Тоҥ буордаах өрөспүүбүлүкэбит хайдах курдук сир баайдааҕын аан дойду барыта билэр. Хас эмэ көлүөнэ геолог, эспэдииссийэ муспут дааннайдарын туһунан дэтэктиип кэриэтэ устуоруйа буолбутун, улуустары гаастааһын боппуруоһугар кимнээх интэриэстэрэ оонньуурун СӨ Геология судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбит, геология-минералогия билимин хандьыдаата, СӨ үтүөлээх геолога Николай Дмитриевич Кириллин хайдах баарынан кэпсиир.
Өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ
– Геология информацията диэн элбэх баҕайы отчуот, хаарталар, эспэдииссийэлэр түмүктэрэ, о.д.а. дьоһун суолталаах дааннайдар былыр-былыргыттан түмүллэн, “Якутскгеология” тэрилтэ иһинэн, анал Геология пуондата диэн тэрилтэ баара, онно хараллан сыппыта. 1992 сыллаахха, Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыгар тэрилтэлэри бас билиини, боломуочуйаны тыырсыы буолбутугар, геология тэрилтэлэрэ, баай-дуол, ол иһигэр Геология пуондата өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буолбута. Ол эрээри быраап боппуруоһа өр баҕайы быһаарыллыбакка турбута. 2002 сыл бэрэсидьиэн В.А. Штыров геологтары кытта көрсүһүүтүгэр ити боппуруоһу көтөхпүппэр, кырдьык, кыһалҕа баар диэн, СӨ Баайы-дуолу бас билии министиэристибэтигэр, “Госкомгеология” тэрилтэҕэ быһаарсарга сорудахтаабыта, ол боротокуолга киирбитэ.
Ким информациялаах – ол кыайыылаах
– Салгыы дэтэктиипкэ майгынныыр устуоруйа саҕаламмыта. Мин эппиэттээх буолбатаҕым эрээри, туох эмэ хамнаныыны кэлтэй кэтэһэ сатаан баран, бырабыыталыстыба уурааҕын бырайыагын бэлэмнээбитим. Ону кэллиэгэлэрим, Геология кэмитиэтин дьоно, атахтастылар. Ол саҕана бэрэссэдээтэл Петр Романович Шишигин этэ. Хата, бырабыыталыстыба хонтуруоллуур управлениета боротокуол туолуутун ирдиирэ. Онон СӨ Баайы-дуолу бас билиигэ министиэристибэтин хотуна Нургалиева миэхэ “били боротокуолга киирбит пууҥҥа тугу гынныгыт?” диэн эрийбитигэр “бырайыак бэлэмнээбитим да, дьонум ылыммакка, манна сытар” диэтим, ону “ыыта оҕус” – диэн буолла.
Онтон арай СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин I солбуйааччыта Е.А. Борисов дьаһала тиийэн кэллэ. Госкомгеология ону толоруохтаах, инбэнтэрисээссийэ ыытан эҥин. Ол эрээри син биир туох да үлэ саҕаламмата. Ол иһин аны Госкомгеология дьаһалын бэлэмнээтим. Кэллиэгэлэрим үксэ омуктар, икки өттүн көрө-маныы олорор дьон, эмиэ элбэх сэмэчээнньэни эттилэр. Планеркаҕа Шишигин: “Как будто у нас один Кириллин за республику радеет”, – диэн үгэргээтэ. Мин кыһыйан, “дьонуҥ бырабыыталыстыба дьаһалын толоруохтарын баҕарбаттар дии!” диэтим. Онтон арай киһибин эмискэ устан кэбистилэр. Үҥсүү суруйтаран, итини кини солбуйааччыта Леонид Николаевич Ковалев тэрийбитин, ис дьиҥэ хайдаҕын бэркэ билэбин. Уурайбытын туһунан бирикээс тахсыбыт күнүгэр Петр Романовичка киирэн “чэ, бэҕэһээҥҥи чыыһыланан дьаһалга илии баттаан кэбис” диэбиппин ылынан баттаабыта. Ону регистрациялатан кэбистим. Госкомгеология салайааччыта аны Ковалев буолла. Дьыаланы хамнатан, информация инбэнтэрисээссийэтин эҥин ыыттыбыт. Саамай сүрүнэ, геология информацията Госкомгеология дьаһайыытыгар (“оперативное управление”) бэриллэр диэн дьаһал таҕыста.
Бас билии кимиэнэй?
– Ол эрэн, 2006 сыллаахха, РФ Айылҕа харыстабылын, сир баайын министиэристибэтэ “1990 с. диэри мунньуллубут геология информацията барыта федеральнай бас билии буолар” диэн бирикээс таһаарда. Дьоммут ону ылына оҕустулар. Онон, өрөспүүбүлүкэ “Роснедра” федеральнай управлениетын көҥүлэ суох геология информациятын туһаммат буолан хаалла. Холобур, Бүлүү суолун тутуутугар геология информацията наада буолбутугар, ону Геология пуондата “Роснедра территориальнай уорганыттан ыйытабыт” диэн, 12 тыһ. солк. көрдөөтө. Бас билээччи – Саха өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтэ, бэл, ыспыраапка ылар-биэрэр кыаҕа суох курдук буолла.
Айдаан
– Мин дьонтон сурук хомуйан эҥин, айдаан таһаардым. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Е.А. Борисов аатыгар “служебнай” саппыыска суруйдум. Онно “Сахагеологоинформ” дириэктэрэ бас билээччигэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр боломуочуйатын толорорун хааччахтыыр, онон үлэтиттэн устарга диэтим, “О несоответствии занимаемой должности” диэн ыйан туран. Ол саҕана геология иниспиэксийэтэ “Саха геологоинформ” пуонданы бэрэбиэркэлиэхтээҕэ. Онно “Баай-дуол министиэристибэтин уонна бэрэсидьиэн дьаһалтатын иһинэн үлэлиир “Управление по информационной безопасности” бэрэстэбиитэллэрин кыттыһыннарыҥ” диэн туруорустум. Ковалёв ити кэмҥэ уоппускаҕа, “кэлиэхпэр диэри тохтотон эр” диэтэ. Уоппускаттан тахсан баран, “бэйэбит быһаарсыахха” диэбитин, “эһиги геология информациятын Арассыыйаҕа бэрдэрээри гынаҕыт” диэн ылыммакка, саппыыскабын Е.А. Борисов сэкирэтээрэ А.Р. Романовка илдьэн туттаран кэбистим.
Е.А. Борисов онуоха Ковалеву ыҥырбытыгар киһитэ “недоразумение вышло”, бэрэбиэркэлээбиттэрин кэннэ боппуруоһу быһаарыахпыт диэбит. Бэрэбиэркэҕэ П.С. Васильев диэн геологоразведка исписилииһэ дакылаат бэлэмнээбитигэр “РФ Айылҕа министиэристибэтин бирикээһинэн, хааччахтааһын таҕыста, бас билээччи геология информациятын туттар кыаҕа суох буолла” диэн тоһоҕолоон ыйбыт этэ. Ковалёв ону саҥаттан суруйан, бэйэтэ эрэ илии баттаан, кураатар Грабцевичка биэрбитин, биирэ долбууругар уурунан кэбиспит – дьыала умнулуннаҕа ол. Ковалёвтуун ол туһуттан улаханнык айдаарсан турабыт, бэл, охсуһа сыспыппыт.
“Федералларга бэрдэрээри гынаҕын!”
– 2012 сыл эмиэ айдаан таҕыста. Ковалев 1992 сыллааҕы РФ уонна өрөспүүбүлүкэ сөбүлэһиннэриилэрин “төһө легитимнэйин-суоҕун бэрэбиэркэлээ” диэн юриска сорудах биэрбит. Ол геология информациятын федералларга барыытын оҥоро сатаан. Ол дакаастабыла – куоппуйата – миэхэ баар. “Эн мантан илии тутуурдаах, өттүк харалаах бараары, информацияны федералларга биэрээри гынаҕын. Мин баарым тухары эйиэхэ ол сатаныа суоҕа”, – диэн сүгэ-балта курдук эттим.
Ол кэннэ миигин туоратар үлэтэ саҕаланна. 2011 сыллаахха 60 сааспын туолбуппар, 3 сыллаах хантараак түһэрсэҕин диэбиттэрэ. 2014 сылга ону уһатыахтаахтара. “Хантараагым бүтэн эрэр, уһатыҥ” диэн суруйбуппар харда мэлигир. Мин оннубар атын киһини туруорбуттара, ааспата. Хантараагым бүтэһик күнүгэр Ковалёв ыҥыран: “Давай, будешь у меня помощником”, – диэтэ. Хамнаһыҥ оннунан хаалыа диир. Мин ону кэргэммин кытта сүбэлэһиэх буолан таҕыстым.
Дьиҥинэн, каадыр департамена миигин 65 сааһыгар диэри үлэлээтин диэн хантараакка илии баттаабытын, Ковалев остуолун анныгар укта сытарын билэбин. Быһалыы бэрэсидьиэн Е.А. Борисовка тиийдим, ону киһим “бэҕэһээ эйигин көмөлөһөөччү буоларга сөбүлэстэ диэбитэ дии” диэн соһуйда. Быһата, өйдөөтө, эрийэн кэпсэттэ быһыылаах. Үлэбэр кэлбиппэр Ковалевум каадыр отделыгар кумааҕы тута-тута төттөрү-таары сүүрэкэлиир, хантараакпар илии баттаабыт. Дьэ, оннук быһыы-майгы буолан турардаах...
Бэйэ тэрилтэлээх эрээри...
– 2015 сыллаахха бэйэм уурайбытым. 2016 сыллаахха бэйэм тэрийтэрбит Госкомгеологиябын эһэн кэбиспиттэрэ. Урут 34 киһи үлэлиирэ, бары уопуттаах, билиилээх, таһымнаах каадырдар этэ. Билигин Бырамыысыланнас министиэристибэтин иһинэн, геология департаменыгар 11 киһи баарыттан ким эмэ геологияҕа быһаччы үлэлээбитэ дуу? Уолаттар бааллар да, кыра дуоһунаска сылдьаллар, тугу да быһаарбаттар. Геология информациятын урут биһиги эспэдииссийэлэри кытта сөбүлэһиннэрии түһэрсэн, мэлдьи “оперативнай” салайыыга сылдьара. Ол эбэтэр, көрөн-харайан, сүтэрбэккэ, эппиэтинэскэ илдьэ сылдьаллара. Билигин хайдах-туох балаһыанньалааҕын ким да билбэт.
2006 сыллаахха Уһук илиннээҕи геология пуондатын Саха сиринээҕи филиала тэриллибитэ, ол кэннэ геология информацията барыта онно киирэ турар. Биһиги “Сахагеологинформ” тэрилтэбитигэр куоппуйата кэлэрэ дуу? Бырабыыталыстыба информацияны хантан ылара буолла? Анараалар – федераллар, кинилэр биэрэллэрэ-биэрбэттэрэ, хайдах биэрэллэрэ – барыта ыйытыы. Оттон билигин ханна барытыгар, туохха барытыгар – улууска эбийиэк тутуута, суолу тардыы, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы былаана буоллун, барытыгар геология информацията наада. Хайдах балаһыан-ньаный, ханнык боруода, төһө саппаас, хас лиссиэнсийэ баарый диэн. Ону барытын бэйэбит тэрилтэлээх эрээри, үлүгэр харчыны кута-кута сырыы аайы федеральнай тэрилтэттэн ыспыраапка, дааннай ыларбыт хайдаҕый?
Букатын эһээри
– Бу соторутааҕыта Ил Түмэҥҥэ сир баайын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ В.М. Прокопьевтан истибиппинэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн “Сахагеологоинформ” үбүлээһинигэр бэрт дуона суох суума көрүллүбүт. Ол аата, букатыннаахтык эһээри гыннахтара... Оттон “кто владеет информацией, тот владеет миром” диэн этиини ким да сото илик эбээт! Онон, ити тыҥаан турар боппуруос дии саныыбын. Оттон Леонид Николаевич Ковалев туһунан этэр буоллахха, “с этого государства надо взять все!” лиэн бириинсиптээх киһи Ил Дархаҥҥа сүбэһиттээбитэ, билигин консултаан-эспиэр. Биһиги, хата, “персона нон-грата” курдук сылдьабыт (күлэр).
Гаастааһын туһунан
– Аны, гаастааһын боппуруоһа хайдах курдук сытыытын бары билэбит. Ол эрээри, СӨ Бырамыысыланнаһын министиэристибэтэ барытын саҥаттан оҥорор, тэрийэр курдук этэр-тыынар. Бэл, министиэристибэҕэ СПГ, КПГ диэни араарбат дьон үлэлииллэр диэн уорбалыах санаа үөскүүр. Үнүрүүн “ыраах сытар бөһүөлэктэр “сжатай” гааһы туһаныахтара” дии олороллорун эт кулгаахпынан истибитим. Дьиҥинэн, убатыллыбыт гааһынан (“сжиженный газ”) буоллаҕа.
Р.Ю. Шипков "Сахаметан" тэрилтэтэ "сжатай" (компровированный природный газ – КПГ) гааһынан 15 сыл, "Железные дороги Якутии" АУо-ну кытта убатыллыбыт гааһынан (сжижженный природный газ – СПГ) 5 сыл дьарыктанан кэллэ. "ЖДЯ" АУо бэйэтин ыстаансыйаларын оннук оттугунан хааччыйа олорор. “СПГны манна ылааччы суох буолан, Монголияҕа экспордыы, атыылыы олоробут” диэн Р.Ю. Шипков муҥун ытыыр. Шипков Амма улууһун, Тааттаны, Горнай Маҕараһын, Уус Алданы, үчүгэй суоллаах сирдэри СПГ-нан гаастыахха диир. Турба тутан гааһы тардардааҕар ол быдан чэпчэки диэн. Шипков “модульнайы кэҥэтиҥ, мин өлүүбүн биэрэбин” диир. Эспиэрдиир сэбиэккэ уонна Инженердэр үрдүкү сэбиэттэригэр ити этиитин эмиэ киллэрбитэ. Суох, министиэристибэ ЯТЭКтар “Охуоскайга диэри турба тутабыт” дииллэрин уруйдуур.
Урут Ил Дархан Борисов этэрэ, билиҥҥи Ил Дархан Николаев эмиэ тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин, тыраахтардары гааска көһөрүөххэ диир. Гаас сыаната, дьиҥинэн, диисэл оттугунааҕар кэппиэйкэ буоллаҕа. Ол эрээри көһөрүү бэйэтэ сыаналаах, бааһынайдар, фермердэр ону анал субсидиялааһына суох, уйумматтар. Онон олоххо киириитэ кыайтарбат. Уопуттаах ньиэп-гаас үлэһитэ, П.В. Макаров өссө 90-с сыллартан Амма Сулҕаччытын “автономнайдык” гаастыахха диэн этэ сатыыр. Бырайыак оҥорбуттарын, суох, үөһээҥҥилэр истибэттэр. Магистральнай турбаны тардан харчыны “ыыр” табыгастаах бөҕө буоллаҕа! Оннук кыах баарын тухары биир даҕаны автономнай гаас бырайыага киириэ суоҕа диэбитим кырдьык буолла.
Орто Бүлүү тыытыллыа суохтаах
– Урут Орто Бүлүүтээҕи гаастаах сир Саха сирин киин улуустарын гаастыырга ананар, онон тыытыллыбат диэн этэ. “Сила Сибири” тутарга эмиэ Орто Бүлүү сирэ тыытыллыбат диэн буолбута. Билигин онтон Охуоскай муораҕа диэри турба тардаары гыналлар! Исписэлиистэр “20 сылга эрэ тиийэр гаас баар” дииллэрин истибэккэ. Гаас бэйэтин дабылыанньатынан 50%-нын ылаҕын. Ол кэнниттэн, “капвложениеҕа” элбэх үбү уган туран, хостуур наада. Уопсай эксплуатациятыгар даҕаны элбэх кыһалҕа баар, ону көрбөттөр.
Биир даҕаны скважинаны үүттээбэккэ сылдьан, саппааһы 2-3-4 төгүл улаатыннаран көрдөрөллөр. Баран, Арассыыйа чунуобунньуктарыгар харчы төлүүллэр. Ааттаах-суоллаах, сыбаанньалаах эспиэр оҕонньоттор биэнсийэлэрэ кыра буоллаҕа, онон сыыппараны эбэн көрдөрбүттэринэн түмүк оҥороллор. Эспиэр түмүгэ баар, онон чунуобунньук туох да буруйа суох буолан тахсар. Сымыйа саппааһы оннук бигэргэтэн кэбиһэллэр. Оттон эспиэрдиир сэбиэккэ биһиги исписэлииспит саҥа ылбыт сирдэри наһаа улахана суох саппаастаахтар диир.
Бэтэрээннэри истибэтилэр
– Ньиэп-гаас бырамыы-сыланнаһын бэтэрээннэрэ, сыыһа дьаһал диэн сурук суруйбуттара да, туох да хардата суох хаалла. Бу олохтоохтор интэриэстэрэ диэн ким да кыһаллыбата. Хата, министиэристибэ соторутааҕыта Москубаҕа килэйбит-халайбыт презентация оҥорбут сурахтаах, “һуу-һаа, таарыйа Амманы гаастыахпыт” эҥин диэн. Төһөнөн итинник күлүмүрдэс презентация оҥороҕун – соччонон үчүгэй миниистир аатыраҕын быһыылаах. Ис дьиҥин ылар буоллахха, тугу да билбэт, быһаарбат мөлтөх каадырдар. Сөхпүтүм диэн, бу соторутааҕыта Геолог күнүн бэлиэтээтибит даҕаны, өрөспүүбүлүкэни аһатан олорор салаа үлэһиттэрин эҕэрдэлээбэтилэр. Аҕалары, ийэлэри, булчуттары, табаһыттары эҕэрдэлииллэр. Геологтары эҕэрдэлиири наадалаахха аахпатылар.
***
Түмүккэ, үтүөлээх геолог “Саха сирин хостонор баайа баһыланыахтаах. Биһиги хайа сатанарынан онно кыттыһа сатыахтаахпыт. Каадыр, баҕа баар, дьоммут даҕаны өйдөөтө. Саха өҥөнү оҥорор эйгэҕэ киирсиэхтээх, бырамыысыланнаска кыайан үлэлээбэт дииллэр. Олох сымыйа”, – диэтэ. Николай Дмитриевич, оннук эрэ буоллун! Эһигини солбуйар дьон тахсан, элбээн истиннэр!
Нина ГЕРАСИМОВА.