Киир

Киир

Быйыл Саха судаарыстыбаннаһын 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир кэммитигэр миигиттэн хас да ытык кырдьаҕас: “Биһиги чулуу уолаттарбыт автономия туруорсалларыгар тоҕо биир да нуучча дуу, атын омук дуу киһитэ кыттыспатаҕай?” – диэн ыйыттылар. Онуоха мин: “Бааллара эрээри... Тоҕо кинилэри ким да ахтыбатын билбэппин”, – диэн куотуннум. Чахчыта да, биһиги күммүт-ыйбыт барыта бэйэбит эрэ дьоммутуттан тахсар, кинилэри кытта бииргэ үлэлээбит үгүс киһи аата күлүккэ анньыллыбыт курдук.

Саха сирэ “автономнай өрөспүүбүлүкэ” ыстаатыһын ылыытыгар Аммосовы, Ойуунускайы уонна Бараховы кытта бииргэ үлэлээбит, Москубаҕа РСФСР бары судаарыстыбаннай уорганнарыгар ону олохтоохтук туруорсубут киһинэн Андрей Илларионович Мордвов (1885-1953) ааҕыллыан сөп. Өскөтүн биһиги ити этиллибит 3 хоһуун дьоммут, сүрүннээн, автономия туһунан бартыыйынай, бэлитиичэскэй уураахтары бэлэмнээһиҥҥэ уонна бигэргэтиигэ үлэлээбит буоллахтарына, А.Мордвов автономия экэнэмиичэскэй тирэҕин оҥорууга уонна Саха сирин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ буолан дипломаттыы үлэҕэ сылдьыбыта. ВЦИК-кэ уонна РСФСР Омуктар дьыалаларыгар наркоматыгар Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын туруорсан күүскэ үлэлээбитэ, ылыннарыылаахтык көмүскээбитэ. Биһиги быйыл автономия 100 сылынан бэрт элбэх бэлитиичэскэй-судаарыстыбаннай диэйэтэли ахтан чиэстээтибит эрээри, автономия экэниэмикэтин уонна дипломатиятын акылаатын уурбут киһибитин – А.И. Мордвову – биирдэ да санаан аһарбатыбыт.

Андрей Илларионович Мордвов 1885 с. Самара уобалаһыгар төрөөбүтэ. Омугунан – нуучча. Бассабыык баартыйатыгар 1913 с. Саха сиригэр сылдьан киирбит. Кэлин Москубаҕа ССРС Тас эргиэнин үрдүкү салайар үлэһиттэрин 2 сыллаах (1934-1936 сс.) Үрдүкү куурустарын бүтэрбит. Тас дойдуларга кытта атыыны-эргиэни тэрийэр улахан исписэлиис буолбут.

Андрей Мордвов букатын эдэр сааһыттан эргиэн-урбаан үлэтигэр сыстан барбыт. Ол курдук, өссө 13 саастаах оҕо сылдьан, аҕата көҥүллээн, икки атыыһыты наймылаһан Тюмень, Курган күбүөрүнэлэригэр бирикээсчигинэн үлэлээбит. 1905-1913 сс. Иркутскайга А.Ф. Второв атыыһыкка үлэҕэ киирэн, Красноярскайга, Читаҕа, Кяхтаҕа, Благовещенскайга, Хабаровскайга буолар атыы дьаарбаҥкаларыгар бэрикээсчигинэн сылдьыбыт. 1905 с. Иркутскайга буолбут өрөбөлүүссүйэ хамсааһыныгар, 1913 с. стачкаҕа кыттыһан хаайылла сылдьыбыт. Онтон босхолонон баран, А.И. Громова диэн атыыһыт дьахтар хампаанньатыгар үлэҕэ киирэн, фирма Саха сиринээҕи салаатыгар үлэлии 1913 с. атырдьах ыйыгар Дьокуускайга кэлбит. 1914 с. Бирикээсчиктэр сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Е.Ярославскай солбуйааччытынан талыллыбыт. Мордвов аатыгар 1915-1917 сс. кыраныысса таһыттан, Ригатааҕы бааны уҥуордаан Женеваттан (В.Ленинтэн) кэлэр харчы бэлитиичэскэй сыылынайдары өйүүр кистэлэҥ каассаҕа барара.

1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн кини Куттал суох буолуутун уонна Уобалаһы аһынан-үөлүнэн хааччыйар кэмитиэттэр чилиэннэринэн талыллыбыта. Саха сирин эргиэнин-урбаанын дьаһайса Иркутскайга бара сылдьан, 1918 с. сайыныгар Рыдзинскай этэрээтин кытта Дьокуускайга кэлэн сэбиэскэй былааһы олохтоспута. Ол кэннэ Иркутскайга төннөн тиийэн, бэрт элбэх эрэйи-буруйу көрсүбүтэ, 1919 с. тохсунньутугар диэри хаайыллан олорбута. Колчак былааһа сууллубутун кэннэ, баартыйа сорудаҕынан, А.Мордвов Иркутскайдааҕы Губпродком кэллиэгийэтин чилиэнинэн үлэлээбитэ.

Ити кэмҥэ Саха сиригэр ас-табаар кэлиитэ тохтоон улахан быстарык буола сылдьыбыта. Бу түгэҥҥэ РКП(б) Саха сиринээҕи Губкома уонна Губревком кинини өйдөөн-санаан кэлбиттэрэ... 1921 с. олунньу 25 күнүгэр “Омскай, Иркутскай, Владивосток куораттарга Саха күбүөрүнэтин боломуочунайын быһыытынан дьыаланы-куолуну барытын илиигэр ыларгар...” диэн көрдөһүү тэлэгирээмэ ыытыллыбыта.

Бу адьас сөптөөх дьаһал этэ. Андрей Илларионович Сибиири барытын кэрийбит буолан, салалтаҕа саҥа кэлбит бассабыыктары, эргиэн-урбаан боппуруоһун иһиттэн үчүгэйдик билэрэ. Ханнык ас-үөл, ханнык табаар ханна оҥоһулларын эҥкилэ суох билэр буолан, 1921 с. сааһыгар Саха сиригэр табаар бөҕөтүн ыыппыта (98 тыһ. буут бурдугу, 75 буут суоданы, 600 дьааһык испиискэни, 5 тыһ. буут кыраһыыны, 64 булуугу, 20 от охсор массыынаны, 5 бурдук быһар массыынаны, 3 тыһ. сиэрпэни, 10 тыһ. хотууру, 200 сэппэрээтэри, 20 тыһ. арсыын оҕо уонна ийэ таҥаһын, саа сэбин, сибиниэһи уо.д.а.).

Мордвов ити курдук киэҥ хоннохтоохтук уонна аһыллан үлэлии сырыттаҕына, 1922 с. тохсунньутун 13 күнүгэр Дьокуускайтан саҥа тэлэгирээмэ кэлбитэ. Губбюро кинини суһаллык Москубаҕа баран Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин туруорсар хамыыһыйаны тэрийэн үлэлэтэригэр ыҥырбыта.

Бу кэнниттэн Андрей Илларионович Иркутскайтан Москубаҕа тиийэн, Саха автономиятын ситиһэр иһин сорунуулаахтык үлэлээбитэ. Саха Губбюротуттан, Губревкомуттан кэлэр туруорсуулары, сургу-бичиги, докумуону РКП(б) Киин кэмитиэтигэр, РСФСР ВЦИК-р, Совнаркомугар, Наркомнацка илдьэн быһаартарара, дьыаланы салгыы хаамтарара. Ити кэмҥэ Ойуунускайдаах Барахов Дьокуускайга олорон үлэлээбиттэрэ, Аммосов үлэтэ элбэх буолан кэлэ-бара сылдьыбыта. Оттон Мордвов анаан Москубаҕа олорон бу боппуруоһу барытын быһаччы быһаарсар бэрэстэбиитэл буолбута.

1922 с. муус устар 27 күнүгэр ВЦИК Бүрүсүдьүүмэ Саха АССР-ы тэрийэр туһунан Дэкириэти бигэргэппитэ. Бу сүдү суолталаах мунньахха Андрей Мордвов Саха сирин аатыттан соҕотоҕун кыттыбыта.

Саха сирэ автономияны ылбытын кэннэ, Андрей Илларионович, Саха Губревкомун 21.06.1922 с. уурааҕынан, Саха АССР ВЦИК-кэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлинэн анаммыта. Бу эппиэттээх дуоһунаска кини 1923 с. ахсынньытын 17 күнүгэр диэри үлэлээбитэ. Кини олус улахан боломуочуйалааҕа: РСФСР бары судаарыстыбаннай уорганнарын кытта бэлиитикэ-экэниэмикэ бары боппуруостарын быһаарсара, сүбэлэһиилэри түһэрсэрэ, атын эрэгийиэннэри кытта экэниэмикэ, бииргэ үлэлэһии боппуруостарын сүрүннүүрэ.

А.И. Мордвов Саха сирин аатыттан дэлэгээт буолан Сэбиэттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы IX уонна X сийиэстэригэр (1921, 1922 сс.) кыттыбыта, ВЦИК чилиэнигэр хандьыдаат буолбута, Сэбиэттэр Саха сиринэээҕи I Учредительнэй сийиэстэригэр (1922-1923 сс.) дэлэгээт быһыытынан сылдьыбыта, ЯЦИК чилиэнэ буолбута.

Андрей Мордвов Саха сиригэр оҥорбут биир сүдү үтүөтэ: 1920-1922 сс. Саха сириттэн хомуллубут, Киин Арассыыйаҕа кыайан барбакка хаалбыт, үрүҥнэр уонна кыһыллар илиилэригэр киирэн тахсыталаабыт күндү түүлээҕи кыраныысса таһыгар таһааран, Англияҕа тиэрдэн, Лондон аукционугар батарбыта. Бу түүлээхтэн киирбит харчы Саха АССР гражданскай сэрииттэн айгыраабыт олоҕун көннөрүүгэ, бөҕөргөтүүгэ туохха да тэҥнэммэт сүдү тирэх буолбута.

ССРС оччотооҕу үрдүкү салалтата А.И. Мордвов диэн кимин-тугун эмиэ аһара бэркэ билэрэ – улахан үлэҕэ ыҥырбыттара. Салгыы кини хаһаайыстыбанньык, ССРС Тас эргиэҥҥэ наркоматын үлэһитин быһыытынан Тбилисигэ (1923-1926), Кытай Харбиныгар (1926-1931), Москубаҕа (1931-1936), Афганистан Кабулугар (1936-1939) үлэлээбитэ. Бэйэтэ толорбут анкетатыгар Мордвов аангылыйа уонна француз тылын мөлтөх соҕустук (“слабо”) билэрин суруйар.

1920-1940 сылларга буолбут араас бэлитиичэскэй чыыскалары уонна бэрэбиэркэлэри барытын этэҥҥэ төлө түспүтэ. Емельян Ярославскайы кытта ыкса доҕордоһоро. Андрей Илларионович 1940 с. сайыныгар ССРС Тас эргиэнин норкоматыгар үлэлии сылдьан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. 1953 с. бэс ыйын 19 күнүгэр Москубаҕа олорон өлбүтэ.

Андрей Илларионович Мордвов – улуу нуучча норуотун биир бастыҥ уола, Саха автономиятын тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ. Ол биир туоһута: 1952 с. сайыныгар “Саха сирин автономиятын 30 сылынан, ол тэриллиитигэр уонна бөҕөргөтүүгэ биир сүрүн кыттыыны ылбыт...” А.Мордвову эҕэрдэлээн, оччотооҕу Саха обкуомун I сэкирэтээрэ С.Борисов илии баттааһыннаах тэлэгирээмэ тиийбитэ. Судаарыстыбаннаспыт 100 сылыгар ону тэрийиигэ, төрүттээһиҥҥэ үлэлээбит, нуучча ньургуна Андрей Илларионович Мордвов туһунан ахтан-санаан, махтана ахтан ааһар ытык иэстээхпит.

Николай Николаев,
үлэ бэтэрээнэ,
Дьокуускай.

Санааҕын суруй