Тапталлаахтар күннэрин көрсө “Айар” национальнай кыһаҕа “Дьолу түстээччилэр” диэн саҥа кинигэ күн сирин көрүөҕэ. Бу хомуурунньукка 90-с уустук сылларга чөл куттаах саха ыала үөскүүр, күн сиригэр омукпут кэнчээри оҕото кэлэ турарын туһугар өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин сөргүтэн, дьолу түстээбит араас улуустарбыт дьоһун-мааны дьонун – суорумньуһуттар туһунан истиҥ-иһирэх ахтыылар түмүлүннүлэр. Уонна кинилэр үтүө көмөлөрүнэн ийэ-аҕа буолар үрдүк дьолу билбиттэр сылааһынан илгийэр махталлара киирдилэр.
Оччолорго үп-харчы суох, хамнас сыл аҥаардыыта кэлбэт кэмигэр бэйэлэрин ис баҕаларынан, кырдьык, дьон туһа диэн үлэлээбит дьон ахтыытын киһи долгуйбакка эрэ аахпат...
«Кэргэним Николай Иванович “Сельхозхимия” диэн тэрилтэҕэ суоппарынан үлэлиирэ. Эрдэттэн сайаапкалаһан, өрөбүллэргэ көҥүллэтэн, сырыыбытын босхо кэпсэтэн, 15 миэстэлээх ПАЗ оптуобуска толору симиллэн, нэһилиэктэри барыларын кэрийбиппит. Ол саҕана хастыы даҕаны ый дьон хамнаһа кэлбэт ыарахан кэмэ этэ, ону ол диэбэккэ, ыытар тэрээһиннэрбитигэр араас оонньууларбыт, күрэхтэрбит бириистэрин бэйэбит ким тугу сатыырынан оҥорон, булан кыттыһарбыт.
Тэрээһини үксүн бэйэм ыытарым, Киин тэлэбиидэнньэҕэ ыытыллар “Любовь с первого взгляда”, “Угадай мелодию” уо д.а. биэриилэри сэргээн, итинник хабааннаах оонньуулары тэрийэрим. Дьаһалта баһылыктара, кулууп үлэһиттэрэ көмөлөһөллөрө. Түүн айаннаан кэлэн Ньурбаттан, Антоновкаттан, Ньурбачаантан, Убайаантан сылдьааччылары дьиэлэригэр тарҕатан оптуобуспутун туруоран, сатыы хоочугураһан, тымныы дьиэҕэ кэлэн, оһохпутун оттон утуйар-утуйбат сылдьарбыт. Ол эрээри олус үчүгэй кэмнэр ааспыттарын, көрүстэрбит эрэ санаһарбыт”, – диэн оччотооҕу ЗАГС салайааччыта Валентина Васильевна Сартаева-Васильева ахтар.
Ити сылларга суорумньуһуттар барахсаттар бары да маннык усулуобуйаҕа үлэлээн-хамсаан кэллэхтэрэ. Кинилэр сомоҕолоһон, тэрийэн, Уус Алдан Бороҕонун нэһилиэгэр Тутанхаайы алааһыгар сулумах дьоҥҥо анаан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах Кыыс ыһыаҕа үстэ төхтөрүйэн ыһыллыбыта билигин уос номоҕор сылдьар.
Бу үйэлээх үгэһи сөргүтэн, кэскиллээх дьыаланы – суорумньуну биир бастакынан өрөспүүбүлүкэҕэ тэниппит киһинэн Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгин култууратын дьиэтин өр сылларга салайбыт Мария Павловна Толстоухова буолар. Далбар хотун ыллыктаах сүбэлэрин суруйан хаалларбыта билиҥҥи кэм суорумньуһуттарыгар күн бүгүн даҕаны үтүө сүбэ буолан туһалыыра саарбахтаммат.
Онон, кинигэ биир өрүтэ – уустук кэмҥэ биир кэппиэйкэ хамнаһа суох, дьоммут-сэргэбит, ыччаппыт туһа диэн үлэлээбит дьоһун дьоммутугар Махтал бэлиэтэ.
Бу Орто дойдуга киһи, Үөһэттэн айдарыллан, олоҕу салгыыр аналлаах кэлэр. Киһи үрдүкү анала диэн – аҥаарын көрсөн, дьиэ-уот тэринэн, чэгиэн оҕолонон-урууланан, удьуору ууһатан, айылҕаттан бэриллибит талаанын сайыннаран, дьоһуннаахтык уонна толору дьоллоохтук олоруу буолар. Хомойуох иһин, билиҥҥи кэмҥэ бэйэтин төрүт аналын толорбокко, соҕотохсуйа сылдьар киһи үгүс. Сулумах сылдьар уолаттар уонна кыргыттар ыал буолууларыгар көмөлөһөр, «Дьылҕа түсчүтэ» Саха сирин суорумньуһуттарын ассоциациятын араас улуустарыгар кэскиллээх үлэни бүгүн салгыыр үтүө-мааны дьоммут киэҥ хайысхалаах үлэлэрин киэҥник сырдатыы, кинилэр соргулаах сүбэлэрэ киирдилэр.
Кинигэ кэскиллээҕи кэрэхсиир, омугун дьылҕатын туһугар долгуйар ааҕааччыга ананар. Ону сэргэ аналлаахтарын була илик, олохторун тосту уларытыан, сир уларытыан баҕарар дьоҥҥо туһуланар. Бу кураанах тыл буолбатах: манна суорумньуһуттар тус-туспа улуустарынан киирдилэр. Хомуйан оҥорооччу – Эльвира Николаевна Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана. Киниэхэ уонна «Дьылҕа түсчүтэ» Саха сирин суорумньуһуттарын ассоциациятын салайааччыта Евдокия Петровна Бочкарева-Налыйа хотуҥҥа быһа тахсан, сэргиир дойдугут суорумньуһутун булуоххутун сөп бөҕө буоллаҕа.
“Билигин араас омуктар өтөн киирэ турар кэмигэр саха элбээн, сайдан атын омугу кытта тэҥҥэ аахсар, сайдар кыахтанара ирдэнэр. Дьиэ кэргэн айылҕатын анала – чэбдик оҕону төрөтөн, саҥа көлүөнэни иитэн-үөрэтэн таһааран омук барҕарыытын хааччыйыы буолар. Бу сүдү соругу ситиһиилээхтик быһаарарга суорумньу оруола олус туһалаах дии саныыбын. Онон, улуус уонна нэһилиэк баһылыктара өйүүр-өйдүүр буоллахтарына эрэ сэниэлээхтик уонна ситимнээхтик сайдыа дии саныыбын, – диэн суорумньуһут Евдокия Артамоновна Торохова кэскиллээх санаатынан сонуммун түмүктүүбүн.
Людмила БАИШЕВА-ФЕДОРОВА