Ханнык баҕарар үбүлүөйгэ курдук, ааспыт кэрдиис кэми уонна кэлэр кэскили холбуу тутан анаарыаҕы баҕарыллар. Тус бэйэбэр өрөспүүбүүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылын туолуута, П.А. Ойуунускай 100 сыллаах былаан туһунан улуу айымньытыгар суруйбутун курдук, биһиги дойдубут, сахалар, Саха сирин бары атын омуктара бу кэм устата сөҕүмэр сайдыыны ситиспиппитин туоһулуур, өрөгөйдөөх, үөрүүлээх бырааһынньык буолар. Биһиги сайдыыбытынан билигин аан дойду сайдыылаах омуктарын кытта тэҥҥэ турар таһымҥа таҕыстыбыт.
Быйыл Арассыыйа састаабыгар киирбиппит 390 сылын уонна судаарыстыбаннаһы ылбыппыт 100 сылын бииргэ бэлиэтиибит. Бу түөрт үйэ устата прогрессивнай өйгө-санааҕа тирэҕирэн үүнэн-сайдан кэлэн сахалар, Саха сирин бары норуоттара иннибит диэки эрэллээхтик көрөбүт. Өрөспүүбүлүкэ күүстээх сайдыыны ааһан, бүгүн Уһук Илиҥҥэ, Арктикаҕа, Арассыыйаҕа прогрессивнай, инновационнай сайдыы элбэх хайысхаларын баһылаан, биир бастыҥ, инники сылдьар эрэгийиэн буолла.
Арктика сэбиэтигэр икки сыл бэрэссэдээтэллиир кэмигэр Арассыыйа Арктиканы сайыннарыыга ситиһиилэрин Саха сиринэн холобурдаан көрдөрөр. Бүгүн Саха сирэ Арассыыйа Арктиканы сайыннарыыга “визитнэй карточката” буолар таһымнаах сайдыыга таҕыста.
Оттон кэлэр кэм туһунан бүгүн Украинаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга үөскээбит тыҥааһыннаах балаһыанньа кэмигэр тугу этиэххэ сөбүй?
Украина аан дойдуну барытын хабан эрэр улахан охсуһуу инники кирбиитэ буолла. Манна аан дойду туох баар баайын-дуолун, сүмэтин бас билиэхтээхпин диир “кыһыл көмүс миллиард” уонна кинилэргэ киирбэтэх аан дойду хаалбыт 7 млрд киһитин утарыта турсууларын элбэрээгэ төлө тардылынна. Мин көрдөхпүнэ, сүрдээх кутталлаах, алдьархайдаах охсуһуу аана тоҕо тардыллыах кэриҥнээх. Хомойуох иһин, “кэлэктиибинэй арҕаалар” дэнэр дойдулар норуоттара аан дойдуну баһылыахтаахпыт, атыттар кинилэр сүөгэйгэ сөтүөлүүр олохторун хааччыйыахтаах кулут оруолугар сөбүлэһиэхтээхтэрин курдук, аһаҕастык киэптээн турдулар. Кинилэр былааннара аан дойду бары норуоттарын эйэлээх, тэҥ бырааптаах, кырдьыктаах олохторун оҥостор суоллара буолбатах. Арҕаа дойдулар аан дойду сэттэ миллиард киһитин “көмүс миллиард” хамначчыта оҥостор бэлиитикэлэрин утары, аан дойду норуоттарын кинилэр батталларыттан босхолуур охсуһууну, урут да буоларын курдук, Арассыыйа баһылаан саҕалаата. Бу охсуһуу Аан дойду иккис сэриитин курдук улахан далааһыннаах. Бу кытаанах охсуһууга биһиги кыайарбыт саарбаҕа суох. Ол эрээри Кыайыы сыаната чэпчэкитэ суох буолуоҕун мин Донбаска бара сылдьан көрөн кэллим. Фашизм, неонацизм сэрии, өлүү төрдө буоларын сир үрдүттэн ылҕаан бырахпатахха, эйэлээх норуоттар кэскиллэригэр төһөлөөх охсуулаах буолуоҕун киһи онно сылдьан ордук чугастык ылынар, өйдүүр.
Өрөспүүбүүлүкэбит кэскилин туһунан эттэххэ, биһиги улуу, модун Арассыыйа састаабыгар олорон ааспыт 390 сылбыт, ордук автономия ылан баран күүрүүлээх, айымньылаах 100 сыллаах олохпут устата ситиспит сайдыыбыт тэтимин ыһыктыбакка, өссө күүскэ айан-тутан иннибит диэки барыаҕыҥ диэн ыҥырабын. Биһиги бэйэ-бэйэбитин өйөһөр, итэҕэйсэр үтүө майгыбыт, Ийэ дойдубутугар бэриниибит кэскилбит тирэҕэ буоларын өйдөөн, харахпыт харатын курдук харыстыахтаахпыт. Дьэ, оччоҕо биһиги төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит уонна Арассыыйабыт кэлэр 100 сылга бигэ сайдыытын ситиһиэхпит.
Өрөспүүбүлүкэ өрөгөйдөөх 100 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик эҕэрдэлиибин!
Андрей Федотов,Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр
СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын
бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.