Биһиги аҕабыт, Николай Иванович Шарин, 1930 сыл сэтинньи 17 күнүгэр Орто Халыма Сылгы Ыытарыгар төрөөбүтэ.
Сэрии сылларыгар уончалаах эрэ уолчаан холкуоска үлэлээбитэ. 1943 сыллаахха кинини биригэдьииринэн анаабыттара, онон оскуолаттан уурайарга күһэллибитэ. Ол гынан баран аҕабыт кэлин ситэри үөрэммитэ, оскуоланы 19 сааһыгар (1950 сыллаахха) бүтэрбитэ. Бүтэрбитин кэннэ аны Сылгы Ыытар сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталынан хаалларбыттара.
Эһиилигэр, 1951 сыллаахха, Ленинград университетын устудьуона буолар. Саха АССР үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтэ – исписэлиистэр тиийбэттэринэн сибээстээн учууталлары бэлэмнээһин бырагырааматын кылгатарга көрдөспүтэ. Онон Саха сириттэн сылдьар устудьуоннары Герцен аатынан пединститукка көһөрбүттэрэ.
Аҕабыт ити институту 1955 сыллаахха кыһыл дьупулуомунан бүтэрэр уонна төрөөбүт Сылгы Ыытарын оскуолатыгар дириэктэринэн ананар.
1959 сыллаахха, баара эрэ 29 сааһыгар, оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллар. Ол кэнниттэн ССКП оройуоннааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн үлэлиир.
1962 сыл балаҕан ыйыгар РСФСР үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин кэллиэгийэтигэр кинини Саха АССР үөрэхтээһиҥҥэ миниистиринэн бигэргэппиттэрэ. Ити баара эрэ 32 саастааҕар. Аҕабыт үлэлээн ааспыт сылларын мэлдьи сылаастык, истиҥник ахтара. Кини биир уратыта – дьоҥҥо барытыгар биир тэҥник сыһыаннаһыы. Тыа сирин учуутала буоллун, өрөспүүбүлүкэ салайааччыта буоллун.
Николай Иванович Шарин миниистир быһыытынан киэҥ хорутуулаахтык үлэлээн ааспыта оччотооҕу кэм араас докумуоннарыгар: отчуоттарга, дакылааттарга уонна араапардарга – көстөр. Ол курдук, холобур, эдэр дьон бары орто үөрэҕи хайаан да бүтэрэллэрэ ситиһиллибитэ. Өссө 30-с сылларга саҕаламмыт үөрэҕэ суох улахан дьону ааҕар-суруйар гына үөрэтии киэҥ хамсааһына эмиэ ситиһиилээхтик түмүктэммитэ. Дьоҕурдаах оҕолору кытта үлэ систиэмэтэ олохтоммута, анал хайысхалаах оскуолалар аһыллыбыттара.
Аҕабыт Николай Иванович ааспыт үйэ 60-с сылларыгар национальнай оскуолалар кыһалҕаларын быһаарыыга үгүс сыратын-сылбатын биэрбитэ. Холобур, 1964 сыллаахха РСФСР үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтигэр национальнай оскуолаларга оҕолору үөрэтии бырагырааматын киэҥник дьүүллэспиттэрэ. “Оҕолору нуучча тылынан маҥнайгы кылаастан үөрэтиэххэ, оттон төрөөбүт тылларын туспа предмет быһыытынан үөрэттиннэр”, – диэн этии киирбитэ. Ити этиини Татарстан, Башкирия уонна Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ утарбыттара.
Москубаттан кэлээт Николай Шарин ити боппуруоска баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Г.И. Чиряевы кытта көрсүбүтэ. Киниэхэ уустук быһыы-майгы үөскээбитин, итинтэн тахсар суоллары кэпсээбитэ. “Сөптөөх толкуйдардаах эбиккин, Киин кэмитиэти кытта кэпсэтиэхпит”, – диэбитэ киниэхэ Г.И.Чиряев.
Онон аҕабыт Николай Шарин миниистир быһыытынан бэйэтин позициятын туруулаһан туран тиһэҕэр диэри көмүскээбитэ. Оҕолор төрөөбүт тылларынан оскуола боруогун атыллаат да үөрэммитинэн бараллара – саха тыла салгыы сайдыытыгар сүҥкэн суолталааҕа. Ити түгэн гражданскай хорсун быһыыны көрдөрүү быһыытынан сыаналаныахтаах.
Николай Шарин миниистир быһыытынан үлэлиир сылларыгар оскуолалар материальнай базалара хаҥаабыта, каадырдарынан да хааччыллыы үрдүк кэрдиискэ тахсыбыта. Итини барытын чопчу сыыппаралар туоһулууллар. 1961-1981 сылларга 283 оскуола (уопсайа 97 500 оҕо үөрэнэригэр аналлаах) тутуллубута. Онон үгүс оскуола биир симиэнэн үөрэниигэ көспүтэ. Ордук тыа сирин оскуолаларыгар. Дьокуускайга кэтэһиилээх-манаһыылаах Пионердар дыбарыастара үлэҕэ киирбитин бэлиэтиэххэ сөп.
Аҕабыт Николай Шарин миниистир быһыытынан биир дьоһун ситиһиитэ – оскуолалары каадырдарынан хааччыйыы уонна кинилэр квалификациялара үрдүүрүн ситиһии. Ити боппуруоһу быһаарыыга Учууталлар билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатар институт улахан оруоллаах. Бу институт 1962 сыллаахха 25 үлэһиттээх эбит буоллаҕына, 1981 сылга кинилэр ахсааннара 55 буолбут.
1961 уонна 1981 сыллары тэҥнээн көрдөххө: учууталлар ахсааннара икки бүк үрдээбит. Чопчулаатахха 10 979 киһинэн. Оттон үрдүк үөрэхтээх исписэлиис ахсаана үс аҥаар төгүл үрдээбит. Оскуолалар бары дириэктэрдэрэ уонна солбуйааччылара үрдүк үөрэхтээх этилэр.
Саамай сүрүн ситиһии – эдэр дьон бары орто үөрэхтээх буолуулара. 1961-1969 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ 86 орто оскуола баара. Онтон 1980-1981 үөрэх дьылыгар орто оскуола ахсаана 255 буолбут.
Өссө биир дьоһун сыыппара. 1979 сыллаахха ССРС үрдүнэн биэрэпис ыытыллыбыта. Ол түмүгүнэн хас биир тыһыынча киһиэхэ – үрдүк, орто уонна ситэтэ суох орто үөрэхтээх дьон тиксэр ахсаана 848 буолбут. Оттон РСФСР үрдүнэн орто көрдөрүү – 803. Ити көрдөрүүтүнэн тыйыс килиимэттээх Саха сирэ – РСФСР 16 автономнай өрөспүүбүлүкэлэриттэн маҥнайгы миэстэҕэ тахсыбыта. Ол кэмҥэ министиэристибэҕэ 25 киһи үлэлиирэ. Кинилэр бары үрдүк кылаастаах исписэлиистэр этилэр.
1981 сыл бэс ыйыгар аҕабыт Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин президиумун сэкирэтээринэн талыллыбыта. Бу дуоһунаска кини тоҕус сыл устата үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү сэбиэтин президиумугар 24 киһи үлэлиирэ (техническэй үлэһиттэри киллэрэн туран).
Николай Иванович дойдуга буола турар быһыыны-майгыны хайаан да учуоттаан үлэлиирэ. ССРС ыһылларын саҕана араас уларыйыы-тэлэрийии бөҕө буолбута. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэлэр правовой статустарын боппуруоһа. Ону учуоттаан Дьокуускай куорат исполкомугар үлэлээбит, юрист идэлээх Афанасий Илларионовы үлэҕэ ылбыта. Афанасий Петрович кэлин өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр салайааччыларыттан биирдэстэринэн буолбута.
Сыллар-хонуктар элэҥнэһэн ааһаллара түргэнэ сүрдээх. Аҕыйах саҥалаах, холку, үтүө майгылаах, таптыыр аҕабытын мэлдьи ахтабыт-саныыбыт. Аҕабыт улахан тапталын, ийэбит Александра Прокопьевнаны кытта – 1951 сыллаахха атырдьах ыйын 25 күнүгэр устудьуоннар маевкаларыгар билсибитэ. Ийэбит оччолорго Москубаҕа И.М. Сеченов аатынан мэдиссиинэ институтугар үөрэнэрэ. Сыбаайбалара Ленинград бастыҥ кафетыгар ыытыллыбыта.
Күн-күбэй ийэбит, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх бырааһа Александра Прокопьевна 47 сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини 20 сыл устата Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа терапевтическай салаатын сэбиэдиссэйэ этэ.
Ийэлээх аҕабыт бэйэ-бэйэлэригэр тапталлара үйэлэрин тухары уҕараабатаҕа. Аҕабыт олус үчүгэйдик ыллыыра. Кини “Ах, ты душечка, красна-девица” диэн сөбүлүүр ырыатын ийэбитигэр анаан ыллыыра бу баар.
Москубаҕа уонна Ленинградка 50-с сыллардаахха үөрэммит устудьуоннар бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннарын, доҕордоһууларын көрөн улааппыппыт. Институту бүтэрбит үбүлүөйдээх сылларын биһиги даачабытыгар бэлиэтииллэрэ.
Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учууталлара Зоя Васильева уонна Евдокия Заморщикова – төрөппүттэрбит үтүө доҕотторо. Кинилэр аҕабытын “Саха өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданнара” сиэрийэ иһинэн кинигэ тахсыытыгар үлэлэһэригэр көрдөспүттэрэ. Ити кинигэҕэ аҕабыт Николай Иванович доҕотторун, кэллиэгэлэрин уонна аймахтарын ахтыылара киирбиттэрэ. Ити кинигэ аҕабыт тыыннааҕар тахсыбытыттан биһиги, оҕолоро, муҥура суох дьоллоохпут.
Кини биһигини, түөрт оҕотун – үлэҕэ, дьиэ кэргэҥҥэ, ийэбитигэр сыһыанынан, үтүө холобурунан ииппитэ. Орто Халыма сириттэн-уотуттан силис-мутук тардарбытын, Шариннар аҕа уустарыттан төрүттээхпитин мэлдьи өйдүүбүт.
Төрөппүттэрбит дьиэҕэ көстүбэттэрин кэриэтэ этэ. Ийэбит балыыһаҕа дьуһуурустубалыыра, ыарахан ыарыһахтарга көмө оҥороору санитарнай сөмөлүөтүнэн көтөрө, араас куурустарга үөрэнэрэ. Кини мэлдьи кимиэхэ эрэ көмөлөһө, наар кутугунайа, сүүрэ-көтө сылдьара.
Дьиэбитигэр мэлдьи ыалдьыт-хоноһо тобус-толору буолара. Амматтан уонна Орто Халыматтан аймахтарбыт, төрөппүттэрбит доҕотторо. Аҥаардас тастыҥ бырааттарбыт, балтыларбыт, убайдарбыт, эдьиийдэрбит – 32 киһи.
Өрөбүллэргэ ийэбит минньигэс бэрэскилэри тааһынан буһарара. Балыктан, булт аһыттан да астары олус минньигэстик астыыра. Ким да биһигини мөхпөтө-дьарыйбата, дьиэҕэ үлэбитин бэрэбиэркэлээбэтэ. Биһиги этиитэ-санатыыта суох бэйэбит дьарыктанарбыт. Оҕолор бары Дьокуускай 8-с №-дээх оскуолатыгар үөрэммиппит. Онон ийэбит төрөппүттэр мунньахтарыгар сылдьыыта арыый судургутуйара.
Аҕабыт биһигини олус таптыыра, хаһан да мөхпөтө. Дэҥҥэ көстөр иллэҥ бириэмэтигэр хас биирдиибитигэр болҕомтотун уурарга кыһанара.
Сылга биирдэ дьиэ кэргэнинэн фотоательеҕа баран хаартыскаҕа түһэр үтүө үгэстээх этибит. Хомунуу сарсыардаттан саҕаланара. Ааҥҥа уҥуохпутунан төһө үрдээбиппитин кэмнэнэрбит, уруучуканан бэлиэтиирбит. Урукку кээмэйдэри кытта тэҥнээн көрө-көрө күлүү-үөрүү бөҕө буоларбыт. Ол хаартыскалар – дьоллоох оҕо сааспыт туоһулара.
Төрөппүттэрбитин уонна кинилэр доҕотторун кытта тэллэйдии, отоннуу барарбытын эмиэ олус истиҥник саныыбыт. Аҕабыт ойуурга сүрүн суолдьутунан, ыйааччынан-кэрдээччинэн буолара. Кини отонноох, тэллэйдээх миэстэлэри биһиэхэ булан биэрэрэ. Күһүн күргүөмүнэн хаппыыста тууһуурбут.
Билигин төрөппүттэрбит аттыбытыгар суохтар. Кинилэр биһиэхэ тапталларын, сылаас сыһыаннарын мэлдьи ахтабыт-саныыбыт. Төрөппүттэрбит бэйэ-бэйэлэригэр сылаас сыһыаннара харахпытыгар бу баар.
Анатолий, Борис, Вера уонна Надежда Шариннар.