86 саастаах Валентина Эспек – Красноярскай кыраай Дьэһиэйин олохтооҕо. Ааспыт нэдиэлэ чэппиэригэр Красноярскайтан көтөн кэлбитэ. Сарсыныгар Өктөмҥө барыахтаах, өйүүнүгэр Өлүөхүмэҕэ көтүөхтээх этэ. Онон, тута баттаһан, көтөн кэлбит күнүн киэһэтигэр – Мерзлотка түөлбэтигэр баар даачаҕа сэһэргэспиппит.
Валентина Христофоровна Санкт-Петербурга икки үөрэх кыһатын тэҥинэн бүтэрбит (тыа хаһаайыстыбатын уонна Александр Герцен аатынан педагогика институттарын). Ити 1956 сыллаахха. “Ол кэмҥэ хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэрин икки үөрэх кыһатыгар үөрэтэр буола сылдьыбыттара, – диир кини. – Хас да идэни баһылаан, төрөөбүт түөлбэлэригэр туһаны аҕаллыннар диэн санааттан”.
Үөрэҕин бүтэрээт Дьэһиэйгэ үс сыл үлэлээбит, онтон Арсентий Халтанов диэн Өлүөхүмэ киһитигэр кэргэн тахсыбыт. Онон, 1964 сылтан Өлүөхүмэҕэ үлэлээбит. “Ол да буоллар дьэһиэйдэри барыларын билэбин, – диир Валентина Христофоровна. – Төрүччүлэрин суруйбутум, билигин ону кэҥэтэ, салгыы сылдьабын”.
Кини билигин Дьэһиэйгэ олорор эбит. Валентина Христофоровнаны кытта кылгас кэмҥэ алтыһан аастарбын – Саха сирин ис сүрэҕиттэн таптыыра, олоҕун-дьаһаҕын интэриэһиргиирэ, ситиһиилэринэн киэн туттара көстөр. “Эвенкияҕа Саха сирин тэлэбиидэнньэтин мин эрэ көрөбүн, – диир кини. – Ол туһуттан анал “тэриэлкэ” туруортарбытым”. Тэлэбиисэр экраныттан сөбүлээбит түгэннэрин хаартыскаҕа түһэрэр, бэчээттэтэр эбит. “Былыр улахан сыыһаны оҥорбуттар, – диир кини. – Дьэһиэй Саха сирин састаабыгар киириэхтээх этэ. Саха сириттэн бэрт аҕыйах биэрэстэлээх сиргэ баарбыт ээ”. “Саха сирин үөрэҕириигэ систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ” диэн ааты ылбытынан киэн туттар, дастабырыанньатын көрдөрөр, хаһыакка хайаан да бэлиэтээн ааһарбар көрдөһөр.
Валентина Христофоровна элбэх кэпсээннээх. Хааһахтан хостоон эрэрдии, төһө баҕарар сэһэргии олоруох курдук.
– Валентина Христофоровна, Дьэһиэйгэ олох-дьаһах хайдаҕый?
– Дьэһиэйгэ олох-дьаһах соччото суох диэн быһаччы этиэххэ сөп. Ол сүрүн төрүөтэ – үлэ суоҕа. Сэбиэскэй кэмҥэ саһылы, кырсаны иитэр звероферма, ынах сүөһүнү иитэр ферма бааллара. Онно элбэх киһи үлэлиирэ, хамнас аахсара. Сылгы үөрдэрэ, сылгыһыттар эмиэ бааллара. Онон, сайынын элбэх оту оттууллара. Сэбиэскэй былаас эстээтин – ити барыта биирдэ мэлис гыммыта. Сопхуос баайын-дуолун, кыылын, сүөһүтүн дьон үллэстибитэ. Ол үллэстэн баран – кыайан көрбөккө-харайбакка, аһаппакка – сыыйа барыта эстибитэ.
Онон, билигин, олохтоохтор дьарыктара – булт уонна балыктааһын. Итилэринэн сылы эргиччи дьарыктаммаккын. Холобур, булт саамай тахсыылаах кэмэ – күһүн. Ону да булчуттар кыыл таба ааһар кэмин таба тутуохтарын наада. Кыратык тардылынныҥ, дубук тутуннуҥ – кыыл таба ааһан хаалар. Аны дьон “бурааннарыгар” бэнсиин ылыахтарын харчылара аҕыйах эбэтэр олох да суох. Онон, сорохтор бэнсиининэн кэмигэр хааччыммакка – күһүҥҥү бултан маталлар.
– Чааһынай табалаах дьон баар дуо?
– Суох, биир да таба суох. Дьэһиэйгэ дьиэ табата суох буолбута ыраатта. Уон биэс эҥин сыл буолбута буолуо. Таба суох буолла да – үлэ суох буоллаҕа дии. Уонна киһи барыта бултуур, балыктыыр буолбатах. Кыанар, бүгүҥҥү балаһыанньаны өйдүүр, араас үүтү-хайаҕаһы тобулар 45-50 саастаах дьон бултууллар. Бурааннарынан сылдьан кыыллыыллар. Булт сезонугар хас эмэ тыһыынчанан дьиикэй таба бултанар. Өлөрүллүбүт табаны астыы сатаабаттар. Иһэ онно хаалар, хаана тохтор.
Онтон, сүнньүнэн ыллахха, үгүс киһи үлэтэ суох. Икки-үс киһи хачыгаардыа эбэтэр остуорастыа. Биир эмэ киһи табаар атыылыа. Онон, хамнас аахсар дьон – учууталлар уонна уһуйаан үлэһиттэрэ.
– “Кыыллыыллар” диэн кыыл табаны бултаһалларын этэр буоллаҕыҥ?
– Оннук, Дьэһиэйгэ туттуллар тыл, “кыыллыы бардылар” эҥин диэн. “Дьиэ табата биир да суох” диэн ити эттим. Онон, булчуттар бурааннарынан сылдьан бултууллар. Кинилэр сүрүн кыһалҕалара – бэнсиин. Булчут киэҥ сиринэн тэлэһийэн сырыттаҕына биирдэ бултуйар буоллаҕа. Онон, эппитим курдук, элбэх киһи бултуур кыаҕа суох. Уонна, биллэн турар, булчут барыта “Бураан” атыылаһар кыаҕа суох.
Биһиэхэ, от ыйыгар биирдэ балыктыахха сөп, тоҕо диэтэххэ – күөлбүт ити ыйга биирдэ муустан “босхолонор”. Сылаас күн-дьыл туран биэрдэҕинэ – бэс ыйын тиһэх күннэриттэн балыктаан барааччылар. Анаан балыктыыр дьон туттарыахтарын эҥин сөп.
– Дьэһиэйи бородууктанан урбаанньыттар хааччыйаллар дуу, олохтоох дьаһалта эмиэ көмөлөһөр дуу?
– Оройуоммут киинэ Тура бөһүөлэк Дьэһиэйтэн 476 биэрэстэ тэйиччи сытар. Бородууктаны Тура бөһүөлэктэн аҕалаллар. Олохтоох дьаһалта да аҕалааччы, урбаанньыттар да аҕалааччылар. Бэкээринэлээхпит, онон, нэһилиэнньэҕэ килиэп атыыланар. Урут лабыктаны сууйан, хатаран баран мэлийэрбит. Онтубут бурдук курдук буолара. Ол “бурдугунан” килиэп, лэппиэскэ, алаадьы астыырбыт.
– Сэлиэнньэҕэ кулууп баар дуу?
– Кыараҕас, икки эрэ ыскамыайка турар хоһун “култуура дьиэтэ” диэн ааттыыллар. Ол – кулуупка анала суох дьиэ буоллаҕа. Биир кулууп үлэһитэ баар.
– Оттон, бибилэтиэкэ баар дуу?
– Баар да, онно биир да сахалыы кинигэ суох. Сахалыы хаһыаттар, сурунааллар суохтар. Кинигэ туһунан этэ да барбаккын. Бэл, сахалыы тылынан оҕо кинигэтэ суох.
– Оройуон хаһыата кэлэр ини?
– Оройуон хаһыатын ким да суруппат. Ыйга биирдэ бөртөлүөт кэллэҕинэ, тарҕатыахтара. Онон, сонуна сойбут, суолтата сүппүт хаһыакка ким наадыйыай?
– Ол да буоллар сахалыы саҥара, кэпсэтэ сылдьар дьон буоллаххыт?
– Эдэрдэр сахалыы саҥарбаттар, кырдьаҕастар эрэ кэпсэтэбит. Сорох эдэрдэр, ордук 35-40 саастаахтар, сахалыы син саҥараллар. Ол гынан баран, син биир үксүн нууччалыы саҥараллар. Оттон олох эдэрдэр уонна оскуола оҕолоро нууччалыы эрэ кэпсэтэллэр. Нуучча тыла чэпчэкитигэр дылы, “Якутский язык сложный” дииллэр ээ.
– Сахалыы тыллаах дьон түөлбэлээн олорор сиригэр ыччат төрөөбүт тылынан кэпсэппитин төрүөтэ туохха сытарый?
– Төрүөтү аахтахха элбэх буолуо. Сахалыы кинигэ, хаһыат, сурунаал суоҕуттан саҕалаан. Аны оскуолабыт дириэктэрэ бэйэтинэн: “Саха тыла туохха нааданый?” – диир ээ.
– Ноо...
– Дьэ, оннук... Кини ону: “Куораттарга үөрэнэ бардахтарына – нууччалыы тылынан үөрэниэхтэрэ”, – диэн матыыптыыр. Оскуола дириэктэрэ нуучча, онон, учууталлар эмиэ нууччалыы саҥараллар. Ити дириэктэр Дьэһиэй оскуолатыгар бэрт уһуннук үлэлээтэ.
– Дьэһиэй национальнай уратытын көрдөрөр ансаамбыл баар дуу?
– “Хотугу сулус” диэн ансаамбыл баар. Онно эдэр ыччаттар уонна оскуола оҕолоро ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр. Көрөргө олус үчүгэй дьэрэкээн ойуулаах-оһуордаах таҥастары тиктэллэр. Салайааччылара – Улан-Удэ култуураҕа институтун бүтэрбит Лена Бети. Кини олус кыһаллан, бэрт үчүгэйдик үлэлиир. Ол гынан баран оскуолабытыгар 150 кэриҥэ оҕо баар, олору барыларын хабар кыаҕа суох буоллаҕа.
– Сэлиэнньэҕэ балыыһа баар дуу?
– Оо, дьэ, ити саамай ыарыылаах боппуруоспут. “Саамай сүрүн кыһалҕабыт”, – диэтэххэ, баһан этии буолбат. Дьэһиэйгэ балыыһа суох. Саатар биир ыарыһах сытар куойката да көрүллүбэт. Биир быраас баар. Олохтоох киһи. Ыарахан ыарыһаҕы бөртөлүөтүнэн оройуоммут киинигэр, Тураҕа илдьэллэр. Бөртөлүөт үс чаас көтөр. Ити көтөр тэрил кыра да тыалга иҥнэл-таҥнал түһэрин, хачайдыырын билэр буолуохтааххыт. Онон, ыарахан ыарыһах бөртөлүөккэ да тыына быстыан сөп. Аны туман, күүстээх тыал, бытарҕан тымныы эҥин буоллаҕына бөртөлүөт да, сөмөлүөт да кэлбэт. Оттон ыарахан ыарыһах быыһанарыгар хас биирдии чаас күндү буоллаҕа.
– Өлүөхүмэҕэ бастаан тиийэн баран, өйдөөбөт тылларыҥ бааллара буолуо?
– Көрсүбүт дьонум: “Туох кэпсиэ?” – дииллэрэ. Ону мин “сонуҥҥун кэпсээ” диэтилэр диэн ылынар буоллаҕым. Онон, тоҕо-хоро кэпсээбитинэн барарым. Дьонум: “Ити биһиги эйигин кытта дорооболоһобут ээ”, – дии-дии, күлсэллэрэ. Өлүөхүмэ ураты дойду буоллаҕа. Биирдэ кэллиэгэбин кытта дьиэлээн истибит. Суол арахсыыта кэлбитигэр, туораатым. Ону кэллиэгэм: “Почему там хамаешь? Мы тут идили”, – диэн күллэрбитэ.
Бастаан Абаҕа нэһилиэгэр үлэлээбитим. Онно күлэ-үөрэ наар: “Окошканан посмотрилаа эрэ, тётяҥ идёттуур буоллаҕына – самоваргын поставьтаа”, – дииллэрэ. Домоххо кубулуйбут этии буоллаҕа.
Биирдэ кэллиэгэлэрбин кытта тэлиэгэлээх атынан сугуннуу барбыппыт. Онно тэлиэгэттэн түһэн баран, аппын ыытаары: “Т-п-р-уу!” – диибин уонна үүрэ сатыыбын. Биһиги табалары итинник үүрээччибит. Арай атым барбат, дьирэччи тэбинэн баран, турар. Чүөчэлэр күлсүү бөҕө буолбуттара.
– Дьиэҕэ-уокка да көрүдьүөс түгэннэр тахсаллара буолуо?
– Дьонум биир сарсыарда оттуу барбыттара. Бараары туран: “Иһиттэри баласкаайга сууйаар, киэһэ кэлэрбитигэр куубукка күөстээн тоһуйаар”, – диэбиттэрэ. “Баласкаай”, “куубук” диэн тугу ааттыылларын билбэппин, ол да буоллар ыйытыахпын кыбыстабын. “Тугу да билбэт киһиний”, – диэхтэрэ диэммин. Баласкаай диэни көрдөөн көрдүм да, булбатым. “Полоскайдыыр”, сууйар иһит, – диэн өйдүүбүн. Инньэ гынан сууйбакка олоруом дуо, иһиттэри миискэҕэ сууйбутум. Аны “куубук” диэн ааттанар “кубическай”, “кыбадыраат” моһуоннаах иһити көрдөөтүм. Булбатым, онон, көстүрүүлэҕэ күөстээтим.
Уонна дьонум киэһэ 7-8 чаас саҕана кэлэллэрин көһүтэ барбакка, кинилэргэ көмөлөһө барар санаа киирдэ. Тимир кыраабылы сүгээт, оттуур ходуһаларын диэки бара турдум. Көрсүбүт дьонум миигин көрөөт, күлүү-салыы бөҕө буолбуттара. Эбиитин: “Туох кэпсиэ?” – дииллэр. Мин тохтоот, күннээҕи сонуммун кэпсээбитинэн барбытым. Онтон быһаарбыттара, кинилэр от үлэтигэр тимир кыраабылы туттубаттарын.
Өлүөхүмэҕэ үлэлээбит, олорбут кэммин олус күндүтүк саныыбын. Бу ахтылҕаммын таһаара баран иһэбин.
Оттон Дьэһиэй уруккута буолбатах, кыһалҕа элбэх. Красноярскай кыраай дьаһалтата Дьэһиэйгэ кыһаммат. Өлүөхүмэҕэ үлэлээбитим, олорбутум кэнниттэн – Дьэһиэйгэ көһөн аҕыс сыл олордум. Дьэ, ол тухары Тураттан оройуон салайааччыта биирдэ да кэлэ сылдьыбата. Оттон, “Күбүрүнэтээр Дьэһиэйгэ кэлиэ диэн” санааҕар да оҕустарбаккын.
– Валентина Христофровна, сэргэх кэпсээниҥ иһин улахан махтал!
Федор РАХЛЕЕВ.