Дьарыктаах буолуу сылыгар сөп түбэһиннэрэн, саха ыччатын бырамыысыланнаска сыстыытын курдук тыын боппуруоска тохтоотум.
Биhиэхэ, Саха сирин биир уhугар сытар алмаастаах, ньиэп-гаас баайдаах Мииринэй оройуонугар кэлэн үлэлиир саха дьонун ахсаана дьэ эбиллэ сатыыр. Урукку сылларга биир эмэ саха киһитэ кэлэн үлэлиирэ. Кырдьыгынан эттэххэ, араас сылтахтарынан, ол иhигэр «идэтийиигит, тэхиниичэскэй билиигит татым», бүтэр уhугар «бакаансыйа отой суох, күүтэн эрэйдэнэр наадата суох» диэн араастаан чугаhаппат буола сатыыллар. Тус бэйэм ону «эт тириибинэн» билэн кэлбитим.
Ол эрэн, табаарыстар, үлэ мааныта, услуобуйа, хамнас дэлэгэйэ бу диэки баар.
Ханна хамнас үрдүгүн, усулуобуйата эппиэттэhэрин (тэрилтэ кыбартыырата, уопсай дьиэлэргэ хос, үлэни биэрэччи дьиэ куортамын уйунуута, ый, кыбаартал, идэлээх бырааhынньыктар бириэмийэлэрэ, 13-с, 14-с хамнастар, икки сылга биирдэ толуйуллар уоппуска айана) талар оруннаах диэн эппитим-тыыммытым ыраатта. Билим уонна технология сайдан, үлэ усулуобуйата таhыччы тупсан, чэпчээн турар.
Бэрээдэги эндэппэккэ тутуhуохха, үлэ кэлэктиибигэр уопсай тылы булуохха эрэ наада.
Урукку курдук буолбатах: аныгы саха ыччата сытыы-хотуу, киирэн-тахсан, булан-талан, уопсайынан, кинилэргэ киһи сэргиирэ элбэх.
Дьэ, онон, түгэнинэн туhанан, сэмсэ тылынан Мииринэйгэ бэйэлэрин «аартыктарын арыммыт» ыччаттарбытын кытары билиhиннэрэбин.
Василий Сыроватскай Мииринэй политехническэй институтун бүтэрбитэ.Идэтэ – хайа бырамыысыланнаһын уотунан-күүhүнэн хааччыйыы.«МИР» рудникка энергетика утумугар бу уол эмиэ үлэлии сылдьыбыта.Онон балачча уопуттаах.
2017 сылтан ыла Василий «Профалмаас» профсойуус бырамыысалынас куттала суох буолуутун салаатыгар үлэлиир.Василий Васильевич хара маҥнайгыттан олус эппиэтинэстээх, кытаанах ирдэбиллээх үлэhит быhыытынан сыаналанар.Кини «АЛРОСА» хампаанньа тэрилтэлэригэр бырамыысыланнас куттала суох буолуутун боппуруоhугар ылсан үлэлиир.
Мииринэй хайаны-байытар кэмбинээтин үлэ харыстабылын уонна бырамыысыланнас куттала суох буолуутун отделын начаалынньыгын солбуйааччытынан Алексей Эверстов үлэлиир.
Урут маннык дуоhунаска саха дьоно хаhан да үлэлээбэтэх эбиттэр.
Алексей – 31 саастаах, Мииринэй политехническэй институтун 2009 сыллаахха «Хайа инженера» дипломнаах бүтэрбитэ.Yлэтин Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтиттэн, 3-с №-дээх алмааhы байытар баабырыкаттан саҕалаабыт.Байытыы ситимин тиэхиникэтинэн дьарыктанар электросилиэсэр, ыстаарсай маастар быhыытынан ситиhиилээхтик үлэлээбит.Ол иhин да буолуо, 2016 сыллааха, Алексейы РССУга сүрүннүүр инженер үлэ харыстабылыгар солбуйааччытынан анаабыттара.Билигин Алексей Эверстов дуоhунаhа, эппиэтинэhэ өссө үрдээн турар. Кини РССУ уонна №3-дээх баабырыка үлэлэрин хонтуруоллуур.
Анастасия Титова – «Бүлүү» геологическэй эспэдииссийэтигэр үлэлиир.
Ханнык да улахан тэрээhиннэр: спорт күрэхтэhиилэрэ, ыччат ыhыахтара, араас түмсүүлэр Настята суох буолбаттар. Мэлдьи волонтердуур, гидтиир, тэрийэр, түмэр. Кини ыал ийэтэ. Настя уонна кини кэргэнэ – геолог Александр Титов 2017 сыллаахха Ыччат Ыһыаҕар чулуу эдэр дьиэ-кэргэн аатын ылбыттара.
Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтигэр (МХБК) РССУ диэн тэрилтэлээхтэр. Шахта уонна баабырыка араас хабаанаах тэриэбэтин сэлбийэр, «тилиннэрэр». Манна «плазменнай иhэрдии» диэн тимири араас кээмэйдэринэн бысталыыр тэриэбэ баар. Турбалары сыбаарка саамай мындыр ньыматынан иhэрдэллэр. РССУ кэнники сылларга араас кээмэйдээх тимири тустаах кээмэйинэн быhарга-араартыырга плазменнай эрбэтиини туhанар буолла. Маннык бириинчик үлэни эдэр инженер Антон Софронов толорор.
Хас биирдии дьайыы аналлаах аппараатынан, кунуопкаларынан салаллар. Аныгы тэриэбэ ханнык да киппэ тимири олус түргэнник бысталыыр. Онон үлэлэрэ биллэ чэпчээбит.
Бэлиэтээн эттэххэ, маннык технология Саха сиригэр суох. Оттон «АЛРОСА» үрдүнэн маннык технологияны баhылаабыт икки эрэ киhи баар. Биирдэстэрэ – Антон.
Таас Yрэх ыччата Роман Степанов «АЛРОСА-Гаас» уматык хачайдыыр утумугар үлэлии кэлиэҕиттэн силиэсэр идэтин дэгиттэрдик баһылаабыт. Кини гаас идэтигэр сахалар тыыппалаахтарын дакаастаабыта.
Таисия Иванова (Yөhээ Бүлүү, Хоро) уонна Евдокия Иванова (Бүлүү, Сыдыбыл).
Тыа сириттэн ыраах тэлэhийбэтэх эдэркээн кыргыттар МПТИ ньиэп-гаас отделениетыгар киирбиттэрэ. Иккиэн «Роснефтькэ» үлэлии барарга дуогабардаспыттара. Инньэ гынан нефтяниктартан сыллата истипиэндьийэ ылан кэллилэр.
Таисия «Роснефть» «Таас-Yрэхнефтегаздобыча» хампаанньатыгар үлэлиир.
Оттон Евдокия быйыл бэhис кууруhу бүтэрээри сылдьар. Дьупулуомун ыллаҕына «Роснефть» хампаанньа «Таас-Yрэхнефтегаздобыча» тэрилтэтигэр үлэлии тиийиэхтээх.
Шахтер Николай Тимофеев (Сунтаар, Кириэстээх), «МИР» шахтатын геофизигэ. СГУ геологическай-чинчийэр факультетын бүтэрбитэ. Ботуобуйа эспэдииссийэтигэр, «Сургутнефтегазка», Таалакаан НГДУтугар үлэлии сылдьыбыта. 2011 сылтан ыла «МИР» шахтатыгар үлэлиир. Кэргэнэ Марина идэтинэн эмиэ геология салаатын үлэhитэ, геофизик. Эдэр ыал икки кыыстаахтар, биир уоллаахтар.
Шахтер Петр Намыылап Кириэстээхтэн кэлбитэ. 2008 сыллаахха МПТИ хайа факультетын электромэхээньик идэтинэн бүтэрбитэ. 2009 сылтан ыла Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтин «Интернациональнай» руднигар үлэлиир. Кэргэнэ – Таас Yрэх кыыhа Мария, идэтинэн быраас. Yс кыракый эмдэй-сэмдэй уоллаахтар. Петр Намыылап шахта аныгы тиэхиникэтин эндэппэккэ билэринэн, сатабылынан, бэрээдэгинэн, Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтигэр ытыс үөһэ сылдьар. Төрөөбүт дойдута чугас сытар буолан, Кириэстээххэ куруук сылдьар. Кустуурун-хаастыырын, балыктыырын астынар.
Бу эдэрдии эрчимнээх, хайа да үлэттэн толлон турбат саха ыччатынан киһи киэн туттар, астынар эрэ. Мииринэйгэ үлэлиир саха ыччатын бэлиэтээн туран, саха ыччата бырамыысыланнаска чугаhын, бу ылбычча киһи ылсыбат эйгэтигэр олус кыһаллан туран үлэлииллэрин өссө төгүл тоһоҕолуубун.
Маннык эдэр дьон саха ыччатыгар холобур буолуохтара диэн эрэнэбин.
Станислав Алексеев, Мииринэй куорат. Ааптар хаартыскалара.