү суолталаах” диэччилэр.
– Устудьуоннуу сылдьан араас граҥҥа көхтөөхтүк кыттар этим. Холобур, СӨ Бырабыыталыстыбатын, Арассыыйа Билимҥэ академиятын граннарыгар тиксэн, улахан кыайыылар саҕаламмыттара. Холобур, ити Арассыыйа гранынан Мальтаҕа тиийэн үөрэммитим. Билим үлэбинэн, Арассыыйа араас куораттарыгар кэмпириэнсийэлэргэ көхтөөхтүк кыттыбытым. Маны таһынан кыра эрдэхпиттэн ыллыыырбын-туойарбын олус сөбүлүүбүн. Саха фольклорун жанрдарын сүрдээҕин сөбүлээн толоробун. Ол иһин, устудьуоннуу да киирэн баран, бу дьарыкпын бырахпатаҕым. Саха фольклорунан эмиэ араас таһымнаах күрэхтэргэ тас дойдуга тиийэ кыттыбытым.
– Ньургун, аны туран, эн аҥаардас билим үлэтинэн, саха фольклорунан эрэ буолбакка, өссө бэйэҕин сатабыллаах салайааччы быһыытынан сайыннарбыккын билэбит. Институтуҥ идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ, университет биир көхтөөх устудьуона этиҥ дии?
– Оннук бөҕө буоллаҕа. Мин эдэр саас кэрэ кэмнэрин олус таһаарыылаахтык уонна көхтөөхтүк атаарбытым. Устудьуоннар уопсастыбаннай олохторугар эмиэ кыттыһар этим. Бастаан институт идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлинэн, салгыы университет көхтөөх устудьуоннарын кэккэлэригэр киирэн ситиһиилээхтик үлэлээбитим. Киһи биир саастыылаахтарын кытта алтыһан, салайар дьоҕурун сайыннаран бэйэтигэр элбэҕи арыйарын онно билбитим. Онон устудьуоннуу сылдьан билбитим-көрбүтүм билиҥҥи үлэбэр-хамнаспар сүрдээҕин көмөлөһөр диэн бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын.
– Билигин тугу үлэлиигиний?
– Билигин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка (ХИНТуоКҮ) фольклор уонна култуура хаапыдыратын сэбиэдиссэйинэн талыллан үлэлии сылдьабын.
– Эдэр салайааччы буолар төһө эппиэтинэстээҕий?
– Үөрэммит хаапыдырабар миигин үөрэппит учууталларбын кытта бииргэ үлэлии сылдьарбыттан астынабын. Оннук айылаах улахан уустугу, кыһалҕаны үлэбэр көрсүбэппин. Кэллиэгэлэрбин кытта уопсай тыл булан, этэҥҥэ өйдөһөн-өйөһөн үлэлии сыдьабыт. Маны таһынан институппар үөрэтэр-мэтэдьиичэскэй сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлиибин. Ол эбэтэр, үөрэх мэтиэдьикэҕэ чааһын салайааччыта буолабын. Инньэ гынан хаапыдыра эрэ салайааччытынан буолбакка, институт үөрэҕин хонтуруоллааччы, көрөөччү быһыытынан үлэлээбитим 5-с сылыгар барда.
– Аны туран, өссө билим хандьыдаата буолаҕын?
– Оннук. Дьиссэртээссийэбин 24 сааспар көмүскээбитим. Ол эбэтэр, 2017 сыллаахха филология билимин хандьыдаата буолбутум. Билимҥэ үлэм саха култууратыгар, фольклоругар уот иччитин өйдөбүлэ уонна уобараһа диэн ис хоһоонноох. Уот иччитэ – мифология уобараһа. Онон үлэм сүнньэ биһиги култуурабытыгар, фольклор матырыйаалларыгар тирэҕирэн, түүр уонна монгуол тыллаах омуктар фольклорун үгэстэригэр тэҥнээн, үөрэтэн көрүү буолар. Билимҥэ үлүһүйэн туран дьарыктанабын. Быйыл, 2020 сылга, дассыан сыбаанньатын ылбытым.
– Эн тус холобургунан, аныгы үйэ ыччата билимҥэ элбэҕи ситиһиэн сөбүн көрдөрөҕүн. Тус санааҕар, эдэр дьон билимҥэ ылсаллара төһө кэскиллээҕий?
– Ыччат ханнык хайысханан салайтарарын бэйэтэ билэр буоллаҕа. Хайаатар да бары учуонай буолуохтаахпыт диэн буолбатах. Билимҥэ барар эдэр киһи үчүгэй научнай салайааччылаах буолуохтаах. Холобур, мин салайааччым филология билимин дуоктара, профессор, культорология хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Людмила Степановна Ефимова буолар. Кини мин билимҥэ үлэбин ситиһиилээхтик суруйарбар сирдээн, сүбэлээн-амалаан биэрбит улахан өҥөлөөх. Улахан махталлаахпын. Дьиҥэр, ыччат билимҥэ интэриэһин тардарга көҕүлээһин баар. Ону уһуйааччылар сөпкө сирдээн уонна бастакы хардыыны оҥорорго көмө-тирэх буолуохтарын наада. Холобур, билигин үөрэтэр оҕолорум, магистратура устудьуоннара, салгыы олохторун билими кытта ситимниир улахан баҕалаахтар.
– Устудьуоннары үөрэтэҕин дуо?
– Устудьуоннары үөрэтэбин. Хаапыдыраны салайарыҥ таһынан хайаан да үөрэх чааһыгар эмиэ сыстыахтааххын уонна үөрэтиэхтээххин. Билигин бакалаабырдары уонна, сүрүннээн, магистратура устудьуоннарын үөрэтэбин. Хас да бырагырааманан үөрэтэр оҕолордоохпун. Үөрэтэр биридимиэттэрим Арассыыйа норуоттарын мифологиятыгар, култуураны сайыннарыыга сыһыаннаахтар. Оҕолор үөрэххэ олус баҕалаахтар уонна сайдыылаахтар. Кинилэри кытта бииргэ үлэлиир наһаа интэриэһинэй. Бэйэм эмиэ кинилэртэн элбэххэ үөрэнэбин.
– Киһи талан ылбыт идэтигэр бэриниилээх буолуохтаах диэни кытта төһө сөбүлэһэҕиний?
– Идэ диэ, бастатан туран, эн сөбүлүүр дьарыгыҥ буолуохтаах. Оччотугар эрэ дуоһуйан, астынан туран үлэлиигин. Хас сарсыарда аайы кыыһыран, ньиэрбинэйдээн, мөҕүттэн туран үлэҕэ барар диэн эрэй буоллаҕа. Туох үчүгэйдээх буолуоҕай? Ол иһин “киһи идэтин таба тайанан, сөбүлүүр үлэтигэр үлэлиир буоллаҕына, ол– дьол” дии саныыбын. Киһи күннэтэ дууһата сытар дьыалатынан, убаастыыр кэлэктиибигэр үөрэ-көтө барар буоллаҕына, бу киһи олоҕор сөптөөх хардыыны оҥорбут эбит диэн өйдүөххэ наада. Аны туран, сөбүлүүр үлэҥ дохуот аҕалара эмиэ ураты суолталаах.
– Билигин эдэр дьон ордук хамнастаах үлэҕэ дураһыйаллар. Оттон учуонайдар хамнастара хайдаҕый?
– Билим эйгэтигэр сылдьар дьон хамнастарын таһынан эбии граҥҥа кыттан эбии дохуоттаныахтарын сөп. Өскөтүн, граҥҥа кытыннаххына уонна тигистэххинэ, билимҥэ үлэҕин чинчийэргэр үп-харчы баар буолар. Холобур, эспэдииссийэ тэринэн, барар-кэлэр айаҥҥын уйунаргар даҕаны үп-харчы бөҕө эрэйиллэр. Эбэтэр кэмпириэнсийэҕэ кытта бараргын сорох түгэҥҥэ эмиэ бэйэҥ уйунуоххун наада буолар. Онно гранынан ылбыт үбүҥ улахан туһаны аҕалыан сөп.
– Наһаа таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар киһи эбиккин. Түмүккэ, бэйэҥ тускунан эбии туох эмэ интэриэһинэй чахчыны кэпсээ эрэ...
– Мин МГИМОҕа байыаннай хаапыдыраҕа үөрэнэ сылдьыбытым. Онон лейтенант сыбаанньалаахпын. Ол кэнниттэн 3 ыйдаах байыаннай академияҕа идэни үрдэтэр кууруска үөрэнэн, билигин Арассыыйа аармыйатыгар саппааска сылдьар хапытаан диэн сыбаанньалаахпын. Ону таһынан успуорт икки көрүҥэр маастарга хандьыдааппын. Олоххо интэриэс туһунан эттэххэ, араас дойдуну кэрийэрбин, элбэхтик айанныырбын сөбүлүүбүн. Ол курдук, уопсайа 50-ча араас дойдуга сылдьыбытым.
Уопсайынан, киһи төһө кыаҕа-күүһэ тиийэринэн сайдыахтаах диэн санаанан салайтарабын. Күн ахсын саҥаттан саҥаны билэргэ дьулуһабын. Биир эрэ хайысхаҕа буолбакка, араас эйгэҕэ барытыгар дьоҕурбун сайыннара сылдьарбын сөбүлүүбүн. Эдэр дьон туохтан да кутттаммакка, үлэҕэ-үөрэххэ баҕалаах буола улааттахтарына, сайдыы кэлэн иһэрин бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Бары этэҥҥэ сылдьан, үүнүҥ-сайдыҥ, доруобай буолуҥ!
– Кэпсээниҥ иһин махтал!
Сэһэргэстэ
Екатерина АФАНАСЬЕВА.