Саха сиригэр көмүс хостооһунунан дьарыгырар бөдөҥ урбаанньыт, 57 саастаах Олег Войтович, Москуба «Valenok» эрэстэрээнигэр доҕотторун кытта аһыы олорон, 3 мөл. харчылаах Louis Vuitton чымадаанын уордарбыт.
Ол сыаналаах чымадаанын урбаанньыт туора дьыбааҥҥа урааччы буолбут. Түүн үөһэ дьиэлээри гыммыта, чымадаана суох. Сүтүктээх полицияны ыҥырбыт. Камера уһулуутун көрүү уонна кинологтар үлэлэрэ туох да түмүгү аҕалбатахтар. Войтович бэйэтэ эрэстэрээн үлэһиттэрин уорбалыыр эбит.
Киин куорат криминалын сонунугар киирбит бөдөҥ урбаанньыт Саха сиригэр уруккута 5 көмүс артыалын тэрийээччи (ООО "Лакыда", ООО "Берелех", ООО "Хорсун", ООО "Поиск", ООО "Восток"уонна билиҥҥитэ 2 көмүс артыалын салайааччы (ЗАО "Нера", ЗАО " Талынья") быһыытынан биллэр.
Сонун төрдө: Mash телеграм ханаала