РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин В. Путиҥҥа миграция туһунан сокуону кытаатыннаран биэрэригэр туруорсан сурук ыытта.
Бастрыкин этэринэн, миграннар аһара бас-баттах барбыттарын түмүгэр, РФ эрэгийиэннэригэр норуодунай дружиналары тэринэр буолан эрэллэр. Ол курдук, ааспыт 2021 с. бастакы 11 ыйын устата миграннар барыта 33,5 тыһ. буруйу оҥорбуттар. Холобур, Ленинград уобалаһын Выборг куоратыгар Узбекистан 6 гражданина икки полиция майорун ибили кырбаабыттар. Онтон сылтаан нэһилиэнньэ ортотугар социальнай тыҥааһын улаатан иһэр эбит. Итини таһынан, үлэнэн хааччыйааччылар миграннары “кулуттуу” балаһыанньаҕа туталларын утары дьаһаллар ылыллаллара уолдьаспыт.
Биһиги дойдубутугар уопсай экэнэмиичэскэй-бэлитиичэскэй балаһыанньа тыҥаан барда да, нэһилиэнньэ уорун-кылынын “ис өстөөххө” салайан биэрэр мөкү үгэс баар. Ол чахчы миграннар баталларыттан ааспыттара дуу, “ис өстөөх” наада буолбута дуу – биллибэт.