Киир

Киир

Ил Түмэн хас да болдьоххо дьокутаата Александр УАРОВ хайдах-туох балаһыанньаҕа түбэспитин бары да истэ-билэ сылдьаҕыт. Олох барахсан дьону “дуоһунастаах, чыыннаах-хааннаах” диэн араарбакка, кими баҕарар тургутан көрөр быһыылаах. “Бу аҕыйах хонуктааҕыта суут этэҥҥэ түмүктэннэ” диэххэ сөп. Ол гынан баран, биллэр биричиинэнэн ол “дьыала” туһунан тугу эмэ ыйыталаһарбыт бобуулаах. Онон, түөрт сылы быһа сөп өлүүтүн силиэстийэҕэ доппуруостанан, суукка таскайданан, дьиэ хаайыытыгар олорон эрэйи-муҥу көрбүт саастаах киһини аһаҕас бааһын хаҕылаабакка, аа-дьуо кэпсэттим. Чахчыта да, Ил Түмэҥҥэ 5 ыҥырыкка субуруччу быыбарданан 25 сыл дьокутааттаабыт киһи аҕыйах да буолуохтаах. Ол тухары норуот кинини итэҕэйэн-эрэнэн, ылынан-ытыктаан быыбардаан эрдэҕэ.

– Александр Сергеевич, дорообо! Хата, этэҥҥэ сылдьар эбиккин. Бүгүн эйигиттэн буруйдана сылдьыбыт дьыалаҕын буолбакка, бүгүҥҥү балаһыанньаны хайдах анаараргын, санааҕын, толкуйгун ыйыталаһаары кэллим. Өр кэмҥэ дьокутаат, бэлиитик, экэнэмиис быһыытынан үлэлээн кэлбит киһи, бу бүгүн үөскээбит кэм туһунан эмиэ элбэх санаалааҕыҥ чахчы.

– Өрөспүүбүлүкэ туһунан этэр буоллахха, “атын эрэгийиэннэртэн ойдон үчүгэйдик олоробут” диир кыахпыт суох. Ол гынан баран, чахчы этэбин... Биһиги ньиэп, гаас, чох, көмүс, алмаас курдук сир баайын хостуур өрөспүүбүлүкэ буоламмыт, хайдах даҕаны куһаҕаннык олоруохпутун табыллыбат. Мин биэс сыл субуруччу талыллан сүүрбэ биэс сыл дьокутааттаабыт киһибин. Ол кэмнэргэ – 1998, 2009, 2014 сылларга – ыарахан кириисистэр кэлэн ааспыттара. Бу уустук кэмнэргэ дьоммут-сэргэбит улахан охсууну ылбатаҕа. “Кириисистэр биллибэккэ да ааспыттара” диэххэ сөп. Билигин да өрөспүүбүлүкэ салалтата, Ил Дархан, бырабыыталыстыба, Ил Түмэн сөпкө тэринэн-дьаһанан олороллор диэн бигэ өйдөбүллээхпин.

Сэттэ сыллааҕыта хаһыакка улахан ыстатыйа таһааран турабын. Онно “өрөспүүбүлүкэбит эдэр бэлиитиктэриттэн саамай чаҕылхайдара – Айсен Николаев. Кини улахан дуоһунастарга үлэлээн, уопутуран баран, Ил Дархан дуоһунаһыгар кэлиэн сөп” диэбитим. Дьиҥинэн, ол олоххо киирдэ. Мин кинини олох эдэр эрдэҕиттэн, МГУ-ну бүтэрбит эдэркээн уол саҥа үлэлии кэлиэҕиттэн ыла билэбин. Кэлин Ил Түмэҥҥэ бүддьүөт кэмитиэтигэр бииргэ үлэлээбиппит. Өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу баһылыктара үһүөн да кинини эрдэ таба көрөн, улахан дуоһунастарга үлэлэппиттэрэ, онон, улахан уопуттаах. Бу билигин сарсын туох буолуоҕун билбэт уустук кэммитигэр өрөспүүбүлүкэбит салалтатын өйүөхтээхпит. Олохпут ирдэбилэ оннук. Оччоҕуна эрэ Саха сирэ бу мунаах кэми олус ороһуйбакка, тирэхтээх, туруктаах төлө түһүө.

Биир холобур... Быстах кэмҥэ “ас-үөл бүтэр үһү, бородуукта суох буолуо” диэн туох да ынырыктаах сүпсүгүрүү буола сырытта дии. Ону күөртүүр дьон эмиэ бааллар. Ол гынан баран, СӨ салалтата ону бигэтик хонтуруоллаан олорор. Тимир суолунан тыһыынчанан богуон кэлэн иһэр: бородуукта, тутуу матырыйаала, уматык... Онон, өрөспүүбүлүкэ аны күһүҥҥэ диэри туохха да долгуйбакка олорор кыахтаах. Ол курдук бара туруо. Тимир суолбут Бэстээххэ диэри тиийэн кэлэр буолбута олус үчүгэй.

– Тас дойдулар Арассыыйаҕа биллэрбит сааҥсыйаларын туһунан туох санаалааххыный?

– Тас дойдулар сааҥсы­йаларын түмүгэр Арассыыйа экэниэмикэтигэр ыарахан дьыл буолан эрэр. Биир даҕаны эспиэр, учуонай, бэлиитик чуолкай борогунуоһу этэр кыаҕа суох. Балаһыанньабыт оннук түргэнник, тэтимнээхтик уларыйар аакка барда. Дуоллар-солкуобай кууруһуттан саҕалаан баалабай бородууксуйаҕа, инфляцияҕа тиийэ барыта күнүнэн уларыйа тураллар. Ити биһиэхэ эмиэ дьайара өйдөнөр. Онон, билигин сүрүн болҕомтобутун боростуой дьон, ордук кыаммат-түгэммэт, тииһиммэт араҥа, кыһалҕатын быһаарыыга, кинилэр этэҥҥэ буолууларыгар ууруохтаахпыт. Урут да ыарахан кэмнэри улахан охсуута суох аһарарбыт, бу да сырыыга этэҥҥэ буолуо дии саныыбын. Саамай сүрүнэ, хардарыта өйөһөр-өйдөһөр буолуохха, бэйэ бэйэни эрэнсиэххэ, көмөлөсүһүөххэ. Оччоҕо барыта кэминэн буолуо.

Арҕааҥҥы судаарыстыбалар дойдубут валютатын быһар быһаҕаһын, 300 млрд дуоллары, “тоҥордулар”. Бигэ туруктаах буолуу пуондатын 50 %-на онно баар этэ. Ол дойду экэниэмикэтигэр охсуута улахан эрээри, уопсай дохуот өттүгэр биһиги улаханнык сүүйтэрбэппит. Алмааспыт, таас чохпут хостооһуна улаата турар. Аны туран, ону Дьобуруопаҕа буолбакка, Кытайга, Кэриэйэҕэ, Индияҕа атыылыыбыт. Алмаастан ыларбыт, дьиҥинэн, быыкаа...

– Бу соторутааҕыта дойдуга бэчээт кумааҕытын дэписиитэ буола сылдьыбытыттан көрдөххө, саамай элбэх тыалаах-ойуурдаах Арассыыйаҕа бэл кумааҕыны да сатаан оҥорбот эбиппит... Тоҕо оннук буолан хаалла?

Дойдубутугар сөмөлүөт туруга...

– “Импортозамещение” боппуруоһа турбута уонча сыл буолла. Ол гынан баран харчынан инбэстииссийэлээх кирэдьииттэри судаарыстыба биэрбэккэ олорбута. Сүрүн төрүөтэ онно сытар. Холобур, ипотекаҕа солуок быһыытынан кыбартыыраны туруораллар. Син биир ол курдук. Инньэ гынан, дойдуга сөмөлүөт боппуруоһа уустугурда. Дьиҥэ, урут биһиэхэ үчүгэй сөмөлүөттэри оҥорор этибит. ТУ-204, ТУ-214, ИЛ-96. Оттон билигин көтөр “суперджеттарбыт” туох баар ис буотарага барыта тас дойду киэнэ эбит. Ол өрөмүөнэ, сапчааһа... Билигин биһиэхэ сөмөлүөттэри оҥорор да эбит буоллахтарына, ол икки-үс сыл иһигэр быһаарыллыбат дьыала.

Уопсайынан, ити төрдө барыта 90-с сылларга, судаарыстыба баайын приватизациялаан чааһынайга биэриигэ, арҕааҥҥы дойдулары үҥэр таҥара оҥостууттан саҕаламмыта. Холобур, билигин Арассыыйаҕа боростуой массыына оҥоһуута эҥин баҕас кыайтарыан сөп этэ. Ону куосумас куйаарын баһылыыр адьынатыгар сырыттахпыт дии. Аан дойдуга суох сөҕүмэр “гиперзвуковой” уустук технологиялаах аракыаталары оҥоробут. Болҕомто барыта онно туһуланан хаалбыт.

Либераллар – мин баччаҕа диэри утарсан-киирсэн кэлбит дьонум. Кинилэр бириинсиптэрэ – арҕааҥҥы дойдулары умсугуйуу, үтүктүү, онно сүгүрүйүү... Бу маннык олоххо кинилэр дьайыыларыттан тиийдибит.

Тоҕус сыллааҕыта кинилэр тустарынан улахан ыстатыйа суруйбутум. Онно “Биһиги солкуобайбыт тоҕо ньиэп сыанатыттан, Эмиэрикэ дуолларыттан тутулуктааҕый?” диэн боппуруос туруорбутум. Биһиги кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа аан дойдуга иккис-үһүс миэстэҕэ сылдьабыт. Ол ыстатыйа-сурукпун РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалтатыгар кытта ыыппытым. Бэйэбит олохтоох да хаһыаттарбытыгар таһаартарбытым. Норуот наадыйар табаарын барытын бэйэбит оҥорор буоллахпытына, көмүс валютабыт барыта бэйэбит хаһааспыт буолуохтаах. Ол иһин ити сайдыылаах дойдулар бары көмүс валюта хаһаастарын (золотовалютные резервы) 50-80 % чыыстай көмүһүнэн уура сыталлар. Биһиги бу үлүгэр көмүстээх дойдуга олорон хаһаас көмүспүт бырыһыана, күлүү гыммыт курдук, 20 эрэ бырыһыан. Ол ыстатыйа-сурукпар “дуоллар хабалатыттан тахсар туһугар тас дойдуга ыытар баайбыт-дуолбут төлөбүрүн барытын солкуобайынан ылыахха” диэн суруйбутум. Ити – тоҕус сыллааҕыта.

– Билиҥҥи балаһыанньаны өтө көрөн, сэрэтэн суруйбут эбиккин...

– “Өтө көрүү” диэн буолбатах. Экэнэмиис уонна быһаччы бүддьүөккэ үлэлиир кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ буолан, Арассыыйа уонна тас дойдулар экэниэмикэлэрин бүтүннүү үөрэтэ, анаалыстыы сырыттаҕым дии. Үлэм буоллаҕа. Манныкка тиийиэхтээхпит эрдэттэн биллэр этэ. Ол ыстатыйабар: “Дуоллартан тутулуктанан бүтүөххэ, тас дойдуга таһаарар алмааспыт, ньиэппит, гааспыт, таас чохпут, хорҕолдьуммут, түүлээхпит, маспыт атыытын төлөбүрүн барытын солкуобайынан ылыахха, оччоҕо эрэ солкуобайы өрө таһаарыахпыт, дуоллары кыайыахпыт”, – диэн тус көрүүбүн суруйбутум. Хата, билигин РФ салалтата оннук бэлиитикэни саҕалаан эрэр. Билигин – гааһы, ньиэби, онтон сыыйа атыттарга көһүөҕэ. Инньэ гынан, солкуобай туруга бөҕөргөөтө, дуоллар күүһэ мөлтөөтө. Билигин дуоллар уонна евро атыылаһар буоллаххына, урукку курдук 12 %-наах хамыыһыйаны төлөөбөккүн...

– Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ киирэр нолуок?

– Подоходнай нолуок туһунан эмиэ элбэхтик суруйан турабын. “Баай дьонтон элбэх нолуогу ылыахха” диэн. Ол билигин эмиэ олоххо киирэн эрэр. Биэс мөлүйүөн солкуобайтан ордук дохуоттаах дьон мантан антах нолуогу “прогрессивнайынан” төлүүр буоллулар. Өссө, баай дьоҥҥо сыһыаннаан эттэххэ, сотору кэминэн хамсаабат баайдарыгар эмиэ нолуок төлүөр буолуохтара.

“Рента нолуок”, ол аата сиртэн хостонор баайтан “налог добычи полезных ископаемых (НДПИ)” диэн төлөбүр, киирбитэ. Ону биһиги Г.Данчиковалыын үс сылы быһа тилэхпит элэйиэр диэри туруорсан киллэртэрбиппит. Алмаас нолуогун 100 %-на өрөспүүбүлүкэҕэ хааларын курдук туруорсан нэһиилэ ылбыппыт. Ол улахан ситиһии этэ. Биһиги нолуокпут үксэ Арассыыйа хааһынатыгар бара турара. Урут Чечня, Дагестан биһигиннээҕэр быдан элбэҕи ылаллар этэ. Биһиги туруорсуубут кэннэ, мэтиэдьикэ уларыйан, саамай элбэх датаассыйаны, субсидияны, субвенцияны биһиги ылар буолбуппут.

Мин өрөспүүбүлүкэ быйылгы бүддьүөтүн үөрэ көрөбүн. 230 млрд солк. – урут хаһан да харахтаан көрбөтөх элбэх дохуоппут. 90 млрд курдук элбэх дохуот АЛРОСА-ттан киирэр, онтон 50 млрд солк. – дивиденд, 11 млрд солк. – аҕыс улууска барар. Бу харчы буолбатах дуо?! Ону сатаан таба туһаныахха эрэ наада. Арассыыйа бүддьүөтүн барытын анаалыстаан көрөр буоллахха, дьиҥинэн, харчы мэлдьи баар. Кыһалҕалар ону таба туһаныыны эрэ кытта сибээстээхтэр.

Билигин бу сэрии кэнниттэн Украина сирин-уотун чөлүгэр түһэриигэ, урусхалламмыт куораттары саҥалыы тутууга үп-харчы бөҕө барыаҕа. Бэйэбитигэр харчы хааларын туһугар ону национальнай бырайыактарбытынан киирэн тутуохха сөп. Билигин – сыыппара үйэтэ. Сыыппара, IT-технологиялар көмөлөрүнэн хас биирдии солкуобайы, этэргэ дылы, кэппиэйкэтигэр тиийэ хонтуруоллуохха сөп. Ол аата, Ааҕар-суоттуур палаата билигин Арассыыйа ылыммыт бүддьүөтүн бырагыраамаларга барар харчытын уоран сиэбэттэрин курдук, солкуобайыгар тиийэ хонтуруоллуохтаах.

– Сыана билигин бас-баттах барда. “Өссө үрдүө” дииллэр. Маны туох дии саныыгын?

– Аспыт-үөлбүт сыаната үрдүүрэ, биллэн турар, уопсай экэниэмикэ туругуттан тутулуктаах. Бу сыл инфляция улаатыа дии саныыбын. Ол улаатта да, табаар, бородуукта сыаната барыта үрдүүр. Саамай куттанарбыт онно сытар. Билигин итини биир да экэнэмиис-финансист чопчу борогунуостуур кыаҕа суох. “Биир ыйынан, биир сылынан маннык буолуо” диэн этэр уустук. Уопсайынан, аан дойду үбүн-харчытын, экэниэмикэтин тиһигин кытта хардарыта хам баайыллан, ыбылы иилистэн хаалбыт наһаа уустук исхиэмэ.

– Уустук кэмҥэ тыа дьоно, боростуой норуот хайдах дьаһанан олоруохтааҕый?

– Ынах сүөһү, сылгы, сибиинньэ иитэн, оҕуруот аһын, араас култуураны олордон-үүннэрэн эбии-сабыы оҥос­туохтаахпыт. Быһата, хас биирдии тыа ыала болҕомтотун кэтэх хаһаайыстыбатыгар ууруон наада. Биһигини бэйэбит илиибит эрэ аһатар, быыһыыр кыахтаах. Холобур, бу мин дойдубар Сунтаарга баран түөрт хонон кэллим. Онно быраатым аах сүөһүлээхтэр, сылгылаахтар, оҕуруоттарын аһа барыта бэйэлэрин киэнэ. Маҕаһыынтан саахар, чэй, килиэп эрэ атыылаһаллар.

– Арассыыйаҕа бэйэтигэр үүнэр, оҥоһуллар бородууксуйа сыанатын тоҕо үрдэ суох баһа туралларый? Холобур, бурдугу, саахары... Мин ону сатаан санаабаппын.

– Эмиэрикэҕэ “Вашингтон-консенсус” диэн биир улахан юридическай тэрилтэ баар. Сойуус ыһыллыбытын кэннэ, бу тэрилтэ хайдах гынан Арассыыйа экэниэмикэтин сатарытарын сыал-сорук оҥостон толкуйдаабыта. Кинилэр оччотооҕу Арассыыйаҕа баар эдэр либералларга (ол дьон кимнээхтэрин бары бэркэ билэбит) сорудах биэрэн, кинилэр көмөлөрүнэн Арассыыйа бүүс-бүтүннүү арҕаатыйарын уонна экэниэмикэтэ барыта кинилэртэн тутулуктанарын ситиспиттэрэ. Ол сорудах сүүс бырыһыан толорулунна.

Билиҥҥи Япония бала­һыанньатын туһунан тугу да билбэппитин кэриэтэ, интэ­риэһиргээбэппит. Дьоппуоннар эмиэ биһиги курдук 90-с сыллартан саҕалаан уонча сылы быһа кириисистээн баран, дьэ, өрө охсон сайдыы суолугар үктэммиттэрэ. АХШ ону сөбүлээбэт буоллаҕа: аан дойду барыта кини бэйэтин хонтуруолугар сылдьыахтаах. Эмиэрикэ ону таба көрбүтүн, уонча сылы быһа утумнаахтык “дьарыктаммытын” түмүгэр, Япония экэниэмикэтэ эмиэ түстэ. Бүгүн бу дойду экэниэмикэтэ мөлтөөн күүстээх “рецессияҕа” киирэн олорор. Билигин АХШ түүрэйдээһинигэр Кытай, Кэриэйэ, Сингапур, Тайбаан ситэ бэриммэккэ олороллор. Онон, дьэ, сүрдээх уустук кэм кэллэ.

– Украинаҕа буола турар сэрии туһунан туох санаалааххыный?

– Украинаны кытта өйдөспөт быһыыны-майгыны аҕыс сылы быһа көрөн кэллибит. Бу сыллар тухары украиналар Донецкайы, Луганскайы ыгалларыгар улаханнык орооспокко, көннөрү кэтээн эрэ олордубут. Мин аҕам оҕонньор – 1941-43 сс. сэриигэ сылдьыбыт, Курскайга саамай хабараан кыргыһыыларга кыттыбыт киһи. Икки уордьаннаах кэлбитэ. Курскайга улаханнык бааһыран дойдутугар төннүбүтэ. Кини: “Фашистар диэн дьон буолбатахтар, кыыл да буолбатахтар, чиччиктэр, илэ абааһылар. Өлөрөр-өһөрөр туһугар тугу да кэрэйбэттэр”, – диэн тыллааҕа.

Ити чааһыгар мин туох да саарбахтааһына суох этэбин, “ким да буоллун: миниистир, дьокутаат, суоппар, саллаат – фашист буолла да – туох да аһыныыта, саарбахтааһына суох сир ньууруттан сиппийиллиэхтээх, суох оҥоһуллуохтаах”.

ф.11 копия

– Александр Сергеевич, чэ, ити сэриини, экэниэмикэни хаалларыахха... Эйиэхэ бэйэҕэр эргийдэххэ, 25 сыл устата дьокутааттаабытыҥ кэннэ, итинник буруйдааһын бу иннинэ олорон кэлбит олоххун, ситиһиигин, ааккын-суолгун, аптарытыаккын барытын туора сотон кэбистэҕэ дии... Кэмсинэҕин дуо?

– Мин туох буруйу оҥор­буппар кэмсиниэхпиний?! “Хайдах сатыырбынан, кыайарбынан бар дьонум, норуотум туһугар үлэлээн кэлбитим, өрөспүүбүлүкэ туруктаах буоларыгар кылааппын киллэрсибитим” диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Кэмсинэрим туох да суох! Бүддьүөт тыырыыта, тыа сиригэр социальнай эбийиэктэри тутуу, ону улуустарга, нэһилиэктэргэ үллэрии, тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллүбүт харчыны тыырыы бэйэтэ туһунан элбэх сыраны-хараны ылар үлэ, киирсии буоллаҕа.

ф.3 копия

– Оннук буолуо... Урут, үчүгэй балаһыанньалаах, “ат уорҕатыгар” сылдьан алтыспыт, эн-мин дэһиспит дьонуҥ билиҥҥи сыһыаннара хайдаҕый, уларыйбыт дуо?

– Билэр дьонум-сэргэм сыһыаннара – уруккутун курдук. Үлэбинэн алтыспыт дьонум, Ил Түмэннээҕи кэллиэгэлэрим, Бырабыыталыстыбаҕа уонна үп министиэристибэтигэр да бодоруспут дьонум сыһыаннарыгар туох да уларыйыы суох. Түөрт сыл буолан баран, кэмниэ-кэнэҕэс, төрөөбүт-үөскээбит дойдубар бара сырыттым. Дойдум салгынын тыынным, төрөөбүт өтөхпөр, айылҕаҕа сырыттым, биир дойдулаахтарбын көрүстүм. Бастаан барарбар, чахчы, “хайдах көрсөллөрө буолла?” диэн ытырыктатар санаа баара. Дьон сыһыана уларыйбатаҕын, син биир уруккуларын курдук үөрэ-көтө көрсөллөрүн, кэпсэтэллэрин, ытыктабыллаах сыһыаннарын аһара долгуйа көрдүм. Мин – хайдах баарбынан сылдьыбыт киһибин. Кимиэхэ да киэбирбэтэҕим, бардамнаабатаҕым, улахам­сыйбатаҕым. Көрдөһүү­лээх дьоҥҥо, кыаллар эрэ буоллар, туох баарынан көмөлөһө сатыырым. Дьокутааттыырым тухары төһө элбэх ыалдьыбыт, улахан кыһалҕаламмыт дьоҥҥо көмөнү оҥорбуппун аахпатаҕым. Бэйэм кыаммат буоллахпына, ону кыайыан сөптөөх тэрилтэ салайааччыларыгар, исписэлиистэргэ “Бу дьоҥҥо көмөлөһөргүт буоллар” диэн, көрдөһүү бэрээдэгинэн, тылбын ылыннарааччыбын. Дьоҥҥо киһилии сыһыаммын өйдүүр, сыаналыыр буолан, билигин да сыаналыыр, убаастыыр буоллахтара.

ф.2 копия

– Чугас дьонуҥ, кэргэниҥ, оҕолоруҥ улаханнык айманнахтара буолуо?

– Оо, ону киһи киһиэхэ кэпсиэ баара дуо! Ынырык буоллаҕа... Кэргэним да, кыыһым да, сиэннэрим да барахсаттар, аймахтарым, биир дойдулаахтарым, доҕотторум өйөбүллэринэн бу бүгүҥҥү күҥҥэ тыыннаах кэлэн олор­доҕум. Ол гынан баран, туох кистэлэ кэлиэй, доруобуйам аһара улаханнык айгыраата.

ф.7 копия

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ.

– Кэргэним Лидия үйэ­тин тухары үөрэх эйгэтигэр үлэлээбитэ, 33 №-дээх оскуолаҕа учууталлаабыта, кэлин саабыстаабыта. Соҕотох уолум барахсан, массыына саахалыгар түбэһэн, бу дойдуттан күрэммитэ алтыс сыла буолла. Кыыһым Кира үп эйгэтигэр үлэлиир. Биэс сиэннээхпин. Улахан сиэним аармыйаҕа сылдьар, уоннааҕылар үөрэх, үлэ дьоно. Бэйэбин баппыт кыра сиэним – алын кылаас үөрэнээччитэ.

– Бу олорор кэмҥэр тугу дьарыктанныҥ?

– Тэлэбиисэр көрдүм, кинигэ, хаһыат бөҕөтүн аахтым, суруксуттаатым. Дьиэҕэ хаайыллан олорор сааһырбыт киһи онтон атын тугу гыныамый?!

– Дьэ, чахчы да, уһун унньуктаах суут бүтэн, дойдуҥ салгынын дуоһуйа тыынан, дьоҥҥун-сэргэҕин көрсөн син бэттэх кэллэҕиҥ, үөһэ тыыннаҕыҥ. Сэһэргэһииҥ иһин махтал. Этэҥҥэ буол!

Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР.