Киир

Киир

2022 сылга Ийэ хапытаалын кээмэйэ бастакы оҕоҕо 503 тыһ. солк., иккис оҕоҕо 665 тыһ. солк. буолуоҕа. Бу туһунан дойду үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Антон Котяков Илиҥҥи экономическай форумҥа иһитиннэрдэ.

«Биэнсийэ фондатын бырайыагар Ийэ хапытаалын индексацията киирдэ. Бастакы оҕоҕо хапытаал ылбыт дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕо төрөөтөҕүнэ 161 772 солк. эбии төлөнүөҕэ», – диэтэ кини.

2021 сылга бастакы оҕоҕо 483 881 солк, иккис оҕоҕо эбии 155 550 солк. төлөнөр. Оттон эрдэ Ийэ хапытаалын туһамматах төрөппүттэр 639 431 солк. ылаллар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар