Ира Павлуцкая аата-суола 3-4 ый анараа өттүгэр эмискэ «күөрэс» гыммыта. Кини ураты тас көстүүтүнэн дьон-сэргэ болҕомтотун тардыан тарпыта. Норуот бу кыыска өр-өтөр буолбакка «Леопард Кыыс» диэн ааты иҥэрбитэ.
Ираны федеральнай ханаалларга ыҥыран, Андрей Малахов курдук биллэр-көстөр ыытааччы биэриитигэр кытыннарбыттара. Кини олоҕун ураты устуоруйата бүтүн дойду үрдүнэн аатырда.
Ира Павлуцкая – Мохсоҕоллоох Оҕо дьиэтин иитиллээччитэ. Ийэтэ оҕото ыарыһаҕын билэн баран, кыһыл оҕо эрдэҕинэ тута аккаастаммыт. Биэриигэ кэпсээбиттэринэн, ийэтэ оҕотун Дьокуускай куорат пааркатыгар бөх кутар тимир уурунаҕа бырахпыт...
Бүгүн дьикти устуоруйалаах, ураты дьүһүннээх, тириитигэр элбэх мэҥнээх кыыс ыалдьыттыыр.
– Ира, бастаан билсиһиэххэ...
– Мин 26 саастаахпын. Билигин Дьокуускай куоракка полиграфия тэрилтэтигэр үлэлии сылдьабын. Үлэбин наһаа таптыыбын, күннэтэ бырааһынньыкка барар курдук астынабын.
– Туох идэлээххиний?
– Көмпүүтэри уруккуттан үчүгэйдик сатыыбын. Ол иһин үөрэхпин бүтэрэн баран, лиссиэйгэ «оператор ЭВМ» диэн идэҕэ сыл устата үөрэммитим. Онно фотошоп бырагырааматыгар үлүһүйэн туран үөрэммитим. Дьокуускайга көһөн кэлиэм иннинэ, Мохсоҕоллооххо хаартыска устуудьуйатыгар үлэлээбитим.
– Куоракка дьиэлээххин дуу?
– Оҕо дьиэтиттэн барарбар судаарыстыба кыбартыыра көрбүтэ. Кырдьыгынан эттэххэ, бу дьиэни наһаа өр күүттэрбиттэрэ. Дьиҥэр, 2009 сыллаахха ылыахтаах этим, ону 2016 сылга биирдэ биэрбиттэрэ. Дьиэ хаачыстыбата соччо бэрдэ суох. Уопсайынан, тулаайахтарга эбэтэр кыаммат дьоҥҥо аналлаах тутуулар хаачыстыбалара наһаа үчүгэйэ суох буолар. Буоллун-хааллын диэбит курдук сыһыан баар. Чэ, бээ, үҥсэргээн бүтүөххэ, хата, дьиэҕэ тиксибиппэр баһыыба.
– Дьэ, эн эмискэ баҕайы Арассыыйа ханаалын шоу-биэриилэригэр кыттан, биллэр-көстөр буоллуҥ. Эн олоххун интэриэһиргиир, ырытар дьон өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйаҕа баар буоллулар...
– Урут ханна эрэ саһа, кыбыста сылдьыбыт буоллахпына, бу биэриилэр кэннилэриттэн бэйэбэр эрэлим улаатта. Дьон-сэргэ миигин атын хараҕынан көрөр буолла. Бээ, соторутааҥҥа диэри куоракка наадабынан киирэргэ эрэй бөҕөнү көрөр этим. Куруук сири көрө сылдьар буоларым. Миигин сыстыганнаах ыарыылаах дии саныыллара. Испэр куруук «бу барыта хаһан түмүктэниэй?» диэн ыйытар этим. Билигин, дьэ, төбөбүн өрө көтөҕөн хаамар буоллум. Миэхэ дьон сыһыана уларыйбыта наһаа үчүгэй. Онон күн ахсын алтыһар дьонум элбээн иһэллэр. Миигин аан бастаан хаартыскаҕа түһэрбит, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, эрэли бэлэхтээбит фотограф Вадим Руфовка улахан махталлаахпын.
– Интэриниэт ситимэ олус сайынна. Холобур, инстаграм. Эн бу ситимҥэ ааҕааччыҥ ахсаана 15,5 тыһ. киһи буолбут...
– Тыый. Соторутааҕыта быдан аҕыйах этэ (күлэр). Мин күн ахсын үлэлиир буоламмын, Интэриниэккэ олорор бириэмэм ыгым. Ол иһин ааҕааччыларбын кытары алтыһар уустук. Онон быыс-арыт булан тугу эрэ олохпуттан кэпсии, хаартыска уга сатыыбын. Хайдах бүтүн Арассыыйаны аймаан баран, ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалыахпыный. Кэнэҕэһин бэйэм холобурбунан дьону сырдыкка тардар, эрэли бэлэхтиир киһи буолуохпун баҕарабын. Ол эбэтэр, дьонтон туох да итэҕэһэ суох буолуу кистэлэҥин өйдөтөр, тиэрдэр соруктаахпын. Ол эрээри мин тыыннаах кэпсэтиини, атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини быдан сөбүлүүбүн.
– Билигин үгүс киһи Интэриниэккэ уобарас оҥостор. Ол аата күннээҕи олохторугар бу дьон букатын атын буолуохтарын сөп...
– Оннук. Мин хаартыскаҕа сэмэй курдук көстөбүн эрээри, күннээҕи олохпор киириилээх-тахсыылаах, хайа эрэ түгэҥҥэ ньиэрбинэй, эппиппин кубулуппат өһөс, кытаанах буолуохпун сөп. Өссө наһаа уйан дууһалаахпын. Онон виртуальнай эйгэнэн киһини сыаналыыр сыыһа эбит.
– Дьэ, Интэриниэтинэн эйиэхэ ыйытыы бөҕөтө киирэр буолуохтаах. Сүрүннээн, тугу ыйыталларый?
– «Ийэҕин бырастыы гыммытыҥ дуо? Ханна үлэлиигиний? Бэйэҥ курдук «бырааккын» Никитаны кытары кэпсэтэҕин дуо?» диэн элбэхтик ыйыталлар.
– Онуоха туох диэн хоруйдуугунуй?
– Ханна үлэлиирбин эппэппин. Үлэбэр исписэлиис быһыытынан эбээһинэспин толоробун.
Оттон ийэм туһунан эттэххэ, икки биэрии олохпун быһаарбата чахчы. Бастакы биэриигэ ийэбин аан маҥнай көрсөбүн, иккискэ бырастыы гынабын диэн буолуо дуо? Дьиҥнээх олох атыннык устар буоллаҕа дии. Дьиҥэр, кинини бырастыы гынарым-гымматым бэйэм көҥүлүм. Биллэн турар, ийэм алҕаһын ылынарга бириэмэ баара. Билигин кинини кытары күннэтэ алтыһабын, сылаастык кэпсэтэбит. Ийэм дьиэ кэргэнин кытта олорор. Арааһа, тоҥуй соҕус майгылаах буоламмын буолуо, оннук айылаах истиҥ сыһыан суох. Холобур, кыыс ийэтин кытары сылаас сыһыанын билбэппин. Миэхэ бириэмэ наада, кинини өйдүүргэ, ылынарга...
– Онтон шоу-биэриилэргэ кэпсэнэр устуоруйа төһө дьиҥнээҕий?
– Оонньуурбун, дьону албынныырбын сөбүлээбэппин. Онон бу бырагыраамаҕа кэпсэммит устуоруйа өйтөн ылыллыбыт буолбатах. Ол аата олоххо чахчы буолбут устуоруйа. Хомойуох иһин, быраҕыллыбытым кэннэ миигин булбут Галина Александровнаны кыайан булбатыбыт. Аҥаардас докумуону итэҕэйэр эмиэ сыыһа. Баҕар, ол докумуону ким эрэ анаан-минээн толкуйдаабыт буолуон сөп. Бу чахчыны бигэргэтээри, хасыһа сатаатым да, бакаа туох да бигэргэммит информацияны була иликпин.
Даҕатан эттэххэ, биэрии кэннэ харчы иһин барытын толкуйдаабыккын диэн этии-тыыныы бөҕөтө буолбуттара. Хас биирдии киһиэхэ ону быһаарар сүрдээх ыарахан. Бэйэм даҕаны үлтү булкуллан сылдьабын...
– Эн саамай чугас дьонуҥ кимнээхтэрий?
– Саамай истиҥ дьонум Мохсоҕоллооххо бааллар. Оо, дьоммун наһаа да аҕынным. Кинилэр – ийэбин солбуйбут иитээччилэрим, бииргэ улааппыт дьүөгэлэрим уонна иитиллээччи кыра оҕолор. Куоракка олохсуйарбар чугас дьүөгэм Дора улаханнык абыраабыта. Оҕо сааспар чэпчэкитэ суох олохтоох буоламмын, дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу, көмөлөһүү диэни эппинэн-хааммынан бэркэ билэбин. Ис сүрэхтэн көмөлөһүү туохха да тэҥнэммэт. Олохпор ол дьонум баалларын иһин дьылҕабар махтанабын! Күндү дьонум түһүүлээх да, тахсыылаах да кэмҥэ өрүү аттыбар бааллар.
– Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕыный?
– Киэһэтин уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Иллэҥ бириэмэни доҕотторбун кытары атаарабын. Наһаа кэпсэтинньэҥ буоламмын, элбэх доҕордоохпун. Мэлдьи үөрэ-көтө сылдьабын. Төһө кыалларынан, чүгас дьоммор бириэмэ аныы сатыыбын. Өссө үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүбүн, түгэн көһүннэҕинэ, кулуупка сылдьааччыбын. Миигин син үчүгэйдик үҥкүүлүүгүн дииллэр.
– Саамай улахан баҕа санааҥ?
– Биллиилээх араатар буолуохпун баҕарабын. Ордук доруобуйалара хааччахтаах оҕолорго уонна оҕо дьиэтин иитээччилэригэр көмөлөһүөхпүн баҕарабын. Сотору атахпар турдахпына, үчүгэй үлэһит буоллахпына, тус холобурбунан нэһилиэнньэҕэ үчүгэйи аҕалар, дьону сырдыкка сирдиир киһи буолуом диэн ыра санаалаахпын. Маныаха киһи киһиттэн туох да итэҕэһэ суоҕун бары өйдүөх тустаахпыт. Саамай сүрүнэ, күүстээх санаалаах буолуохха наада. Эбэн эттэххэ, оҕо дьиэтин бүтэрдэхпитинэ, судаарыстыбаттан көмө харчы кэлэр. Ол харчыны сөпкө туттуохха наада эбит. Холобур, мин ол көмөнү мээнэ бараан кэбиспиппиттэн билигин кэмсинэбин (сонньуйар). Онон оҕолоор, харчыны мээнэ ыһа-тоҕо туттумаҥ!
– Кыыс оҕо анала ийэ буолуу эбээт. Бу туһунан тугу этиэххин сөбүй?
– Ону ким баҕарбат буолуой? Биллэн турар, тапталлаах кэргэн, ийэ буолуохпун баҕарабын. Арай, киэһэ үлэттэн сылайан тиийдэхпинэ, тапталлаах доҕорум минньигэс астаах үөрэ-көтө көрсөрө буоллар, бэрт да буолуо этэ... Чэ, барыта бэйэтин кэмигэр баар буолуо.
– Онтон төрөөбүт тылгын үөрэтэр баҕалааххын дуу?
– Дьэ, бу маны бэйэм итэҕэспинэн ааҕабын. Билигин, улаатан баран, төрөөбүт тыл ис суолтатын, дьэ, өйдөөтүм. Ол иһин сахалыы билбэппиттэн кыбыстабын. Нуучча эйгэтигэр улааппыт буоламмын, нууччалыы алтыһа үөрэнэн хаалбыппын. Инникитин бу тылы ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэр баҕа баар. Хата, саха тылын куурустара ханна баалларый? Мин онно тиийэн дьарыктаныам этэ. Билигин сахалыы «бар, кэл» диэн эрэ тыллары билэбин. Аан бастаан, саатар, сахалыы өйдүү үөрэммит киһи.
* * *
Ира олус кэпсээннээх, ураты толкуйдаах, күүстээх санаалаах кыыс эбит. Кини кэпсээнигэр «дьоҥҥо көмөнү аҕалбыт киһи» диэни элбэхтик ахтар. Дьылҕа Хаан оҥоһуута төһө да холус буоллар, ураты кыыс сырдыкка, кэрэҕэ дьулуһуута туохтааҕар да улахан эбит! Кини олоҕо-дьаһаҕа табылларыгар, туруоруммут сыала-соруга силигин ситэригэр баҕарабын!
Санатан эттэххэ, Ира курдук тириитигэр бээтинэлээх Никита диэн уол Дьокуускайга олорор. Иралаах Никита иккиэн Арассыыйа ханаалыгар тиийэ сылдьыбыттара.
Кэпсэттэ
Екатерина АФАНАСЬЕВА,
Хаартыскалары Интэриниэт
ситимиттэн туһанныбыт.