1951 с. диэри оскуолаҕа, Бүлүү педучилищетыгар бастыҥ, актыыбынай үөрэнээччи этэ. 1954 с. хоту улуус оскуолатыгар учууталлаабыта. 1958 с. Саха судаарыстыбалыы үнүбэрсиэтин кыһыл дьупулуомнаах бүтэрбитэ. Ол кэннэ Бүлүү оройуонугар учууталлаабыта. 1960 с. аспырантыыраҕа киирбитэ. 1963 с. “Эрилик Эристиин олоҕо уонна айар үлэтэ” диэн маҥнайгы кинигэтэ тахсыбыта. Бу тиэмэҕэ хандьыдаат дьиссэртээссийэтин 1965 с. ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. 1964-74 сс. ССКП обкуомугар билим салаатыгар үлэлээбитэ. 1974-1984 сс. – Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа чинчийэр үнүстүүтүгэр дириэктэри собуйааччы. 1994 с. диэри сүрүннүүр научнай үлэһит. 1987 с. – билим дуоктара. 1994 сылтан – үнүбэрсиэт бэрэпиэссэрэ. 1994-1999 сс. – саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ.
Николай Николаевич Тобуруокап – литэрэтиирэни чинчийээччи, суруйааччы, 30-ча кинигэ, 300 тахса номуукаҕа үлэ ааптара. Кини Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэт салалтатын ыҥырыытынан 1994 с. саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдиссэйигэр куонкуруһу ааһан кэлбитэ. Саха литэрэтиирэтин устудьуоннарга үөрэтии ис хоһоонун уларытарга, учуутал номуука таһымын үрдэтиигэ биллэр-көстөр хамсааһыны таһаарда.
Ол курдук Н.Тобуруокап өссө 1965 с. устудьуону үөрэххэ ылыы түмүктэрин үөрэтэн “Кыым” хаһыакка суруйарыгар маннык суоллары бэлиэтээбит эбит. “Литэрэтиирэни чинчийэр хаадырдар ахсааннара ситэтэ суохтар. Литэрэтиирэҕэ баара-суоҕа Саха сиригэр үлэлиир икки хандьыдааттаахпыт уонна биэс-алта чинчийэр үлэһиттэрдээхпит. Кинилэр биир күн бары хандьыдаат буолан хааллахтарына да, үйэлэригэр бүппэт үтүмэн үлэ баар. Солбуйар көлүөнэни билиҥҥиттэн бэлэмниэххэ, ырыҥылыахха наада...”
Өссө “төрөөбүт литэрэтиирэни уонна тылы эдэр ыччат уон кылаас таһымынан толору билэр буолуутун ситиһиэххэ, төрөөбүт литэрэтиирэни үөрэтии хаачыстыбатын тупсарар туһунан боппуруоһу көтөҕүөххэ”, - диэн суруйбут. Үнүбэрсиэккэ ити ымыы санаатын олоххо киллэрээри 60 сааһын туолан баран, эдэрдии эрчимнээхтик сананан кэлбит эбит.
“Тобуруокап оскуолата” диэн өйдөбүлү үөскэтэр сүрүн төрүттэр
Түбэһиэх сиртэн үүнээйи силигилии тыллан, ситэн ас биэрбэт. Ол курдук бары биллэр учуонай оскуолалаах буолбат. Бу, дьиҥэр, анаан үөрэттэххэ быһаарыллар көстүү эрээри, саба быраҕан сыаналаатахха, итиниэхэ маннык өрүттэр ордук суолталаах буолуохтарын сөп быһыылаах.
Бастакытынан, учуонай дириҥ уонна далааһыннаах буолуутун хааччыйар хаачыстыбалара кини олоҕун бастакы түһүмэхтэритэн биллэн-көстөн, сайдан барыахтаахтар. Николай Николаевич үөрэҕэр чаҕылхай дьоҕурдара, билиигэ-көрүүгэ тардыстыыта, саха литэрэтиирэтигэр умсугуйуута оҕо сааһыттан саҕаламмыт.
Иккиһинэн, талбыт идэтин бары боппуруостарын иҥэн-тоҥон билиитэ, баһылааһына кини бу кэмҥэ литэрэтиирэ сайдар кэскилин сөпкө сыаналыырыгар кыаҕы биэрэр. Ол түмүгэр кини саҥа үүнэр көлүөнэ дьулуурун кытта утарсыбакка, кинилэр баҕаларын кынаттыыр, көҕүлүүр өрүттэри, онно тоҕоостоох чахчылары урукку чинчийээччилэр үлэлэриттэн булан, көрдөрөн биэрэр – утумнааччы буолар суолу тутар. Онон дьиҥнээх учуутал аналын толорор. Маныаха Н.Тобуруокап саха уонна нуучча литэрэтиирэлэрин сайдыытын баай, дириҥ устуоруйатын тэҥинэн ону баһылаабыта ордук суолталаммыттара чуолкай.
Үсүһүнэн, чинчийэр оскуола буолуу сүрүн бэлиэлэринэн манныктары ааттыахха сөп: бастакыта, номуукаҕа улахан суолталаах чинчийэр эйгэни уонна бэрэбилиэмэни таба тутан сырдатыы, арыйыы; иккиһэ, биллэр бэрэбилиэмэни уратытык сонуннук оскуола тутуһар хараҕынан көрөн сырдатыы, арыйыы; үсүһэ, чинчийэр оскуола бүттүүн номуука эйгэтигэр биллэр, сабыдыаллаах, оруоллаах буолуута. Бу өттүнэн көрдөххө, биһиги Н.Тобуруокаппыт оскуолата кэскилэ өссө иннигэр турар. Үөрэнээччилэрин үлэлэрэ-хамнастара бэчээттэнэн киэҥ эйгэҕэ тарҕанан бардахтарына, билигин биһиги көрөр, суолталыыр чахчыларбыт биллэн-көстөн, далааһыннанан иһиэхтэрэ.
Учуонай, учуутал быһыытынан үлэтэ
Киһи оҥорбута, туппута барыта кылаат буолбат. Сороҕун өссө туһата суоҕун ааһан буортулаах диэхтэрин сөп. Онон биһиги Н.Тобуруокап оҥорбутун ити кырдьык кытаанах хараҕынан көрөн сыаналыырга дьулуһуохпут. Кини олорбут кэмэ утарсыылаах, арыт мөккүөрдээх да түгэннэрдээх этэ. Ону билигин биһиги ортобутугар Николай Тобуруокап бэйэтэ үчүгэйдик билэр. Оннук дьоннор билиҥҥи кэмҥэ аҕыйаатылар. Атыттар баһын-атаҕын истибит уонна ааҕан билэр буолуохтарын сөп. Н.Тобуруокап үрдүк үөрэх кыһатыгар киллэрбит кылааттарын көрүөххэ.
Бастакытынан, кини саха литэрэтиирэтин устуоруйатын үөрэтиигэ сыһыаннаах бырагырааманы хат бэрийэн уонна устудьуоннарга анаан икки үөрэх кинигэтин суруйан таһаарда: “Саха литэрэтиирэтин устуоруйата (19-с үйэ иккис аҥара уонна 20-с үйэ саҕаланыыта)” (2001) уонна “Өксөкүлээх Өлөксөй айар үлэтин үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэтии” (2001). Н.Тобуруокап саха литэрэтиирэтэ саҕаланыытын А.Я.Уваровскай “Ахтыылара” (1951) бэчээттэниэҕиттэн ааҕыллыахтаах диэн көрүүнү тутуһар. Уонна ону дакаастыырга утумнаахтык чинчийэр үлэни ыытар. Саха салаатын устудьуоннарыгар, онон сахалыы литэрэтиирэ саҕаланыытын 19 үйэ иккис аҥаарыттан “Ахтыыларыттан” ыла үөрэтиини киллэртэрдэ. Маны саха үгүс суруйааччылара уонна чинчийээччилэрэ сорохторо эмиэ ылыммат. Бу мөккүөрү устуоруйа сыаната быһаарыаҕа.
Н.Тобуруокап обкуомҥа үлэлиир кэмиттэн А.Е.Кулаковскай олоҕун уонна айар үлэтин сырдатыыга “тупсаран, күндээрдэн” сыаналааһыны утарааччы, “кырдьыктаахтык” көрдөрүөххэ диэччилэргэ кыттыһара. Онон билиҥҥи кэмҥэ Н.Н.Тобуруокап А.Е.Кулаковскай олоҕун устуоруйатын утарсыытын мөлтөппөккө көрдөрөргө дьулуһар.
Иккиһинэн, кини чинчийэр үлэтин иккис хайысхата хоһоону чинчийии буолар. Кини аспырааннара, үөрэнээччилэрэ хоһоону чинчийиини киэҥник, дириҥник уонна араас хайысхалаахтык ыыталлар. Бу хайысханан үлэ Н.Н.Тобуруокап оскуолатын быһыытынан сыаналанар. Кини үөрэнээччитэ Е.А.Архипованы кытта устудьуоннарга анаан икки босуобуйаны бэлэмнээн таһаардылар. Бастакыта – “Хоһоон тутулун үөрэтии төрүттэрэ” диэн чинчийии ньымаларыгар ананар буоллаҕына, иккистэрэ – “Истоки стихосложения в олонхо “Эр Соготох” А.Я Уваровского” диэн литэрэтиирэ устуоруйатыгар, норуот тылынан уус-уран айымньытын урамньытыгар уонна хоһоон түөрүйэтигэр сыһыаннаах. Дьэ ити кэнниттэн учуонай үөрэнээччитин кытта өссө хоннохтоохтук ылсан үлэлээн олоҥхо хоһоонун чинчийдилэр – суруйааччылар Эрилик Эристиин, Күннүк Уурастыырап уонна норуот ырыаһыттарын Чээбий, Д.М.Говорова, М.Н.Андросов олоҥолорун. Көстөрүн курдук, Н.Тобуруокап дьоҕурдаах үөрэнээччититтэн туйах хатарааччыны бэлэмниир тосхоллоох үлэлэтэр. Бэйэтин түөрүйэтин салгыы сайыннарар мөккүөргэ киллэрэр.
Үсүһүнэн, Н.Тобуруокап үөрэх босуобуйатын оҥорууга тус бэйэтэ кыттарын таһынан, бииргэ үлэлиир дьоннорун уонна үөрэнээччилэрин көҕүлүүр. Бу үлэтэ киниэхэ хас да куобаҕы биирдэ тутарга көмөлөһөр. Биир курдук оскуола үөрэнээччилэригэр уонна устудьуоннарга бэйэтин көрүүтүн тириэрдэргэ дьулуһар. Ол курдук “Саха литэрэтиирэтэ 10-11 кылаастарга” учуобунньуктары Сивцева П.В., Филиппова Н.И. кытта суруйбута. Иккис өттүнэн үөрэнээччилэртэн, бииргэ үлэлиир дьонуттан биир көрүүлээхтэри иитэр. Үһүс өттүнэн, үөрэнээччилэрин үлэлииргэ үөрэтэр, такайар, үүннэрэр.
Төрдүһүнэн, устудьуоннарга “Драматургия поэтиката”, “Уус-уран тиэкис поэтиката”, “И.М.Гоголев олоҕо уонна айар үлэтэ” анал куурустары, сэминээрдэри бэлэмнээбитэ. Бу үөрэхтэр Н.Н.Тобуруокап номууканан арыйбыт чахчыларын холобурдаан, быһааран устудьуоннары бэйиэтикэ эйгэтигэр киллэрэргэ дьулуһуута буолар. Учуонай-учуутал бу саамай улахан ситиһиитэ, үлэтигэр сүрүн кылаата диэн сыаналаныах тустаах.
Бэсиһинэн, саха салаатын устудьуоннарыгар “Литэрэтиирэ түөрүйэтэ” уонна “Литэрэтиирэ үөрэҕэр киирии” курдук уустук, ыарахан дьиссипилиинэлэри сахалыы, саха литэрэтиирэ холобуругар олоҕуран үөрэтиини олохсуппут эрэ буолбакка, маны үөрэнээччилэрэ П.В.Сивцева, В.Б.Окорокова, Е.А.Архипова ааҕар кыахтаналларын ситистэ. Бу сахалыы үөрэтии иитин кэҥэтэр бэлиэ ситиһии буолар. Биһиги, тыл үөрэхтээхтэрэ, Тыл үөрэҕэр киирии уонна Тыл үөрэҕин түөрүйэтин сахалыы ааҕар таһымҥа тахсарбытыгар көҕүлүүр үтүө холобур курдук саыналаныан сөп.
Алтыһынан, Н.Тобуруокап саха билэлиэгийэтин, култууратын бакылтыатыгар литэрэтиирэ идэтигэр дьиссэртээссийэ сэбиэтин арыйан, тус бэйэтэ В.Г.Семенова, Е.А.Архипова, М.П.Попова, М.Н.Дьячковская, Л.Н.Романова, Н.Гаврильева, У.Донгак хандьыдаат буолар үлэлэрин салайда. Урукку аспырааннара П.В.Сивцева, В.Б.Окорокова, В.Г.Семенова дуоктар буолалларыгар көмөлөстө. Бу маныаха барытыгар Н.Тобуруокап учуонай, киһи уонна бэйэмдьи быһыытынан уһулуччу хаачыстыбалара – интеллигенэ, билиитэ уонна далааһына улахан суолталаахтар. Биһиги сахабыт литэрэтиирэтин чинчийии уонна үөрэтии таһыма үрдээһинэ, ситиитэ бу дьиссэртээссийэ сэбиэтэ арыллыытын кытта ситимнээн көрөр буоллахха, Н.Тобуруокап, чахчы, инники көлүөнэ чинчийээччилэр үтүө үгэстэрин тилэри иҥэриммит уонна бэйэтин кэмин литэрэтиирэни чинчийээччилэртэн бастыҥнара буолар. Онон диссэртээссийэ сэбиэтин тэрийиэх киһи тэрийбит диэх тустаахпыт.
Сэттиһинэн, учуонай киэҥ эйгэлээх, далааһыннаах буолуута, чинчийэр үлэтин ис номоҕо, тиэмэтэ дириҥиттэн, далааһыныттан тутулуктааҕын таһынан, кини киһи бэйэмдьи быһыытынан хаачыстыбаларыттан быһаччы сибээстээҕин Н.Тобуруокап үлэтигэр көрөбүт.
Хоһоон түөрүйэтин бүтүн Сибиир эригийиэнин хабан эспэримиэннээн чинчийитэ үгүс учонай болҕомтотун тардыбыт эрэ буолбатах. В.Найдаков (Улан-Удэ), А.Соктоев (Новосибирскай), З.Ахметов (Казахстан), А.Жовтис (Казахстан), Р.Баимов (Башкирия), Н.Родионов (Чувашия) курдук биллэр чинчийээччилэрдиин доҕордоһуннарбыта. Онто дьиссэртээссийэтин сэбиэтин тэрийэригэр эрэ буолбакка, ситиһиилээхтик үлэлэтэригэр уонна үгүс эрэгийиэни кытта киэҥ сибээһи олохтууругар оруолланна. Билигин биһиги үнүстүүппүт Н.Тобуруокап өҥөтүнэн билсиитэ лаппа кэҥээтэ. Маны өссө сайыннарыы, бигэ оҥоруу кини үөрэнээччилэрин уонна биһиги үөрэхпит кыһатын үлэһиттэрин бүгүҥҥү сорукпут буолар.
Кырдьык да, бэрэпиэссэр Николай Тобуруокап үлэтэ-хамнаһа бэйэтин сахатын литэрэтиирэтин чинчийии иититтэн өндөйбүт, онон саха литэрэтиирэтин үөрэҕин Бүтүн Арассыыйа, ону ааһан Аан дойду таһымыгар таһаарбыт сүдү суолталаах диэн этиэх тустаахпыт. Ону мин кэннибинээҕи чинчийээччилэр анаан тохтоон, дириҥник сырдатыахтара диэн эрэнэбин.
Филиппов Г.Г., ф.н.д., ХИФУ бэрэпиэссэрэ