Киир

Киир

Ирина Ефремова @iracundia диэн үс оҕолоох дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтин инстаграм былаһааккатыгар бэлиэтии көрбүтүм ыраатта. Кини тус сирэйигэр оҕону иитии туһунан сахалыы уустаан-ураннаан суруйууларын элбэх киһи сэҥээрэр эбит. Өссө дьиэ кэргэнинэн кыра оҕолордоох тас дойдуларга айан туһунан бэлиэтээһиннэрэ ааҕааччы интэриэһин сүрдээҕин тардаллар. Биһиги хаһыаппытыгар анаан аныгылыы көрүүлээх, элбэх оҕолоох ийэ Ирина Ефремова ыалдьыттыыр.

Ирина, эн тус сирэйгин инстаграм ситимигэр бэлиэтии көрбүтүм. Олус интэриэһинэйдик суруйар эбиккин ээ.

– Үтүө күнүнэн! Мин Ирина Ефремова диэммин. Дьокуускайга күн сирин көрбүтүм, төрөппүттэрим иккиэн Чурапчыттан сыдьааннаахтар. Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын (ЯГНГ) үрүҥ көмүс мэтээллээх бүтэрэн баран, аҕам туйаҕын хатаран юрист идэтигэр ХИФУга үөрэнэ киирбитим. Кэргэмминиин иккиэн биир идэлээхпит, өссө экэнэмиичэскэйи бүтэрбиппит.

Номнуо элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн эбиккит...

– Ыал буолбуппут быйыл 11-c сылыгар барда, үс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт сэттэлээх, орто уолбут күһүн биэһин туолуохтаах уонна кыра уолбут үс саастаах. Эрдэттэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буолуохпут диэн ыраланар этибит. Ол баҕа санаабыт туолан дьоллоохпут.

1c413f25 0439 443e 9c06 c94171e4b9f7

Оҕону иитиигэ туох тус көрүүлээххиний?

– Биһиги ыал оҕолору иитиигэ аныгылыы көрүүлээхпит. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн (кыһыл эрдэхтэриттэн да диэххэ сөп) суолга, айаҥҥа, барыыга-кэлиигэ сыһыаран иитэбит. Элбэхтик айанныыбыт, тас дойдуга тахсан бииргэ сынньанабыт. Биһиги санаабытыгар, итинник айаҥҥа оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэннэҕинэ, быдан түргэнник сайдар, үөрэнэр, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир. Холобур, оҕо дьэрэкээн ойуулаах-бичиктээх кинигэҕэ кыылы-сүөлү көрөр уонна ол кэрэхсиир кыылларын атын дойдуга сылдьан илэ хараҕынан көрөрө туохха да тэҥнэспэт өйдөбүл буоллаҕа. Маны таһынан, оҕо өйүгэр-санаатыгар араас дойдулар, омуктар, тыл-өс баарын туһунан өйдөбүл эрдэттэн үөскүүр. Ол омук тылын үөрэтиигэ, билиигэ тардыһыыга интэриэһи үөскэтэр эбит. Билигин оҕолорбут аангылыйа тылын алтыһан өйдүүр, билэр буолан эрэллэр. Маны таһынан сылаас сирдэргэ сынньаммыт оҕо доруобуйата бөҕөргүүр. Онон итии дойдуларга, араас куораттарга сынньалаҥ улаатан эрэр киһиэхэ туһата элбэх.

1c87b24d 1bc1 4086 aae4 997b9891bafa

Даҕаттахха, оҕолорбутун бэйэбитин кытта наар бииргэ илдьэ сылдьабыт. Бириэмэбитин туһалаахтык атаарабыт, төһө кыалларынан айылҕаҕа сылдьабыт, сахалыы иитэбит. “Билиҥҥи кэмҥэ төрдүн-ууһун, омугун, ийэ тылын билэр эрэ киһи инникилээх, күүстээх” диэммит, саха оҕото хайаан да төрөөбүт тылын баһылыахтаах дии саныыбыт. Оҕолорум бастакы билбит, иҥэриммит тыллара – төрөөбүт тыллара. Дьиэ иһигэр төрөөбүт тылбытынан алтыһабыт.

Дьэ эрэ, айанньыт дьиэ кэргэн ханнык дойдуларга сылдьыбыккытый? Кыра оҕолордоох айанныыр төһө уустугуй?

– Кэргэмминиин уруккуттан айанныырбытын сөбүлүүбүт. Оҕо бэйэтин дьиэ кэргэнин талан кэлэр дииллэрэ сөптөөх эбит. Кырачааннарбыт кэлэллэринэн-баралларынан, айаны тулуйумтуоларынан маладьыастар.

b2d1ed36 d8c8 4d28 8a24 5f662d1e304b

Дьэ, син балачча сири кэрийбит дьон буоларгыт быһыытынан, саамай өйдөөн хаалбыт айаҥҥыт хайдах этэй? Ханнык дойдунуй?

– Биллэн турар, хас биирдии айаммытыттан үтүө эрэ өрүттэри иҥэринэбит, өр кэмҥэ өйдөөн хааларга сырдык-ыраас санаалары үөскэтэбит.

Саамай өйдөнөн хаалбыт айаммыт – турар бэйэбит (дикарем) 2017 сыллаахха Испанияҕа икки оҕолоох сырыыбыт. Кыыспыт онно үстээҕэ, онтон уолбут баара-суоҕа алта ыйдааҕа. Оччолорго ким даҕаны мээнэ кыра оҕолордоох ыраах айаҥҥа туруммат этэ. Кыһыл оҕолоох тас дойдуга тахсыбыт диэн билэр дьоммут, доҕотторбут ортолоругар суоҕа. Ити кэмнтэн ыла инстаграмҥа сирэйбэр оҕону кытта айан тиэмэтигэр суруйан саҕалаабытым. Элбэх киһи суруйууну сэҥээрэн, кыра оҕолордоох айаннар саҕаламмыттара. Чугастык алтыһар доҕотторбут оҕолорун илдьэ барар буолбуттара.

Дьиҥэр, уһун айаҥҥа турунуохпут иннинэ наһаа долгуйбуппут уонна эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Хата, ааттаах үчүгэй сынньалаҥ буолбута. Массыына уларсан Испания түөрт куоратыгар сылдьыбыппыт, сэттэ араас сиргэ тохтоон сири-дойдуну көрбүппүт. Онон бу айантан “кыра оҕолордоох даҕаны бэркэ сынньаныахха сөп эбит” диэн санаа уһуктубута. Эбэн эттэххэ, Дьобуруопа эҥээр кыра оҕолоох айанньыттарга наһаа үчүгэй усулуобуйа оҥоһуллар. Холобур, эрэстэрээҥҥэ, түмэлгэ, маҕаһыыҥҥа, о.д.а. элбэх киһилээх сирдэргэ киирдэххинэ, оҕо уонна ийэ хоһо диэн хайаатар даҕаны баар буолар. Ол иһин табыгастаах бөҕө. Билигин үһүс оҕобут төрөөбүтүн кэннэ түөрт ыйдааҕар Кытайга тахсан киирбиппит. Билигин уопуттаах төрөппүттэр буоламмыт, хас сырыыбыт тупсан иһэр, оҕолорбут да улаатан иһэллэр. Быйыл Мальдивыга баран кэлбиппит.

Элбэх буолан айанныыр төһө ороскуоттааҕый? Киһи хайдах табыгастаахтык уонна барыстаахтык сынньаныан сөбүй?

– Ороскуоттаах бөҕө буоллаҕа дии. Ол гынан баран, киһи манна бириинсибэ оруоллаах дии саныыбын. Ким эрэ саҥа массыына атыылаһыытын талыан сөп, ким эрэ даача тэринэн ону оҥостор, о.д.а. Онтон биһиги сынньалаҥы уонна өйгө-санааҕа иҥэн хаалар түгэннэри талабыт. Биһиэхэ көмөлөһөр: барытын эрдэттэн сөпкө былааннаныы уонна дьаһаныы. Айаҥҥа турунуохпут иннинэ тустаах иһитиннэриилэри хомуйабыт, элбэҕи ааҕабыт, билэбит-көрөбүт. Араас туристыыр пиирмэлэр өҥөлөрүн эҥин туһаммакка, бэйэбит айанныырбытын сөбүлүүбүт. Тоҕо диэтэххэ, бэйэ кыаҕынан айанныыр интэриэһинэй уонна барыстаах. Барыстаах айан туһунан инстаграммар элбэхтик суруйабын. Онон хайаатар да элбэх харчылаах диэн буолбакка, айанын сөпкө былаанныыр киһи тас дойдуларга тахсан сынньаныан сөп диэн санаалаахпын.

840254eb 9565 436f 8796 64fb2927cb1c

Элбэх оҕолоох ыал кыһалҕата үгүс, олоҕо ыарахан буолар диэн өйдөбүл баар. Бу туһунан тугу этиэҥ этэй? Холобур, эһиги ыал туох ыарахаттары көрсөҕүтүй?

– Биһиги оҕолорбутунан дьоллоохпут. Оҕо баар буолан, дьоллоох дьиэ кэргэн үөскүүр. Оттон ыал төһөнөн элбэх оҕолоох да, оччонон кини баай. Маны таһынан оҕолор төрөппүттэрин элбэххэ үөрэтэллэр, кинилэр олох учуутала буолаллар. Онон төрөппүт буоларбынан “наһаа дьоллоох киһибин” дэнэбин. Биллэн турар, ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ биирдиилээн кыһалҕалар үөскүү сылдьаллар. Онно кэргэнниилэр бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаннара көмө-тирэх буолан, ыарахаттары бииргэ туораатахтарына, барыта этэҥҥэ буолар. Биһиэхэ төрөппүттэрбит, оҕолорбут эбэлэрэ уонна эһэлэрэ олус көмөлөөхтөр, кинилэргэ муҥура суох махталлаахпыт.

Оҕолоргун көрөн олорор кэмҥэр туох дьарыктааххыный?

– Билиҥҥи кэмҥэ ийэ буолар наһаа үчүгэй. Урут дьоммут да кэпсииллэринэн, олох ыараханын билэбит. Билигин аныгы технология сайдан, аныгы ийэлэр барыны бары кыайа-хото туталлар. Дьиэттэн олорон киһи үлэлиэн сөп, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр көмөнү оҥорор кыахтаах. Мин үөрэниэхпин, саҥаттан саҥаны билиэхпин баҕарар буоламмын, араас куурустарга үөрэнэрбин сөбүлүүбүн. Онон оҕону көрөн дьиэҕэ олорор кэм дьахтар бэйэтин сайыннарарыгар олус табыгастаах. Саамай сүрүнэ, бириэмэни сөпкө аттарыахха наада. Мин оҕо көрөн олорор кэммэр “Саха” НКИХ ханаалыгар “Кэрэ кистэлэҥэ” биэриигэ ыытааччы быһыытынан үлэлээбитим уонна аҕам туһунан кинигэни хомуйан, бэлэмнээн таһаарбытым. Уопсайынан, айар эйгэҕэ бэйэбин сайыннара сатыыбын. Өр иитиэхтээн, бэлэмнээн, толкуйдаан, күндү киһим аҕам туһунан кинигэни күн сиригэр көрдөрбүппүттэн үөрэбин аҕай, 30 сааспар биир суолталаах дьыаланы оҥордум дии саныыбын. Билигин инстаграмҥа блогпун сайыннарабын, суруйарбын сөбүлүүбүн. Оҕону иитииттэн саҕалаан, уһун айан кистэлэҥнэрин туһунан ааҕааччыларбын кытта санаабын үллэстэбин.

Хас биирдии киһи бу Орто дойдуга сирдээҕи дьолу билэ кэлэр дии саныыбын. Киһи сиэринэн ыал буолан, дьиэ туттан, оҕо төрөтөн, мас олордон олох олорор. Оттон күннээҕи олохпутун хайдах өҥнөөх кыраасканан киэргэтэрбит – бэйэбит көҥүлбүт. Киһи дьиэ кэргэнигэр үтүө сыһыаннаах, сөбүлүүр үлэлээх, дууһата сытар дьарыктаах буоллаҕына – кини дьоллоох.

Аныгы саха киһитэ хас да омук тылынан көҥүллүк саҥарар, күүстээх ис санаалаах, бары өттүнэн сайдыылаах уонна бэйэтин тылын, омугун, дойдутун таптыыр, киэн туттар буолуохтаах. Онон төрөппүттэр бу өйдөбүлү оҕолорбутугар кыра саастарыттан иҥэрэр, өйдөтөр эбээһинэстээхпит дии саныыбын. Оҕолорум дьоһун, үтүө, сайдыылаах дьон буола улааталларыгар баҕарабын!

Ирина, сырдык-ыраас кэпсээниҥ иһин махтанабын!

         

Сэһэргэстэ Екатерина АФНАСЬЕВА.