Альтернативнай мэдиссиинэ дуоктара, быраас-натуропат А.П. Слепцова доруобуйаны чэбдигирдэр кэбиниэтэ: биир кэлим ыраастаныы, эмтэнии бырагырааматынан киһи этин-сиинин, ис туругун чөлүгэр түһэрэр. Манна кэлбит ыарыһахтары ынах тылынан, ыҥырыа дьаатынан уонна градиентнай вакуумунан (улахан мэдиссиинэ бааҥкаларынан туруоруу), маны тэҥэ аныгы үйэ натуральнай араас эмтээх отторуттан турар (фитокомплекс) бэйэ оҥоһуга чүмэчилэринэн, отторунан дьарҕа буолбут ыарыылар төрүттэриттэн эмтиир.
Кини чэбдигирдэр киинигэр кэлбит ыарыһахтар санааларын истэбит.
Эдуард Васильев, Хаҥаластан кэлэ сылдьар, 58 саастаах:
-- Сиһим хамнаппат буолан хаалар, уҥа илиим эмиэ хамнаабат. Хааным бөлүөхсүбүт, хойуу, ону ыраастатаары бүгүн 5-с сеанспын ыллым. Үһүс сеанспыттан туругум тупсубутун бэлиэтээтим, чэпчээбит курдук буоллум. Утуйбакка олус эрэйдэнэрим, билигин утуйар буоллум. Онон ситэри барытын ылларбын диэн баҕа санаалаахпын. Бэйэм 3 сыл анараа өттүгэр сүрэх эпэрээссийэтин ааспытым. Эмп бөҕөтүн аныыллара, иһэрим. Эмтэрим – бас быстар сыаната. Аҥаардас биир эмим сыаната 4-5 тыһ.солк. тэҥнэһэр. Көхсүбэр үстэ, кииммэр иккитэ ынах тылын (пиявка) туруортардым. Үчүгэй буолуом диэн эрэнэбин.
Марфа Федорова, 54 саастаах, Сунтаар бөһүөлэгиттэн кэлэ сылдьар:
-- Анаан-минээн уоппускабын ылан эмтэнэ кэлэ сылдьабын. Ангелина Слепцова чэбдигирии киинигэр кэлэн эмтэммит билэр дьонум, киниэхэ эмтэниини ааһан, доруобуйалара көммүтүн, тупсубутун истэрим. Бэйэм хаан баттааһыныттан эрэйдэнэбин, сүһүөхтэрим ыалдьаллар, атын да дьарҕа элбэх. Ону эмтэнэ, көрдөрүнэ, туһалыа диэн эрэл санаалаах сылдьабын.
Бастаан кэлэрбэр тулуйуом суоҕа диэн куттанарым. Онтум баара, бастаан эмтииллэригэр маннык эмтэнии барсарын-барсыбатын кэтээн көрөллөр, сүрдээх көдьүүстээх сүбэ-ама биэрэллэр эбит. Биһиги, тыа дьоно, барытын биирдэ ылан, бара охсуохпутун баҕарарбыт баар суол. Оннук буолбатах эбит. Хас биирдии ыарыһаҕы тус-туспа көрөн эмтииллэр. Бастаан доруобуйаҥ туругуттан көрөн, аҕыйах пиявканы туруораллар. Миэхэ бастакы икки күҥҥэ кииммэр уурбуттара. Бүгүн үһүс сеанспар сиспэр уонна сүнньүбэр туруордулар. От ыйыгар кэлэн салгыы эмтэнэр былааннаахпын.
Галина Максимова, 64 саастаах, Үөһээ Дьааҥы Баатаҕайыттан кэлэ сылдьар:
-- Уруккуттан дьон пиявканан эмтэнэллэрин истэр этим. Ол иһин уоппускабын ыламмын, Дьокуускайга бу кииҥҥэ ааттаан-суоллаан кэлэн эмтэнии кууруһун бара сылдьабын. 10 сеансы ылар баҕалаахпын. Ылбыт бастакы күммүттэн уоскуйан киирэн барбытым. Бүгүн 8-с сеанспын ыла сылдьабын, аны икки сеансы ыларым хаалла. Күн аайы кэлбэппин, быыһыгар тохтобуллаах. Сааһырбыт киһи дьарҕа ыарыыта элбэх буолар, удьуорунан да бэриллэр ыарыы ханна барыай, баар буоллаҕа. Киһи сааһыттан тутулуга суох син биир доруобуйатын туругун көрүнүөхтээх, кэтэниэхтээх. Ол да сиэринэн кэлэн олордоҕум.
Бэйэм аллергиялаахпын, хаан баттааһыннааҕым былырыыҥҥыттан биллибитэ. Наһаа үрдүгэ суох да буоллар, ордук куйаас күннэргэ баарын биллэрэр.
Мария Степанова, 72 саастаах, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
-- Бэс ыйын саҥатыгар циститтээн 5 хонук устата урологияҕа эмтэнэн, катетердана сылдьыбытым. Онтон бу кииҥҥэ кэлэн, бүгүн 8-с сеанспын ыла сылдьабын. Цистиппэр пиявканан эмтэнии сүрдээҕин туһалаата дии саныыбын. Кэнники икки нэдиэлэҕэ катетердана иликпин. Соторутааҕыта анаалыстарбын баран туттарбытым, этэҥҥэ үчүгэй буолан, санаам көтөҕүллэн сылдьабын. Үйэбэр аан бастаан пиявка диэннэринэн эмтэнним уонна олох туһалыыр эбит диэн санааҕа кэллим. Онон пиявканан эмтэнии доруобуйа уопсай туругун барытын тупсарар эбит. Ыалдьар дьон, кэтэмэҕэйдээбэккэ, бу кииҥҥэ Ангелина Петровнаҕа кэлэн эмтэнэргитигэр сүбэлиэм этэ.
Уйбаан Константинов, 72 саастаах, Бүлүү Халбаакытыттан кэлэ сылдьар:
-- Элиэктиригинэн үлэлии сылдьан, 40 сааспар төбөбөр оһоллонон, аҥаар өттүм хамсаабат буола баралыыстаан, сирэйим аҥаара ханньары баран, бастакы курууппалаах инбэлиит буолбутум. Икки сыл курдук эрэйдэммитим. Кэргэним көрөн-истэн, “Хоту” сонотуоруйга иннэҕэ, уокка сырытыннаран эмтэммитим.
Билигин бу ынах тылынан эмтэнэн, боруобалаан көрүөххэ диэн санааттан кэлэн эмтэнэ сылдьабын. Хондуруоспунан эрэйдэнэбин, халлаан уларыйыытын этим-сииним наһаа билэр. Кыайан утуйбакка эрэй бөҕөтүн көрөрүм. Билигин, пиявканан эмтэнии кууруһун барбытым кэннэ, үчүгэйдик утуйар буоллум, хааным баттааһына даҕаны түстэ. Урут 170-180 тиийэрэ, билигин лаппа түстэ. 5 сеансы ыллым, аны 5 сеансы ыларым хаалла. Оһолломмутум кэнниттэн муннум мэлдьи улахан баҕайытык кытара сылдьара, билигин ааһан, кыччаан иһэр. Пиявканан эмтэнэрим таһынан эмчитим Ангелина Петровна анаабыт хаан ыраастыыр оттоох эмтэрин иһэбин. Ол барыта туһалаан, билигин уопсай туругум тубуста.
Ангелина СЛЕПЦОВА, гирудотерапевт:
-- Пиявканан 2009 cылтан эмтиибин. Дьону биир кэлим ньыманы туттан эмтиибин. Ол эбэтэр аҥаардас пиявканан эрэ буолбакка, 3-5 лиитирэлээх мэдиссиинэ бааҥкаларынан (вакуумная терапия) эмиэ эмтиибин. Хаан, чэлкэх барарын, тахсарын көмөлөһөр. Ол кэнниттэн пиявкалары уурабын. Маны сэргэ хааны ыраастыыр фитосбордары оҥоробун, маны тэ²э тэллэйи (противогрибковый) уонна µ³нµ-к³йµµрµ утары булкада´ыктар бааллар. Маны барытын соҕурууттан анаан сакаастыыбын. Бэйэм ректальнай чүмэчилэри оҥоробун.
Ыарыһах биир кэлимник эмтэннэҕинэ, мээнэ ыалдьыбат, сылаабайдаабат, сэниэлээх, уҥуохтара-иҥиэхтэрэ кэбирээбэт. Хааннарын эргиирэ тупсар, бары уорганнарга дьайыыта үтүө түмүктээх буолар. Уу иһэр наһаа наадалаах. Ыраас ууну испэт дьон элбэх ыарыылаах, хааннара хойуу буолар. Туох куһаҕаны барытын уу эрэ сууйар, сайгыыр аналлаах. Биһиги таһыттан тириибитин эрэ сууммакка, ис өттүбүт, турукпут эмиэ ыраас буоларын ситиһиэхтээхпит. Ууну бытааннык кыра-кыратык омурдан, аһылык икки ардыгар иһиллиэхтээх. Аһыы олорон испит чэйиҥ, ууҥ аахсыллыбат. Ууну испэт киһи мэйиитэ хатан, эрдэ түөһэйэр, ис уорганнарга кууруу-хатыы барар, хаан хойдор, бөлүөхсэр. Онон ыраас ууну кыра-кыралаан мэлдьи иһэ сылдьыллыахтаах. Хамсык ыарыы кэнниттэн хаан хойдоро элбээтэ. Кирдээх, хойуу хааннаах дьон хамсыкка ыараханнык ойо±остотоллор. Кинилэргэ хааннарын микрооциркуляцията капиллярдарынан эргийэрэ мөлтүүр. Хамсык кэнниттэн пиявканан эмтэнии доруобуйаны түргэнник чөлүгэр түһэрэр эбит.
Норуот эмтиир былыргы ньымалара билиҥҥи кэмҥэ күүскэ сайдан эрэллэр. Сымнаҕастык уонна сэрэнэн ыарыыга дьайаллар. Ис уорганнарга хааны хааччыйаллар, дьүдьэйиини, кислород тиийбэтин туораталлар. Эт-сиин бэйэтин бэйэтэ чэбдигирдэн, чөлүгэр түһэрэр, онон сиэттэрэн араас ыарыыттан босхолуур. Холобур, сүрэх-тымыр, тыынар уорганнар, ис-үөс, ньиэрбэ, ууһатар уорганнар, дьахталлар тымныйыыларыттан, сүһүөх, сис, тирии баастарыттан, эндокриннай ыарыылартан уо.д.а.
Эмтээх оттор силистэриттэн оноһуллубут хааны ыраастыыр фитокомплекстарынан, чумэчилэринэн, ынах тылынан, ы²ырыа мүөтүнэн дьон хаанын ыраастаан, араас ыарыыны эмтиирбин сөбүлүүбүн. Барыта туох да хиимийэтэ суох буолан, дьон этэ²²э үтүөрэриттэн ордук дьол суох.
Наадыйбыт, кыһалҕалаах дьон 8 9142700552 (бассаап) уонна 700-552 төлөпүөн нүөмэрдэринэн эбэтэр телеграм slepsova_angelina билсиэхтэрин сөп.
Саргылаана БАГЫНАНОВА.
Разрешение МЗ РС(Я) на занятие народной медициной номер 008606 до 28.01.2025.