Ханна даҕаны талааннаахтар хайаан даҕаны баар буолаллар. Уус Алдан Сыырдааҕар оннук дьону ыйалларыгар көрдөспүппэр, бастаан быһах охсор маастарга илдьибиттэрэ – аана хатааһыннаах. Онтон кылынан дьарыктанар Лилия Петуховаҕа сирдээтилэр. Хаһаайка кэҥэс саалатыгар үрүҥ сиэлинэн сэлээппэ баайа олороругар түбэстим.
– Лилия, бу дьарыккын хаһан саҕалаабыккыный?
– Ийэм да, аҕам да өттүттэн иистэнэр дьон баалларын үрдүнэн, хаһан эрэ бэйэм иистэниэм диэн санаабат этим. Үс кыыстаахпыт. Икки улахаттарбыт – устудьуоннар. Улахаммыт быйыл үөрэҕин бүтэрэн, эмчит идэтин ылар. Орто кыыспыт Суоттутааҕы техникумҥа асчыт-кондитер идэтигэр үөрэнэр. Кырабыт – бэһис кылаас үөрэнээччитэ.
Доруобуйабынан сылтаан, дьиэҕэ олорон, тугунан эмэ дьарыктана сатаан, элбэххэ холоммутум. Бастаан – маскараат оҥорууга, онтон иискэ ылсыбытым. Улахан таҥастары тигиигэ сакаастар кииртэлээбиттэрэ. Ол да хайысханан барыам эбитэ буолуо да, тоҕо эрэ санаам кыл, сиэл диэки иэҕиллэрэ. Хараҕым оннук оҥоһуктарга, олору оҥорор маастардарга хатанара. Ону билбит, сэрэйбит курдук, 2017 сыллаахха олохтоох иистэнньэҥ Татьяна Яковлевна Колодезникова ыҥыран, үөрэтэн, аартыкпын арыйан биэрбитэ. Бастакы сырыыга оҕуруону тиһиигэ илии-атах оҥостон, оҥоһуктарын көрдөрбүтэ, элбэҕи кэпсээбитэ-ипсээбитэ. Онтон сыыйа кылга сыһыарбыта. Бу санаатахха, бэйэтин кэнниттэн хаалларар киһитин саныы сылдьыбыт эбит.
– Бастаан туохха үөрэппитэй?
– Аҕыс утаҕынан өрүүттэн саҕалаабыта. Илиим итинник үлэни билэ илик буолан, өр сатаабатаҕым. Хайдах да тут – биэс утах хаалан иһэрэ. Онтон дьаныһан туран, хара маҥнайгыттан уустук үлэҕэ – эр киһи куругар – ылсыбытым. Татьяна Яковлевна үрдүттэн көрөн, ыйан-кэрдэн биэрэн, табыллыбыта. Онтон эр ылан, аны эр киһи түбэтиэйкэтин оҥорбутум. Бастакы кэмҥэ төбө таҥаһыгар элбэхтик үлэлээбитим. “Сатаатым” диэн бэйэбэр эрэл санаа үөскүөҕүттэн дьахтар киэргэлигэр, суумкаҕа, дэйбииргэ, хары киэргэлигэр, дьахтар куругар, сапсыыкаҕа ылсыбытым. Кэлин интэриниэтинэн дьон үлэтин көрөн үлэлиибин.
– Быыстапкаларга кыттааччыгын дуо?
– Үлэлэрим илиим иһиттэн атыыга баран иһэллэриттэн эбитэ дуу, “быыстапкаҕа кыттыбыт киһи” диэн санааҕа кэлэ иликпин. Үксүн сакааһынан үлэлиибин.
– Эйгэтин булуммут дьоҥҥо киирсибит көрүҥнээххин. Туругуҥ биллэ уларыйбыта дуу?
– Оннук бөҕө буоллаҕа. Эрдэ ылса сылдьыбыт дьарыктарым быстах кэмнээхтэрин сэрэйэр этим. Син биир туох эрэ тиийбэт, киһи тэһийбэт, тэһииргиир. Таптыыр дьарыккар тайаннаххына, утаппыттыы ылсаҕын, санааҥ онно эрэ иэҕиллэр буолар эбит.
– Кылы, сиэли ыраастааһын олус сыралаах дииллэр дии.
– Саамай сыралааҕа – кылы өҥүргэһиттэн араарыы. Сорох дьон төрдүттэн кырыйан ылаллар. Оннук гыннахха, кыл дьиҥнээх бэйэтиттэн 4-5 см кылгыыр. Кылы хайдах баарынан туһанар инниттэн кутуругу үчүгэйдик ириэрэн баран, биир-биир этиттэн ылҕаан ылабын. Аҥаар кырыытыттан буолбакка, уһунун, кылгаһын наардаан тардабын. Кутурукка уһун кыла үөһээ өттүгэр буолар. Сылгы сааһыттан кутуруга араастаах. Холобур, бу баайа олорор кылым – эдэр сылгы кутуругун киэнэ. Оннук кыл иилистэ сылдьар. Оттон саастаах сылгы киэнэ кытаанах буолар. Үлэлииргэ кытаанаҕа ордук. Быһыытын-таһаатын үчүгэйдик тутар.
Кылы кытта үлэ биир сыралаах өрүтэ – сууйуу. Олус элбэх уу туттуллар. Киинтэн ититиллэр дьиэҕэ олорор буоламмыт, кыһынын – батарыайа уута, сайынын ситим уута абырыыр. Эр киһи көмөтө суох кыаллыбат үлэ. Сорох маастардар быһыытын тутар баҕаттан сууйбакка тутталлар. Мин оннугу биһирээбэппин.
– Оҥоһуктаргар кылгын хайдах дьүөрэлиигин?
– Сымнаҕас кылы кытаанахтык баайдахха, быһыытын тутар. Тэниппэккэ тигиллиэн наада. Тэниттэххэ, кылыҥ сымныыр. Оччоҕуна оҥоһугуҥ ньалбаҥныы сылдьар буолар. Сэлээппэни уон икки утаҕынан өрөбүн. Сүрүннээн, 8, 12, 16 уонна 24 утаҕынан үлэлиибин. 24 утаҕынан эр киһи хаалтыһа оҥоһуллар. Икки аҥыы арааран баран, биир-биир өрөбүн. Онтон холбуубун. Хаалтыс арыый сымнаҕас буолар. Аллара диэки сонуур буолан, утаҕын суон гынаҕын.
– Биир утахха хас сүүмэх кылы тутаҕын?
– Бастаан устууканан ааҕарым. Оҕолорбун бу дьарыкпар сыһыаран, кинилэринэн аахтаран, бэлэм утах оҥорторорум. Билигин илии, харах да үөрэнэн, тарбах төһөнү, хайдах ыларынан үлэлиибин.
– Кыл, сиэл Дьөһөгөй оҕотун этин-сиинин эмиэ сорҕото буоллаҕа. Араастык олорбут, өлбүт сылгы кутуругун, сиэлин туттан эрдэххит. Ол тыына биллэр эбит дуо?
– Биир дьахтар кэргэнин кэнниттэн өлбүт сылгытын кутуругун туһаҕа таһаарар баҕаттан миэхэ кэлбитэ. Ол оҥоһугу тоҕо эрэ наһаа уһуннук уонна ыараханнык оҥорбутум. Онтон ыла матырыйаалы сакаасчыт илиититтэн ылбаппын. Анаан дьарыктанар дьонтон атыыласпытым ордук.
– Матырыйаалгын хантан булаҕын? Кутурук сыаната төһө буолар эбитий?
– Сылгылаах дьонтон атыылаһабын. Атыылааччы да, табаар да араас. Ханна даҕаны үрүҥ кыл сыаналаах. 10 тыһ.солк. диэри сыаналаахтар бааллар. Соторутааҕыта тулуналартан биэс кутуругу 5-тии тыһ.солк. атыыласпытым. Алтыс кутуругу бэлэх быһыытынан биэрбиттэрэ. Онон, балачча матырыйаалланан олоробун. Убаһа кутуруга сымнаҕас, будьурхай буолар. Онон, оҕо дэйбиирин, олбохтору оҥоруохха сөп. Ону тэҥэ ситиигэ, илин кэбиһэр киистэтигэр, сапсыыкаҕа, харысхалга туһаныллар. Сиэли, кутуругу кытта тэҥҥэ атыылааччылар. Холобур, бу сапсыыкаҕа анаан утахтары бэлэмнээн олоробун. Кыра кыыһым оскуолаттан кэллэҕинэ, сапка тистэриэм.
– Оҕолор бэйэлэрэ төһө интэриэстээхтэрий?
– Орто кыыс быһах кыыныгар сиэл баайар дьарыктаах. Бэйэтэ сакаасчыттардаах, туһунан биисинэстээх. Үөһээ Бүлүүттэн, Намтан мэлдьи сакаастыыллар. Улахан уонна кыра кыргыттар билиҥҥитэ көннөрү көмөлөһөллөр.
– Бука, сэрэйдэххэ, атыыга сэлээппэ хото барара буолуо? Туох ордук үлэлээҕий?
– Оннук. Араас быһыылааҕы сакаастыыллар. Былырыын сэлээппэлээх, илин кэбиһэрдээх, суумкалаах дьахтар нобуорун оҥорбутум атыыга бэркэ барбыта. Быйыл онтубун өссө тупсаран биэрдим. Сэлээппэлээх, суумкалаах, сапсыыкалаах, дэйбиирдээх уонна илин кэбиһэрдээх нобуору 25 тыһ.солк. атыылыыбын. Сапсыыка – бэгэччэккэ, оттон дэйбиир санныга иилиллэрин сөбүлүүбүн. Оҥоһук барыта үрүҥ кылтан, сиэлтэн оҥоһуллар. Үлэлээн бардахпына, аһаабакка да олоруохпун сөп. Илин кэбиһэр үлэлээх. Күнүн оҥороҕун, оҕуруолуугун, килиэйдиигин, иһинэн тирии сыһыараҕын.
– Кыл сэлээппэ биир бэйэбин сааһырдар курдук. Санаабар эбитэ дуу...
– Кыл барсар-барсыбат киһилээх. Дьүһүнүн таба талыахха наада. Кытархай кыл кытта баар буолар. Билигин дьон ордук хара сэлээппэни сакаастыыллар. Ону үрүҥ киллэһиктээн биэрэбин. Эбэтэр, төттөрүтүн, маҥаҥҥа хараны сэлбии тутабын. Үлэлээн бардахха, дьон төбөтүн кээмэйин билэр буолар эбиккин. Туохха барытыгар киһи тус баҕата, өҥө, быһыыта-таһаата, олоҕу көрүүтэ учуоттанар.
– Оннук бөҕө буоллаҕа...
* * *
Бэрт Ууһа (Сыырдаах иккис аата) былыр-былыргыттан тимир уустарынан биллэр. Ыал аҕата Владимир Петухов Өлүөнэ ситимин тэрилтэтигэр үлэлиирин быыһыгар быһаҕы оҥоруунан дьарыктанар.
– Аҕам маһынан уһанара. Сыырдаахха Герман Гаврильевич Бурцев диэн улахан тимир ууһа баар. Кини тула эр дьон мустан, элбэх киһи быһаҕы охсор. Мин олортон биирдэстэрэбин. Үлэтэ суохтар дьарыктанан, харчыланан, дьон бэртээхэй дьарыгы булунна. Оҥоһук буолан баран, табыллардаах-табыллыбаттаах. Быһах угун удьурҕайтан оҥоробун. Кэргэмминиин иккиэн сайын булан, хатаран бэлэмнээн кэбиһэбит. Сыырдаах маастардара “игирэ быһаҕы” толкуйдааннар, көннөрү быһах уонна быһычча нобуорун дьон сүрдээҕин атыылаһар, сакаастыыр. “Бэрт Ууһун уустара” диэн бассаапка бөлөхтөөхпүт. Ким туохха наадыйарынан, туох саҥаны билбитинэн билсэ-көрсө олоробут. Хас да сиринэн бөлөхтөһөн үлэлииллэр, биирдиилээн да үлэлээччилэр бааллар.
Бэйэбитигэр тимир суох буолан, быһахха туттуллар тимири, атын наадалааҕы куораттан атыылаһабыт. Үчүгэйдик үлэлээтэххинэ, ороскуоккун сабынан, дохуокка холкутук тахсаҕын. Саха дьоно, сүрүннээн, дьиэҕэ-уокка, булка-алка туттуллар быһаҕы атыылаһаллар. Күтүөккэ анаан кутурук кыыннаах быһаҕы суруктаан-бичиктээн сакаастыыллар. Кэргэним иискэ, кылга ылсыаҕыттан абыранным. Кыыммын тигэн, киэргэтэн биэрэр. Батарыынан дьарыгырар. Сүүйүүлээх оонньууну биллэрэр.
Дьиэнэн биир ситимҥэ киирбиппит олус үчүгэй. Өбүгэ саҕаттан кэлбит дьарыкпыт буоллаҕа. Мастарыскыайбар туттан эрэр маллаахпын. Аныгы саҥа үстүрүмүөннэри ылан, баһылаан иһиэхпит. Эр дьон дьарыктаах буолан, арыгы атыыта да тохтоон, олох лаппа тубуста, – диэн, Владимир эр киһилии кылгастык үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ.
* * *
Дьылҕалара оннук салайдаҕа. Эр киһи дьарыгар кэргэнэ кыттыһан, Петуховтар өбүгэ идэтин салҕаан, холкутаан, уоскуйан, сөбүлүүр дьыалаларынан дьарыктаналлар. Лилия байаанынан олус үчүгэйдик ыллыырын биир дойдулаахтара бэлиэтииллэр. Биллэр ырыаһыт, мэлэдьиис Николай Андросовтыын бииргэ төрөөбүттэр оҕолоро эбит.
Петуховтар төрүөхтэриттэн олохсуйан олорор Сыырдаахтарын олус таптыыллар. Сөбүгэр сүөһү тутан, сылгы иитэн, сахалыы тэринэн олороллор. Хайа да бэйэлээх куоракка, кыбартыыраҕа дэриэбинэлэрин салгынын, мас дьиэлэрин атастастаһар санаалара суох. “Куоракка киирдэхпитинэ, тута дойдубутугар ыксыыбыт” диэн күлсэллэр.
“Киһиэхэ саамай сүрүнэ тугуй?” диэн ыйыппыппар иккиэн биир киһи курдук “доруобуйа” дэһэллэр. Онуоха бэйэни кытта үлэлэһии, айылҕаҕа элбэхтик сылдьыы наадатын этэллэр. Ол айылҕа, чэбдик салгын, киэҥ дуол аттыларыгар баарыттан олус үөрэллэрин билинэллэр.
Оксана ЖИРКОВА кэпсэттэ.Дьокуускай–Сыырдаах–Дьокуускай.