Киир

Киир

Самаан сайын маҥнайгы ыйа үүнэн, оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолор өссө ордук долгуйаллар. Кинилэр иннилэригэр олох киэҥ аартыга кэрэ айылҕалыын тэҥҥэ тэлэллэргэ дылы буоллаҕа... Маннык дьикти сааска, обургу оҕо, улаатан эрэр ыччат иэйиитин арыйарга анаммыт Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары», Далан «Дьикти саас» дьоруойдарын саныы түһэбин...

Оттон аныгы кэмҥэ маннык тиэмэни арыйар «Учуутал күннүгэ. Табыллыбы(а)т таптал» диэн обургу кылаас оҕолорун туһунан сэһэни ааттыыбын. Айымньы номнуо ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылбыта. Бүгүн бу сэһэн ааптара Татьяна ПОСКАЧИНАНЫ кытта кэпсэтэбин.

– Татьяна, дорообо. Дьон сиэринэн, кэпсэтиибитин эйиигин кытта билсиһииттэн саҕалыах. Хантан төрүттээххиний, туох идэлээххиний, ханна үлэлиигиний?

– Бүлүү улууһун Өкүндү нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Биэс оҕолоох ыал саамай кыра оҕолоробун, соҕотох кыыстарабын. Сэттис кылааска диэри төрөөбүт нэһилиэкпэр үөрэммитим. Ол кэннэ Бүлүүтээҕи гимназияҕа туттарсан киирэн, оскуолабын онно бүтэрбитим. 2008 сыллаахха Максим Кирович Аммосов аатынан Дьокуускайдааҕы государственнай университекка (Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет) Саха филологиятын уонна культуратын факультетыгар (билиҥҥинэн Хотугулуу илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культураларын института) туттарсан киирбитим. Кэлин кэтэхтэн көһөн үөрэммитим. Үөрэнэрим быыһыгар Бүлүү улууһун культуратын управлениетыгар 2017 сылга диэри үлэлээбитим. Ол кэннэ кэргэним дойдутугар Таатта улууһун Даайа Аммата нэһилиэгэр көһөн кэлбиппит. Билигин Даайа Амматыгар норуот айымньытын дьиэтин дириэктэринэн үлэлиибин. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпут.

WhatsApp Image 2022 06 07 at 12.35.32 1

– Уус-уран айымньыларгынан туох ситиһиилэрдээххиний?

– Мин 2018 сыллаахха 21-c, 2022 сыллаахха 23-с төгүлүн ыытыллыбыт Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи Сүбэ мунньахтарыгар кыттыбытым. Бастакы кыттыыбар бастыҥнар кэккэлэригэр киирэн, ол сыл «Чолбон» сурунаал түөрт нүөмэригэр «Учуутал күннүгэ» сэһэним бэчээттэммитэ...

WhatsApp Image 2022 06 07 at 12.35.33

– Эн хаһааҥҥыттан айар үлэ алыбар ылларбыккыный? Аан маҥнайгы айымньыгын хаһан суруйбуккунуй?

– Өкүндүбэр үөрэнэ сылдьан, бука, 2002 сыллаахтан буолуо, биир кэмҥэ оскуолатааҕы хаһыат таһаарар буола сылдьыбыппыт. Онно баар “Проба пера” диэн балаһаҕа анаан хоһооннору суруйан таһаарарым. Аан бастакы суруйуум чопчу бу хоһоон этэ диэн өйдөөбөппүн буолан баран “Дьыл кэмнэрэ” диэн хоһоонноохпун кэлин булан аахпытым. Гимназияҕа дьүөгэлэрбиниин бары тус тэтэрээттээх буоларбыт. Күнүн ахсын саҥаттан саҥа хоһоон суруйан аҕалан, онтуларбытын бэйэ-бэйэбитигэр аахтаран, ырытыһан ыларбыт. Улахан кылааска киинэ устар баҕа санааҕа ыллара сылдьыбыттааҕым. Арааһынай айымньылары, сценарийдары суруйарга холонорум.

– Билигин литература ханнык көрүҥэр ылсан суруйаҕыный? Айымньыларгар ханнык темалары таарыйаҕыный?

– Урут хоһоон суруйа сылдьыбыт эбит буоллахпына, кэлин олох тэйэн хаалбыппын. Билигин проза жанрыгар суруйарга холонобун. Суруйарга анаан теманы хаһан да талбатаҕым. Таптал темата миэхэ бэйэбэр ордук чугас, интэриэһинэй буолан буолуо, бу тематтан атыҥҥа ыраата иликпин. Былыр-былыргыттан таптал, эр киһи дьахтар сыһыанын туһунан үгүс киһи араас омук тылынан суруйда, ини суруйбата ини. Ол эрэн, таптал араас кырыылаах, олус элбэх өрүттээх. Ол иһин бу тема хаһан да эргэрбэт, умнууга хаалбат.

– Айымньыларын туһунан сэгэтэ түстэххэ...

– Кылгас кэпсээн оҕолоро, ситэриллибэккэ хаалбыт араас айымньылар син бааллар. Ол эрээри, кинилэри “Ситэтэ суохтар” диэн ааттаан туһунан уура сытыарабын. Кэлин, бэйэм өй-санаа өттүнэн ситтэхпинэ салгыам дии саныыбын. Билиҥҥитэ үс сэһэннээхпин: “Учуутал күннүгэ”, “Сүнньүөх” уонна “Дьахтар анала”. Бу сэһэннэр бары бэйэ-бэйэлэрин кытары сибээстээхтэр. Холобура, бастакы сэһэҥҥэ көстөн ааспыт кэтэх персонажтар аныгыскы айымньыга кэлэн сүрүн герой буолбуттара. Ол курдук, үс сэһэнтэн турар трилогия айымньы диэххэ сөп.

WhatsApp Image 2022 06 07 at 12.35.32

– «Учуутал күннүгэ. Табыллыбы(а)т таптал» сэһэниҥ ааҕааччы киэҥ билиниитин ылла. Кылгастык ис хоһоонун сырдатан ылыаҥ буолаарай?

– Айымньы сүрүн геройа саҥа үөрэҕин бүтэрбит, учуутал идэтин ылан тыа сиригэр үлэлии кэлбит Нина Ивановна тус күннүгүн быһыытынан суруллубута. Эдэр учуутал кыыс үлэтигэр, тус олоҕор күннэтэ көрсөр араас кыһалҕаларын, үөрүүтүн-хомолтотун барытын күннүгэр сурунар. Манна кини кимиэхэ да сатаан кэпсээбэт, оннооҕор бэйэтэ-бэйэтигэр билиммэт чып кистэлэҥ санааларын, саҥа сонун иэйиилэрин, толкуйун нөҥүө кыыс олоҕун, тапталын кытары билсиһиэххит.

WhatsApp Image 2022 06 07 at 12.43.43

– Бу сэһэн ис хоһоонун бэйэҥ өйгүттэн айбытыҥ дуу, эбэтэр олоххо буолбуту уларытан суруйбутуҥ дуу?

– “Учуутал күннүгүн” суруйуом иннинэ тоҕо эрэ ураты, сатаммат, көҥүллэммэт сыһыан тематын таарыйыахпын баҕарарым. Айымньыны суруйуом иннинэ персонажтарбын кытары чугастык билсиһэбин, сюжет тутулун киинэ курдук харахпар оҥорон көрөбүн. Маҥнай өйбөр оҥорон көрөрбөр геройдарым ыал мааны кыыһа уонна хаайыылаах эр киһи этилэр. Ол эрэн, бу дьону бэйэм сатаан ылымматаҕым. Учуутал эр киһи уонна оскуолаҕа үөрэнэр кыыс диэн атыннык толкуйдаан, сыһыаннарын сайыннаран иһэн, эмиэ сөбүлээбэтэҕим. Тиһэҕэр дьоммун учуутал кыыска уонна оскуолаҕа үөрэнэр уолга уларыппытым.

Аны туран, айымньы геройа Нина идэтинэн саха тылын учуутала, бэйэбэр дылы кыра уҥуохтаах, хатыҥыр кыыс. Ол иһин буолуо, үгүс аахпыт киһи “Бэйэҥ тускунан суруйубутуҥ дуо?” диэн элбэхтэ ыйытан турардаах. Суох, бэйэм туспунан буолбатах. Саҥа суруйарга холонор киһи буоламмын, бэйэм билэр эйгэбин, сылдьыбыт сирдэрбин ойуулуурум ордук судургу курдук этэ.

Маныаха майгынныыр дьылҕалаах, ханыылыы олохтоох дьон баар бөҕө буоллахтара дии. Ол эрээри, көстөрүн курдук, барыта айан, оҥорон көрүү түмүгэр суруллубут сэһэн буолар.

WhatsApp Image 2022 06 07 at 12.45.55

– Эн суруйар кистэлэҥҥин билиэхпин баҕарабын. Эн - ыал ийэтэҕиҥ. Бириэмэҕиҥ хайдах аттарынаҕыҥ?

– Саҥа суруйарга холонор киһи туох да кистэлэҥ, ураты суруйар ньымам билиҥҥитэ суох. Айарга-тутарга олус элбэх бириэмэни аныахха наада эбит. Ол эрээри, уу-чуумпуга олорон толкуйдуур, күнү күннүктээн суруйар кыах, биллэн турар, суох. Эрдэ этэн аһарбытым курдук, тыа сиригэр олорор үс оҕолоох ыал ийэтэбин. Маҥнай суруйарбар персонажтарым уобарастарын толкуйдаат да, суруйбутунан барбытым. Туох да эрдэттэн былаан, түмүк оҥоруу суоҕа. Геройдар бэйэлэрин олохторунан олорон бараллара. Майгылара-сигилилэрэ арыллан, араас түгэҥҥэ туох диэхтээхтэрэ, тугу гыныахтаахтара миигиттэн тутулуга суох курдук бэйэтэ ис-иһиттэн тахсан, суруллан иһэрэ. Кэлин өйдөөбүтүм, маннык суруллубут айымньы сыппах уонна ыһыллаҕас соҕус буолар эбит. Икки маҥнайгы сэһэни ол иһин саҥаттан сааһылаан, үгүс уларытыылары киллэрэн хаттаан суруйбутум. Үһүс сэһэммин суруйуом иннинэ эрдэттэн өйбөр оҥорон көрбүтүм, былааннаабытым.

Геройдарбын кытары бэйэм чугастык билсибитим, кинилэр майгыларын-сигилилэрин тугу сөбүлүүллэрин барытын толкуйдаабытым. Маны тэҥэ, ханна баҕар дьон-сэргэ ортотугар сылдьан араас интэриэһинэй түгэни, быһыыны-майгыны, туттууну-хаптыыны, саҥаны-иҥэни бэлиэтии көрөр, өйдөөн хаалар, умнумаары күлүүс тылларынан быстах бэлиэтэнэнэн кэбиһэр идэлэммитим. Ол кэннэ биирдэ суруйан саҕалаабытым. Уһуннук суруйар эбиппин. Кылгаабыта биир сыл. Николай Алексеевич Лугинов “айымньыгытын сынньатыҥ” дииринии өр уура сытыаран, умна быһыытыйан баран, атын харахпынан көрөн, эбии уларытыылары киллэрэн, ситэрэн, сороҕун көҕүрэтэн биэрэбин. Оччоҕуна айымньы силигин ситэр эбит.

– Суруйаргар анаан иэйии киириэн наада дуу, эбэтэр хайдах дуу?

– Кэлин, киһи бэйэтэ да билбэтинэн теманы, сюжеты көрдүү сылдьар буолан хаалар эбит диэн санааҕа кэллим. Ол эрээри, арааһынай элбэх идеялар киирэ-киирэ үгүстэрэ өйтөн суураллан хаалаллар. Арай биирдэ эмэ эмискэ кып-кыра туорах санаа көтөн түспүтэ, наар өйгүттэн тахсыбакка, онно силистэнэн-мутуктанан, өйгө-санааҕа сайдан, кэҥээн, тэнийэн барар курдук. Бу, бука, иэйии дэнэрэ буолуо да, хоһоон курдук биирдэ олорон суруйан кэбиспэппин. Мантан инньэ бу киирбит идеяны айымньы гынан суруйарга сыал-сорук туруорунан, кытаанахтык ылсан, уһуннук сыралаһан суруйуохха, үлэлиэххэ наада эбит.

Учуутал күннүгэ сэһэн

– «Учуутал күннүгэ. Табыллыбы(а)т таптал» сэһэниҥ кинигэтэ билигин даҕаны атыыга баар дуо? Ааҕааччыларбыт хантан атыылаһыахтарын сөбүй?

– Бу айымньыбын “Айар” кинигэ издательствота 2000 экземплярынан бэчээттээн таһааттарбыта. Түгэнинэн туһанан, “Айардарга”, чуолаан редакция сэбиэдиссэйигэр Н.П. Андросоваҕа, редактордарбар А.А. Бурцеваҕа, Е.С. Иринцееваҕа барҕа махталбын тиэрдэбин. Кинигэни “Айар” кинигэ издательствотын маҕаһыыннарыттан, улуустарга баар филиаллартан атыылаһыаххытын сөп. Сыаната 360 солкуобай. Манна даҕатан эттэххэ, бу кинигэ атыыга хамаҕатык бардаҕына айымньы салгыыта, иккис-үһүс сэһэннэр бэчээттэнэн тахсаллара былааннанар.

– Оттон билигин ханнык айымньыны суруйа сылдьаҕыҥ? Хаһан биһиги эн саҥа айымньыгын ааҕыахпытый?

– Былырыын саас эмискэ биир саҥа сюжетнай линия өйбөр көтөн түспүтэ. Ол санаам иитиэхтэнэ сылдьан баран, дьэ, силигин ситэн сурукка тиһиллиэх курдук буолла дии санааммын суруйан саҕалаабытым. Эмиэ улахан кээмэйдээх айымньы буолсу диэн сабаҕалыыбын. Үгүһү элбэҕи эппэппин буолан баран, табылыннаҕына, бу таптал темалаах айымньы нөҥүө саха литературатын, култууратын, баҕар искусствотын да билиһиннэрээри былаанныыбын. «Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ» диэн саха өһүн хоһооно этэринии, чопчу баччаларга тахсыа диэн эрэннэрбэппин. Билигин, этэн аһарбытым курдук, кулууп дириэктэринэн үлэлии сылдьабын. Биллэрин курдук, култуура үлэтэ сүрдээх ыарахан, сылаалаах. Ол иһин уһун кэми эрэйэр айымньы суруллан эрэрин сэрэйэбин эрэ.

– Татьяна, айар үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын! Саҥа кэрэхсэбиллээх айымньыларгын кэтэһэбит.

Кэпсэттэ Ираида Коркина-Чугдаара

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар