Ил Дархан А.Николаев Чэбдигирии 10 сылын биллэрдэ. Манна норуот доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ, ыарыыны сэрэтиигэ айылҕаттан ыраас, доруобуйаҕа туһалаах аһы аһааһын улахан суолталааҕынан улахан болҕомто ууруллуоҕа. Маҕаһыыннар долбуурдара хотойор “Доширак”, пальма арыылаах бэлэм астар, араас хиимийэ симиллибит халбаһылар, эт астар, бэл, глютен быһа сиэбит килиэбэ биһигини геммит бырагырааматыгар диэри кэбирэтэллэрин өрүү истэбит, билэбит.
Тоҥ кэнчээри кистэлэҥэ
Саха сирин дьонун доруобуйатын бөҕөргөтөр астары бэлэмнээһиҥҥэ тыабыт хаһаайыстыбата төрөөбүт айылҕабыт олохтоммут сокуоннарын тутуһан, ырааһын харыстаан, научнай төрүккэ олоҕуран, билигин “күөх лииньийэ” диэн ааттанар туһалаах астары таһаарыыга туһуланыахтаах. Итиниэхэ биһиги урукку кэммит биллиилээх учуонайдарын үлэлэрэ төһүү буолуохтара диэн эрэнэбит. Соторутааҕыта, мин саха ынаҕын эһэр бэлиитикэни утары турууласпыт учуонайбыт П.А. Романов туһунан суруйбутум. Бүгүн кини биир дойдулааҕа, Саха сирин үүнээйилэрин углеводтарын бастакы чинчийээччи Василий Яковлевич Потапов норуотугар үтүөтүн туһунан сэһэргэһиэҕиҥ. Кини туһунан матырыйааллары булан биэрэн көмөлөспүт биология билимин дуоктара К.А. Петровка махталбын биллэрэбин.
Углевод тыыннаах харамай олоҕор сүҥкэн суолталаах. Үүнээйигэ баар углевод ынах сүөһүгэ, сылгыга иҥэмтэлээх уонна эниэргийэ биэрэр бэссэстибэлэр састааптарыгар киирэр. Итилэртэн ордук тыыннаах харамай хаанын-сиинин үлэтигэр ууга суураллар уонна кырахымаал улахан оруоллаах. Углеводтартан тыыннаах харамайга үүнээйигэ фотосинтез түмүгэр үөскүүр сахарозата улахан суолталаах. Хааҥҥа-сииҥҥэ сахарозаттан фермент көмөтүнэн глюкоза уонна фруктоза чэпчэкитик үөскүүллэр. Олус үрдүк сахароза саахардаах тростникка, сүбүөкүлэҕэ баар, олортон киһи сиир саахарын ылаллар. Сахарозаттан үөскээбит глюкозаттан сыа уонна сыа кислоталара үөскүүллэр.
“Ынах үүтэ – тылыгар” диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэттэрэ. Ынах үүтүн элбэтэргэ аһыттан протеин ыларыгар, ол реакция барарын толору хааччыйар элбэх саахар (эниэргийэ) баар буолуохтаах.
Сүөһү аһыгар баар углеводтар эниэргийэни эрэ биэрбэттэр. Саха боруода сүөһүтүн, сылгытын хааннарыгар-сииннэригэр олохтоох үүнээйилэр углеводтарыттан омега-3, 6, 9 солбуллубат (незаменимые) сыа кислоталардаах, киһи доруобуйатын холестеринтан харыстыыр ураты туһалаах элбэх сыа саппааһа оҥоһуллан мунньуллар. Онон үүнээйигэ барар биохимическай бырассыастар биология билимин улахан суолталаах хайысхалара буолаллар.
Хомойуох иһин, үгүспүт Кытайга, Эмиэрикэҕэ, атын да дойдуларга үүммүт үүнээйи (бэл, ГМО-лаах) биһиги тыйыс киилимэппитигэр үүммүт үүнээйиттэн туох да атына суоҕун курдук көрөбүт.
Оттон Саха сиригэр үүнэр үүнээйи химическэй састааба соҕурууҥҥулардааҕар уратытын өссө 1960-с сс. В.Я. Потапов курдук учуонайдарбыт дакаастаабыттара. Биһиги усулуобуйатыгар кыһын от үүнээйи 5-20 бырыһыана эрэ: сайын уу анныгар сыппыт, о.э. кыыл-сүөл сиэбит, охсуллубут от кэнчээрилэрэ күөхтүү хаар анныгар тоҥон хаалар. Ити күөхтүү тоҥмут окко белога, саахара, сыата үрдүгүн биһиги учуонайдарбыт арыйан, аан дойду билимин байыппыттара.
Бэс иннэтэ сэрии оҕолорун быыһаабыта
Василий Яковлевич Үөһээ Дьааҥы Боруулааҕар холкуостаах ыалга 1932 с. олунньу 10 күнүгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы пединститут естественнэй факультетыгар үөрэнэ сылдьыаҕыттан олоҕун билими кытта сибээстээбитэ. Биология институтун аспирантуратыгар киирбитэ. Кини научнай салайааччытынан Саха сиригэр үүнээйи биохимиятын лабаратыарыйатын төрүттээбит уонна салайбыт биология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр А.Д. Егоров буолбута.
Сахаттан бастакы биология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр А.Д. Егоров саха норуотун иннигэр үйэлэргэ умнуллубат үтүөлээх учуонайбыт буолара саарбаҕа суох. Кини Саха сирин үүнээйилэрин үөрэтэн баран, манна үүнэр от-мас С битэмиинэ уонна каротина (А провитамин) баайын бастакынан быһаарбыта. Сэрии кэмигэр бэс уонна сааскы тиит мастар мутукчаларыттан утах оҥорторон, мөлтөх доруобуйалаах оҕолорго иһэрдэн улахан үтүөнү оҥорбутун туһунан элбэх ахтыыга суруллар.
Мин төрөппүттэрим бэрэмиэнэлэргэ оҕолорго барыларыгар иһэрдэллэрин кэпсииллэрэ. Оҕо аата оҕо, амтанын абааһы көрө-көрө иһэрбит диэн күлэ-күлэ ахталлара. Дьыалатыгар, итинник эбии битэмиини биэриини тэрийэн учуонай, төһөлөөх тыһыынчанан аччыктаан мөлтөөбүт оҕону быыһаабыта буолуой?
“Лысенковщинаҕа” бэриммэккэ
В.Я. Потапов научнай үлэтэ Киин уонна Хотугулуу-Илин Саха сирин сүөһү аһылыга буолар үүнээйилэр силистэригэр, үнүгэстэригэр суураллар саахар уонна кырахымаал төһө элбэҕин быһаарыыттан саҕаламмыта.
1953-1959 сс. А.Д. Егоров салалтатынан, почваны үөрэтээччилэр уонна ботаниктар улахан бөлөхтөрө Саха сиригэр сүөһү аһа буолар үүнээйилэр химическэй састааптарын үөрэппитэ. Ол түмүгэр «Химический состав и питательность сена центральных районах Якутии» уонна «Химический состав кормовых растений Якутии (лугов и пастбищ)» диэн кинигэлэр тахсыбыттара.
В.Я. Потапов бастакы кинигэҕэ киллэрбит улахан кылаатынан оччолордооҕу саха боруода сүөһүтүн аһылыга – саха үгэһин тутуһан оттоммут от – хайдах хаачыстыбалааҕын дириҥник чинчийбитэ буолар. Кинигэҕэ сүөһү сүрүн аһа буолар от хаачыстыбатын хайдах тупсарар туһунан сүбэлэр бэриллибитэрэ.
Иккис, улахан фундаментальнай суолталаах кинигэ Москубаҕа бэчээттэммитэ. Манна Саха сирин оройуоннарыгар үүнэр сүөһү аһа буолар үүнээйилэр химическэй састааптара толору үөрэтиллэн киирбитэ. В.Я. Потапов сылгы хаһан аһыыр отторугар төһө белок, суураллар углеводтар баалларын уонна полисахаридтар састааптарын чинчийбитэ киирбитэ.
1960-с сылларга биологияҕа “лысенковщина” бүрүүкээбит уонна саха сүөһүтүн маассабай кыргыы бара турар кэмигэр бэрэпиэссэр А.Д. Егоров эдэр кэллиэгэлэрин В.Я. Потаповы уонна П.А. Романовы кытта Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэр саха төрүт сүөһүтүттэн ылыллар бородууксуйа хаачыстыбатын төһө, хайдах тупсаралларын быһаарар үлэни саҕалаабыттара.
Биллэрин курдук, саха ынаҕын үүтүн сыата, үүтүн-этин хаачыстыбата атын култуурунай боруодалардааҕар таһыччы үрдүк. Кинилэр итиннэ аан бастаан элбэх үүтү эккирэтэн айылҕа айбыт боруодатын эһии сыыһатын научнай төрүккэ олоҕуран, хоту олорор дьон доруобуйатыгар саха сүөһүтүн бородууксуйата ордук туһалаах диэн дакаастаан, төрүт сүөһүлэрин харыстыы сатаабыттар диэн бүгүн сэрэйэбит. Бу идиэйэлэрэ 1962 с. тахсыбыт «Зонально-биохимические особенности кормовых растений Якутии и проблемы развития северного животноводства» (Егоров А. Д., В.Я.Потапов В.Я, Романов А.П.) диэн кинигэлэригэр арыллыбыттара.
Хоту үүнэр от ордук иҥэмтэлээх
Оччолорго биология институтун чинчийиилэрэ өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын соруктарын толорууну хааччыйыахтаахтара. 1960-старга Саха сирин хотугулуу илин өттүгэр сылгы хаһан сиир отун химическэй састаабын уонна сирдэрин үөрэтиигэ улахан үлэ Орто Халыма, Үөһээ Дьааҥы оройуоннарыгар ыытыллыбыта. Манна В.Я. Потапов Үөһээ Дьааҥы оройуонугар хаһыы отугар углевод уонна лигнин төһө баарын үөрэппитэ. Лигнин үүнээйи килиэккэтин каркааһа, целлюлозаттан турар бэссэстибэ. Сүөһү аһын быһыытынан сыаннаһа суох. От хагдарыйдаҕына элбиир, күөх окко аҕыйах. Лигнинэ элбэх от сүөһүгэ туһата суох.
1966 с. Василий Яковлевич педагогическай үлэҕэ көһөн, СГУ БГФ органическай уонна биологическай хиимийэлэрин кафедратын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1967 г. “Мэччирэҥҥэ үүнэр араас оттор химическэй састааптара” диэн тиэмэҕэ дьиссэртээссийэ көмүскээн биология билимин хандьыдаата буолбута. Дьиссэртээссийэтэ Москубаҕа “Наука” издательствоҕа «Углеводы и лигнин в кормовых травах Якутии» диэн манагыраапыйа буолан бэчээттэнэн тахсыбыта. Манна аан бастаан Саха сирин үүнээйилэрэ үүнэр кэмнэригэр, айылҕа усулуобуйата уларыйыытыгар сөп түбэһэн, углеводтара уонна лигниннэрэ төһө элбиирин уонна аҕыйыырын үөрэппитэ киирбитэ.
Учуонай бу үлэтин сүрүн научнай сыаннаһынан Саха сирин Киин уонна Хотугулуу-Илин өттүгэр үүнэр үүнээйилэр углеводтарын састааба уонна лигниннэрэ айылҕа сокуоннарынан үүнэр кэмнэригэр хайдах уларыйалларын арыйбыта буолар.
Бу кинигэҕэ “хаар анныгар хаалбыт окко төһө углевод уонна лигнин хааларый” диэн туспа бастаах. Онно учуонай: “хаар анныгар күөҕүнэн хаалбыт үүнээйилэри саахардара элбэҕинэн (ону таһынан протеина элбэх буолуон сөп) сылгы хаһан сиир отун ас быһыытынан сыаннаһын үрдэтэр”, – диэн түмүктүүр
В.Я. Потапов университекка көһөн да баран, институкка бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин кытта сибээһин быспатаҕа. Кинилэр Василий Яковлевич научнай үлэлэрин кинигэлэригэр киллэрэллэрэ. Ол курдук 1971 с. тахсыбыт В.Н. Андреев “Тебеневочные пастбища и кормовые растения табунного коневодства северо-восточных районов Якутской АССР” диэн брошюратыгар В.Я. Потапов углеводтар уонна лигнин туһунан ыстатыйата киирбитэ.
Кини өлбүтүн кэннэ 1974 с. Бэрэпиэссэр В.Н. Андреев таһаарбыт «Тебеневочные пастбища Северо-Восточной Якутии» диэн кинигэтигэр В.Я. Потапов Хоту үүнэр отторго Киин улуустардааҕар чэпчэкитик иҥэр углевода элбэх диэн идиэйэтэ “Углеводтар, лигнин уонна сыа” диэн төбөҕө киирбитэ.
Чэпчэкитик иҥэр углеводтар үүнээйи саҥа үүнэр кэмигэр саамай элбииллэр, сайын-күһүн кыратык мөлтүүллэр, онтон кыһын хагдарыйдаҕына олох аҕыйыыллар. Учуонай хаар анныгар кыһыны быһа күөх хаалар үүнээйилэр хагдарыйбыт оттооҕор саахардара, кырахымааллара быдан элбэх диир сабаҕатын лабаратыарыйаҕа чинчийии толору бигэргэппитэ. Үкэр от араас көрүҥнэригэр ууга суураллар углеводтар хагдарыйбыт оттооҕор 2-5 төгүл элбэхтэрэ дакаастаммыта.
Төрүт аспыт эрэ быыһыаҕа
Саха сиригэр элбэх от күөҕүнэн тоҥор буолан, саха сылгыта, ынаҕа, атын да от аһылыктаах кыыллар 9 ыйдаах кыһыны ону аһаан этэҥҥэ туорууллар. Күөхтүү тоҥор окко эниэргийэ биэрэр элбэх саахар мунньуллар. Криокорм оҥорорго боруобаламмыт 100% күөхтүү тоҥмут эбиэскэ олус элбэх саахар мунньуллара сэрэйиллэр. Итини күөхтүү тоҥмут эбиэскэ сыа уонна кини кислоталара сайыннааҕар кыһын чугаһыгар күүскэ үөскүүллэрэ туоһулуур. Онон, В.Я. Потапов 54 сыл анараа өттүгэр Саха сирин тыйыс килиимэтигэр төрүт сүөһүбүт, сылгыбыт тугу аһаан тыыннаах хааларын дакаастаабыт үлэтэ сүҥкэн суолталаах.
Сахалары төрүт аспыт эрэ быыһыаҕа диэн онон мээнэҕэ этиллибэт. 2018 с. мэдиссиинэҕэ Нобель бириэмийэтин АХШтан уонна Японияттан икки учуонайга “иммуноонкология” диэн араак ыарыыны эмтиир ньыманы айбыттарын иһин биэрбиттэр. Хаһан эрэ цинга эмтэммэт ыарыы этэ, онтон үөрэтэн С битэмиин тиийбэтиттэн үөскүүрүн билбиттэрэ. Учуонайдар араак эмиэ оннук араас ньыманан өр хараллар гына оҥоһуллубут астан уонна битэмииннэр тиийбэттэриттэн үөскүүр диэн сабаҕаны дакаастаан эрэллэр. “Ону билэр дьон бааллар да, эмп оҥоһуутуттан байар хампаанньалар барыстарын туһугар саба баттаан олороллор” дииллэр.
Билим күүһүрэн истэҕин аайы, биһиги тыйыс дойдубутугар тымныыга хатарыллан үүммүт үүнээйилэрбитин аска туттуу, сүөһүнү, сылгыны аһатыыга тутуннахха, ыарахан ыарыылары сэрэтэр кыахтаахтарын туһунан билиэхпит, доруобуйабытын бөҕөргөтүөхпүт диэн эрэнэбит.
Владимир Степанов.