Аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаныыларынан уонна дьон олоҕор кутталы үөскэтэллэринэн сүрэх уонна тымыр ыарыылара бастакы миэстэҕэ тураллар. Балары баалатыы инсульт уонна инфаркт диэн ыарахан ыарыыларга тиэрдэр. Биир үксүн дьон, кэмигэр көрдөрүммэккэ, эмтэммэккэ уонна харыстаммакка, ыарыыны баалатан кэбиһэн былдьаналлар. Исписэлиистэр этэллэринэн, сүрэх уонна тымыр ыарыылара эдэрчи дьон ортотугар элбээн иһэллэр.
Онуоха, ыарыһахха сөптөөх диагноһы туруорар, тиһэҕэр диэри эмтиир үрдүк таһымнаах быраастары дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэр биһиги ытык иэспит буолар. Олортон биирдэстэрэ – Дьокуускай куорат «Аврора» клиникатын соҕотох кардиолог-аритмолога Туйара Румянцева. Тус бэйэм киниэхэ биирдэ эрэ көрдөрбүтүм эрээри, дириҥ билиилээх, уопуттаах кардиолог буоларын тута өйдөөбүтүм. Ол да иһин, бүгүн кинини кытта кэпсэтэр түгэн үөскээбититтэн олус үөрдүм.
– Туйара Дмитриевна, кардиологынан үлэлээбитиҥ төһө ыраатта?
– Мин кардиологынан үлэлээбитим уонтан тахса сыл буолла. Ординатураны бүтэрээт, кардиологическэй диспансерга үлэлии киирбитим улахан табыллыым эбит. Бу миэхэ олус элбэҕи биэрбитэ. Араас диагнозтаах, сытан эрэ эмтэнэр ыарыһахтары кытта үлэлээбит уопутум билигин олус туһалыыр. Наар поликлиникаҕа олорон тахсыбытым эбитэ буоллар, билиим таһыма арыый тутах буолуох этэ.
– Сүрэх ыарыыта туохтан үөскүүрүй уонна эрдэттэн хайдах сэрэтиэххэ сөбүй?
– Мин көрүүбүнэн, биир үксүн дьон доруобуйаларын аанньа аахайбаттарыттан, куһаҕан дьаллыктан, сыыһа аһааһынтан, хамсаммакка биир сиргэ олорууттан, уойууттан сүрэх ыарыһах буолаллар. Манна аныгы олох истириэһэ, түргэн тэтимэ, мөлтөх экологията, буортулаах аһа-үөлэ эбиллэн биэрэр. Бу барыта хаан баттааһынын булкуллуутугар тиэрдэр. Сүрэх ыарыыта биир үксүн итинтэн саҕаланар. Ол да иһин, үрдүк уонна намыһах хаан баттааһыннаах дьон диэн араарабыт. Хайалара даҕаны хаан баттааһынын булкуллуутун көрдөрөллөр. Бу сүрэх ыарыытыгар кубулуйбатын туһугар, хаан баттааһынын тэҥнииргэ кыһаллан, өйбүтүн-санаабытын, олоххо уонна доруобуйаҕа сыһыаммытын уларытан, сөптөөх дьайыылары оҥоруох тустаахпыт.
– Эһиги клиникаҕытыгар сүрэх ыарыыларын сэрэтэр уонна эмтиир анал бырагыраама үлэлиир диэн истибитим. Ол туһунан кэпсээ эрэ.
– Бу чопчу сүрэх ыарыыларын сэрэтэр уонна эмтиир бырагыраама биһиги клиникабытыгар номнуо төрдүс сылын үлэлиир. Манна 40-тан 65-кэ диэри саастаах дьон ОМС полиһынан сүрэхтэрин босхо бэрэбиэркэлэтиэхтэрин сөп. Онуоха биһиги клиникабытыгар хайаан да сыһыарыллыбыт буолуохтаахтар диэн ирдэбил суох. Сүрэхтэрин туругуттан долгуйар, ыарытыйар эбэтэр хайыы үйэ диагнозтаах дьон, улуустан кэлэ сылдьааччылар, ким баҕарар кэлэн көрдөрүөн син. Сүрүнэ, сааһынан хапсыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, 40 саас кэннэ киһи этигэр-хааныгар, ордук дьахтар аймахха, элбэх уларыйыы барар. Онон, хаан баттааһынын, сүрэх туругун бу саастан көрүнэн саҕалыыр ордук.
– Сүрэхтэрин көрдөрүнэ кэлбит дьоҥҥо чопчу туох чинчийиини ыытаҕыт?
– Бастаан, диагноз туруорар сыалтан, хаан баттааһынын быһаарабыт. Кэһиллиилээх дьоҥҥо хайаан да кардиограмма оҥоробут, сүрэхтэрин УЗИ аппаратынан көрөбүт уонна сүрүн анаалыстары ылабыт. Онно тугу эмэ буллахпытына, салгыы атын дьайыылары оҥоробут. Холобура, ишемическэй ыарыы сабаҕаланар түгэнигэр, холтер-аппараты кэтэрдэммит кэтээн көрөбүт. Манна аритмия, ишемия баара, суоҕа үчүгэйдик көстөр. Оттон сүрэҕэр чопчу диагнозтаах киһи кэллэҕинэ, инники түмүктэрин уонна эмтэниитэ төһө сөпкө анаммытын быһаарабыт. Ону таһынан, пациент билиҥҥи туругар олоҕуран, салгыы хайдах эмтэниэхтээҕин сүбэлиибит. Олоххо араас: холобура, эмтэнии хара маҥнайгыттан сыыһа анаммыт, өр кэмҥэ көрдөрүммэккэ сылдьыыттан ыйааһыннара уларыйан (уойан эбэтэр ыран), иһэр эмтэрин кээмэйин уларытар эбэтэр төрүт даҕаны тохтотор кэм уолдьаспыт, сорохтор ыарыыларын баалатан, сытар балыыһаҕа киирэн эмтэнэр, эпэрээссийэҕэ барар турукка тиийбит түгэннэрэ уонна да атыттар баар буолаллар.
– Бу кэнники икки-үс сыл тухары сайыммыт, куйааһын ааһан, хойуу буруонан тумнарар буолла. Манныкка сүрэх ыарыыта төһө элбиирий?
– Манныкка, биллэн турар, олус элбиир. Чуолаан, сүрэх ишемическэй ыарыыта бэргиир. Ишемия диэн сүрэххэ салгын тиийиитэ мөлтүүрэ буолар. Оттон кирдээх, буруо булкаастаах салгынынан тыынартан өссө мөлтүүр буоллаҕа. Ону сэргэ, тыҥаҕа салгын киириитэ мөлтөөн биэрэр. Оччоҕо хаан баттааһына түһэн-тахсан киирэн барар. Ол да иһин, бу кэмҥэ Суһал көмөнү ыҥырыы элбиир. Харыстаныы өттүгэр этэр буоллахха, куйаас уонна буруолаах күҥҥэ диагнозтаах дьон анаммыт эмтэрин көтүппэккэ иһэллэрэ уонна бэйэни үчүгэйдик кэтэнэн-мананан, аа-дьуо сылдьаллара ирдэнэр.
– Оттон диагноһа суох киһи сүрэҕэ мөлтөөбүтүн, ыарыы буолан эрэрин хайдах сибикилиэн сөбүй?
– Киһи кыраттан аҕылыыр, түргэнник сылайар, сэниэтэ баранар, хаанын баттааһына түһэр-тахсар, салгына тиийбэт, элбэхтик хамсанарын, илиитинэн үлэлиирин ыарырҕатар, түүн сүрэҕин тэбиититтэн уһуктан кэлэр, түүнү быһа кыайан утуйбат буоллаҕына, кэлэн сүрэҕин көрдөрүнэрэ ордук.
– Туйара Дмитриевна, кэпсээниҥ уонна сүбэҥ иһин барҕа махтал. Баҕар, көрдөрүммэккэ саарыы сылдьар дьон, бу матырыйаалы ааҕан, бэйэлэригэр уонна дьиэ кэргэннэригэр туһалаах хардыыны оҥоруохтара диэн эрэнэбин.
Кэпсэттэ Күндэли